Арассыыйаҕа Улахан этнографическай диктант ыытыллыаҕа
«Большой этнографический диктант» диэн Норуоттар икки ардыларынааҕы аахсыйа Арассыыйа үрдүнэн сэтинньи 3-7 күннэригэр онлайн пуорманан ыытыллыаҕа. Бу туһунан регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тэрээһин кыттыылаахтара дойду үрдүнэн олорор араас норуоттар тустарынан билиилэрин тургутуохтара.
Диктант кэмигэр 30 ыйытыктаах тиэстээһини ааһар ирдэнэр: дойду олохтоохторугар барыларыгар уопсай 20 уонна регионнарга олорооччуларга 10 ураты ыйытыктар баар буолуохтара. Атын дойдуттан кыттааччыларга 30 уопсай федеральнай ыйытыктары биэрэллэр.
Диктант 45 мүнүүтэ иһигэр оҥоһуллуохтаах, муҥутуур түмүк – 100 баал. Диктант бүтээтин кытта сөптөөх эппиэттэри тута билиэххэ уонна түмүктэрдээх сертификаты хачайдаан ылыахха сөп.
«Биһиги сорукпут сыала – аахсыйа кэнниттэн Арассыыйа олохтоохторугар бэйэлэрин төрүттэрин, өбүгэлэрин үгэстэрин, аттыларыгар олорооччулар тустарынан үөрэтэр баҕа санааны үөскэтээһин. Тоҕо диэтэххэ билии – араас омуктар икки ардыларыгар хардарыта ытыктаһыы уонна сөбүлэһии төрдө», – диэбит омуктар дьыалаларыгар Федеральнай агентство баһылыга Игорь Баринов.
Диктант ыытыллар сылларын тухары аан дойду 200-тэн тахса сириттэн үс мөлүйүөнтэн тахса киһи кыттыбыт.