Ама, маннык быһыы тохтуо суоҕа дуо?
Дьон сиэр-майгы өттүнэн наһаа да сатарыйда диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ама да барытын билиҥҥи уустук кэмҥэ, балаһыанньаҕа түһэрбиппит иһин. Хайа эрэ суруйааччы дэнэбин диир киһи бүтүн саха норуотун үөҕэн ситим хонуутун устун тарҕатар, онно дьэ түмсүүбүтүн, биир сомоҕобутун көрдөрөн кини утары үҥүстүбүт, өссө бырастыы гыныҥ диэн этэр-тыынар. Киһи ылла да бырастыы гыммат тыллара, холуобунай дьыала тэрилиннэҕинэ уоскуйарбыт буолуо.
Оттон ол сомоҕобут, түмсүүбүт бэйэбит испитигэр атын дьайыыттан, быһыыттан барыта сотуллан хаалар. Били иһээччи киһи истэҕинэ үтүө майгыта, дьиҥ сирэйэ сүтэн кэбилэнэригэр дылы. Ити туох буоламмыт хаарыан үчүгэй, барыта олохтоохтор тустарыгар оҥоһуллубут сылаас тохтобуллары үнтү сынньарбыт буолла? Итиччэ айылаах сутуруктара кыһыйбыт, үчүгэйи түктэри өйдүүр буоллахтарына, этэргэ дылы, илиилэригэр саа-саадах туттаран дойду көмүскэлигэр ыытыахха баар этэ буолбатах дуо?! Тоҕо, туохтан итинник быһыыланалларын киһи хайдах да ситэрэн өйдөөбөт, ама, итиччэ сатарыйдыбыт, өйбүт-санаабыт иирдэ дуу, киһи туох диэҕин билбэт, арай тутулуннахтарына эппиэт биэрэллэрэ дуу...
Биһиги тыйыс айылҕалаах, томороон тымныылаах дойдубутугар, киин куораппытыгар сылаас тохтобуллар тутуллан, оҥоһуллан киирбиттэрэ олус наадалаахтара билиннэ. Ол курдук аан бастакытын 2014 сыллаахха балаҕан ыйын 15 күнүгэр, Куорат күнүгэр түбэһиннэрэн, “Гимеин” диэн ааттаах сылаас тохтобул үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыбыта. Олохтоохтор бу саҥа сүүрээни үөрэ-көтө, уруйдуу-айхаллыы көрсүбүттэрэ, сорох-сорохтор ымсыыра, биһиэхэ да хаһан эмит баар буолар ини диэн эрэнэ кэтэспиттэрэ. Ол кэмтэн ыла сылын аайы бу бырайыак кэҥээн, эбиллэн, билигин тымныы кыһыммытыгар киирэн иттэн, олорон сынньанан абыранныбыт. Манна иттэ эрэ киирбэккин, сылаас утах, кофе иһиэххин, төлөпүөҥҥүн ииттэриэххин, мониторга оптуобуһуҥ төһөҕө, хаска кэлэрин кэтэһэн олоруоххун сөп. Бу буолбатах дуо, дьоҥҥо, биһиэхэ, эһиэхэ, оптуобуһунан сылдьааччыларга кыһаллыы, үтүө дьыаланы оҥоруу. Аан дойду үрдүнэн биһиэхэ эрэ маннык сылаас тохтобуллар баалларыттан бары үөрүөх, астыныах тустаахпыт этэ буоллаҕа. Суох, ама хайаан диэбит курдук. Хайаан да тоҕута сынньыахха, алдьатыахха, кээһэтиэххэ. Тоҕо түүннэри аһаҕас туралларый, харахпытын аалалларый, тоҕо сабыс-саҥа, ып-ыраас буолуохтааҕый, илиибит-атахпыт кыһыйар, охсон-тэбэн тыын таһаарар сир оҥостуохха наада диэн санааччылар биһиги ортобутугар бааллара олус да абалаах. Оттон кинилэр ким эрэ оҕолоро, аҕалара, убайдара, сиэннэрэ буоллаҕа. Киһи да кэлэйэр, хомойор.
Алтынньы 28 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев кэнники кэмҥэ вандализм түбэлтэтэ элбээбитинэн, ИДьМ “Якутское” муниципальнай управлениетын полициятын начаалынньыгын солбуйааччы Николай Тастыгины кытта сылаас тохтобуллары кэрийдилэр.
Ол курдук вандаллар 9 сылаас тохтобулу алдьаппыттар, маныаха 3 тохтобулу чөлүгэр түһэрбиттэр, алтатыгар өрөмүөн ыытыллар.
Можайскай уулуссатыгар турар “Гагарин скверэ” сылаас тохтобултан монитор уорбуттар, ол кэннэ аанын тоҕо тэбэн баран аны тутуллумаары, видеонан кэтээн көрүү регистраторын эмиэ сойбоппуттар. Эмиэ да хорсуннарын киллэрэн уоран-талаан бараллар, эмиэ да куттаҕас куобах буолан көстүмээри саһаллар.
Онон баһылык Николай Тастыгинныын күлүгээннэри тутар, эбийиэктэр куттала суох буолууларын хааччыйар гына дуогабардастылар. Бу холуобунай дьыала буолар диэн баһылык тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, тоҕо диэтэххэ алдьатыыны-кээһэтиини таһынан уоруу түбэлтэтэ тахсыбыт. Онон Евгений Григорьев куорат олохтоохторугар туһаайан, ким тугу эмит билбит-көрбүт буоллаҕына, ааккытын кистээн да туран үҥсэргитигэр, полицияҕа тыллыыргытыгар көрдөһөр.
Бэлиэтээн эттэххэ, малы-салы соруйан суох оҥоруу, алдьатыы иһин Арассыыйа Холуобунай Кодексатын 167 ыстатыйатынан гражданин көҥүлэ быһыллыан сөп, ону таһынан эмиэ 5 сыл РФ ХК 158 ыст. 2 ч. туора малы уоруу иһин көрүллэр.
Бу быһылаан кэннэ хамыыһыйа мунньахтаан баран сылаас тохтобуллары харабыллыыр хонтуруолу күүһүрдэргэ быһаарыы ылынна. Куорат баһылыга Евгений Григорьев “Главстрой” МКУ саҥа тохтобуллар бырайыактарын хат көрөргө, вандаллары утары оҥорорго соруйда.
Баһылык иһитиннэрбитин курдук, алдьаммыт тохтобуллар оннуларыгар түһүөхтэрэ, өрөмүөннэниэхтэрэ, оттон вандаллары тутан саамай кытаанахтык накаастыахтара.
Бу күннэргэ куораппыт биһиэхэ анаан эмиэ икки сылаас тохтобулу үлэҕэ киллэрэн бэртээхэй диэн бэлэх оҥордо. Баһаалыста, туруора түһүҥ дуу, алдьатымаҥ, айбардаамаҥ, бу биһиги туспутугар оҥоһуллар үтүө санааны, үтүө сыһыаны ис сүрэхпититтэн ылынан, тапталлаах куораппыт сайдарын, тупсарын туһугар бары биир күүспүтүн түмүөҕүҥ, махталлаах буолуоҕуҥ диэн ыҥырабын!
Уонна куорат кырдьаҕас олохтооҕо санаатын, аймалҕанын истиэҕиҥ.
Тотон өлөн айбардааһын...
Биһиги, бу аан дойду үрдүнэн саамай тымныы уһун ыйдардаах сиргэ төрөөн олоробут. Онуоха салайар үтүө санаалаах дьоммут, куорат иһигэр сылаас тохтобул хосторун диэххэ, туруортаан абырыыллар. Ардыгар хаҕыс тыаллаах, 50-55 кыраадыс тымныыга онно киирэн сылааска абыранабыт, оҕо, дьахтар, кырдьаҕас дьон. Онон, ити куораппытын тупсарар, дьоҥҥо олус туһалаах бырайыак үлэлиирин олохтоохтор олус биһириибит. Ол эрээри, хайа урдустар, "урдустар" диибин, түүн кэлэн бу дьон үлэтэ, дьоҥҥо туһалаах диэбэккэ иһин-таһын үнтү куорҕаллаан алдьатан кэбиһэллэрий? Бу туох өйдөөх-санаалаах дьон маннык түктэри быһыыны оҥороллоруй? Түктэри кэмэлдьилээх урдус эрэ маннык дьүһүлэнэр. Эбэтэр тыаттан адьырҕа кыыл киирэн кэбилиир дуу... Киһи эрэ итинник алдьатар, ол мөккүөрэ суох. Бу маннык быһыыны вандализм диэн научнайдык ааттыыллар. Ол эрээри бу да тылга бу быһыы киирсибэт. Дьиикэй быһыыланыыттан атыннык ааттаабаппын. Аны кимнээх маннык кэбилэнэллэрий, арыгыһыттар диэҕи итирик да буоллар баран тоҕута сыспат, арай аан дойдуга уордайбыт буоллаҕына буолара дуу? Наркоманнар дуу, ииримтийбит киһи дуу. Маннык быһыы ииримтийиигэ тэҥнээх эбэтэр соруйан оҥорууга. Киһи туох диэн саныан билбэт, быһаарбат быһыыта-майгыта. Бу маннык сиэр-майгы алдьаныыта туохтан тахсарый диэтэххэ, тотон өлөн “мэниктээһин”, дьоҥҥо куһаҕаны санааһын, өй-санаа, сиэр-майгы сатарыйыыта. Дьэ, хайдаҕын да иһин, киһи туох диэн, кими буруйдуон иннэ-кэннэ биллибэт үйэтэ кэлбит.
Дьэ, дьиибэ диэтэҕиҥ. Бу өй-санаа сиппит, билии-көрүү таһыма тахсыбыт үтүө олохпутугар маннык айбардааһын күннэтэ, аттыбытыгар тахса турара бу биһигини, кырдьаҕас дьону, дьиксиннэрэр. Атыттар, баҕар, көрө үөрэнэн хаалбыттара дуу, уопсастыбаннас тоҕо саба тутан маннык быһыыны тохтоппотуй? Бу маннык алдьаммыт, кирдээх, сыт-сымар буолбут тохтобуллары оҕо-ыччат көрөн туох дии саныыра буолла? Куорат олохтооҕо буоллуҥ да, бу куораккар эппиэтинэһи сүгэр олохтоох буоларбытын умнумуоҕуҥ, барытын көрө-истэ, дьаһайса, үтүөнү үксэтиһэ сылдьыаҕыҥ диэн ыҥырабын! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ордук маннык куһаҕан быһыыны болҕомтоҕо ылан тохтотор уолдьаста!
Куорат кырдьаҕас олохтооҕо Бэрээдэк оҕонньор