25.01.2022 | 14:00

Арассыыйа почтатын бары салаалара төлөбүрү ылаллар

Арассыыйа почтатын бары салаалара төлөбүрү ылаллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа почтатын бары салаалара хомунаалынай төлөбүрдэри ылаллар. Доруобуйаларын туругунан хааччахтаах аҕам саастаах дьоҥҥо төлөбүрү дьиэҕэ кэлэн ылар өҥө баар. Бу туһунан «Почта России» АУо пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Арассыыйа почтатын бары салаалара хомунаалынай төлөбүрдэри ылалларын сэргэ доруобуйаларынан хааччахтаах аҕам саастаах дьоҥҥо дьиэлэригэр тиийэн төлөбүрү ылар сервис үлэлиир. 2021 сыл түмүгүнэн Арассыыйа почтата Саха сирин олохтоохторуттан 1 мөлүйүөн солкуобайтан тахса төлөбүрү хомуйбут. 
«Арассыыйа почтата хомунаалынай, муниципальнай уонна сибээс төлөбүрдэрин, ыстарааптары, нолуоктары уонна судаарыстыбаннай пошлиналары хомуйар. Саха сиринээҕи бары салааларга 200-тэн тахса өҥөнү оҥорооччулар, салайар хампаанньалар уонна да атыттар төлөбүрдэрин киллэриэххэ сөп. 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1 мөлүйүөн солкуобайтан тахса контрагеннарбыт төлөбүрдэрэ биһигинэн ааста», – диэтэ Саха сиринээҕи  УФПС дириэктэрин солбуйааччы Ариадна Лыглаева.
Арассыыйа почтатын сайтыгар уонна мобильнай сыһыарыытыгар бары салааларын үлэлэрин графигын кытта билсиэххэ уонна табыгастаах кэмҥэ суруйтарыахха сөп. Хомунаалынай өҥө төлөбүрүн почта салааларыгар уу харчынан (наличнай төлөбүр) ылаллар.
Аҕа саастаах көлүөнэ дьону уопсастыбаннай миэстэлэртэн харыстыыр сыаллаах, Саха сирин почтальоннара почтовай-кассовай терминал көмөтүнэн төлөбүрү дьиэҕэ сылдьан ылаллар, клиеннэргэ кассовай чек бэриллэр. Ити өҥөнөн саастаах дьон уонна ыраах нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторо хамаҕатык туһаналлар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....