Аммалар бэлиэтээн ааһаллара буоллар
*Гаврил Иванович Окороков, Амма улууһун Бөтүҥ,
Чапчылҕан нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, РФ үлэтин бэтэрээнэ
Сэриини эттэринэн-хааннарынан билбит Мария Григорьевна, Михаил Васильевич олохторун кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, кэлэр кэнчээри ыччаттара, хос сиэннэр салҕыыллар.
Амма улууһун бастакы прораба Михаил Васильевич Соловьев 1920 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Холгумаҕа (Бырама) сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Кэлин сут дьылга ийэтинээн, убайа Ефрем Васильевичтыын Амма оройуонугар Кыһыл Кэккэҕэ олохсуйбуттара.
Михаил Васильевич сэрии буолар сылыгар Аҕа дойду сэриитигэр бастакы хомуурга барбыта. Сэриигэ барарыгар сэттэ кылаас үөрэхтээх уол Пермь куоракка полковой сержантскай оскуолаҕа үөрэнэр. Үөрэҕэ бүтэрин кытта Сталинградскай фроҥҥа уоттаах сэриигэ киирэр, ол кэнниттэн Курскай тоҕойго, Ленинград куораты, Прибалтика куораттарын босхолооһуҥҥа хаста да бааһырбыта. Ол да буоллар госпитальтан сэриилэһэр армиятыгар тиийэн, сэриигэ кыттан испитэ. 1944 сыллаахха Будапешт куораты босхолооһуҥҥа хомурҕанын уҥуоҕун снаряд оскуолагар үлтү тэптэрбитэ. 1944 сылтан госпитальга эмтэнэн, 1945 сыллаахха сайыныгар дойдутугар иккис группалаах сэрии инбэлиитэ буолан эргиллибитэ. Ол кэлэригэр бастакы кэргэнэ уонна оҕолоро ыалдьан өлбүттэр этэ. Михаил Васильевич төһөлөөх харах уутун тулуйбута буолуой? Кытаанах санаалаах буолан тулуйбута чахчы. Михаил Васильевич сэрииттэн «Хорсунун иһин», «Будапешт куораты ылыы иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэрдээх, Аҕа дойду сэриитин II-с истиэпэнэ уордьаннаах эргиллибитэ.
Михаил Васильевич үрдүк, көнө уҥуохтаах, бэйэтин кыанар киһи этэ. Сэрии кэнниттэн Агапова Мария Григорьевналыын холбоһон, түөрт кыыс оҕоломмуттара.
Кини сэриигэ сылдьан Коммунистическай партия чилиэнэ. Салайар үлэҕэ дьоҕурдааҕа биллэн, «Бөтүҥ” холкуос кинини колхознай-партийнай оскуолаҕа үөрэххэ ыыппыта. 1951 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, “Коммунизм” холкуос бырабылыанньатын солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитэ. 1957 сыллаахха партия райкомун бюрота Амма-Наахара отделениетын управляющайынан анаабыта, онтон 1958 сыллаахха “Амма” сопхуос Булуҥнааҕы отделениетыгар управляющайдаабыта. Бу отделение бурдук ыһыытынан дьарыктанара, сибиинньэ пиэрмэтэ баара, куурусса иитэллэрэ. 1960 сылтан 1974 сыллаахха диэри бастакы прорабынан үлэлээбитэ. Кини туттарбыт дьиэлэрэ, маҕаһыыннара Партизанскай, Ленин, Николай Захаров уулуссаларыгар бааллара. Амма 7 кылаастаах Широких-Полянскай аатынан оскуолатын атын, уу ылбат сиригэр көһөрбүтэ. Дорожнай учаастак, ОДьКХ уоннуу боксалаах гаражтарын, гостиницаны, ОДьКХ хонтуора дьиэтин, начаалынай оскуолаҕа дьоҕус кыра саҥа куорпус туттарбыта. Аммаҕа эргэ универмаг дьиэтэ билигин да турар. Эрдэ ырыынак буола сылдьыбыта, билигин онно кафе үлэлии турар. Покровкаҕа эргэ оскуоланы көтөхтөрөн, саҥа муосталаппыта, саҥа хочуолунай оҥотторбута. Алтыс килэмиэтиргэ Кириэстээх үрэҕин туоруур муостаны туттарбыта. Итини таһынан үтүмэн элбэх быстах өрөмүөннэри Мир уулусса дьиэлэригэр ыыттарбытын ааҕан сиппэккин.
Михаил Васильевич 1975 сыллаахха сааһынан биэнсийэҕэ тахсан баран, өссө хас да сыл араас бытархай үлэҕэ үлэлээбитэ. Кини сэбиэскэй кэмҥэ ыччат наставнига этэ.
Тапталлаах кэргэнэ Мария Григорьевна (1920 сыллаах төрүөх) эрдэ, кыра сааһыгар тулаайах хаалан, аймахтарыгар иитиллибитэ. Оҕо сааһа Амма интэринээтигэр ааспыта. Сэттис кылааһы Амма-Наахара оскуолатыгар бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн холкуоска ыанньыксыттаабыта, онтон пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн үлэлии сырыттаҕына, Чурапчытааҕы учууталлар куурустарыгар үөрэххэ ыыталлар. Үөрэҕин бүтэрэн кэлэн Ликбез диэн улахан дьону үөрэтэр киэһээҥҥи оскуолаҕа үлэлээбитэ. Эһиилигэр Дьокуускайга холкуоһунай оскуолаҕа үөрэтэ ыыппыттара. 1941 сыллаахха үөрэҕин бүтэрдэҕин сыл, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Мария Григорьевна Болугур нэһилиэгэр “Сырдык Сулус” холкуоска бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитэ. Дьахтар киһиэхэ, элбэх оҕолоох ийэҕэ, бу ыарахан үлэ этэ. Ол сылларга сут-кураан сатыылаабыта, аччыктааһын, хоргуйан өлүү сыллара буолбуттара. Холкуоска үлэһит илии тиийбэт этэ. Эдэр-сэнэх өттө сэриигэ Ийэ дойдуларын көмүскүү барбыттара. Бу кэмҥэ аҥаардас хаалбыт дьахталлар, тулаайах оскуола оҕолоро, кырдьаҕас оҕонньоттор, эмээхситтэр холкуос ыарахан үлэтин үмүрүтэн, күнүстэри-түүннэри Кыайыы туһугар үлэлээн-хамсаан кэлбиттэрэ. Оннук ыарахан кэмҥэ холкуоһу дьаһайыах-салайыах диэтэххэ, дьахтар киһиэхэ төһөлөөх ыарахан буолуой?! Кэргэнэ сэриигэ барарыгар үс кыра оҕолоох хаалбыта. Хомойуох иһин, оччотооҕу аас-туор олох содулугар, эмп-томп суоҕар ол оҕолор (биир уол, икки кыыс) утуу-субуу суох буолаахтаабыттара. Мария Григорьевна итиччэлээх эрэйи-кыһалҕаны, муҥу-сору көрбүтэ, төһөлөөх харах уутун тохпута буолуой? Ону барытын кини кытаанах санаатынан тулуйан кэлбитэ чуолкай. Сэрии кэнниттэн Мария Григорьевна сатабыллаах, дьоҕурдаах салайааччы буолбутун, оччотооҕу салалта ситэри сыаналаабатаҕа улахан хомолтолоох. Оннооҕор Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин Сталин төбөлөөх мэтээлгэ тиксибэтэҕэ. Кини салайбыт холкуоһугар дьон хоргуйан өлүүтэ тахсыбатаҕа, биир да сүөһүнү көҕүрэппэккэ иитэн, барытын госзакупка туттаран, былааннаах үлэ туолбута. Мария Григорьевна бу маны барытын миэхэ 1975 сыллаахха, улахан күтүөтү Леонид Петрович Андреевы кытта Кыайыы 30 сылыгар Михаил Васильевиһы эҕэрдэлии тиийбиппитигэр, улаханнык хараастан олорон кэпсээбитэ. Сэрии сылларыгар Амма оройуонун үрдүнэн кини соҕотох холкуос бэрэссэдээтэлэ дьахтар эбит. Маны билиҥҥи «Болугур» холкуос уонна нэһилиэк администрацията бэлиэҕэ ылан, Кыайыы 75 сылыгар кыратык да буоллар, бэлиэтээн ааһаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Мария Григорьевна, Михаил Васильевич түөрт кыыс оҕону төрөтөн атахтарыгар туруорбуттара. Кыргыттар бары үөрэхтэнэн, ыал буолан, бэйэлэрэ эбээ буоллулар, сиэннэр улаатан, ыал буолан, үрдүк үөрэҕи бүтэрэннэр, үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Улахан сиэн, Светлана Михайловна уола Владимир Леонидович Америкаҕа олорор, кэргэннээх, икки оҕолоох. Петр Леонидович, Владимир быраата, үрдүк үөрэхтээх, экономист идэлээх, билигин таксистыыр, кэргэннээх, түөрт кыыстаах. Иккис кыыс Фрося 2 уол, 1 кыыс оҕолоох, сиэннэрдээх. Уола Ньургун Валерьевич Иванов үрдүк үөрэхтээх, Дьокуускай куоракка үлэлиир, 3 оҕолоох, сиэннэрдээх. Михаил Валерьевич тутууга үлэлиир, Анаабырга үлэлиир, 3 оҕолоох, Майя Валерьевна эмиэ үрдүк үөрэхтээх, Олимпийскай эрэллэр училищеларыгар нуучча тылын учуутала, 2 оҕолоох, сиэннээх.
Марианна Михайловна эдэр сааһыгар ыалдьан бу олохтон туораабыта. Кыргыттара Лариса Ивановна үрдүк үөрэхтээх, Мэҥэ Хаҥалас балыыһатыгар үлэлиир, 1 оҕолоох; Татьяна Ивановна – үрдүк үөрэхтээх, Мэҥэ Хаҥаласка Сбербанк үлэһитэ, Анна Ивановна – үрдүк үөрэхтээх, Чапчылҕаҥҥа буҕаалтырынан үлэлиир, Марианна Ивановна – үрдүк үөрэхтээх, Амма улууһун кииннэммит бухгалтериятыгар үлэлиир, 1 оҕолоох. Икки кыыһы кыра кыыс Лариса Михайловна иитэлээн, үөрэттэрэн, билигин үлэһиттэр.
Мария Григорьевна 1987 сыллаахха ыалдьан бу күн сириттэн барбыта. Сэриини эттэринэн-хааннарынан билбит Мария Григорьевна, Михаил Васильевич олохторун кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, кэлэр кэнчээри ыччаттара, хос сиэннэр салҕыыллар.