25.08.2022 | 12:00

Араагы сэрэтэр бырайыак үлэлиир

(Ону олохпутугар хайаан да туһаныахха)
Араагы сэрэтэр бырайыак үлэлиир
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар ыарыыны эрдэ сэрэтэн кыайыахха, эмтиэххэ сөп. Эрдэттэн сэрэтии, бэл, араак курдук ыарахан ыарыыны кыайар. Маныаха “ОНКОПОИСКСАХА.РФ” диэн туһалаах уонна олус көдьүүстээх бырайыак үлэлиир. Саайтка киирэн судургу анкеталааһыны ааһан, доруобуйаҕытын бэрэбиэркэлэнэҕит, наада буоллаҕына, дириҥ чинчийиини ааһаҕыт – барыта буор босхо.

964 330 киһи – Саха сирин нэһилиэнньэтэ;

12 881 киһи – Онкологическай учуокка турар;

Сыллата барыллаан 1250 киһи араак ыарыыттан өлөр;

Нэһилиэнньэ 24% – 50-тан үөһээ саастаах дьон араагынан ыалдьар.

Барыта босхо

“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн Саха өрөспүүбүлүкэтин Онкологияҕа диспансера «ОНКОПОИСКСАХА.РФ» пилотнай бырайыагы үлэлэтэр.

Онлайн ньыманан скрининг ыытар бырайыак араактаары сылдьар туруктаах дьону быһаарарга уонна араак курдук суостаах-суодаллаах ыарыыны эрдэ, бастакы стадияларыгар буларга көмөлөһөр сыаллаах айылынна.

Сүрүн соруга – ыарыыны төһө кыалларынан эрдэ булан, уталыппакка диагноз туруоруу, эмтэниини кэмигэр саҕалааһын.

«ОНКОПОИСКСАХА.РФ» биһиги региоммут уратыларыгар олоҕуран оҥоһуллубут буолан, Саха сиригэр саамай тарҕаммыт араак 6 көрүҥүн булууга үлэлиир. Бу алта көрүҥ эрдэ булулуннаҕына, ситиһиилээхтик эмтэнэрин олох көрдөрөр.

Онлайн анкеталааһыны ааспыт киһи ыалдьыан сөбө билиннэҕинэ, салҕыы Онкология диспансерыгар дириҥ чинчийиигэ атаарыллар. Медицинскэй страховкалааһын чэрчитинэн барытын босхо көрдөрүнэр кыах бэриллэр, табыгастаах күнү, чааһы талар. Чинчийии бырагырааматыгар УЗИ, компьютернай томография, анал тэрил көмөтүнэн чинчийии, лаборатория анаалыстара киирэллэр. Киһиттэн сөбүлэҥ эрэ ирдэнэр.

Тыҥа искэнин сэрэтии

Тыҥа искэнин сэрэтии (скрининг) – анкеталааһын түмүгэр “ыалдьыаххын сөп” диэн кутталлаах бөлөххө кииристэххинэ, тыынар уорганнарга намыһах дьайыылаах компьютернай томографияны ааһарга сүбэлииллэр. Маны сэргэ онкомаркердарга хаан анаалыһын туттараҕыт.

Тыҥа араага – араак саамай тарҕаммыт көрүҥнэриттэн биирдэстэрэ. 65 бырыһыана хойукку стадияларга (үһүс, төрдүс), ол аата атын уорганнарга тарҕаммытын, метастазтар баар буолбуттарын кэннэ биллэр. Бу ыарыыга өлүү таһыма үрдүк.

Үксүгэр тыҥа араага туох да сибикитэ суох саҕаланар, онон араак эрдэтээҥи стадиялара сылын ахсын ыытыллар медицинскэй чинчийиилэр кэмнэригэр эбэтэр атын ыарыыны эмтиир кэмҥэ биллэр. Ол да буоллар, ыарыы сороҕор сибикилээх буолуон сөп. Сибикитин атын ыарыыларга бутуйуохха сөп:

– аҕылааһын, салгыны эҕирийии ыараабыт курдук буолуута;

– арҕаҕырбыт силэ суох сөтөл;

– куолас кэһиэҕириитэ;

– куруук сэниэтэ суох буолуу;

– аһыыртан тутулуга суох эмискэ дьүдэйии.

Эмиий искэнин сэрэтии

Эмиий искэнин сэрэтэргэ – эмиэ анкеталааһын түмүгүнэн кутталлаах бөлөххө кииристэххинэ (высокая группа риска), онкомаркердарга хаан анаалыһын туттараҕын, УЗИ уонна маммография ааһаҕын.

Эмиий араага Арассыыйа дьахталларын сүрүн онкология ыарыытынан буолар, туох баар дьахтар онкологиятыттан 21,1% ылар. Хас 8-с дьахтар ыалдьар кутталлаах. Эр дьоҥҥо эмиэ эмиий араага баар буолар, рак бу көрүҥэ эр дьоҥҥо бары онкологияттан 0,3% ылар.

Эмиий араагын эрдэтээҕи сибикилэрэ:

эмиийгэ искэн баар буолуута;

искэн кытаанах буолуута (мас эбэтэр оннооҕор таас курдук кытаанах буолуон сөп);

искэн, туттахха, халбарыйан биэрбэт, биир сиргэ сылдьар, үксүгэр ыалдьыбат, түөс тириитэ иһирдьэ киирбит (тимирбит курдук) буолар;

искэн баар өттүнэн хоннох аннынааҕы былчархай көппүт буолар, эмиийтэн хааннаах убаҕас тахсыан сөп.

Оһоҕос искэнин сэрэтии

Суон оһоҕос (колоректальнай) искэнин сэрэтэргэ – Онкомардерга хаан анаалыһын, тахсан киириигэ хаан баарын суоҕун экспресс-тест көмөтүнэн дьиэҕэ оҥостоҕун. Тест кумааҕы лоскуйун курдук, оҥосторго судургу.

Оһоҕос араага – суон оһоҕос уонна көнө оһоҕос тарҕаммыт искэнэ. Оһоҕос ис бүрүөтүн килиэккэлэрэ үллэһиллиилэригэр тахсар алҕастан полиптар баар буолууларын кытта ситимнээх. Полип аденомаҕа кубулуйар, онтон үксүгэр араак килиэккэлэрэ үөскүүллэр.

Ыарыһахтар 3-5 бырыһыаннара утумунан төрөппүттэриттэн бэриллибит синдромнаах буолаллар, олортон саамай тарҕаммыттара Линч синдрома, суон оһоҕос аденоматоһа уонна MutYH-ситимнээх полипоз. Уоннааҕы ыарыһахтарга араак үөскээһинэ түбэспиччэ буолар.

ВОЗ чахчытынан, суон оһоҕос араага онкология ыарыыларыгар үһүс миэстэни ылар. Бу ыарыыттан сылын ахсын 1 мөл. киһи эмсэҕэлиир, 600 тыһ. киһи сыл ахсын бу ыарыыттан өлөр. Дьон быраастарга хойут тиийэр буолан, ыарыһахтар 30 бырыһыаннарыгар араак IV стадиятын диагностыыллар.

Онкология атын ыарыыларын курдук, суон оһоҕос араага өр кэм устата симптома суох улаатыан сөп. Ол иһин кэмиттэн кэмигэр чинчийии улахан суолталаах.

– Суон оһоҕос хаҥас өттүгэр искэн үөскүүр түгэнигэр, хойууга хаан булкаастаах буолуон сөп. Маны үгүс дьон эрэ буолбакка, оннооҕор быраастар аахайбат түгэннэрэ баар буолар, тоҕо диэтэххэ тарҕаммыт ыарыыны – геморройу – кытта бутуйаллар.

– Ыарыы симптомунан эмискэ биллибит анемия (хаан аҕыйааһына) буолуон сөп. Анаалыска гемоглобин түһүүтэ туох да төрүөтэ суох буолбат, оннугу көрдөххө, тута салгыы чинчийиигэ барыллыахтаах. Сороҕор араак бастакы симптомунан хойуу хаайтарыыта буолар.

Быар искэнин сэрэтии

Быар искэнин сэрэтэргэ – онкомаркердарга хаан анаалыһын туттараҕын, УЗИ уонна хаан биохимическай анаалыһын ааһаҕын, манна В уонна С гепатит баарын-суоҕун быһаараллар.

Быар араага түргэнник улаатарынан, метастазтыырынан уонна быар үлэтин харгыстыырынан киһини түргэнник мөлтөтөр.

Быарга араак үөскээһинин сүрүн төрүөтэ – быар хроническай ыарыыта. Онтон сылтаан быарга бастаан фиброз үөскүүр, салгыы цирроз буолар. Үксүн ол төрүөтүнэн B, C, D вируснай гепатиттар уонна быарга сыа элбээн гепатоз үөскээбитэ буолаллар.

Ыарыы түргэнник бэргиир, үксүн хойукку стадияларыгар көстөр. Быар араага быар атын ыарыыларыгар майгынныыр симптомнардаах буолар (холобур, сибикилэрэ хроническай гепатит бэргииригэр, үөс тааһыгар эҥин майгынныыр).

Быар араагын сибикилэрэ:

ис үллүүтэ, адарыйыыта;

саһарыы (үөс эргиирэ кэһиллиитин түмүгэр тирии, харах, айах иһэ, күөмэй саһархай дьүһүннэниитэ);

иик хараҥа өҥнөнүүтэ, хойуу (саах), төттөрүтүн, өҥө суох буолуута;

куруук сылайбыт курдук сананыы, сэниэ суох буолуута;

уҥа агда анныгар туох эрэ ыарахан баттыы сылдьыыта;

тириигэ онон-манан көҕөрүүлэр көстөллөр, кыратык да бааһыртахха, хаан тохтоон биэрбэт;

аһыыр баҕа (аппетит) суоҕа эбэтэр, кыратык да аһаатахха, куртах туолан хаалыыта;

биллибэт төрүөтүнэн дьүдэйии.

Киэли хапчаҕайын искэнин сэрэтии

Киэли хапчаҕайын искэнин (рак шейки матки) сэрэтэргэ – кутталлаах бөлөххө киирэр түгэҥҥэр, хааҥҥын онкомаркердарга туттараҕын, онкогинеколог бырааска көрдөрөҕүн, хапчаҕайтан мазок биэрэн, ПАП-тест уонна убаҕас биопсия диэн анаалыстары туттараҕын. Ону таһынан папиллома вируһугар (ВПЧ) анаалыс туттараҕын.

Киэли хапчаҕайын араагын сүрүн төрүөтүнэн папиллома вируһа (ВПЧ) буолара дакаастанан турар.

ВПЧ – хас да вирус түмүллүбүт бөлөҕө, бу вирустар аан дойдуга сүрдээх киэҥник тарҕаммыттар. Сүүстэн тахса ВПЧ вируһун көрүҥэ баара биллэр, олортон 14-дэ онкология ыарыытын төрдө-төрүөтэ буолаллар. Вирус сүрүннээн сылдьыһыы кэмигэр тарҕанар (половой путь), онон дьон үксэ сылдьыһар саастарыгар тиийэн баран сутуллаллар. Рак 70 бырыһыаныгар ВПЧ икки көрүҥэ булуллар (16-с уонна 18-с).

Киэли хапчаҕайын араагын саамай элбэхтик көстөр симптомнарынан элбэх уутуҥу убаҕас уонна сылдьыһыы кэнниттэн хааннаах убаҕас тахсыыта буолар:

– Төрүүр саастаах дьахталларга ыйдааҕыларын таһынан хаан кэлиитэ буолуон сөп, оттон менопауза буолбут буоллаҕына – ыарыы симптомунан кэмиттэн кэмигэр эбэтэр куруук кэлэр хаан буолуон сөп.

– Искэн улааттаҕына ыалдьар буолар, иик тахсыыта хааччахтанар уонна хойуулуурга мэһэйдиир буолар.

Самах былчархайын искэнин сэрэтии

Самах былчархайын (предстательная железа) искэнин сэрэтии – кутталлаах бөлөххө киирэр түгэҥҥэр, хааҥҥын онкомаркердарга туттараҕын, самах былчархайын УЗИ-латаҕын, простаспецифичэскэй антигеҥҥа анаалыс (ПСА) туттараҕын.

Эр киһи ууһуур уорганнарыгар киирсэр самах былчархайыгар үөскүүр.

Искэн бастаан өр кэмҥэ туох да сибикитэ суох улаатыан сөп. Ол иһин 45 саастарын туолбут эр дьон кэмиттэн кэмигэр бырааска көрдөрүөхтээхтэр уонна анаалыс туттарыахтаахтар. Төһөнөн эрдэ ыарыы диагностанар да, оччонон эмтээһин туһалаах, үчүгэй түмүктээх буолар. Самах былчархайын араага үксүн 55-тэн аҕа саастаах эр дьоҥҥо көстөр. Сылын ахсын аан дойдуга 6,5 тыһыынча киһи ыалдьара биллэр.

Чопчу самах былчархайын араагын сибикитэ буолар симптом диэн суох. Маннык симптомнар баар буолуохтарын сөп:

субу-субу ииктэтэр буолуута, ииктээбит кэннэ хабах кураанахтамматах курдук буолуута, самахха туох эрэ хам тутар курдук буолуута эбэтэр ыалдьар буолуута;

Ыарыыны баалаппыт буоллахха ииктииргэ хааччах үөскээһинэ, иик быста-быста кэлиитэ эбэтэр синньигэс баҕайытык кэлиитэ, иик кэлбэт буолуута, уһуннук ииктээһин, ииктииргэ ис былчыҥнарын көмөлөһүннэрии.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...