Алтынньы ыйдааҕы уларыйыылар
Техническэй көрүү болдьоҕун уһатыы түмүктэнэр
Алтынньы 1 күнүттэн бырабыыталыстыба олохтообут диагностическай каартатын болдьоҕун уһатыы тохтуур. Бу күнтэн ТО (техосмотр) каартатын болдьоҕо олунньуга, кулун тутарга уонна муус устарга бүппүт буоллаҕына хаттаан ааһыахтарын наада. Оттон бэс ыйдааҕылар киэннэрэ сэтинньи ыйга диэри билиниллэр.
Кыра уйуктаах массыына түөрт сыла ааспыт буоллаҕына ТО барар эбээһинэстээх. Ону тэҥэ техническэй көрүүнү ыйыллыбыт болдьоххо таһаҕас тиэйэр массыыналар, оптуобустар уонна таксилар булгуччу ааһыахтаахтар. Диагностическай каарталара суох буоллаҕына кинилэргэ эппиэтинэс сүктэриллэр. Оттон кыра уйуктаах массыыналаахтар уонна матасыыкыллаахтар маныаха эппиэтинэс сүкпэттэр. Маны таһынан, атырдьах ыйын 22 күнүттэн бу хонтуруолга ылыллыбат буолбута. Бу күнтэн страховка оҥорооччулар ОСАГО полиһын ДК бэрэбиэркэлээбэккэ атыылаан саҕалаабыттара. Онон, маннык массыыналаах хаһаайыттар ТО барар эбээһинэстээхтэр, оттон хайа эрэ биричиинэнэн ТО ааспатах буоллахтарына 2022 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри кинилэргэ туох да миэрэ ылыллыбат. Онтон бу ыйыллыбыт күн кэнниттэн ДК суоҕар ыстараап киллэриллэр.
Оҕо босуобуйатын “Мир” каартаҕа эрэ ылыахтара
Алтынньы 1 күнүттэн оҕо босуобуйата “Мир” каартаҕа эрэ түһүөҕэ: чуолаан, национальнай “пластикка” кыаммат дьиэ кэргэҥҥэ төлөбүр киириэҕэ. Өҥө ылааччы каартата суох буоллаҕына, кини харчыта баан счетугар киирэр, ону каассаттан эбэтэр почтаттан ылыахха сөп.
Онон, “Мир” каартаны оҕо босуобуйатын уу харчынан ылыахтарын баҕарбат төрөппүттэр оҥорторуохтарын наада.
Национальнай “пластигы” ханнык баҕарар бааҥҥа оҥорторон ылыаххытын сөп.
Оҕо төлөбүрүгэр сайабылыанньаны ылыыга биир ый хаалла
Бу күҥҥэ диэри оскуола оҕотугар бэриллиэхтээх биир кэмнээх көмөнү ылбатах төрөппүттэр сайабылыанньаҕытын бүтэһиктээхтик биэрэргит биир ый хаалла, о.э. сэтинньи 1 күнүгэр диэри.
Санатар буоллахха, 10 000 солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх көмө ийэҕэ эбэтэр аҕаҕа (оҕону иитэ ылбыт дьоҥҥо, опекуннарга, попечителлэргэ) оҕо алта сааһыттан 18-гар диэри ананар. Маныаха оҕо алта сааһын 2021 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри туолбут буолуохтаах.
Төлөбүр маны таһынан инбэлииттэргэ, доруобуйаларынан хааччахтаах 18-23 саастаах, анал үөрэх бырагырааматынан үөрэнэр дьоҥҥо эмиэ бэриллэр.
Төлөбүр ыларга ханнык да эбии ыспыраапка, ол иһигэр дохуот туһунан ирдэммэт. Сайабылыанньаны толорон ыытыахха эрэ наада. Маныаха саамай судургу ньыма – судаарыстыбаннай өҥө сайтыгар тус кабинекка киирэн ыытыы. Төлөбүр ханнык баҕарар счеккутугар түһэр.
Чааһынай клиникаларга босхо вакцинация
Алтынньы 1 күнүттэн босхо вакцинацияны чааһынай клиникалар оҥорор буолуохтара. Судаарыстыбаннайа суох медицинскэй тэрилтэлэргэ национальнай халандаар иитинэн вакцинацияны уонна профилактическай быһыылары ыытар туһунан сокуон күүһүгэр киирэр. Маныаха федеральнай бүддьүөттэн үп көрүөхтэрэ. Онон бу быраабы эбэһээтилинэй медицинскэй страховка систиэмэтинэн үлэлиир чааһынай килиникалар ылаллар.
Национальнай халандаарга 12 профилактическай быһыы, ол иһигэр улахан дьоҥҥо ревакцинация киирэр: В гепатит, сэллик утары, пневмококковай инфекция, дифтерия, коклюш, столбняк, полиомиелит, гемофильнай инфекция, краснуха, эпидемическэй паротит (сибииҥкэ диэнинэн биллэр), корь уонна грипп.
Маны таһынан коронавирустан вакцинация эпидемическэй көрдөрүүнэн, ону таһынан атын инфекцияттан быһыылар оҥоһуллуохтара.
Ыарыыны булуу реестрэ баар буолуо
Алтынньы ый устата федеральнай информационнай ситими үлэҕэ киллэриигэ бэлэмнэнии түмүктэниэхтээх. Манна Арассыыйа олохтоохторо, омук гражданнара уонна гражданствота суох дьон эбэһээтилинэй медицинскэй иһитиннэриилэрин түмүгүн киллэриэхтэрэ.
Систиэмэ сүрүн соруга – кутталлаах ыарыылаах дьону булуу, кэмигэр уонна суһаллык утары санитарнай-эпидемическэй тэрээһиннэри ыытыы. Саамай улахан эрэлинэн бу систиэмэ көмөтүнэн кутталлаах ыарыылаах эмиграннар үлэҕэ киириэхтэрэ суоҕа.
Систиэмэҕэ иһитиннэриини Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, Роспотребнадзор, региональнай былаастар уонна олохтоох бэйэни салайыныы биэриэхтэрэ. Оттон кинилэртэн, судаарыстыбаннай структуралартан ураты, иһитиннэриини бастатан туран араас тэрилтэлэри таһынан, миграннары үлэнэн хааччыйааччылар көрдүөхтэрэ.
Омук дьоно медицинскэй бэрэбиэркэни ааһыахтара
Быстах кэмҥэ олоро кэлэр, олохсуйууга көҥүл ылыыга, омук дьоно наркотигы тутталларын эбэтэр туттубаттарын, быраас көҥүлэ суох психотропнай эттигинэн үлүһүйбэттэрин, тулалыыр дьоҥҥо кутталлаах сыстыганнаах ыарыынан ыалдьыбаттарын мэктиэлиир медицинскэй бигэргэтиини ааһыахтаахтар. Маннык уларытыылар Российскай Федерацияҕа омук гражданнарын правовой балаһыанньатын туһунан сокуоҥҥа киллэриллэллэр.
Маннык бэрэбиэркэлээһин түмүгүнэн омук дьоно, ону сэргэ гражданствота суох дьон инфекционнай ыарыылар, ВИЧ-инфекциялар баалларын эбэтэр суохтарын туһунан медицинскэй докумуоннары ылыахтара.
Медосмотр барыытын туоһулуур докумуонунан тус медицинскэй киниискэ (кумааҕынан да, электроннай докумуон быһыытынан да бэриллэр) буолар.
Арассыыйаҕа визалаах эбэтэр визата суох кэлбит омук киһитэ 30 суукка устата Арассыыйа ИДЬМ-гар быстах олорорго көҥүлү биэрии туһунан сайабылыанньаны биэрэрин таһынан медкиниискэтин көрдөрүөхтээх.
Байыаннайдар хамнастара үрдүүр
Алтынньы 1 күнүттэн байыаннайдар уонна байыаннай биэнсийэлээхтэр акылааттара үрдүүр. Байыаннай сулууспалаахтарга, анал званиелаах полиция үлэһиттэригэр, УФСИН сотрудниктарыгар, баһаарынайдарга, таможня уонна федеральнай фельдъегерскэй сулууспа үлэһиттэрэ хамнастара 3,7% үрдүүр.
Маны таһынан байыаннайдар хамнастарыттан индексацияланар биэнсийэ эмиэ үрдүүр, кини кээмэйэ билиҥҥи байыаннай сулууспалаахтар акылааттарын кээмэйиттэн тутулуктаах. Арассыыйаҕа барыта 2,5 мөлүйүөн киһи байыаннай биэнсийэни ылар.
Түргэнник төлүүр Систиэмэҕэ тарыып уларыйар
Алтынньы 1 күнүттэн түргэн төлөбүрдэр тиһиктэрин (СБП) тарыыба уларыйыаҕа. Маныаха гражданин харчытын урбаанньыттарга, бэйэ дьыаланы тэринэн үлэлиир дьоҥҥо, хампаанньаларга ыытарыгар эрэ туһаныллыаҕа.
Баан СБП нөҥүө ыытыллар сууматтан көрөн тарыыптары быста: биир эпэрээссийэҕэ биэс кэппиэйкэттэн (125 солкуобай суума иһинэн) үс солкуобайга диэри (6000,01 – 600 000 солкуобай иһинэн) эпэрээссийэ иһин. Маныаха судаарыстыбаҕа босхо тарыыбынан ыытыллар.
Саҥа тутуллубут дьиэҕэ докумуон оҥорор түргэтиэ
Дьиэни атыылаһыы туһунан докумуону түргэнник оҥорторор кыахтаахтар. Алтынньы 28 күнүттэн хамсаабат баай-дуол регистрациятын туһунан сокуоҥҥа уларытыылар киирэллэр.
Долевой кыттыы дуогабарын госрегистрациялааһын болдьоҕо кылгатыллар. Ол иннинэ МФЦ нөҥүө дьиэни-уоту регистрациялааһын уопсай болдьоҕо олохтоммута — тоҕус үлэ күнүн иһинэн докумуону туттарбыттарга диэн Росреестрга быһаараллар.
Билигин долевой кыттыы дуогабары (чопчу дьиэҕэ олорор дьиэни атыылаһыы туһунан дуогабартан ураты) Росреестр МФЦ-га докумуону туттарбыт буоллаххына сэттэ күн иһигэр уонна электроннай көрүҥүнэн биэдэмистибэҕэ ыытыллыбыт буоллаҕына үс күн иһигэр регистрациялыыр.
Маны таһынан, Росреестрга нотариус нөҥүө ханнык баҕарар докумуону биэриэххэ сөп. Бу урут көҥүллэнэр этэ, өскөтүн дуогабар нотариальнайдык бигэргэтиллибит, эбэтэр дьиэҕэ быраап атын нотариальнайдык эрэ оҥоһуллубут буоллаҕына.