20.07.2022 | 12:38

Амырыын сыттаах күөх көбүөр тэлгэнэр

Сайын аайы футбол хонуутун курдук чээлэй күөх көбүөрүнэн бүрүллэр күөл Губин уонна Поярков уулуссалар быһа охсуһууларыгар баар. Бу күөл үрдүгэр турар дьиэ ыаллара түннүктэрин арыйбаттар – амырыын сыт аҥылыйар.
Амырыын сыттаах күөх көбүөр тэлгэнэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Күөлбүт эмиэ сытыйан эрэр, ким дьаһайыахтааҕый?”  - диэн ааҕааччыларбыт ыйыталлар.

Бу күөл “Солдатское озеро” диэн ааттааҕын, арааһа, үгүспүт билбэт буолуохтаах.

Күөл Губинскай уокурук территориятыгар киирэрин иһин бастаан кинилэртэн ыйытабыт:

— Солдатскай күөл кытылын бөҕүн-сыыһын биһиги  муниципальнай дворниктарбыт кэмиттэн кэмигэр ыраастыыллар, ону тэҥэ хомус отун охсобут. Оттон уутун “Якутдорстрой” ыраастыахтаах.

Петр Копырин – “Якутдорстрой” тэрилтэ инженер-гидротехнига:

—  Өссө 2000 сыллаахтан куорат ханаалын Сайсары күөлүттэн саҕалаан Кальвица уулуссатыгар диэри трассата Губин уулуссатын устун уҥа диэки устара, салҕыы Чиряев уул. уонна Хабаров уул. тахсара, устунан боротуокаҕа түһэрэ. Номнуо баар 202-ис уонна оччолорго саҥа тутуллуохтаах 203-с микрооройуоннар икки ардыларынан устуохтааҕа.

2003-2008 сылларга ыытыллыбыт корректировка түмүгэр куорат ханаалын уута Кальвицаттан куорат боротуокатыгар диэри Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар шлюзтарынан түһэр буолбута.  Куорат ханаалын түмүктүүр кэрчигин хайысхата Хомустаах күөл нөҥүө барар гына уларытыллыбыта. Билигин оннук уста турар.

Сайсары күөлтэн Кальвицаҕа диэри  ханаал устата – 5300 м.

Сайсары күөл диэкинэн дириҥэ – 95 м.

Кальвицаҕа баар ханаал дириҥэ – 92 м.

Дириҥнэр араастаһыылара – 3 м.

Кальвицаттан Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа диэри устата – 5345 м.

Дириҥэтии үлэтэ Петровскай уонна Каландаришвили уулуссаларга баар муосталарынан оҥоһуллубута.

Солдатскай күөлү ыраастааһын туһунан эттэххэ, итиннэ уу хамсаабакка туран хаалар буолан сытыйар. Биһиги тула өттүн көрүүнү-истиини толорор эбээһинэспитин толоробут, хомуһун охсобут, бөҕү хомуйабыт. Ууга уста сылдьар бөҕү ыраастыыбыт. Оттон бүрүллэр чалахайын ыраастыыр үлэ диэн туспа көрүллүбэт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...