Алыһардаах диэн кимий?
«Былыргыны былыт саппыта» диэн баран сапсыйан кэбиһэр кэбэҕэс. Оттон ону ороон таһааран, бары өттүнэн чиҥэтэн, наадалаах чахчылары булаттаан, урукку-хойукку суруллубуту тэҥнээн-ырытан баран киһиэхэ туһалааҕы таҥан таһаарар дьон баара үчүгэйин!
Соторутааҕыта Саха сиригэр өссө биир ураты кинигэ күн сирин көрдө. М.П. Григорьев уонна А.А. Павлов хомуйан оҥорбут «Алыһардаах Аана“ диэн сабыс-саҥа таһаарыыларыгар киирбит Дуоҕа Боотур саҕаттан ситимнэммит үһүйээннэри, чахчылары ааҕааччы хараҕар көрөн олорор курдук ылынар эбит. Оннук курдук уратылаах кинигэ суруллубут.
Онон дьиҥ-чахчыларга, архыып дааннайдарыгар олоҕуран суруллубут кинигэни хомуйбут Марк Петрович Григорьевы уонна Афанасий Афанасьевич Павловы ааҕар дьон аатыттан эҕэрдэлиибин. Мин, Бүлүү эҥээриттэн тардыылаах боростуой үлэһит киһи, итиннэ тус бэйэм төрүттэрбин-уустарбын таба тайаммыт дьоллоохпун. Дьиктиргиэм иһин, бу кинигэ саха дьоно бары да иилии эргийэн, ааҕыстахха, аймахтыы курдук буоларбытын итэҕэттэ.
Бу икки ааптар Кэбээйи улууһун Мукучу сириттэн тардыылаах улууканнаах эдьиийдэрэ Анна Дмитриевна Иванова-Павлова-Алыһардаах Аана туһунан дьиҥнээх „пааматынньыгы“ туруорбуттар. Кинигэ сыаннаһа диэн, Алыһардаах туох баар төрдүн-ууһун барытын архыып матырыйаалларыттан булан ууран биэрбиттэр! Итиэннэ бэйэтин кэмигэр, ааспыт үйэ саҥатыгар кинини — улахан эдьиийдэрин сирэй көрсүбүт, анаан кэпсэппит, эмтэнэн үтүөрбүт дьон ахтыыларыгар олоҕурбуттара туохтааҕар да күндү. Оннооҕор билиҥҥи кэм дьоно, дьалаар да буолбаталлар, сайдыылаах кэммит саҥа долгунугар оҕустаран, былыргыны баардыылаабат араҥа —бөртөлүөтчүктэр Алыһардаах уҥуоҕун үрдүнэн тыаһаан-ууһаан, быһа айбардаан ааһалларын түргэнник тохтоппутун туһунан баар! Итэҕэтиилээх. Кырдьык оннук, былыргы дьон, ордук итинник ааттара ытыктабыллаахтык ааттанар эдьиийдэр-убайдар, уйгуурдары сөбүлээбэттэрин туоһута ити буоллаҕа...
Онон бу улахан суруйуу үйэлэр тухары устуоруйаттан суоруллубат, архыыпка хараллар гына тиһиллибитэ сүҥкэн махталлаах.
Айылҕа маанылаан биэрбит кыахтааҕа улуу эдьиийбит төрөөбүтэ 175 сылынан кэнэҕэски ыччаттарбытыгар туһалаах кинигэни бэлэх оҥорбут дьоммут тылларын-өстөрүн истиэҕи баҕарыллар.
Алыһардаах диэн, чахчы, бары өттүнэн быыһа суох гына дьарыктаах дьон ыччаттара эбит ээ! Ол да иһин оччолорго өтөрүнэн-наарынан иһиллибэтэх-биллибэтэх, абынан-хомуһунунан биир да ойууҥҥа бэриммэтэх, кыра баайыылаахтар ырааҕынан кыйа көтөр сэдэх кыахтаахтара, сүдү сатабыллаахтара эбит ээ! Ааҕа олорон эт-этим дьаралыйан, сүдүкэннээх эбэбиттэн саллан, улуутуттан сөҕөн, көннөрү киһи быһыытынан киэн туттар эрэ кыахтаннаҕым, дьоллонноҕум!
Доҕоттор, сир-сиргэ аатырар ураты дьоҕурдаахтарбытын маннык үйэтитэр кэммит куруук кэлэ туруо суоҕа. Онон бу сыллар тухары архыыптары хаһан сыраласпыт уонна Улуу Алыһардаах аата хойукку үйэлэргэ бу баардыы ааттана турарыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит М.П. Григорьевы уонна А.А. Павловы саха норуотун устуоруйатыгар сүҥкэн кылааттарын иһин анаан бэлиэтиир уолдьаста диэн мин, кырдьаҕас киһи, ис санаабын этиим.
Алыһардаах туһунан биһиги, билиҥҥи кэм дьоно уонна атын улуус дьоно, истэрбит элбэҕэ суох эбит. Дьэ, чахчы да көстөр дьүһүнүнэн харах халтарыйар кэрэ сэбэрэлээх, уустаах тылынан эгэлгэлээх эр бэртэрин салыннарар, уҥуоҕунан-арҕаһынан да хаама сылдьар хартыына курдук толуу-мааны Аананы хас биирдии ааҕааччы бэйэтин хараҕар ойуулаан көрөрүгэр итэҕэтэр гына астыктык суруйбуттар. Оттон кини үйэлэргэ сөхтөрөр былыргы ньымаларын биир-биир ахтан ааспыттара биһиги омук быһыытынан уратыбыт дьиҥ уонна чиҥ туоһута.
Улууканнаах сыдьаан симэлийбэт. Хаһан даҕаны. Бу кинигэттэн билиэххит Алыһардаах хомуһуна, күүһэ-күдэҕэ, кыаҕа-айдарыыта эргийэн кэлэн кимиэхэ тиксибитин...
Доҕоттор, тахсыбыт кинигэ „астаах“, аҕыйах илиистээх буолбатах, тутарга-хабарга үчүгэйэ, оҥоһуута астыга, ойуута аныгылыыта ааҕааччыны сэҥээрдиэх кэриҥнээх. Бу маннык курдук дьоһун ис хоһоонноох кинигэттэн киһи байар, өйдүүн-санаалыын ырааһырар, күүс-көмө ылар куолута!