08.09.2022 | 08:00

Алтынньы бүтүөр диэри суол үлэтэ түмүктэниэҕэ

Алтынньы бүтүөр диэри суол үлэтэ түмүктэниэҕэ
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта 2022 сыл кулун тутар 16 күнүнээҕи 435р №-дээх дьаһалынан 2022 – 2026 сылларга куорат уокуругар суол үлэлэрин былааныгар олоҕуран, алтынньы бүтүөр диэри өрөмүөн түмүктэнэр.

Дьокуускай куоракка «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар суол өрөмүөнүн быйылгы былааныгар киирбит үлэлэр бүтэр уһугар кэлэн эрэллэр. Ол курдук, «Главстрой» МХТ иһитиннэрбитинэн, куорат килбэйэр киинигэр – Ленин проспегар суолу аспааллааһын уонна тротуар билиитэлэрин ууруу үлэтэ 60%-на түмүктэннэ. Бэдэрээтчит –  «Дорстрой» ХЭТ проспект аспааллааһынын Кулаковскай уулуссатыттан Дзержинскэй уулуссатыгар диэри учаастакка балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри бүтэриэхтээх. Салгыы бэдэрээтчит суол бэлиэлэрин уонна светофор эбийиэктэрин таҥан туруорталыаҕа. 

Бүгүҥҥү туругунан сир аннынан ааһар коммуникациялар хаабылларын оҥоруу, ииттэрэр ситимнэргэ техническэй холбооһун түмүктэннэ. Уулуссаҕа тирээбиллэри туруоруу саҕаланна, итиэннэ бэдэрээтчит ууну сүүрдэр лотуоктары таҥан оҥоро сылдьар.

Ленин проспегар ыытыллар хапытаалынай өрөмүөн техническэй хонтуруолугар эппиэтинэстээх «Главстрой» МХТ суол тутуутугар салаатын кылаабынай исписэлииһэ Денис Стецюк кэпсээбитинэн, хайыр таас кутуллубут сиригэр уу хоммот, чалбах суох буоллаҕына аспаал-бетон суурадаһынын ууруохха сөп.

Денис Стецюк, «Главстрой» МХТ суол тутуутугар салаатын кылаабынай исписэлииһэ:

– Билиҥҥи туругунан Ленин проспегын аспааллааһынын 60% курдук түмүктээтибит. Суол бүрүөһүнүн бастакы дьапталҕатын уурдубут, тротуар билиитэлэрэ 60-ча – 70-ча бырыһыан кэриҥэ уурулуннулар. Сир аннынааҕы коммуникациялары оҥордубут. Ууну сүүрдэр лотуоктары оҥорууну бэдээрэтчит Курашов уулуссатын быһа охсуһуутуттан саҕалаата. Быйыл түөрт быһа охсуһар уулуссаҕа 400 м кэриҥэ лотуок оҥоһуллуоҕа. Суолу оҥорорго бэлэмнээн кутуллубут хайыр тааска чалбах суох буоллаҕына суолу өрөмүөннүүргэ туох даҕаны харгыс суох. Аспаал-бетон конструкциятын хатайдыырга дьиппинитэр механизмҥа, сыстан хаалбатын курдук, ууну тутталлар. Улаханнык түспэтэх сиргэ аспаал-бетону уута суох уураллар. Аспааллааһыны балаҕан ыйын 15-20 күннэригэр түмүктүөхтээхпит.

Манна даҕатан эттэххэ, быйыл ыытыллар Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ – Дьокуускай куоракка «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар суол өрөмүөнүн саамай киэҥ далааһыннаах бырайыага. Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри учаастак көһө сылдьар эбийиэгинэн буолар. Ол эбэтэр проспект Дзержинскэй уулуссатыттан Хабаров уулуссатыгар диэри уонна Кулаковскай уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри учаастактарыгар үлэ эһиил салҕанар. Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри уопсай уһуна – 2,8 км.

«Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллар суолларга доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах эйгэ хайаан да тэриллэр.   Ол курдук, быйыл өрөмүөннэнэр Очиченко уулуссатыгар Бестужев-Марлинскай уулуссатыттан 1-гы холуонньаҕа диэри, Тимирязев уулуссатыгар Дежнев уулуссатыттан оптуобус тиһэх тохтобулугар диэри, Ильменскэй уулуссаҕа Чайковскай уул. Билибин уул. диэри кэрчигэр суоллар тротуардарыгар, суолу туоруур сирдэригэр, тротуар быстар сиригэр кытыытынааҕы таас тимирдиллэр.

Иминэн биллэр бэлиэлэрдээх тротуардар уонна суолу туорааһыннар Труд, Маяковскай уулуссаларыгар  Каландаришвили уул.  Широких-Полянскай уулуссатыгар диэри, Яков Потапов уулуссатыгар Кеша Алексеев уул. «Гимеин» эргииригэр диэри кэрчиктэригэр баар буолаллар.

Итиэннэ Марха Мархинскай уулуссатыгар оптуобус тохтобуллара пандустаах буолуохтара.

Пирогов уулуссатыгар Петр Алексеев уул. Жорницкай уул. диэри, Кангалааска Нагорнай уулуссаҕа бырайыактарынан тактильнай билиитэ ууруллуохтаах, массыына тохтобулугар анал миэстэ көрүллүөхтээх.

Покровскай шоссетын 10 км, 1а баар Өрөспүүбүлүкэтээҕи речевой оскуола-интэринээккэ тиийэр суол өрөмүөнэ түмүктэнэрэ чугаһаата. Билиҥҥи туругунан эбийиэк бэлэмэ – 90%. Бэдэрээтчит тэрилтэ – «РИК Автодор» АУо, тутар-таҥар үлэ балаҕан ыйын 10 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх. Суол өрөмүөнүн сүрүн үлэтэ бүппүт. Билиҥҥи кэмҥэ оптуобус хармааннарын оҥороллор, сатыы сылдьар дьон туоруур сирдэригэр суол бэлиэлэрин туруораллар. Манна даҕатан эттэххэ, былырыын «Сырдык киин куорат» муниципальнай бырагырааманан суол кытыытыгар саҥа светильниктары туруорбуттара.

Суол оҥоруута куорат киинигэр эрэ буолбакка, кытыытыгар эмиэ күүскэ ыытыллар. Куорат баһылыга Евгений Григорьев бэйэтин телеграм-ханаалыгар куорат кытыытынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга үс сыл иһигэр 27 км суолу аспааллаатыбыт уонна ити хайысханан үлэни салгыахпыт диэн суруйар.

 

Санатар буоллахха, график быһыытынан 2022 сылга тутар-таҥар үлэлэрэ түмүктэниэхтээх эбийиэктэр:

— балаҕан ыйыгар – 9  эбийиэккэ  (Нагорнай уул., Труд уул.,  Билибин уул., Тимирязев уул., Мархинскай уул., Глухой быстах туора уул., Уустаах Избеков уул., Щорс күөлүн кытыытынааҕы уул., Мерзлотнай уул.).

алтынньы ыйга – 8 эбийиэккэ (Ильменскэй уул., Пирогов уул., Каландаришвили уул., Яков Потапов уул., Маяковскай уул., Очиченко уул., элбэх оҕолоохтор кыбаарталларыгар киирэр суол, Птицевод уул.).

 

Бу нэдиэлэҕэ Чернышевскай уулуссатыгар аспаал кутуллар. Сакаасчыт иһитиннэрбитинэн, бу эбийиэккэ суол болотунатын чөлүгэр түһэрии үлэтэ былаан быһыытынан балаҕан ыйын 25 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх. 

 

Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар ыытыллар суол хапытаалынай өрөмүөнүн туһунан куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын санааларын ааҕыҥ.

 

Николай Николаевич Иванов, куорат олохтооҕо:

– Кэлиҥҥи сылларга "Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар" нацбырайыагынан Дьокуускайга суолларбыт өрөмүөннэнэллэр. Онуоха элбэх үп-харчы көрүллэрэ,  бэдэрээтчиттэр, хааччыйар тэрилтэлэр  түмсэн үлэлии сылдьаллара биллэр. Мин саныахпар, кэлин  бэдэрээтчиттэр уопутурдулар, саҥа технологиялары хото туһаналлар, аныгы тиэхиньикэнэн хааччылыннылар. Куорат баһылыга Евгений Григорьев үлэни сөптөөхтүк сүрүннүүр диэн сыаналыахпытын сөп. Суол оҥоһуллуон иннигэр  төрдүттэн түөрүллэрэ өйдөнөр, онон куорат олохтоохторуттан тулуур эрэйиллэр.

Христина Васильевна, куорат кырдьаҕас олохтооҕо:

Сайыны быһа өрөмүөн барда, өссө да бүтэ илик. Биллэн турар, дьон санаата араас буолар, элбэх киһи мөҕүттэрин истэбин, киртэн-быылтан сылайдыбыт дииллэр. Саатар өрөмүөнтэн сылтаан оптуобус сырыыта барыта уларыйда. Оннугунан оннук буолан баран, тус санаам – сайдыы барыахтаах. Мин, саастаах киһи, уулуссаҕа дьаарбайа таҕыстахпына барытын аа-дьуо көрө-истэ, тэҥнии, сэргии сылдьабын. Куораппыт тубуста диэн булгуччу бэлиэтиэххэ наада. Баһылык Евгений Николаевич Григорьев эдэрдии эрчимнээхтик үлэлии сылдьара көстөр, хайҕыахха эрэ наада. Баҕа санаам – өрөмүөн бүтэн, силигэ ситэн, өссө тупсубут куоракка уһуннук олорбут киһи диэн.

Анидора Алексеевна, учуутал:

Биллэн турар, өрөмүөн хаһан баҕарар сылаалаах, ороскуоттаах, быыллаах-кирдээх буолар. Саамай сүрүнэ – түмүгэ. Тулуйа түһүөхпүтүн наада, бүтэрэ кыра хаалла быһыылаах. Бу кэнниттэн киин куораппыт тупсуо, киэркэйиэ диэн эрэнэбит. Ол эрэн санитарнай турук туһунан куорат олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар, ыччакка туһаайан этиэҕи баҕарыллар. Бука баһаалыста, куораппыт ыраас буоларыгар кыһаллыаҕыҥ, бөҕү-саҕы мээнэ тамныа, уулусса хаба ортотугар силлии-хаахтыы сылдьыа суохха, бэйэ бодобутун тардыныахха, куораппытын харыстыахха. Бөх кутар ууруналар хас хардыы аайы туруохтарын наада. Түгэнинэн туһанан, учуутал буоларым быһыытынан, былаас өттүттэн үөрэҕирии тэрилтэлэригэр болҕомто ууруллар, оскуолаларга хапытаалынай өрөмүөн ыытыллынна диэн бэлиэтиибин, үөрүүбүн, махталбын биллэрэбин.

Станислав Егоров, устудьуон:

– Куораппыт оҥоһуллара, тупсара үчүгэй буоллаҕа дии, ыччат онтон үөрэбит эрэ. Сайын аайы табаарыстарбытын, бииргэ үөрэнэр оҕолорбутун кытта Ленин болуоссатыгар мустарбытын, дьаарбайарбытын сөбүлээччибит. Быйыл сайын өрөмүөн буолан, кэлэргэ-барарга оччо табыгаһа суох буолла,  оптуобус маршруттара уларыйан хааллылар. Өрөмүөн бүттэҕинэ тупсубут куораппытыгар мустуохпут, көрсүөхпүт буоллаҕа, барыта – иннибитигэр.

Нина Николаевна, Егор Иванович, куорат ыалдьыттара:

– Ыалдьыттарга киирсэрбит буолуо. Дьиҥэр, куоракка оҕолорбутугар кыстыыбыт, сороҕор бу быйыл курдук сайылыыбыт, сиэн көрсөбүт. Оҕолорбут Ленин проспегыттан чугас олороллор, онон сайыны быһа, аһаҕастык эттэххэ, өрөмүөн тыаһа-ууһа, быыла сылатта, дьиэбитин, сибиэһэй салгыммытын аҕынныбыт. Оҕолор соҕуруу сынньана барар буоланнар куоракка ыһыах саҕана киирбиппит. Бу дойдубутугар тахсаары үөрэн сылдьабыт. Өрөмүөн түргэнник бүтүөн, куорат тупсуон баҕарабыт.

Ити курдук, дьон санаата араас да буоллар, бары куораппыт тупсарыттан үөрэллэрин, астыналларын биллэрэллэр. Суол өрөмүөнэ түмүктэнэрэ кыра хаалла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...