05.04.2024 | 10:00

Аныгы үйэ ыччата космонавт буолуон баҕарар дуо?

(«Королев ааҕыылара-2024» кэмпириэнсийэ)
Аныгы үйэ ыччата космонавт буолуон баҕарар дуо?
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

«Королев ааҕыылара» научнай-практическай кэмпириэнсийэ Дьокуускай куоракка сааскы сынньалаҥ кэмигэр үһүс төгүлүн  буолан ааста. Уһуйаантан саҕалаан үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр тиийэ өрөспүүбүлүкэ уонна атын регион оҕолоро космонавтикаҕа сыһыаннаах дакылааттарын, бырайыактарын дьүүллүүр сүбэҕэ, бэйэ бэйэлэригэр билиһиннэрдилэр.

Дамир Баишев, 9 №-дээх оскуола үөрэнээччитэ:

Мин бэйэм Ньурбаттан төрүттээхпин уонна, мин санаабар, биһиги улууспут космос куйаарын чинчийиигэ кылаата улахан. Бу иннинэ 2021 сыллаахха «Облетев Землю, 60 лет в космосе» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа кыттан, Москваҕа Авиация түмэлигэр сылдьыбыппын умнубаппын. Космос тиэмэтин онно аан бастаан күүскэ интэриэһиргээн, дойдубар кэлэн салайааччыбын кытта К.Д. Уткин аатынан Норуоттар доҕордоһууларын түмэлигэр сылдьыбыппыт. Онно Ньурба дьоруойдарын, космонавтика сайдыытыгар кылааттарын уурбут дьон туһунан элбэх информация баар. Холобура, Юрий Гагарин «Кедр» диэн позывнойун аан бастакынан биһиги биир дойдулаахпыт инженер-радист Александр Григорьевич Тимофеев туппут.

Онтон сиэттэрэн быйылгы кэмпириэнсийэҕэ «Вклад моих земляков, проложивших дорогу к звездам» диэн дакылаатынан кытынным. Ону таһынан, бэйэм саастыылаахтарбын космос тиэмэтигэр угуйар сыалтан, остуол оонньуутун уонна онно тирэх буолар брошюра оҥордум. Ол курдук, ыйытыыларга хоруйдаан, лото курдук хартыыҥкалары хомуйан, биир улахан уруһуйу таһаарыахха наада. Инникитин оонньуубун атыыга таһаарар баҕалаахпын.

Айсена Михайлова уонна Дайаана Мурунова, 33 №-дээх оскуола:

Тиэмэбит аата: “Изучение проблемы утилизации твердых отходов на территории города Якутска”. Үлэбитигэр биһиги сыбаалкалар тоҕо уонна ханна үөскүүллэрин үөрэттибит. Космическай зондирование көмөтүнэн куорат сыбаалката 2017-2022 сыллар устата 33-тэн 38 гаҕа диэри улааппытын көрөбүт. Ону таһынан бу ньыма көмөтүнэн көҥүлэ суох сыбаалкалары буллубут уонна бу кыһалҕаны туоратарга саайт оҥордубут. Биһиги саайтпыт көмөтүнэн ким баҕарар куорат чэрчитинэн үөскээбит көҥүлэ суох сыбаалкалары булуон сөп.

Николай Аммосов, 19 №-дээх оскуола үөрэнээччитэ:

Мин сыалым күн уотуттан электричествоны ылыы. Ол инниттэн күн систиэмэтин моделын оҥорон, күн уота Сиргэ хайдах тиийэрин көрдөрөргө холоннум. Иккис соругум күн уотуттан электричествоны уонна күн батареятын көмөтүнэн 220 вольттаах уот энергиятын ылыы. Ону көрдөрөр сыалтан оонньуур массыына дэтээллэриттэн мотуор хомуйан, ону күн батареятыгар холбоон, 220 ватт кыамталаах лаампа уотун тыктаран, модельбын эргийэр оҥордум. Салгыы күнтэн электричество уотун ыларга монокристаллическай модулу туттубутум, күн уота модульга түһэн, төлөпүөнү иитэргэ барсар энергияны оҥорон таһаарар. 220 вольттаах уоту ылаары, модульга накопитель холбоон, уоту накопительтан лаампаҕа көһөрбүтүм. Оттон лаампа уота төттөрү солнечнай батареяҕа түһэн, энергияны хаттаан таһааран, үйэлээх двигатель буолла. Биир итэҕэһэ диэн, систиэмэ 220 вольттаах уоту таһаарар буолан, биир эрэ приборы ииттэрэргэ барсар. Тиэмэбин салгыы сайыннаран, таһаарар уот күүһүн улаатыннарыахпын баҕарабын.

Айаана Никифорова, “Айыы кыһата” гимназия үөрэнээччитэ:

Мин бырайыагым аата: “Айыы саҥа ситимэ таҥаска көстүүтэ”. Уобараспын “Дьявол носит Прада” диэн сөбүлүүр киинэбэр олоҕуран толкуйдаабытым. Сыалым диэн былаачыйам чаҕылхай, чэпчэки уонна баай көстүүлээх буолуохтаах этэ. Ону сэргэ таҥаспар күн куйаарын хайдах көрөрбүн көрдөрө сатаабытым. Миэхэ космос туох эрэ сымнаҕас, нарын, намчы эйгэ. Ол иһин былаачыйабар шифон, фатин уонна органза матырыйааллары тутуннум. Ону таһынан космос далааһынын көрдөрөр сыалтан былаачыйабын уһун шлейфтээх гынным. Ииһим саамай уустук чааһа корсет тигиитэ. Тоҕо диэтэххэ туох баар чаастарын ымпыгар-чымпыгар диэри ааҕан-суоттаан таһаарыахха наада этэ. Тус санаабар, сыалбын ситистим. Улааттахпына дизайнер буолуохпун баҕарабын, онон бу кэмпириэнсийэ сөбүлүүр идэбин баһылыырга дьоһун хардыы буолла. Бастакыбын кыттар буоламмын кыратык долгуйдум эрээри, дьон-сэргэ былаачыйабын көрөн сөхпүтэ, хайҕаабыта олус үөртэ. Көмө-тирэх буолбут ийэбэр уонна кылааһым салайааччыта Валентина Владимировнаҕа махталбын тиэрдэбин.

Уруйдаана Васильева, «Айыы кыһата» гимназия үөрэнээччитэ:

Учуонайдар быһааралларынан, космос куйаара уонна киһи мэйиитигэр баар нейроннар маарынныыллар. Маннык санаанан салайтардахха, биһиги мэйиибитигэр ханнык эмит дойду баар эбэтэр биһиги биир баараҕай организм чааһа буолабыт. Кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыт уруһуйбун ити курдук информацияҕа тирэҕирэн оҥорбутум. Сыл устата уруһуйдаатым, толкуйдуу-толкуйдуу, иэйии киирэрин кэтэһэн, сынньана-сынньана. Онон бастакы миэстэҕэ тиксибиппиттэн үөрэбин. Ону таһынан дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ Ольга Мороз «Арассыыйа – мин историям» түмэлгэ инсталляциябар олоҕуран анал быыстапка тэрийиэн баҕарарын биллэрбититтэн үөрэбин. Салгыы бу хайысханан айа-тута сылдьыам, дьон киэҥ куйаар туһунан толкуйдууругар олук ууруохпун баҕарабын.

Дьокуускайга ыытыллар “Королев ааҕыылара-2024” кэмпириэнсийэ биир уратытынан манна сыл ахсын космонавтар ыалдьыттыы кэлэллэрэ буолар. Ол курдук быйыл летчик-космонавт Андрей Борисенко ыалдьыттаата.

Андрей Иванович Борисенко, летчик-космонавт, Арассыыйа Дьоруойа, Ю.А. Гагарин аатынан Космонавтары бэлэмниир киин Научнай-чинчийэр институтун космонавтар этэрээттэрин чилиэнэ:

Саха сиригэр бастакыбын кэлэн турабын уонна кэлбиппиттэн улаханнык астынным. Ол курдук, урут истэн эрэ билэр, атын үгэстэрдээх, атын дьонноох-сэргэлээх Саха сирин олохтоохторун кытта сирэй билсибиппиттэн үөрэбин эрэ.

Оскуола оҕолоро үгэс буолбут космонавт идэтин туһунан ыйытыылартан саҕалаан, космическай тиэхиньикэ исписэлиистэрэ таһымнаах боппуруостары сэргииллэрин сөҕө иһиттим уонна итинник ыйытыыларга ордук үөрэн туран хоруйдаатым.

Киирбит үлэлэри үгүстэрин кытта билсэ сатаатым. Дьоһуннаах, олоххо киллэриэххэ сөптөөх бырайыактар бааллара хайҕаллаах. Кытайдар этэллэрин курдук, тыһыынчанан миляҕа айан бастакы хардыыттан саҕаланар. Маннык тэрээһиннэргэ оҕолор бастакы хардыыларын оҥороллор уонна салгыы бараллара кинилэртэн эрэ тутулуктаах. Ол иһин космонавтиканы интэриэһиргиир оҕолорго төһө да ыарахан эбэтэр сатаммат курдугун иһин, бу суолу толору ааһалларыгар баҕарабын. Ыарахаттар туһунан санаабакка, салгыы барыахха наада!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...