Аныгылыы тутуу — олох ирдэбилэ
Кулун тутар 22-24 күннэригэр Дьокуускай куоракка 18-с төгүлүн «Стройиндустрия Севера. Энергетика. ЖКХ» диэн ааттаах улахан анал быыстапка буолан ааста. Тутааччылар уонна энергетиктэр, хомунаалынай комплекс исписэлиистэрэ, оҥорон таһаарааччылар, инженердэр, урбаанньыттар уонна аныгы технологиянан дьарыктанар тэрилтэлэр үлэлэрин-хамнастарын билиһиннэрдилэр.
Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар тоҕоостоох сылаас түннүктэр баар буолбуттар. «Термо Глас” хампаанньа бэрэстэбиитэлэ этэринэн, түннүк арааматын араас дьүһүнүн талыахха сөп. Ону таһынан бу түннүк куруук холбонон турбат, дьиэ, халлаан температуратыттан көрөн бэйэтэ арахсар эбит. Холобура, дьиэ иһэ сөрүүн буоллаҕына, сөптөөх температураҕа холбонон кэлэр.
«Маннык түннүктэри сакааһынан эрэ оҥоробут, дьон кээмэйинэн бэйэтэ биэрэр. Сакаас 20 күн устата оҥоһуллар уонна 12 хонугунан Саха сиригэр айаннаан кэлэр. Холобура, бу хаартыскаҕа көрөр түннүкпүт быһа холоон 16 тыһ. солк. сыаналаах», – диир бэрэстэбиитэл.
Павел Степанов, «Стройуниверсал» тэрилтэ исписэлииһэ:
– Толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутуунан уонна олох-дьаһах олорор усулуобуйатын тупсарыынан дьарыктаммыппыт номнуо ахсыс сылыгар үктэннэ. Сүрүннээн толору хааччыллыылаах чааһынай дьиэлэргэ идэтийэбит. Бэлиэтээн эттэххэ, көтүрүүнэн дьарыктаммаппыт. Тутар матырыйаалбыт Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэр буруус мас уонна профилированнай буруус. Мас дьиэлэргэ бетон акылааты оҥоробут, оччоҕо дьиэбит үйэлээх уонна сылаас буолар. Киһи олоҕор биирдэ эрэ дьиэ туттар, онон биһиги кылгас болдьоххо уонна удамыр сыанаҕа үйэлээх, үрдүк хаачыстыбалаах дьиэлэри тутан биэрэргэ кыһаллабыт.
Кэнники кэмҥэ тутуу матырыйаалын сыаната лаппа үрдээтэ, быһа холоон 10-20% ыараата. Ол да буоллар биһиги эрдэ атыылаһан хаһааммыт буоламмыт, сыанабытын уруккутунан туруорабыт, үлэбит сыаната эмиэ үрдүү илик. Дьиэни төһө уһуннук тутаҕыт диир буоллаххытына, бастатан туран, кээмэйиттэн тутулуктаах. Холобура, 6*6 дьиэни биир нэдиэлэнэн тутан биэрэбит. Ититии ситимнээх, гаастаах дьиэ биир ый тутуллар. Ону таһынан дьиэ бырайыагын, 3Д-дизайнын оҥорон, учаастагы көннөрөн, сири тэҥнээн биэрэбит.
Маннык быыстапкаларга үһүс төгүлбүтүн кыттабыт. Дойдубут салалтата производствонан дьарыктанар дьоҥҥо маннык тэрээһини ыытара саамай сөп, нэһилиэнньэҕэ даҕаны олус туһалаах.
Кристина Ермакова, «СибирьТранс» ГК хампаанньа бэрэстэбиитэлэ:
– «СибирьТранс» ГК Арассыыйа үрдүнэн, кыраныысса таһыттан даҕаны таһаҕаһы тиэйэргэ идэтийэр. Таһаҕаһы тиэрдии болдьоҕун кытаанахтык тутуһабыт, килийиэннэргэ барыстаах усулуобуйаны оҥоробут, комплекснай өҥөлөргө табыгастаах сыаналаахпыт. Логистарбыт таһаҕас ыйыллыбыт пуунугар чэпчэки сыанаҕа кэлэрин хонтуруоллууллар. Сакаасчыт таһаҕаһын тырааныспар ханнык көрүҥүнэн ыыттарарын бэйэтэ талар, ону тэҥэ тиэйии хаамыытын кэтээн көрөр, хонтуруоллуур кыахтаах.
Елена Бородкина, «Спутниковая связь» хампаанньа бэрэстэбиитэлэ:
– Красноярскай куораттан кэллибит. Быыстапкаҕа хас да бырайыагы илдьэ кэллибит. Биир сүрүн бырайыакпыт – вахтовай бөһүөлэккэ интэриниэт ситимин тардыы, Wi-Fi ситимин туруоруу. Ону сэргэ, промышленнай тэрилтэлэргэ сир баайдаах сирдэргэ видеонан кэтээн көрүүнү холбоон биэрэбит. Иккис бырайыакпыт – «Стриж» оператортан спутниковай интэриниэт сибээһин холбооһун. Бу сибээс Саха сиригэр хаһыс даҕаны сылын үлэлиир. Ордук Арктика оройуоннарыгар табыгастаах көрүҥ.
Дмитрий Болычев, “SenSat” тэрилтэ исписэлииһэ:
– Биһиги дойду хайа баҕарар муннугар түргэн тэтимнээх интэриниэти киллэриинэн дьарыктанабыт уонна бэйэтин табыгастааҕынан көрдөрбүт Ка-диапазоннары холбуубут. Спутниковай интэриниэт саамай түргэтээбит тэтимэ 100 Мб/с. Араас тарыып, барыстаах усулуобуйа барыта баар. Биһиги тардар сибээспит – хаачыстыба мэктиэтэ.
Юрий Афанасьев, «Саха-Профикс» ХЭТ дириэктэрэ:
– Биһиги Саха сиригэр тутуу матырыйаалын оҥорор булкааһыктарынан дьарыктанабыт. Кэлии табаардары кытта биир ырыынакка конкуреннаһан олоробут. Уратыбыт диэн, сыанабыт намыһах уонна суол-иис сабыллыыта биһигини атахтаабат. Дьыл кэмиттэн тутулуга суох төһө баҕарар кээмэйдээх тутуу симиэһин сакаастыахха сөп. Үксүн маҕаһыыннарга поставщик быһыытынан үлэлиибит .
Тэрилтэбит уонтан тахса сыл Саха сирин ырыынагар бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарар. Ол курдук, симиэс маннык көрүҥнэрин оҥоробут: плитка силимэ, штукатурка араас көрүҥүн, сири уонна истиэнэни тэҥниир булкааһыктары. Собуоппут Дьокуускайга Сэбиэскэй Аармыйа 50 сылын уул., 122/1 дьиэтигэр баар.
Ураты тыйыс, экстремальнай айылҕабытын учуоттаан оҥорон таһаарабыт, хампаанньабыт бары ирдэбилгэ эппиэттиир сертификаттаах.
Бу ыытыллар дьаарбаҥка, бастатан туран, оҥорон таһаарааччыларга сүрдээх туһалаах дии саныыбыт. Биһиги маннык тэрээһиннэргэ сыл ахсын кыттабыт. Саас ыытыллара тутааччыларга да, сакаасчыттарга да тоҕоостоох.
Галина Ходоковская, «Сибирский металл” ХЭТ дириэктэрэ:
– Биһиги Иркутскай куораттан кэлэ сылдьабыт. Сүрүн дьарыкпытынан хара тимири переработкалааһын, хаттаан оҥорон таһаарыы буолар. Сакааска төһө баҕарар кээмэйдээҕи аҕалабыт. Саха сиригэр филиалбыт суох. Ол да буоллар манна тимир суолунан нэдиэлэ аайы хара тимири ыыта олоробут. Биһиги сүрүн атыылаһааччыларбыт – дьиэ тутар улахан хампаанньалар, промышленнай тэрилтэлэр.
Быыстапканы көрө сылдьан биһиэхэ, Саха сирин усулуобуйатыгар бэрт сонун технология баарын сэргээтим. Ол курдук, Амма улууһун Покровка нэһилиэгиттэн кэлбит Михаил Александров соломоттон дьиэ тутар панеллары оҥорор эбит.
Михаил Александров, урбаанньыт:
– Ил Дархан Айсен Николаев 2020 сыллаахха Амма улууһугар кэлэ сылдьан, тулалыыр айылҕаҕа туох да буортута суох, сылаас уонна Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар ордук табыгастаах дьиэни көрөн-истэн барбыта. Ол соломо панелларынан тутуллубут дьиэ этэ. Бу, соломонон дьиэни тутар технология ХИФУ учуонайдарын уонна СӨ Наукаларын Академиятын Арктическай научнай киинин учуонайдарын көмөтүнэн сөптөөҕүн сиһилии үөрэтиллибит, чинчийиллибит, тутуу бары ирдэбиллэригэр эппиэттиир көрүҥ.
Тус бэйэм бу аныгы уонна, омос көрүүгэ, Саха сиригэр соччо табыгаһа суох курдук матырыйаал хаачыстыбатын биһирээтим. Олох үрдүк хаачыстыбалаах уонна табыгастаах даҕаны эбит диэн түмүккэ кэллим. Маннык матырыйаалы ордук сылаас дойдулар хото туһаналлар. Оттон биһиги Аммабыт улууһа, биллэрин курдук, сиир бурдугу үүннэрэр кыахтаах өҥ, сылаас даҕаны оройуон. Былыр сэбиэскэй кэм саҕаттан элбэх бааһына бурдук үүннэрэн кэллэ. Дьэ бу бурдуктан хаалар соломону туһаҕа таһаарарга биһиги анал станогу атыылаһан ылбыппыт. Станокпут оту бэйэтэ дьаптайар, быһар. Бэйэбит маннык дьиэҕэ иккис сылбытын кыстаатыбыт уонна хайа да буруустааҕар быдан сылаас эбит диэн түмүккэ кэллибит.