17.06.2022 | 12:00

Аныгы ыччат диэн кимий?

Аныгы ыччат диэн кимий?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Кистэл буолбатах, аныгы ыччаты өй-санаа, култуура өттүнэн мөлтөөтө, өбүгэ үгэстэригэр ытыктабыллаах сыһыан диэни аанньа ахтыбат, улахаҥҥа уурбат диэн күтүрээһин элбээтэ. Аҕам саастаах дьон ону көрө-истэ сылдьан, хомолтолоро улаханыттан үһү, буолуохтааҕын курдук ылынар буолбуттар. Оптуобуска миэстэ туран биэрии, саастаах киһиэхэ маһын хайытан көмөлөһүү, ыарахан суумкатын илдьии – бу барыта былыргы олох көстүүтэ. 
Тоҕо маннык буолла? Аныгы кэм ыччата иннинээҕи көлүөнэ ыччатыттан тоҕо чыҥха атын буола уларыйда?

Бу матырыйаалы оҥороору, араас ыччаты кытта кэпсэтэн көрдүм. Ким эрэ санаатын аһаҕастык этэр, ким эрэ төрөппүтүттэн куттанар буолан, бэйэтэ баҕарбытынан олорбот эбит.  Ыйытыкка кыттыбыт ыччат үксэ аһымал тэрилтэлэргэ көхтөөхтүк кыттарын, кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөрүн, экология, дьэллик кыыл-сүөл кыһалҕаларын быһааралларын эттилэр. Итиэннэ, Z көлүөнэ ыччата социальнай бэрээдэк туһунан элбэҕи билиэн-көрүөн, иһитиннэриини ылыан баҕарарын биллэрдэ.

 

Доруобуйа уонна спорт

Билиҥҥи ыччат сүрдээх эмоциональнай. Ол эбэтэр түргэнник кыыһырар, кыраттан ытыыр. Ол эрээри кини доруобуйатын көрүнэр, харыстанар, өй-санаа өттүнэн ситиигэ эмиэ улахан болҕомтотун уурар. Тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, эйэлээх олоххо кыһаллар.

Атын омук тылын үөрэтэр, тас дойду сонуннарын ааҕар, омук киинэлэрин көрөр уонна кинилэр курдук олоххо тардыһар. Спорт саалатыгар сылдьыах оннугар, дьиэтигэр онлайн эрчиллиилэри оҥорор.

 

Аһылык

Ийэлэрбит, эбэлэрбит эр дьону аһатартан соло булбат этилэр. Күннэрин-дьылларын эһэлэрбитигэр, аҕаларбытыгар, убайдарбытыгар ас астыырга барыыллара. Билигин даҕаны оннуктар. Эр киһи эттээх-сииннээх, көстүүлээх буолуохтаах диэн санааны тутуһаллара. Сыбаайба кэнниттэн эр киһи модьураабатах буоллаҕына, ол аата кэргэнин кытта табыллыбатах моһуога.

Билигин бу барыта төттөрү эргийдэ. Аныгы дьон ордук ыйааһынтан босхолонортон соло булбаттар, аҕыйах да кыраам эбиллэрэ – ыар баттык. Сыалаахтан-арыылаахтан куота сылдьаллар, киэһэ-сарсыарда ыйааһынтан арахпаттар. Ол иһин аныгы дьахтар ас астаан тиритэр-хорутар диэни билбэт, хата, эрин күүһүнэн диетаҕа олордор. Аныгы дьахтарга кулинарнай дьоҕуру сайыннарыы – сайдыахтаах сыалын-соругун түһүмэҕэ эрэ. Син биир фаст-фуд аһын тута сылдьар, ийэлээх аҕата үрдүкү сыаннас кэриэтэ өрө туппут буотарах мииннэрин, сылгы иһин, кымыһы, үтэһэлээх эти букатын даҕаны сэҥээрбэт. Сорох-сорохтор аһынан да аахпаттар.

Карина:

Мин сахалыы аһы сатаан сиэбэппин. Арай тыаҕа эбээлээхпэр таҕыстахпына алаадьы эҥин сиэхпин сөп. Бэйэм корейскай, японскай бүлүүдэлэри сиирбин, астыырбын сөбүлүүбүн. Ийэм миигин наһаа уойума диир, оскуолабын бүтэрдэхпинэ, омук сиригэр олохсуйуом этэ, кыралаан корейскай тылы үөрэтэбин. Соторутааҕыта бииргэ төрөөбүт убайым дьиэ кэргэнин кытта Таилаҥҥа көһөн барда, баҕар, кинилэргэ тиийиэм.

 

Үөрэх уонна идэни талыы

Ыйыталаспыт ыччатым улахан аҥаара үрдүк үөрэх суолтатын сүтэрэн турар  дииллэр. Ону таһынан, үгүстэр үлэни хамнас эрэ туһуттан сыаналыыллар. «Үлэ – эбээһинэс эрэ, олох суолтата буолбатах” диэн санааны тутуһаллар.  Сорохтор бу олоххо үөрэҕэ да суох олоруохха сөп дииллэр.

Оттон төрөппүттэрбит «Үлэ киниискэтигэр биир эрэ суруктаах» буолууну үрдүктүк туталлара. Олоҕун тухары биир тэрилтэҕэ үлэлээбит киһи холобурга, хайҕалга сылдьара.

Аныгы кэмҥэ биир тэрилтэҕэ 5 сылтан уһуннук үлэлээһин олус дьиктитик көстөр буолла. Эдэр дьон профессиональнай таһымнара умайар аатырар, саҥаттан саҥа үлэҕэ көһүү, үрдүктэн үрдүк хамнаска талаһыы – бүгүҥҥү көлүөнэ олоҕун биир сүрүн суолтата. Араас эйгэҕэ бэйэ кыаҕын холонон көрүү, идэни уларытыы, кинилэр  санааларыгар, сайдыы мэктиэтэ. Ол да иһин үөрэммит идэтинэн үлэлээччи биир эмэ. Холобура, Медицинскэй институту бүтэрэн баран дизайнер, блогер идэтин баһылааһын – олохпут бүгүҥҥү көстүүтэ.

Рудольф:

Үрдүк үөрэх билигин суолтата сүттэ. Мин рестораҥҥа барменынын үлэлиибин, хамнаһым икки да үрдүк үөрэхтээх киһи хамнаһын баһыйар. Ортотунан 70-100 тыһ. солк. өлөрөбүн. Төрөппүттэрим эмиэ үөрэх наадата суох дииллэр, эдэрдэр ээ, саастарынан.

 

Дьахтар дьоло

Урукку көлүөнэ кыргыттарын дьоло – сүүрбэ саастарын ааһаат, кэргэн тахсыы.

Билиҥҥи ыччат бастаан карьера оҥостор, кыбартыыра уонна массыына ылынар, аан дойдуну көрөр туһунан ыраланар. Дьэ ол эрэ кэннэ ыал буолар туһунан толкуйдуур. Аныгы уопсастыбаҕа үчүгэй дуоһунас олох атын эйгэтиттэн быдан үрдүктүк сыаналанар.

Жанна:

Ыал буолар туһунан толкуйдаабаппын, толкуйдуохпун да баҕарбаппын. Бэйэм бэйэбэр олорорбун быдан ордоробун. Төрөппүттэрим хаһан ыал буолаҕын диэн сылатан эрэллэр да, 35 сааспар да буоллахпына туохтаах үһүнүй? Мин санаабар, бастыкы миэстэҕэ – карьера.

 

Дьиэ

Урут бөдөҥ тэрилтэлэр үлэһиттэрин бэйэлэрэ олорор дьиэнэн хааччыйар буолаллара, судаарыстыба да өттүттэн кырата суох көмө көрүллэрэ. Сорох ыаллар хамсаабат баайга-дуолга уочаракка тураллара, түмүгэр дьиэнэн хааччыллаллара. Билигин олорор дьиэ боппуруоһун быһаарыы судургутуйбут курдук – ханнык баҕарар түгэҥҥэ, кыахтаах буоллаххына, ипотека ылыаххын сөп. Ол эрээри эдэр ыал эрчимнээх эдэр сааһын, үйэтин ипотека хабалатыгар толук ууруон, хара баттаҕа маҥхайыар диэри судаарыстыбаҕа иэскэ ыйаныан баҕарбат. Ол кэриэтэ куортамҥа олоруоҕа, баҕардаҕына, сарсын атын дойдуга көһөн барыаҕа.

Григорий:

— Дьиэ атыылаһыы диэн «больной” боппуруос буоллаҕа дии. Ол оннугар куортамнаан олорбутум быдан судургу курдук. Дьиэ сыаната билигин өссө ыараата, итини кимнээх ылаллара буолла?

 

Доҕордоһуу

Өйдүүгүн дуо, оҕо эрдэхпитинэ түннүк анныгар туран “Маша таһырдьа оонньуу тахсар дуо?”, «Утаттым аҕай, уу таһаарыаҥ дуо?” диэн хаһыытыырбытын? Билиҥҥи ыччат социальнай ситимҥэ ыҥырсар. Виртуальнай эйгэ тыыннаах алтыһыыны олорчу солбуйда. Күнү-күннүктээн тэлгэһэҕэ, уулуссаҕа оонньооһуну күннэри-түүннэри социальнай ситимҥэ «доҕордоһуу» баһыйда.

 

Эрдэҕэс оҕо

Сэбиэскэ сойуус саҕана пионердар бары секцияларга сылдьаллара, үгүстэрэ – хас даҕаны секцияҕа. Спордунан дьарыктанар уолаттар, иистэнэри сатыыр кыргыттар  «курутуой” этилэр. Саастыылаахтарын ортолоругар профильнай күрэхтэргэ кыайбыт дьон тута аптарытыаттара үрдүүрэ.

Бүгүн бу барыта олус судургу буолла: социальнай ситимҥэ биир видеоролик ханнык баҕарар оҕону, тугу сатыырыттан-сатаабатыттан тутулуга суох, этэргэ дылы, биир күн иһигэр «сулус» оҥоруон сөп. Дьоҕур, талаан наадата суох. Бэл, камераҕа араастаан дьаабыланнахха, күллэххэ-саллахха – тута мөлүйүөнүнэн лайк! Маннык ситиһии күрэхтэһиигэ дуу, олимпиадаҕа дуу кыттардааҕар быдан сыаналаах.

Кини хайдаҕый, аныгы ыччат?

Хас биирдии көлүөнэ тугу эрэ аҕалар. 1996-2017 сс. төрөөбүт дьону Z көлүөнэ дииллэр. Бу тиэрмин кэлиҥҥи кэмҥэ үгүстүк иһиллэр эрээри, чопчу туох суолталааҕый?

Z көлүөнэ бэрэстэбиитэллэрэ аныгы технологиялары, VR уонна 3D ньымалары күүскэ туһаналлар, информацияны баһылыылларыгар сүрүн тирэхтэрэ. Дьэ уонна:

Бастатан туран, кини тутулуга суох уонна көҥүл. Билигин эдэр дьон бэйэлэригэр эрэллээхтэр, көхтөөхтөр. Хас биирдии үөрэнээччи, устудьуон бэйэтин көрүүтүн-истиитин аһаҕастык дьоҥҥо-сэргэҕэ иһитиннэрэр. Санаатын куттаммакка тиэрдэр.

Иккиһинэн, саҥа сыаннастар уонна идеаллар. Бэйэтин туһугар туох эрэ саҥаны билэрэ киниэхэ олус суолталаах. Бэйэни салайыныы, сыал-сорук туруорунуу, олоххо тугу эрэ ситиһэргэ дьулуһуу, бэйэ брендин оҥоруу – бу үгүс ыччакка уһулуччу суолталаах. Аныгы ыччат сокуону биэс тарбаҕын курдук билэр, хас да омук тылынан саҥарар. Итиэннэ аҕам саастаах дьон даҕаны, ыччат даҕаны тэҥнэр, ким да кимиэхэ даҕаны баһыйтарыа суохтаах диэн санаанан олорор.

Үсүһүнэн, идеялаах уонна көҕүлээһиннээх. Умайар харах, креативнай өй-санаа уонна бу эйгэни уларытар күүстээх баҕа – бу аныгы эрдэҕэс майгыта. Ыччат бэйэтин баҕа санаатын толорортон толлубат.

Көрөргүт курдук, араастаһыыбыт элбэх. Ол гынан баран уруккуну тутуһан баран олорор табыллыбат! Баҕар, саҥаны өйдүөххэ, ылыныахха наада буолуо.

Хас биирдии саҥа көлүөнэ бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....