04.05.2024 | 10:00

Ама, маннык буолуо дуо?

Ама, маннык буолуо дуо?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка киэҥ хабааннаах өрөмүөн үлэтэ аан бастаан оҥоһуллар. Тупсарыы, саҥардыы үлэтин былаана номнуо быһаарыллан турар. Ол эрэн сорох дьон куораппыт хайдах уларыйаары турарын билбэт эбит. Онон аны алта сылынан хайдах куоракка олоруохтаахпытын кэпсиибит.

Маастар-былаан диэн тугуй?

Бастатан туран, бу экономика, социальнай уонна тырааныспар инфраструктуратын саҥа салааларын кэскиллэрин көрдөрөр өр сыллаах бырагыраама.

Маастар-былаан олох хаачыстыбатын тупсарыыга, нэһилиэнньэҕэ табыгастаах, аныгылыы, тупсаҕай усулуобуйаны тэрийиигэ туһуланар. Ол курдук, дойду баһылыга Владимир Путин өйөбүлүн ылбыт Дьокуускай куорат маастар-былааныгар 2030 сылга диэри 90 (!) тупсаҕай оҥоһуулаах cаҥа эбийиэк тутуллаары турар.

 

Дьокуускай куорат сайдыытыгар үбүлээһин уопсай кээмэйэ 448 млрд солк. тэҥнэһэр.

 

Ол курдук, 2030 сылга диэри Дьокуускай куоракка ханнык улахан тутуулар баралларый, олоххо киирэллэрий?

Ленин болуоссата

Ленин болуоссатын саҥардан тутуу, хапытаалынай өрөмүөнүн туһунан «Киин куорат» хаһыат тиһигин быспакка сырдатарынан, ааҕааччыларбыт бары бэркэ билэ-көрө олороҕут. Кылгастык эттэххэ, саҥардыллыбыт болуоссат быйыл күһүн, быһа холоон Куорат күнүн көрсө балаҕан ыйыгар, үлэҕэ киириэн сөп.

Төрдүттэн саҥардыллыбыт болуоссакка фонтаннар, түүҥҥү уоттаах сцена, 13 миэтэрэ үрдүктээх сэргэлэр о.д.а. баар буолуохтара. 50 миэстэлээх массыына уонна 10-ча бэлисипиэт туруорар сирдэри оҥорору былаанныыллар. Улахан болҕомто көҕөрдүү үлэтигэр ууруллар.

 

Бырайыагы үбүлээһин кээмэйэ – 731 мөл. солк.

Сайсары эбэ кытыла

Ытык Сайсары эбэ – куораппыт тэбэр сүрэҕэ, төрөөбүт төлкөтө. Бүгүҥҥү Дьокуускай кэскилэ, ыччат дьон эмиэ сөбүлээн сылдьар, айылҕалыын алтыһар, дьаарбайар, тапталга билинэр даҕаны миэстэтэ.

Маастар-былаан чэрчитинэн Сайсары күөлэ иккис тыынын ылаары турар.

Ол курдук, бастатан туран, биэрэги бөҕөргөтөр үлэлэр ыытыллаллар. Ону кытта күөлү кыйа тротуар тэлгэниэҕэ, сайыҥҥы сэдэх үүнээйилэргэ туспа күрүө оҥоһуллуоҕа. “Триумф” спорт уораҕайын аттыгар уонна Ийэ болуоссатын таһыгар сынньанар зоналар тэриллиэхтэрэ. Күөлү эргийэ итини сэргэ сатыы дьон сылдьарын таһынан бэлисипиэт суола оҥоһуллуоҕа. Эбийиэк 2025 сылга үлэҕэ киириэҕэ.

 

Үбүлээһин кээмэйэ 450 мөл. солк. тэҥнэһэр. 

 

Роман Дмитриев аатынан кытыл

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Роман Дмитриев аатынан кытылы тупсаран оҥорууну VIII-с «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуу иннинэ, ол эбэтэр бэс ыйыгар диэри түмүктүүргэ сорудахтаан турар.

Саҥа эбийиэккэ бэлисипиэт суола, спорт балаһаакката, амфитеатр, аныгылыы истииллээх атыы-эргиэн эрээттэрэ баар буолуохтара. Билигин манна суол-иис хапытаалынай өрөмүөнүн ыыта сылдьаллар, тустаах тэрилтэлэр ырааһырдыыга ылыстылар.

 

Бырайыак сыаната – 369,2 мөл. солк.

Биир даҕаны хаарбах дьиэ хаалбат

Дойду баһылыга Владимир Путин дьаһалынан 2030 сылга диэри Дьокуускай куорат эргэ дьиэлэрин барытын көтүрүөхтэрэ. Оттон олохтоохтору  хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамаларынан саҥа дьиэлэргэ көһөртүүр сорук турар. Онуоха анаан куорат хас да кыбаарталыгар бүтүн микрооройуоннары тутуу күргүөмнээхтик ыытыллар. Ол курдук, норуокка биллэринэн ДСК оройуонугар 11 тыһыынча киһи олохсуйарыгар аналлаах «Звезднай» түөлбэ тутуллар, 17-c кыбаарталга 17,5 тыһыынча киһиэхэ аналлаах – “Спортивнай” түөлбэ, өрүс пордун оройуонугар 12,1 тыһ. киһиэхэ – «Өлүөнэ очуостара» түөлбэ.

 

Манна барытыгар  39,4 млрд солк. көрүллүбүт.

 

Култуура уонна сынньалаҥ паарката

Төрдүттэн уларытыы суох, үлэ куорат пааркатын кыамтатын улаатыннарарга, чуолаан сылга кыһыннары-сайыннары 1,5 мөл. кэриҥэ киһи табыгастаахтык сынньанарыгар, күүлэйдииригэр суоттанар. Ол эбэтэр, бастатан туран, суола-ииһэ барыта хаттаан аспаалланар. Эбии эбийиэктэртэн кумахтаах пляж, оҕо оонньуур балаһааккалара, чэбдигирдэр, патриотическай комплекстар, аһыыр сирдэр, скейт-паарка баар буолуохтара. Ону таһынан «Этно-дэриэбинэ» диэн зонаҕа Саха сирин айылҕатын, Дьокуускай историятын кэпсиир мультимедийнай быыстапкаларга анал миэстэ тэриллиэҕэ. Оттон Хомсомуол болуоссатыгар куорат маассабай бырааһынньыктара, норуот күүлэйэ ыытыллаллара сабаҕаланар.

Биллэн турар, бэйэбит төрүт аспытын хамаҕатык тарҕатарга үлэлэһиэхтэрэ. Кыһынын табанан, ытынан кытта хатааһылыыр буолуохпут.

Манна барытыгар 4,4 мөл. солк. көрүллүбүт.

 

Саҥа суперкампус тутуллар

Эбийиэк 2026 сылга үлэҕэ киириэҕэ. Саҥа суперкампус Дьокуускайга Кангалаас бөһүөлэгэр 100 гектардаах сиргэ тэриллээри турар. Онно  устудьуоннар олороллоругар аналлаах сэттэ уопсай дьиэ, 4400 миэстэлээх гостиница тутуллуохтара, 3500 миэстэлээх үөрэнэр-лабораторнай куорпустар, ону таһынан мастарыскыай, IT-киинэ уонна 1000 миэстэлээх технопаарка арыллыахтара.

Билим уонна үрдүк үөрэх кыһалара

Бу өрөспүүбүлүкэ сүрүн үрдүк үөрэҕин кыһаларын барытын холбуур баараҕай инфраструктурнай бырайыак. Бары эбийиэктэр холбоон 111,130 тыһ. кв. м. иэннээх сиринэн тайаан туруохтара. Манна 2 үөрэнэр-лабораторнай куорпус, уопсай дьиэ комплекса, технопаарка, спортивнай түһүлгэ, гостиница, арт-галерея, медиа уонна конгресс кииннэр баар буолуоҕа. Тутуу Дьокуускай куорат 68-с кыбаарталыгар ыытыллар.

Ити курдук, баара-суоҕа алта сылынан Дьокуускай куорат бииртэн биир сүүнэ эбийиэгинэн киэркэйээри турар. Маастар-былаан чэрчитинэн бүгүн уулусса-суол ситимин өрөмүөнэ тиһиктээхтик
ыытыллар, хаарбах дьиэлэр көтүрүллэллэр, саҥа социальнай хайысхалаах эбийиэктэр тутуллан үлэҕэ киирэллэр: уһуйааннар, оскуолалар, балыыһалар уо.д.а. Бү үлэ барыта олоххо киириитэ олох-дьаһах хаачыстыбатын тупсарара саарбахтаммат.

 

Хаартыскалары интэриниэт ситимиттэн ыллыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...