23.10.2020 | 10:32

Аны сүөһүнү, сылгыны босхо ыытар бобулунна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

(Мэччирэҥ саҥа быраабылалара)

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата киин куорат сиригэр-уотугар тыа хаһаайыстыбатын кыылларын мэччирэҥҥэ ыытыы саҥа быраабылаларын олохтоото.

Бу быраабылалар куорат киинигэр бэйдиэ сылдьар сылгылары суох оҥорор соруктаахтар.

“Куорат киин уулуссаларыгар, элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэргэннэригэр үөрүнэн дьаарбайа сылдьар сылгылар олохтоохторго, ордук оҕолорго,  кутталы үөскэтэллэр, бөҕү-сыыһы мунньар туочукалары урусхаллыыллар, ыһаллар-тоҕоллор, айан суолугар таҕыстахтарына тырааныспар айаныгар мэһэйдэри үөскэтэллэр, саахаллары таһаараллар” диэн кэнники сводкаларга элбэхтик истэбит.

1 төбөттөн – 3000 солкуобай

!!! Саҥа быраабылаларга олоҕуран, тыа хаһаайыстыбатын кыылларын куорат сиригэр-уотугар мэччитэр бобуулаах буолла. Мантан ыла сылгыны, сүөһүнү мэччитии анаммыт сиргэ эрэ ыытыллыахтаах.

Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Николай Степанов:

– Күннэтэ ыытыллар үлэ түмүгэр сылгыһыттары кытта боппуруос быһаарылынна диэххэ сөп. Хаһаайыттар бас билэр сылгыларын туталлар, хаайаллар. Онон куорат олохтоохторо бөх мунньар сирдэри кэрийэ сылдьан аһыыр сылгылары көрөллөрө да аҕыйаабыт буолуохтаах.

Бэйдиэ сылдьар сылгылар хаһаайыттара административнай эппиэтинэскэ тардыллан 3000 солкуобай ыстарааптаналлар.

Бу иннинэ хаһаайыннара ким буолара биллибэт үөрү куорат таһыгар үүрэн кэбиһии уопута баара. Дьокуускай куоракка көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар дьиэ кыылларын тутар анал балаһаакка тэриллэрэ былааннанарын туһунан эрдэ суруйан турабыт. Тулагы уонна Хатас агро оскуолаларын баазатыгар көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар сылгыларга ыстараап стоянкалары тэрийиэххэ сөп диэн этиини бастаан баһылык Сардана Авксентьева киллэрбитэ. Билигин Тыа хаһаайыстыбатын управлениета уонна Үөрэх управлениета сылгылары тутар, үүрэн аҕалар, онтон иитэр боломуочуйалаах уорганы быһаарыыга бииргэ үлэлэһэн эрэллэр.

!!! Саҥа быраабылалар биир сүрүн ирдэбиллэрэ –  тыа хаһаайыстыбатын кыылын күрүөлэммит анал сиргэ мэччитии эрэ көҥүллэнэр; күрүөтэ суох сиргэ быаҕа баайан эбэтэр кэтиир бостууктаах эрэ мэччитиэхтээхпит

Дьиэ кыылын (ынаҕы, сылгыны, о.д.а.) уулуссаҕа, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа, үүнээйини буортулуон, тырааныспар айаныгар мэһэйи үөскэтиэн сөптөөх сиригэр кэтэбилэ, көрүүтэ-истиитэ суох ыытан кэбиһэр кытаанахтык бобулунна.

Саҥа быраабылалары сиһилии якутск.рф сайтка ааҕыахха сөп.

Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар иһитиннэрбиттэринэн, бу кэнники күннэргэ 4 сылгыны бас билээччи административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт.

Ыстараап кээмэйэ – 1 төбөттөн 3000 солк.

Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын үлэһиттэрэ сылгылар тустарынан иһитиннэриилэри туттахтарына миэстэтигэр тахсан сылгылар хаһаайыттарын быһаарар үлэни ыыталлар.  

Бэйдиэ сылдьар ыттар уонна сылгылар тустарынан иһитиннэриилэри ЕДДС тутар: 44-42-29

Онон мантан антах сылгылары көрүү-истии иһин административнай эппиэтинэс күүһүрдэ. Билигин тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин сылгы иитээччилэргэ мэччирэҥ сирин быһыытынан туһаҕа биэрии бэрээдэгин судургутутуу боппуруоһа көрүүгэ сылдьар. Быһаарыы ылыллар түгэнигэр, сылгы иитээччилэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылары өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама чэрчитинэн субсидия ылар кыахтаныахтара. Хаһаайыттар сылгыларын сөптөөх усулуобуйанан хааччыйбатахтарына, мэччирэҥ сир бэриллибэт буолуон сөп.

Дьоҥҥо суоһуур кутталы аахпатахха, бөхтөн аһааһын сыспай сиэллээхтэргэ бэйэлэригэр олус кутталлаах. Ол иһин эһиилгиттэн сылгыларга булгуччу чип кэтэрдии ирдэниэҕэ диэн Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар былаанныыллар.

Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччыларга сөптөөх өйөбүл оҥоһуллар диэн дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.  Иһитиннэриигэ этиллэринэн, куорат сиригэр  3169  төбө сылгы иитиллэр. 2020 сылга 14 хаһаайыстыба сылгы иитиитин сайыннарыыга анаммыт субсидияны ылбыта.

Айылҕаҕа көҥүл көччүйэр аналлаах кыылы кыаһалаан баран мэччитэр, эбэтэр күрүөҕэ хаайан турар кыаллыа дии саныыгыт дуо?!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...