25.07.2024 | 16:00

Антон Алексеенко: «2027 сылга диэри оптуобустары саҥардыахпыт»

Антон Алексеенко:  «2027 сылга диэри оптуобустары саҥардыахпыт»
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

От ыйын 23 күнүгэр Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко “Россия 24” ханаал “Куораты кытта быһа эпиир” биэриитигэр оптуобустар үлэлэрин, хаарбах дьиэттэн көһөрүү, суол өрөмүөнүн, саҥа тутуулар туһунан кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата.

Уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин үөрэтии

– Куорат тырааныспарын ситимин саҥардар сыалтан 2022-2023 сылларга улахан чинчийии үлэтин ыыппыппыт: төһө элбэх киһи ханна, хаста оптуобуһунан айанныырын үөрэтэн, уопсай хартыынаны таһаарбыппыт. Билэрбит курдук, куораппыт уопсастыбаннай тырааныспарын сырыыта уустук соҕус. Кэлиҥҥи сылларга улахан бырайыактар, бүтүн микрооройуоннар тутулла тураллар. Онон 90-с сылларга тэриллибит систиэмэ уларыйыахтааҕа, тупсарыллыахтааҕа өйдөнөр. Бүгүҥҥү сорук – ханнык оптуобустар ханан айанныахтаахтарын, тохтобуллар ханан тураллара ордук көдьүүстээҕин, табыгастааҕын быһаарыы. Билигин күҥҥэ 300 оптуобус айанныыр. 2022 сылтан 144 тиэхиньикэ саҥардылларын ситистибит, уопсайа 380-ча саҥа оптуобус наада. Тоҕо барытын биирдэ уларытар кыах суоҕуй диэтэххэ, итиннэ өйдөнөр биричиинэлэр бааллар. Холобура, бу уонна 2022 сыллары тэҥнээн көрдөххө, тиэхиньикэ сыаната, кирэдьиит усулуобуйата икки төгүл үрдээбитэ көстөр. Ол да буоллар оптуобустары төһө кыалларынан саҥарда сатыыбыт, өрөспүүбүлүкэ лизинг механизм төлөбүрүн субсидиялыыр, ол иһин 2027 с. диэри хас да түһүмэҕинэн оптуобустары барытын саҥардар былааннаахпыт.

Куорат тырааныспарын саҥа систиэмэтин туһунан эттэххэ, биһиги нэһилиэнньэ санаатын хомуйан ырыппыппыт. Бу боппуруоһу быһаарыы икки көрүҥнээх. Биирдэстэрэ – брутто-хантараак систиэмэтин киллэрии, ол эбэтэр оптуобустар графиктарын чуолкай толороллорун, чаастарын уонна «километражтарын» тутуһалларын иһин харчыларын ылар буолуохтара. Куорат дьаһалтата пассажирга уонна толорооччуга тиксиһиннэрээччи оруолун толоруоҕа. Оччотугар пассажир төлөбүрэ тута оптуобуһу бас билээччигэ буолбакка, тиэйиини тэрийээччигэ – Олохтоох дьаһалтаҕа киирэр. Дьаһалта толорооччуга пассажир ахсааныттан тутулуга суох төлүүр. Иккиһэ – нетто-хантараак, сакаасчыт өттүттэн субсидияланар тарыып. Бу икки суолу  быһаарыы, бырайыас сыаната үрдүүрүн тиэрдибэтигэр кыһаллабыт.

 

Оптуобустары саҥардыы

– Этиллибитин курдук, барыта 144 оптуобус саҥардыллыбыта: 2022 с. – 90, 2023 с. – 15, 2024 с. – 19 оптуобус. Билигин бүтэһик кэлбит оптуобустар техосмотру ааһа тураллар уонна чугастааҕы кэмҥэ үлэҕэ киириэхтэрэ. Оптуобустар доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо табыгастаахтар, гаас уматыгынан айанныыллар, оһох, кондиционер баар буолуохтара. Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарын министиэристибэтин кытта ыкса үлэлиибит уонна кэлэр сылга 75 оптуобуһу саҥардар сыаллаахпыт. Муниципальнай хантараак быһыытынан 11 сылтан ордук “саастаах” оптуобустар дьону таһыа суохтаахтар, ол эрээри сорох оптуобустар быдан эргэлэрин билэбит. Ол да буоллар, саҥа оптуобустар кэлиэхтэригэр диэри, тиэйээччилэр эргэ тиэхиньикэнэн үлэлииллэрин көҥүллээн кэллибит. Арай бу сылга саҥа муниципальнай хантараактары түһэрсиигэ 11 сылтан ордук туттуллар оптуобустары суох гынар туһунан кэпсэтиэхпит.

 

Суоппар тиийбэт

– Бу уларытыылары киллэрэргэ өссө биир кыһалҕа буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ  муниципальнай, чааһынай тиэйээччилэри ыллахха, барыта 190 суоппар тиийбэт. Муниципальнай тиэйээччигэ ый аайы ортотунан 30-40 үлэ миэстэтэ баар, D категориялаах суоппар тиийбэт, онон графиктары толоруу 85-75% диэри түһэр. Ол иһин дьарыктаах буолуу киинин кытта үлэлэһэбит, суоппардары стажировкаҕа ылабыт. Куорат баһылыгын сорудаҕынан суоппардарга уопсай дьиэни тутар уонна да атын эбии чэпчэтиилэри оҥорор туһунан толкуйдуубут. Саҥа үлэһиттэри ыҥыра сатыыбыт: паарканы саҥардыбыппыт, хамнаһы үрдэппиппит, мастарыскыайы үлэлэппиппит.

 

Оптуобустар графиктарын туһунан

– Ортотунан ыллахха, куорат маршруттара графиктарын 77% толороллор, оттон куорат таһыгар сылдьар муниципальнай тиэйээччи 97% тиэрдэр. Маннык араастаһыы сүрүн биричиинэтинэн куорат таһынааҕы маршруттарга саҥа оптуобустар айанныыллара, саппаас массыыналар бааллара буолар. Куорат иһигэр быһыы-майгы эмиэ атын, сорох элбэх киһи айанныыр маршруттара графиктарын толороллор, сорох элбэх да массыыналаах маршруттарга график тутуһуллубат. Сороҕор бу көстүү сырыы схемата табыгаһа суоҕуттан тахсар. Онон кичэйэн үөрэтиэххэ наада.

 

«Птицевод» СОТ оройуонугар оптуобус сылдьыа дуо?

– “Птицевод” СОТ уулуссатын өрөмүөнэ 2022 сылга ыытыллыбыта. Ол эрээри манна оптуобус сырыыта тэриллэ илик. Араас сырыы ньыматын боруобалаабыппыт, куорат таһынааҕы оптуобустары ыыта сылдьыбыппыт эрээри, айаннааччы ахсаана аҕыйах этэ. Ол эрээри дьон оптуобуска наадыйарын биһиги өйдүүбүт. Онон балаҕан ыйыгар диэри “Птицевод”–Пригороднай–Медкиин оройуоннарынан 108 №-дээх оптуобуһу сырытыннарарга быһаардыбыт.

Быһа эпииргэ көрөөччүлэр эрийэн кэлэллэр. Биир көрөөччү: “Былыргы Покровскай тракт өрөмүөннэммитэ эрээри, суол туруга номнуо мөлтөөтө. Ити ыарахан уйуктаах массыыналар буолбатахтар, суолу сыыһа бырайыактаабыттарыттан таҕыста. Ону хаһан көннөрүөхтэрэй?”диэн ыйытта.

– Суол бырайыактааһына сыыһа барбыт диэни кытта сөпсөспөппүн, тоҕо диэтэххэ бу суолу 2021 сыллаахха нацбырайыак чэрчитинэн өрөмүөннээбиттэрэ уонна ол кэмҥэ туруоруллубут соруктары толорор гына оҥоһуллубута. Ол эрээри мин көрөөччүнү кытта бүгүҥҥү күҥҥэ бу суол туруга куһаҕан диэн сөбүлэһэбин. Итиннэ сүрүн буруйдааҕынан ыарахан уйуктаах массыыналар буолаллар, тоҕо диэтэххэ бу оройуоҥҥа элбэх тутуу үлэтэ бара турар. Онон бу учаастак хапытаалынай өрөмүөнэ “Звезднай” микрооройуон тутуллан бүттэҕинэ эрэ ыытыллыаҕа. Билигин суол куттала суох буоларын туһугар туругун көрө сылдьар эрэ кыахтаахпыт. Ону таһынан суол алдьаныыларын өрөмүөнүн ыытар былааннаахпыт,– диэн Антон Анатольевич хоруйдаата.

 

Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү түмүктэнэрэ чугаһаата

– “2019-2025 сс. хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманы олоххо киллэриигэ Дьокуускай куорат биир сыл урутаан иһэр эрээри, итинтэн ураты өссө 950 хаарбах туруктаах дьиэ баар. Бу хайысхаҕа үлэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнин өйөбүлүнэн олоххо киирэр куорат маастар-былаанын чэрчитинэн ыытыллыаҕа.

Территориялары кэлимник сайыннарыы чэрчитинэн куоракка кыбаарталларынан улахан өрөмүөн, саҥардыы үлэтэ ыытыллыаҕа. Ол курдук, 83-с, 85-с кыбаарталлар тутуу оператордарын буллулар, билигин барыта 6 дуогабар үлэҕэ киирдэ, ону таһынан 69-с, 112-с кыбаарталлар маастар-былааннарын бэлэмнии сылдьабыт.

Маастар-былаан быһыытынан 2030 сылга диэри куоракка 12 оскуола, 18 уһуйаан, 4 спорт эбийиэгэ уонна эбии үөрэх кыһалара тутуллуохтара. Быйыл 153-с кыбаартал оскуолата, 29 №-дээх оскуола уонна адаптивнай-үөрэх комплекса үлэҕэ киириэхтэрэ.

 

Орджоникидзе болуоссатыттан Үс Хатыҥҥа диэри суол

– «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыак чэрчитинэн 2019 сылтан куоракка барыта 160 км кэриҥэ суол өрөмүөннэннэ, бу сылга 21 эбийиэккэ 31,5 км, ону таһынан эбии 5 км саҥардарга былаанныыбыт. Саамай суолталаах бырайыак – Можайскай уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ, Марха кыраныыссатыгар диэри кэрчиккэ. Оччотугар учаастак «Нам» региональнай трассаны кытта холбоһуохтаах. Үлэ былаан быһыытынан баран иһэр уонна балаҕан ыйыгар түөрт балаһалаах сырыы арыллыаҕа.

 

Хаартыска: yakutskcity.ru

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...