05.04.2024 | 16:00

«Арассыыйа» быыстапка-форум: улуу, улахан, ураты!

«Арассыыйа» быыстапка-форум: улуу, улахан, ураты!
Ааптар: Айыына Ксенофонтова, Дьокуускай-Москва-Дьокуускай
Бөлөххө киир

Киһи биир күн иһигэр сир үрдүгэр саамай улахан дойдуну, киэҥ нэлэмэн Арассыыйаны тилийэ кэрийиэн сөп дуо? Иһиттэххэ эрэ сымыйа, илэ көрдөххө – чахчы! Москваҕа, Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатын (ВДНХ) павильоннарыгар буола турар “Арассыыйа” норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-форумҥа сылдьыбыт киһи дойдубут бары регионнарыгар ыалдьыттаабыт саҕа сананар эбит! Ол курдук, Кавказ хайаларыгар, Хакасия истиэптэригэр биирдэ баар буола түһэҕин, бэл диэтэр, “Восточнай” космодромтан куйаарга кытта “көтүөххүн” сөп!

Киирии тыл оннугар

Москватааҕы ВДНХ – урут-уруккуттан бүтүн дойду киэн туттуута, манна куруук элбэх киһи мустар. Биир бэйэм былырыын сэтинньи ыйтан ыра санаа оҥостон, ити быыстапканы хайаан да көрүөхтээхпин диэн сыал-сорук туруоруммутум. Онон аҕыйах күҥҥэ Москваҕа бара сылдьан, баҕа санаабын толорон кэллим.

 

Интэриэс өссө күүһүрбүт

Экскурсияҕа биир күн иннинэ суруйтарбыппыт, онон сарсыарда эрдэ туран, ВДНХ диэки айаннаатыбыт. 10 чаас иннинэ болдьоспут сирбитигэр – Ыалдьыттары көрсөр кииҥҥэ тиийдибит. Сүрүн сыалбыт – Арассыыйа бары регионнарын билиһиннэрэр 75-с павильон.

Сарсыардаттан киһи лыык курдук мустубут. Син аҕыйаатылар ини дии санаабыппыт, сыыспыт эбиппит. Сэтинньи 4 күнүттэн буола турар тэрээһиҥҥэ интэриэс сүтүөхтээҕэр, төттөрүтүн, өссө күүһүрбүт курдук. Чугастар эрэ чуоҕуспаттар, биһиги курдук ыраахтан анаан-минээн, сыал-сорук оҥостон кэлбит киһи аҕыйаҕа суох. Биһиги бөлөхпүтүгэр Камчаткаттан, Калининградтан, Екатеринбургтан, Башкортостантан кытта ыалдьыттар бааллара. 

 

Бэлиэтээн эттэххэ, быыстапка-форум болдьоҕо от ыйын 8 күнүгэр диэри уһатылынна (бастакы былаанынан муус устар 12 күнүгэр диэри туруохтаах этэ).   

 

Сүрүн баайбыт умнуллубатах

Маннык киэҥ далааһыннаах быыстапканы дойду олохтоохторо бу иннинэ көрө иликтэрэ. Ол курдук, бу павильоҥҥа киирбит киһи Арассыыйа 89 регионун тилийэ кэрийэр. Элбэҕи билэн-көрөн, байан, сайдан тахсар, бэйэтигэр саҥаны, сонуну арыйар.

“Арассыыйа” быыстапка-форум кыттааччылара экспозицияларын ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдаан бэлэмнээбиттэр, ох курдук оҥостубуттар.  Регионнары тайаан сытар сирдэринэн  икки саалаҕа араарбыттар, онон муммаккын, ханна тиийиэхтээххин чопчу билэҕин. Ити дьоҥҥо-сэргэҕэ табыгастаах дьаһал. 

Быыстапка-форумҥа Арассыыйаҕа элбэх ахсааннаах норуот олороро, бу – дойдубут сүрүн баайа буолара умнуллубатаҕа ордук кэрэхсэбиллээх. Култуурабыт, төрүт дьарыкпыт, үтүө үгэспит, ситиһиибит киэҥник кэпсэнэр.

 

Бастакы үс күҥҥэ быыстапка-форумҥа 448 тыһыынча киһи сылдьыбыт.

Экскурсовод аҥаардас тохсунньу 3 күнүгэр 153 тыһыынча ыалдьыт кэлэн барбытын холобурдаата.

 

Олоҥхо дойдутун сэҥээрээччи үгүс

Саха сирин истиэндэтэ ыалдьыттары ыраахтан угуйар, ыҥырар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит экспозициятын сүрүн тиэмэтэ – Олоҥхо дойдута. Аал Луук маспыт Орто дойду олохтоохторун араҥаччылыы турар, Ньургун Боотур ыалдьыттары эҕэрдэлии көрсөр. Чулуу айымньыбыт дьоруойа киһилии саҥарара сөхтөрдө, олоҥхоттон быһа тардыыны толорон соһутта.

Экскурсовод кэпсээбитинэн, Саха сирин экспозициятыгар куруук элбэх киһи тоҕуоруһар. “Эһиэхэ -72 кыраадыска тиийэ тымныйарын истэн, бары сөҕүү-махтайыы буолаллар. Үрүҥ көмүс оҥоһуктаргытын кэрэхсии көрөллөр. Чуолаан хараҕы харыстыыр, хаардаахха кэтиллэр ачыкыны. Маннык барыгытыгар баар үһү дии”, – диэн күллэрдэ.

 

Тарбаххынан таарыйбытыҥ тиллэн кэлэр

Аныгы технологиялары таба туһаныы быыстапканы сэргэх уонна ураты көстүүлээх оҥорбут. Ол курдук, омуннаабакка эттэххэ, тарбаххынан таарыйбытыҥ тиллэн кэлэр, тыыппытыҥ тыыннааҕымсыйа түһэр.  Харамайдарга хааман тиийбитиҥ хамсаан, киһилии саҥаран соһуталлар. Өйдөөх роботтар кутан-симэн кэпсииллэрин, ыллыылларын туһунан этэ да барбаккын.

Холобур, Арди диэн ааттаах искусственнай өйдөөх гуманоид киһи аймах 100 араас иэйиитин (эмоция) үтүктэн, үүт-үкчү көрдөрөр эбит. Хааһын түрдэһиннэрэн, көрөн-истэн, саҥаран-иҥэрэн, чахчы, тыыннаах киһи курдук! Кэпсиирэ-ипсиирэ да кэрэхсэбиллээх. Холобур, Арассыыйаҕа бастакы алмаас 1829 сыллаахха Пермь губерниятыгар көстүбүтүн, араадьыйаны Александр Попов айбытын.

Аны туран аныгылыы аптаах ачыкылары кэттэххинэ, турбут сиргиттэн тэйэн, көрүөх бэтэрээ өттүгэр куйаарга көтөн тиийэҕин, ханнык баҕарар тимир көлөнү сатаан ыытаҕын, тэгил куораттарга тэлэһийэн хаалаҕын! Холобур, Рязань уобалаһыгар салгыҥҥа көтөр шарга олорсон, сиртэн-буортан тэйиэххэ сөп.

Үөһэ хантайбытыҥ – Крым аатырбыт күргэтэ, ити диэки көрбүтүҥ –  анал байыаннай дьайыыга туттуллар тиэхиньикэ бирилиир, поезд, көтөр уонна устар ааллар ыраах айаҥҥа угуйаллар. Оттон Красноярскайга тиийэн, ырычаагы тардан, Енисей электростанциятын “үлэлэтэҕин”. Онуоха уот-күөс, тыас-уус биир кэм оргуйа түһэр. Тарбаххынан даҕайан көрдөххүнэ, өссө уотунан охсор. Уой!

Биир этиинэн кэпсээтэххэ, киһи “һык” гынара, соһуйара, сонургуура үгүс.

 

Барааннар «мэччийэллэр», оҕолор ынах «ыыллар»

Быыстапка-форум араас эйгэни киэҥник хаппыта хайҕаллаах: култуура, искусство, наука уонна технология, тыа хаһаайыстыбата, тиэхиньикэ, IT о.д.а.

Элбэх экспозиция тыа хаһаайыстыбата билигин да тыыннааҕын, сайдар чинчилээҕин бигэргэттэ. Ону эмиэ уратытык, аныгы технологияны таба туһанан көрдөрбүттэр. Ол диэки олоотообутуҥ –  барааннар “мэччийэ” сылдьаллар, хаҥас диэки хайыспытыҥ – оҕолор ынах “ыы” олороллор, кырдьык-хордьук үүттэрэ биэдэрэҕэ чуу-чаа түһэр. Өҥ буордаах сирдэр павильоннарыгар тиийдэххинэ, дьиҥнээх бурдук куолаһа долгуннура турар, саҥа буспут килиэп сыта дыргыйар, муннугун кычыгалатар.

 

Айылҕабыт хатыламмат кэрэтэ

Манна кимиэхэ баҕарар сөптөөх дьарык көстөр. Кыралыын-улаханныын, эдэрдиин-эмэнниин, бүтүн кэлэктиибинэн, дьиэ кэргэнинэн, кылааһынан кытта сылдьаллар. Дьахталлар иистэнэн иллэҥнэрэ суох, оҕолор оонньууну оройуттан туппуттар, эр дьон сэргэхсийбиттэр – кулгаах-харах иччитэ буолан сылдьаллар. Аҕам саастаах кимнээҕэр да элбэх – дьиҥнээх патриоттар кинилэр эбээт!

Сорох сиргэ, кырдьык, остуоруйа дойдутугар тиийбит курдук сананаҕын! Холобур, Вологодскай уобаласка “тиийбиппитигэр”, биһигини Тымныы Оҕонньор эҕэрдэлии көрүстэ.

“Туризм” павильоҥҥа киирэн, Арассыыйа кэрэ-бэлиэ сирдэригэр айаҥҥа турунуохха сөп. Ол сири хараххынан (экраҥҥа эрэ буолбатах) эрэ көрбөккө, кулгааххынан эрэ истибэккэ, сытын-сымарын кытта билиэххэ сөп.

Айылҕабыт барҕа баайыгар, хатыламмат кэрэтигэр ханнык бэйэлээх робот кэпсээнэ тэҥнэһиэй! Ол ураты иэйииттэн сүргэҥ көтөҕүллэр, биир кэм кынаттана түһэҕин!  

 

Чуумпуруу нэдиэлэтигэр харах уулаах...

Москваҕа олорор киһи нэдиэлэ аайы да кэлиэн сөп быһыылаах. Син биир сырыы аайы саҥаны “кыбынан” тахсара чуолкай. Аны бырагыраамата уларыйа турар, нэдиэлэнэн, күнүнэн аттаран, араас эгэлгэ тэрээһин: маастар-кылаастар, айар киэһэлэр, лиэксийэлэр, испэктээктэр, семинардар о.д.а. тиһигин быспакка ыытыллаллар эбит.

Биһиги “Крокус Сити Холл” алдьархайа ааҥнаан, сүтүктээх дьон аһыылара ааһа илигинэ, курутуйуу күннэр кэннилэриттэн сылдьыбыппыт, чуумпуруу нэдиэлэтигэр түбэспиппит. Ол күн Белоруссия Брест куоратыттан “Волшебный фонарь” диэн оҕо театральнай устуудьуйата  “Дорогой детских слез” диэн испэктээгэ буолбута. Харахпыт уутун кыайан туттумматахпыт, улаханнык уйадыйбыппыт.

 

Ааһан иһэн астыга суох

Киһи төһө баҕарар уһуннук, хас да күн сылдьыан сөп. Оннук сүдү улахан быыстапка! Биһиги курдук эксурсоводу батыһааччы баһаам. Биир бэйэм ыксыы туран көрөр соччото суох дии санаатым. Айаас аттыы бөтөрөҥнүүргэ сыа киһи сылайар, иҥиир киһи илистэр, эт киһи элэйэр эбит. Саатар сорох сирдэргэ хастыы эмэ бөлөх бииргэ тоҕо анньыллан кэлэр буолан, куу-хаа курдук. Бэйэ-бэйэҕэ мэһэйдэспэт, үтүрүспэт туһуттан, хайыаххыный, атахха биллэрэҕин. Онон кытыы павильоннарга аат эрэ харата “бэлиэтэнэн”, уот ылар курдук охсуллан эрэ аастыбыт. Дьиҥэр, аргыый наллаан сылдьар өссө ордук буолуохтаах... 

***

Дойдубут модун күүһүн, хайдах курдук улуутун, улаханын, уратытын көрдөрөр сыаллаах тэрээһин силигин сиппит. Билиҥҥи уустук кэмҥэ Ийэ дойдуга тапталы уһугуннарар, норуоту сомоҕолуур, дьону-сэргэни түмэр, чахчы, дьоһун быыстапка буолбут. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...