Алтынньы ый уларыйыылара
Бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнас үрдүүр
Алтынньы 1 күнүттэн бүддьүөт үлэһиттэригэр уонна байыаннай чаастар гражданскай дьонноругар хамнас 4% улаатара күүтүллэр. Байыаннай сулууспалаахтар, аармыйаҕа ыҥырыллааччылар, хантараагынан байыаннай сулууспаны барааччылар, Росгвардияҕа сулууспалааччылар уонна полицияҕа анал званиелаахтар, ИДьО, УИС уорганнарын сотрудниктара, судаарыстыбаннай баһаары утары сулууспа үлэһиттэрэ, таможеннай уорганнар уо.д.а. акылааттарын кээмэйэ үрдүөҕэ.
Биэнсийэ индексацияланар
Алтынньы 1 күнүттэн 80 саастарын туолбут, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эбиллии күүтэр. Билигин 6,5 тыһыынча кэриҥэ солкуобай төлөбүрдэрэ икки бүк үрдүүр диэн этиллэр. Маныаха сайабылыанньа суруйар наадата суох – индексация тута оҥоһуллар.
Бааннар кылаакка сытар дохуоту иһитиннэрэр эбээһинэстэнэллэр
Алтынньы ыйтан бааннар кылаат усулуобуйатын таблица курдук көрдөрөн арыйар эбээһинэстэнэллэр. Кылааты арыйарга уонна таларга – офиска да буоллун, онлайн да буоллун – кылааты уурдарааччы киһи сүрүн усулуобуйалары өйдөнүллэр гына оҥоһуллубут таблицаҕа билсиһиэхтээх. Онно маннык ыйыллар:
- кылаат көрүҥэ;
- кылаат суумата уонна валюта;
- кылааты элбэтэр кыах уонна маннык опцияҕа баар хааччахтар;
- бырыһыан ыстаапката эбэтэр ону быһаарар бэрээдэк;
- кылаат уурдарбыт киһиэхэ бырыһыанын төлүүр бэрээдэгэ;
- кылаат болдьоҕун уһатыы болдьоҕо;
- харчыны болдьоҕун иннинэ устар кыах уо.д.а.
Байыаннай биэнсийэ ааҕыытын бэрээдэгэ уларыйар
Докумуоҥҥа урукку байыаннай сулууспалаахтар, Ис дьыала сотрудниктара, Росгвардия, Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа, ЫБММ, Генпрокуратура, Силиэстийэлиир кэмитиэт, наркотигы эргинэри хонтуруоллуур уорган, холуобунай тэрилтэлэр уо.д.а. үлэһиттэрин туһунан этиллэр.
Санатар буоллахха, 2022 сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри байыаннай биэнсийэ икки төгүл индексациялана сылдьыбыта. Тохсунньу 1 күнүттэн – 8,6 бырыһыан, бу сыл бэс ыйын 1 күнүттэн эбии төлөбүр кээмэйэ 19,5 % диэри анаммыт биэнсийэттэн эбиллэр. Бу эбии төлөбүрдэр бэрэсидьиэн сорудаҕынан оҥоһуллубуттара. 2022 сыл алтынньы 1 күнүттэн 19,5% эбии төлөбүр уларыйар, ол оннугар Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар уонна кини дьиэ кэргэнин чилиэннэригэр 15,5% надбавка киирэр. Байыаннай сулууспалаахтарга былааннаммыт индексация оҥоһуллар - 4%.
Оҕолорго төлөбүрү ааҕыы быраабылата чуолкайданна
8 сааһыттан 17-лэригэр диэри оҕолорго ыйдааҕы харчынан төлөбүрү ааҕыы бигэргэннэ. Бу Бырабыыталыстыба дьаһала алтынньы 1 күнүттэн киирэр.
2022 сыл муус устар 1 күнүттэн Арассыыйаҕа оҕо 8 сааһыттан 17 сааһыгар диэри ыйдааҕы харчынан төлөбүр олохтоммута. Бу төлөбүрү олох алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьиэ кэргэн ылар.
Бэлиэтээн этэллэринэн, төлөбүр 12 ыйга оҥоһуллар, хас сыл тохсунньу 1 күнүттэн оҕоҕо ананар дохуот алын кээмэйин уларыйыытыттан тахсар.
Сайабылыанньаны Биэнсийэ Арассыыйатааҕы пуондатыгар эбэтэр судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө, МФЦ-га эбэтэр тус бэйэҥ баран биэриэххин сөп.
Төлөбүрү тоҕо аккаастыахтарын сөбүн туһунан бигэргэннэ. Холобур, маныаха биир төрүөтүнэн сайаапка биэрбит киһи уонна кини дьиэ кэргэнэ икки эбэтэр онтон элбэх дьиэлээх буоллаҕына, эбэтэр “садовый дом” иккиттэн элбэх буоллаҕына.
Баан сорох эпэрээссийэлэрин НДС-тан босхолоотулар
Нуул бырыһыаннаах ыстаапка гааһы биэриини уонна тиэйиини буойуннар көмүллэ сытар уонна мемориальнай тутууларга Умуллубат уот уонна Өйдөбүнньүк уот умайыытын ситимин хааччыйыыга тарҕанар.
Өссө биир саҥа киирии омук тэрилтэлэрэ өҥөнү электроннай көрүҥүнэн оҥорууларыгар туһуланар. Омуктар маннык өҥөнү Арассыыйа тэрилтэлэригэр эбэтэр урбаанньыкка оҥордохторуна НДС ааҕыыта уонна төлөбүрэ бу тэрилтэлэринэн эбэтэр урбаанньытынан нолуок агенын быһыытынан оҥоһуллар.
Массыынаҕын уларыттыҥ? Страховойга биллэр!
ОСАГО полистаах киһи массыынатын хаһаайына уларыйдаҕына страховой хампаанньаҕа биллэрэр эбээһинэстэнэр. Арассыыйа Баанын ыйааҕа алтынньы 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр.
Сокуон быһыытынан полиска массыына хаһаайынын уларытыа суохтааххын, онон саҥа бас билээччи булгуччулаах страхование дуогабарын бэйэтэ оҥоруохтаах. Өссө биир саҥа киириинэн страховщик суол быһылаанын түмүгүн экспертизатын эмэсэҕэлээччигэ билиһиннэрэр эбээһинэстэнэр. Хампаанньа маны экспертиза түмүгүн ылан эбэтэр массыынаны көрөн-истэн баран биэс үлэ күнүн иһигэр оҥоруохтаах. Урут маннык иһитиннэриилэри ыларга эмсэҕэлээччи страховкалыыр хампаанньаҕа суругунан сайабылыанньа биэрэрэ.
Маны таһынан, страховкаһыттар массыына хаһаайынын кыттыһыыта суох кини массыынатын судаарыстыбаннай нүөмэрэ уларыйбытын анал автоматизированнай систиэмэттэн билиэхтэрин сөп. Өскөтүн хампаанньа саҥа нүөмэр туһунан иһитиннэриини бэйэтэ биллэҕинэ, кини ол туһунан массыына хаһаайыныгар биллэриэхтээх, оттон хаһаайын уларыйыылары ОСАГО полиһыгар киллэрэргэ көрдөһөр бырааптаах.
Босуобуйа “МИР” каартаҕа түһүөҕэ
Бырабыыталыстыба “МИР” каартаҕа түһэр социальнай төлөбүрдэр испииһэктэрин элбэттэ. Бу дьаһал алтынньы 26 күнүгэр олоххо киирэр.
Докумуоҥҥа олоҕуран, “Мир” каартаҕа олох алын кээмэйигэр тиийинэн олорбот гражданнарга ыйдааҕы төлөбүр, ону таһынан олох-дьаһах хомунаалынай төлөбүрэ киириэҕэ.
Каартаҕа ОДьКХ төлөбүрүн компенсациятын тыа сиригэр олорор педагогтар, өлбүт байыаннай сулууспалаахтар уонна ИДьМ үлэһиттэрин дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ ылыахтара. Маны таһынан, дьаһал олоххо киирдэҕинэ, “Мир” каартаҕа “Почетный донор” бэлиэнэн наҕараадаламмыт дьоҥҥо сыллааҕы төлөбүрү ыытыахтара.
Бырабыыталыстыба сайтыгар иһитиннэрбиттэринэн, “Мир” каартаҕа биэнсийэни, хамнаһы, үлэтэ суохтарга босуобуйаны, оҕо төрөөбүтүн кэннэ төлөбүрү ылыахха сөп.
Онлайн-эпэрээссийэни бобуу эбэтэр хааччахтааһын
Алтынньы 1 күнүттэн баан килийиэннэрэ массыанньыктартан көмүскэнэн онлайн-эпэрээссийэлэри баҕа өттүнэн хааччахтыахтарын сөп. Бу барыта килийиэн этиллибит күнүттэн-дьылыттан оҥоһуллар.
Маныаха өҥөҕө барытыгар эбэтэр сорох өҥөҕө бобуу оҥорторуохха сөп – холобур, харчы ыытыыга, онлайн-кирэдьиит ылыыга – эбэтэр бары эпэрээссийэҕэ. Бу босхо өҥөнөн туһанарга килийиэн бэйэтин бааныгар сайабылыанньа суруйар.
Суоппардар электроннай дастабыранньа көрдөрөллөрө көҥүллэнэр
Алтынньы саҥатыгар суоппардар электроннай суоппардыыр дастабырыанньаларын көрдөрөллөрө көҥүллэнэр. Саҥа электроннай сервиһи “Госуслуги Авто” сыһыарыыга тургутуохтара. Билигин ПДД сөптөөх уларыйыылары бэлэмнииллэр, бу докумуону бэрэбиэркэлииргэ туһуланар.
Холуобунай эппиэтинэс
Холуобунай кодексаҕа уонна Холуобунай-процессуальнай кодекс 151 ыстатыйатыгар Федеральнай Сокуон күүһүгэр киирдэ. Докумуоҥҥа көрүллэринэн:
- гособоронсакааска судаарыстыбаннай хантараак усулуобуйатын кэһиигэ холуобунай эппиэтинэс бигэргэннэ;
- байыаннай сулууспалаахтар мобилизация эбэтэр байыаннай балаһыанньа кэмигэр байыаннай сулууспа утары буруйу кэһиини оҥордохторуна холуобунай эппиэтинэс кытаатар;
- байыаннай балаһыанньа, байыаннай кэм эбэтэр сэбилэниилээх иирсээн кэмигэр байыаннай сулууспалаахтар баҕа өттүнэн билиэҥҥэ түбэстэхтэринэ эбэтэр мародерствонан дьарыктаннахтарына кинилэргэ холуобунай эппиэтинэс сүктэриллэр.
РФ гражданствотын ылыы судургутуйда
РФ Сэбилэниилээх Күүстэригэр сулууспалыырга хантараак оҥорсубут омук гражданиннарыгар РФ гражданина буолар бэрээдэги судургутутар Федеральнай Сокуон күүһүгэр киирдэ.
Бу докумуона суох дьиэҕин былдьыахтарын сөп
Биллибитинэн, дьиэни бас билээччилэр 20% тахсалара хамсаабат хапытаалга оҥорсубут докумуоннарын харайан уурбаттар эбит. “Известия” сруйарынан, онтон сылтаан ханнык эрэ түгэҥҥэ кинилэр дьиэлэрин былдьаан ылыахтарын сөп. “Этажи” федеральнай хампаанньа юридическай департаменын салайааччытын солбуйааччыта Сергей Чужаков, ханнык баҕарар түгэҥҥэ үйэҥ тухары туох кумааҕыларын ууруна сылдьыахтааххын сүбэлиир:
Испииһэк:
атыыласпыт-атыылаабыт дуогабар — урут да атыылаабыт эбийиэктэргэр;
харчыны ылбыт, биэрбит распискаҥ куоппуйата;
ипотечнай кирэдьиити төлөөбүт квитанцияларыҥ, кирэдьииккин толору сабыаххар диэри.