27.12.2019 | 09:01

АНДРЕЙ ПЕТРОВ: “ИККИ ЭРЭДЭЭКСИЙЭНИ БИИР ЫТЫС ИҺИГЭР, БИИР ТЭҤНИК ТУППУТУМ”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар дьиэ хаһаайына тэлгэһэтиттэн көстөр дииллэр. Ол курдук мин 2001 сылга бу эрэдээксийэҕэ кэлиэхпиттэн икки хаһыат кэлэктиибэ биир ыал курдук эйэ-дэмнээхтик олороллорун, “тойоммут бүгүн настарыанньата хайдаҕый?” диэн муннукка-ханныкка туран саһыы, кэпсэтии суоҕун бэлиэтии көрбүтүм. Үлэ буоллун, сынньалаҥ буоллун – биир дьиэ кэргэн курдук сылдьарбыт, ким тугунан тыынарын, кыһалҕатын-үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэрбит. Онно улахан үтүөлээх киһинэн биһиги оччотооҕу кылаабынай эрэдээктэрбит Андрей Гаврильевич ПЕТРОВ диэтэххэ, урукку кэлэктиип бары сөбүлэһэллэрэ буолуо диэн саарбахтаабаппын. Онтон ыла мин 18 сыл бу эрэдээксийэҕэ үлэлээн кэллим.

Бүгүн уруккуну-хойуккуну ахтыһа, хаһыат тэриллибит историятын кэпсэтэ ытыктыыр, убаастыыр эрэдээктэрбин ыҥырдым.

ХАҺЫАТ ААТЫН ЛЕОНИД НИКОЛАЕВТЫЫН ТОЛКУЙДААБЫППЫТ

Мин бэчээт эйгэтигэр 1994 сылтан үлэлээбитим. “Туймаада Даймонд” пресс-сэкиритээрэ этим. Онтон 1995-1997 сылларга “Наше время” хаһыаты төрүттээбитим. Ол кэннэ Михаил Ефимович Николаевка СМИ-лары кытта үлэлэһэр бэрэсидьиэн дьаhалтатын салайааччытын солбуйааччынан уонна кини тус пресс-сэкирэтээринэн үлэлээбитим. Оччолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи типография дириэктэринэн уонна Бэчээт департаменын салайааччытынан Илья Филиппович Михальчук үлэлиирэ. Онон мин киниэхэ тойон этим, сорох түгэҥҥэ тыл-тылга киирсибэт, улаханнык өйдөспөт кэмнэрбит бааллара.

1999 сыл саҥатыгар Москваҕа Арассыыйа бэрэсидьиэнин судаарыстыбаннай сулууспатын “Политика уонна политическай салайыы” аспирантура салаатыгар үөрэнэ сырыттахпына, Дьокуускай куоракка саҥа мэрынан талыллыбыт Илья Михальчук каникулбар сынньана кэлэ сырыттахпына ыҥыран ылан, “Эхо недели” хаһыаты сөргүтэн, кэлэктиибин уларытан, саҥаттан таҥан таһаарарбар этии киллэрбитэ. Урут били сатаспат, өйдөспөт түгэннэрбитин санаан: «Ким ааспыты анаарбыт биир хараҕа тэстиэ, оттон уруккуну умнубут – икки хараҕа”, – диэн күлэрэ.

Кини этиитин ылынан, саҥаттан эрэдээксийэ үлэһиттэрин сүүмэрдээн тэринэн, ааппытын “Эхо столицаҕа” уларытан үлэлээн киирэн барбыппыт. Ол сахха сахалыы хаһыат суох буолбут кэмэ этэ. Аҕа табаарыһым Гаврил Егоров-Дьурантай салайар “Туймаадата” Михальчугу утаран тохтообут кэмэ. Ол иһин Илья Филипповичка киирэн тыл көтөхтүм: “Муниципальнай сахалыы хаһыаты сөргүтүөххэ наада, сахалыы саҥалаах-тыыннаах хаһыаты эн тохтоппутуҥ диэн куорат олохтоохторо хомойо, саҥара сылдьыахтара”, - диэн. Мин “Эхо столицы” бүддьүөтүттэн эбии харчы көрдөөбөккө булан таһаарыам диэтим. Ону сэргээтэ. Ол кэмҥэ “Сахаада” хаһыат иһинэн “Өлүөнэ сарсыардата” ыйга биирдэ тахсар литературнай сыһыарыылаах этэ. “Сахаада” оччолорго эмиэ тахсыбат буолбута син ырааппыта. Ити иннигэр тус бэйэм улаханнык убаастыыр биир дойдулааҕым Прокопий Чуукаар миэхэ кэлэ сылдьыбыта. “Өлүөнэ сарсыардатын” сыһыарыы быһытыынан таһаарыаххытын сөп дуо?” - диэн. Биһиги сөбүлэстибит. Онтон ыла сыһыарыы быһыытынан тахсар буолла.

“Киин куорат” “Эхо столицы” иһинэн гынан баран, общественнай-политическай, дьону-сэргэни, култуураны, талааннары суруйар, сырдатар, сүрүн хайысхата куораты эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ туох буола турарын, дьон сэргиир хаһыатын таһаарыахха диэн толкуйдаатыбыт. Оччолорго “Саха сирэ” хаһыаттан Александр Яковлев кэлэр, ону ыламмын эрэдээктэр оҥоробун, мин кылаабынай эрэдээктэрбин. Хас штаты оҥоробут диэн толкуй бөҕөтө буоллубут, эрэдээктэр, эппиэттиир сэкирэтээр, биэс-хас штат диэн буолла.

Хаһыаппыт аатын Леонид Николаевтыын толкуйдаабыппыт. Элбэх этии киирбититтэн талан ылбыппыт. Дьэ бу кэннэ ити инники эппитим курдук эрдэттэн бэлэмнэнэн Илья Филипповичка киирэн, тылбар киллэрэн, өйөбүл ылан, “Киин куораппыт” тэриллибитэ.

Кылаабынай буҕаалтыр Антонина Николаевна Аргуновалыын барытын ааҕан-суоттаан бараммыт, финансовай-экономическай департамеҥҥа баран “Эхо столицы” иһинэн таһаарыахпытын сөп диэтибит. Оччолорго МУП этибит, бэйэҕит дьаһаныҥ диэтилэр, ким да утарсыбата.

Дьэ, ити курдук үлэлээн киирэн барбыппыт. Онтон Андрей Аргунов, уруккута пилот үөрэхтээх, кэлин суруналыыстыкаҕа үлэлиир сүрдээх талааннаах киһи кэлэр. Кини “Саха сиригэр” үлэлии сылдьыбыт этэ. Андрей Васильевич киһи быһыытынан лоп-бааччы саҥалаах-иҥэлээх, дьону түмэр талааннаах, түргэн-тарҕан туттунуулаах этэ. Онон кинини Александр оннугар ылабын. Яковлев ый курдук үлэлээбитэ. Эппиэт сэкирэтээринэн Прокопий Чуукаары анаатым. Кини аҕа саастаах киһи, суруйааччы, аҕыйах саҥалаах буолан баран, оҕолоругар, эдэрдэргэ сыһыана, ыйан-кэрдэн биэрэрэ наһаа көдьүүстээх этэ. “Эхоҕа” суруйар уолаттар Леня, Андриан Николаевтар сахалыы суруйан киирэн барбыттара. Ол кэннэ Виталий Сур кэлэр. Олус талааннаах айар кэлэктиип баар буола түспүтэ. Дмитрий Софронович Бубякин эмиэ сахалыы суруйара. Ити бары “Эхо столицы” үлэһиттэрэ этилэр.

Андрей Васильевич наһаа үлэһит этэ, барыларыттан саамай эрдэ кэлэн кумааҕыларын бэрийэ олорор буолара, оҕонньоттору кытта олус тапсара, хас биирдии матырыйаалга, ыстатыйаҕа болҕомтотун күүскэ уурара. Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр Багдарыын Сүлбэ, Алексей Божедонов-Сырдык кэлбиттэрэ. Андрей Васильевич кинилэри дьон ааҕар, ааҕааччы туһугар үлэлиибит диирэ. 2000 сыл бастакы аҥаарыгар ааҕааччы биһирэбилин тута ылбыппыт, сурутуубут ботуччу элбээбитэ. Мин салайааччы быһыытынан кэтэһэрим ол этэ. Тоҕо диэтэххэ, састаап күүстээҕэ. Муус устартан киоскаларга атыыга хамаҕатык барар буолбута.

Ити курдук үлэлиии олордохпутуна, “Сахаада” хаһыакка үлэлээбит Туйаара Нутчина кэлэр, кини кэнниттэн Татьяна Захарова-Лоһуура киирэр. Кинилэр кэннилэриттэн Наталья Кычкина кэлбитэ. Бу кыргыттар уонна үлэлии сылдьар уолаттар биир эрэдээксийэҕэ “химическэй реакцияны” үөскэтэн, үтүө сыһыан, майгы олохсуйан, үлэ тахсыыланан барбыта. Мин кылаабынай буоларым быһыытынан, икки кэлэктииби сахалыы, нууччалыы диэн хаһан да араарбатаҕым, биир ытыс иһигэр, биир тэҥҥэ туппутум, түмпүтүм.

Билигин оччолорго биһигиттэн кынат үүннэринэн тахсыбыт суруналыыстар араас сиргэ айа-тута, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар. Ол курдук, Лоһуура, Виталий Сур – “Кыымҥа”, Туйаара Нутчина дьоҥҥо биһирэнэр туспа суоллаах-иистээх “Аартык.ру” сайтаах.

Мин “Киин куорат” бастакы тэрийээччитэ, кылаабынай эрэдээктэрэ буола сылдьыбыппынан киэн туттабын. Хаһыат үөскээн тахсарыгар, сайдарыгар оччотооҕу куорат дьаһалтата, мэр Илья Филиппович Михальчук улахан болҕомтотун уурара, билиҥҥи администрация эмиэ оннук сыһыаннаһара, өйүү-көмөлөһө сылдьара наада. Инникитин иллээхтик-эйэлээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээҥ диэммин тус баҕа санаабын тиэрдэбин.

АНДРЕЙ ПЕТРОВ ДИЭН КИМИЙ?

Андрей Гаврильевич аатын бэчээт эйгэтигэр үлэлиир дьонтон билбэт киһи суох буолуохтаах. Оттон кини тус олоҕун, хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин бүгүн ааҕааччыларбар билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Андрей Петров 1963 сыллаахха оччолорго Ленинскэй оройуон, билиҥҥинэн Ньурба улууһун Ынахсыт нэһилиэгэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕата Гаврил Андреевич Петров үйэтин тухары хара үлэҕэ сылдьыбыта, киһи быһыытынан олус элэккэй, элбэх саҥалаах-иҥэлээх, сытыы-хотуу тыллаах-өстөөх, билэрэ-көрөрө элбэҕэ, этэргэ дылы, хаама сылдьар энциклопедия, сир түннүгэ эбитэ үһү. Дьон бары үөрэммитэ буоллар, балтын Варвара Андреевна Петрованы таһынан буолуо этэ дииллэрэ. Ийэтэ Любовь Николаевна тоҥ нуучча киһитин сиэнэ этэ. Ол курдук ийэтин эһэтэ, төрдө-төбөтө Иркутскай уобаластан силис-мутук тардар. Уруккута ыраахтааҕы Николай II сулууспалааччы киһитинэн сылдьыбыт Григорий Громов диэн чиэппэр күүстээх, бөдөҥ-садаҥ киһи эбитэ үһү. Икки миэтэрэ кэриҥнээх тоҥ нуучча киһитэ. 1965 сыллаахха Ньурбаҕа кэлэ сылдьыбыт уонна сиэнигэр, Андрей ийэтигэр, 15 устуука кыһыл көмүс империал харчы биэрэн барбыт. Саха сиригэр аатырбыт атыыһыт Анна Ивановна Громова сиэн быраата эбит, Питертан кэлэ-бара сылдьыбыт. Кини кыыһын Андрей Гаврильевич эһэтэ кэргэн ылар. Ити курдук дириҥ силистээх, биллэр-көстөр өбүгэлэрдээх эбит биһиги хаһыаппыт бастакы салайааччыта.

Андрей Гаврильевич эрэдээксийэҕэ кабинетыгар куруук саахымат дуоската баар буолааччы. Онно чуумпуран олорон, биир эмит атаһа-доҕоро кэллэҕинэ, Андрей Васильевичтыын эҥин дуобаттыыр буолаллара. Уонна ыһыы-хаһыы бөҕөнөн футболу көрөллөрүн өйдүүбүн. Футбол чемпионата буоллаҕына, үлэ да умнуллар быһыылааҕа. Хаһан эрэ “аата, биир мээчиги итиччэ элбэх киһи эккирэт да эккирэт, барыларыгар биирдиини туттаран кэбиһиэхтэрин” диэн мөҕүллэн, “кынчарыллан” турабын.

Андрей Петров дуобакка Сэбиэскэй Сойуус спорка маастарын кандидата, 20-чэ сыл устата Дьокуускай куорат нуучча дуобатыгар федерациятын күн бүгүҥҥэ диэри салайа сылдьар. Устудьуоннуур эрдэҕитттэн СГУ күрэхтэһиилэригэр, кэлин куоракка куруук миэстэлэһэр. Ону таһынан волейболлуур, уопсайынан, спорду өрө тутар киһи.

МЕДИК ИДЭЛЭЭХ СУРУНАЛЫЫС

8-с кылааһы бүтэрэн баран куоракка медучилищеҕа киирэн, 3,5 сыл үөрэнэн биэлсэр идэтин ылар. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар куруук инники кэккэҕэ сылдьар, “түөрт”, “биэс” эрэ сыанаҕа үөрэнэр, актыбыыс бэрдэ. Онон, оччолорго тарбахха баттанар, саамай бастыҥ оҕолор сынньанар “Артек” лааҕырга баран кэлбитин киэн тутта ахтар.

Училищетын бүтэрэн баран ытык иэһин төлүү аармыйа кэккэтигэр сулууспалыыр, ол кэннэ СГУ Медицинскэй факультетыгар быраас идэтигэр алта сыл ситиһиилээхтик үөрэнэр. Устудьуоннуу сылдьан  тубдиспансерга медбратынан, суһал көмөҕө биэлсэринэн үлэлиир.

1990 сылга үөрэҕин бүтэрэн быраас дипломун тутан баран, Булуҥ улууһугар Таймылыырга, төһө эмит куоракка хаал диэбиттэринэн үрдүнэн, бэйэтэ баҕа санаатынан 15 куойкалаах балыыһаҕа кылаабынай бырааһынан тиийэн, икки аҥаар сыл үлэлээбит. Онно Соня Булчукейы кытта табаарыстаһар.

Андрей Гаврильевич Софья Булчукей, Туйаара Нутчина, Лена Тихонова билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр суруналыыс буолбуттарынан киэн туттар, оҕолорум диэн ааттыыр, бэйэлэрэ туспа суоллаах-иистээх буола үүммүттэригэр оруоллаахпын, кыргыттарым ону мэлдьэспэттэр диир.

БАСТАКЫ ЫСТАТЫЙАТА

Андрей Гаврильевич оҕо эрдэҕиттэн быраас буолар баҕа санаатын толорон, Гиппократ андаҕарын биэрэн, ылбыт идэтинэн хоту дойду буурҕатын, тыалын аахсыбакка хорсуннук үлэлиир. Кини өссө “Суһал көмөҕө”, оччолорго куорат олохтоохторугар биллэр Тюменцева быраас биригээдэтигэр сылдьан, хоһоон айарга холонор. Дэлэҕэ даҕаны кини биригээдэтин “тюменцевскай” диэн ааттыахтара дуо? Оннук суһаллык, түргэнник сылдьан, дьон махталын ылыан ылбыт биригээдэ эбит.

Оччолорго ким сааскы кэми хоһуйбатаҕа, бастакы килбик тапталын кумааҕыга оҕуруолуу тиспэтэҕэ, утуйбатах кэмнэрин ыраас лиискэ түһэрбэтэҕэ буолуой? Ол курдук, Андрей поэзия киэҥ далайыгар хаптарар. Оннооҕор бастакы айымньыларын аҕатын доҕоругар, суруйааччы Иван Федосеев-Доосоҕо көрдөрөр. “Туох эрэ баар” диэн аҕыйах этиллибит тыл кинини өссө кынаттыыр, улахан хайҕабылы ылбыт курдук сананар. Онно Андрей Гаврильевич суруналыыстыкаҕа эрэ тиийиэм диэн түүлүгэр да баттаппат. Ол курдук оройуоҥҥа үлэлээн, быраас идэтин ымпыгын-чымпыгын баһылыыр, бастакы кылаастаах исписэлиис да буолар кыахтаах этим, ол эрээри атын эйгэҕэ оннук буолар дьылҕаламмытым диэн билигин билинэр.

Бастакы ыстатыйатын устудьуоннуу сылдьан, 1989 сыллаахха, “Якутский Университет” СГУ хаһыатыгар суруйар. Тиэмэтэ – экология. Уол ылар да, хорсуннук, күүстээхтик, харса суохтук суруйар. Доҕоро, бииргэ үөрэнэр уола Петр Федоровтыын экологическай экспедицияҕа сылдьан баран. Петр Федоров кэлин “Эпл-Даймонд” хампаанньа бэрэссэдээтэлэ буолбута.

Бүлүү өрүскэ экологическай быһыы-майгы тирээбитин, уулара киртийиитин туһунан. Бу кэннэ “Саха” НКИХ Алексей Амбросьев биэриитигэр кыттар. Дьэ онтон “Бүлүү” экологическай хамсааһына тэриллэр.

Бу кэннэ Андрей Гаврильевич дьылҕата соһуччу уларыйар. Били доҕоро, бииргэ үөрэммит табаарыһа Петр Федоров “Туймаада-Даймонд” АХ пресс-сэкирэтээринэн ыҥырар. Оччолорго өрөспүүбүлүкэҕэ пресс-сэкирэтээр диэн идэ, омуннаабака эттэххэ, бастакы этэ. Дьэ манна уол уйана-хатана биллэн барар. Өрөспүүбүлүкэ устун айан, алмаас кырыылааччылары кытта көрсүһүү, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 16 кырыылыыр собуоту арыйыахха диэн былаан! Онтон да элбэх былааннар, баҕа санаалар тахсан иһэллэр. Ол кэмҥэ Андрей Гаврильевич төбөтүгэр биир идея көтөн түһэр, бу салааларыгар хаһыаты тэрийии. Баҕа санаа баар, ону олоххо киллэриэххэ эрэ наада. Ол курдук “Диамантер” диэн түөрт балаһалаах, А4 форматынан хаһыат таҥыллан тахсар.

Андрей Гаврильевич билигин да хоһоон, кэпсээн суруйарга холонор, ахтыы суруйа сылдьабын диэн кэпсиир. Онон суруналыыстыкаттан тэйбэт, айар үлэ кинини ыһыктыбат. Бу сыл сэтинньи 1 күнүттэн доҕотторо, блогер Алексей Басылаев, толорооччу дириэктэр Лена Прокопьева, суруналыыстар Иван Сергин, Андрей Петров буоланнар “yakutian.ru” тэрийэн үлэлэтэ сылдьаллар. Ону таһынан Дьокуускайдааҕы научнай киин балыыһатыгар тэрийэр-методическай салаа начальнигынан үлэлиир.

Үс оҕолоох, бастакы кэргэниттэн кыыһа, улахан оҕото Наталья бэһис сылын Стокгольм куоракка олорор, кэргэнэ Марко Барьери диэн итальянец, былырыын саҥа дьылга Ноэль диэн ааттаах сиэн уолу бэлэхтээбиттэр. Кыыс Москваҕа Плеханов аатынан университеты бүтэрэн баран, “Королевский технологический институт” Швецияҕа иккис үөрэҕин бүтэрэн, финансист-экономист идэтин ылбыт. Наташа кэнниттэн кэлэр уол Тимур Санкт-Петербург куоракка юрист идэтигэр үөрэнэ сылдьар, кырата Артемка алтыс кылаас үөрэнээччитэ. Андрей Гаврильевич кэргэнэ Лена Анатольевна “международнай журналистика” идэтин Владивостокка ылбыт, билигин Үлэ уонна социальнай харысхал Министиэристибэтигэр үлэлиир.

***

Биһиги оччолорго кырдьык да олус таһаарыылаахтык үлэлиирбит, эрэдээксийэбитин иккис дьиэбит курдук санаан, уһун өрөбүллэр кэннилэриттэн олус ахтыһан кэлэрбит. Оҕолорбутун “сын полка”, “дочь полка” диэн күлэн этэрбит. Ол курдук эрэдээксийэҕэ улааппыттара диэтэхпитинэ ,сыыспатым буолуо. Төһө да мэниктээтэллэр, ким да мөҕүттэ сылдьыбата. Билигин ол оҕолорбут номнуо бэйэлэрэ ийэ-аҕа буолан олороллор.

Андрей Гаврильевич сүрдээх элэккэй, аламаҕай, аһаҕас киһи. Салайааччы быһыытынан мөҕөрө, хайҕыыра ханна барыай, ол да буоллар хаһан да тойоммун диэн улахамсыйбакка, барыбытыгар биир киһи курдук сыһыаннаспыта. Хаһан да хайдыһыы, туспа лааҕыр диэн суоҕа. Дэлэҕэ, күн бүгүн да “Урукку эхолар” диэн билсиһэ, бөлөх тэринэн суруйса, билсэ олоруохпут дуо?

Дьахтар күнүгэр уолаттарбыт биир киһи курдук туран “По полю танки грохотали...” диэн ырыа бэлэхтииллэрэ, оттон бэйэбит эрэдээксийэбит коронката “Люди влюбляются, люди встречаются” диэн этэ. Ол ырыаны тохтообокко, салгыбакка ыллыырбыт. Андрей Гаврильевич олус көхтөөх, улахан бырааһынньыктары эрэ буолбакка, кыра да дааталары, төрөөбүт күннэри бары тутуспутунан, ыллаан-туойан атаарарбыт.

Наһаа үчүгэй сынньанар хара тирии дьыбааннаах этибит. Онно ким төһө батарынан сытарбыт, сынньанарбыт, өссө бильярд остуола турара. Ити билиҥҥи “Туймаада” атыы-эргиэн киинин оннугар хаһыат бэчиэттиир типография баара. Биһиги онно үлэлии сылдьыбыппыт. Остолобуойга толуонунан аһыырбыт, медпууннаах этибит. Ол кэнниттэн бу үлэлии олорор эрэдээксийэбит дьиэтэ, мин ааҕарбынан, ахсыс көспүт сирбит.

Андрей Гаврильевич салайааччы быһыытынан кэлэктиип биир тыыннаах буоларын, ханна да туспа бөлөх оҥостубаттарын, үлэбитигэр үөрүүнэн кэлэрбитин курдук сүрдээх ыраас, сырдык эйгэни олохтообута. Кырдьык да, хоммот эрэ этибит. Икки эрэдээксийэ бииргэ тутуһа сылдьарбыт. “Мафия диэн суох буолуохтаах. Мафия манна мин эрэ!” - диирэ.

Кини салайааччы быһыытынан барыбытын харыстыыра, көмүскэһэрэ, үлэһиттэрин дьиэлээбит да түгэнэ элбэх. Төһөнү баҕарар хараанныыра, туох эмит сыыһа-халты баар буоллаҕына, хараҕын да быһа симэрэ, ол быыһыгар кими да атаҕастаппата.

Дьэ, ити курдук биһиги олус эйэлээх кэлэктииппит бэйэтин кэмигэр үлэлээн ааспыппытын санаатахха, наһаа да кэрэ кэмнэр эбиттэр!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....