17.10.2022 | 18:00

Алтынньы 19 күнүттэн «Сүрэхпинэн кууһабын» аһымал аахсыйата саҕаланар

Алтынньы 19 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы «СМАРТ» библиотекаҕа «Сүрэхпинэн кууһабын» аһымал аахсыйата саҕаланар. Аахсыйа чэрчитинэн быыстапка уонна интерактивнай экскурсия ыытыллар.
Алтынньы 19 күнүттэн «Сүрэхпинэн кууһабын» аһымал аахсыйата саҕаланар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Сүрэхпинэн кууһабын» тэрийээччилэрэ бырайыагы  «ураты эйгэҕэ мультисенсорнай квест» диэн билиһиннэрэллэр.

«Эһигини ураты эйгэҕэ ыҥырабыт, чуумпу уонна хараҥа умсугуталлар. Бу – бэйэни уонна тулалыыр эйгэни атыннык көрөр кыаҕы биэрэр. Уу-чуумпуга, гаджета суох хаһан олорбуккутуй? Хабыс-хараҥаҕа хайдах эбитий?», - диир бырайыак ааптара уонна сүрүннээччитэ, «Прогноз» АУо толорооччу дириэктэрэ Анна Федорова.

Бэйэни уонна тулалыыр эйгэни билии туонатын тэрийии идиэйэтэ быйыл муус устар ыйга саҕаламмыт. «Прогноз» АУо Дьокуускайга ураты дьон олохторун сырдатар, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон хайдах олороллорун чугастык билсэр музейы тэрийиини көҕүлүүргэ санаммыт.

Статистика көрдөрөрүнэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр 58 тыһыынчаттан тахса инбэлиит регистрациялаах, итинтэн 7 тыһыынчаттан тахсата – оҕолор.

Бырайыак тэрийээччилэрэ бастаан салайааччылары кытта көрсүбүттэр – Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр уопсастыбаларыттан Ирина Лебедеваны, Истибэттэр уопсастыбаларыттан Ульяна Максимованы, көрбөттөр библиотекаларыттан Айталина Корнилованы кытта. Ити кэнниттэн «Прогноз» АУо генеральнай дириэктэрэ Вадим Ильчук уонна куораттааҕы Киин библиотека систиэмэтин салайааччыта Мария Андреева бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.

Бырайыак чэрчитинэн «СМАРТ» библиотекаҕа икки зона үлэлиэҕэ: экспозиционнай уонна экскурсионнай. «Слушая тишину», «Вижу свет», «Сила духа», «Цвет индиго» экспозициялар, ураты оҕолор төрөппүттэрин күннүктэрэ, «саҥарар» хартыыналар, сымнаҕас кинигэлэр баар буолуохтара.

Экскурсияҕа тыаһыыр мээчигинэн оонньуохха, эниэргийэ быраактыкатын баһылаабыт Евдокия Эйгэ медитациятыгар кыттыахха сөп.  

Бырайыак алтынньы 19 күнүттэн саҕалаан сыл бүтүөр диэри үлэлиэҕэ. Ити кэм устата нэдиэлэ аайы доруобуйаларыгар хааччахтаах ситиһиилээх дьону кытта көрсүһүүлэр, оҕолорго зоотерапия, кулинарнай, спортивнай, медиативнай маастар-кылаастар, хаартыскаҕа түһэриигэ үөрэтии уо.д.а. тэрээһиннэр буолуохтара.

Алтынньы  22 күнүгэр Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара, аан дойду уонна Европа чепионката Анастасия Диодоровалыын видео-сибээһинэн көрсүһүү ыытыллар. Сэтинньигэ Саха сиригэр инклюзивнай туризмы сайыннарыыга төгүрүк остуол, ахсынньыга эстрада сулустарын уонна «жестовай» ырыаны толорооччулар кыттыгас кэнсиэртэрэ буолуоҕа. Тохсунньуга Паралимпийскай оонньуулар икки төгүллээх боруонса призердара Степанида Артахинованы кытта ох саанан ытыыга кыттыахха сөп. Ити курдук, бырайыак ыйдарынан араас кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэри ыытары былаанныыр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...