«Алтан» — алта сыл иһигэр аан дойду таһымыгар
Алтаннар оҕо куурустан кууруска көһөн иһэн үөрэх дьылын устата үөрэниэн сөптөөх бырагыраамалардаахтар – төрөппүттэр саамай сыаналыыллара бу. Аны туран, оҕолор цифровой учуобунньугунан үөрэнэллэр, биирдэ төлөөн ылбыттарын төһө баҕарар уһуннук туһаналлар эбит. Бөлөххө уонча эрэ оҕо баар буолар – бу хас биирдии оҕону кытта ыкса алтыһарга, сиһилии быһаарарга кыах биэрэр.
Үөрэх кэмигэр оҕолор биир интэриэстээхтэрин кытта ыкса билсэллэриттэн ураты soft skills сайыннараллар. Аныгылыы тылынан бу креативнай тобулу, бырайыактыыр толкуйу уонна хамаанданан үлэҕэ дьоҕуру сайыннарыы, байытыы, үүннэрии буолар. Оҕо хас уруок аайы биир дьоҕус бырайыагы айан таһаарар – методикалара оннук сыыдамнык идэтийиигэ киллэрэн иһэр хаамыылаах.
Кыыма Олесова – “ALTAN” айти-оскуола Саха сиринээҕи филиалын салайааччыта:
– Биһиги 3-10 кылаас оҕолорун саамай аныгы айти-хайысхаларга үөрэтэбит. Оҕолор бэйэлэрэ бастакы оонньууларын айан таһаараллар, саайтары сатаан оҥорор буолаллар, анимацияны, 3D-объектары уонна 2D-уруһуйдааһыны баһылыыллар.
Үөрэнээччилэрбит үксүлэрэ араас научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кытталлар, цифровой уруһуйдааһын куонкурустарыгар кыайыылаах-хотуулаах тахсаллар. Биллэн турар, маннык хайысханан барбыт оҕо кылааһыгар да, оскуолатыгар да ситиһиилээхтик үөрэнэр, бэйэтигэр эрэлэ күүһүрэр, саастыылаахтарыттан хаалсыбат, чорбойор да буолан тахсыан сөп.
– Сайыҥҥы лааҕыр үлэлэтэр буолбут эбиккит.
– Алтан айти-оскуола 2-10 кылаас үөрэнээччилэрин сайыҥҥы сынньалаҥы туһалаахтык уонна көдьүүстээхтик атаарарга ыҥырар. Оҕо сайын устата айти хайысхаҕа холонон, бэйэтин тургутан көрүөн сөп. Сөбүлээтэҕинэ, саҥа хоббиланар, сөбүлүүр дьарыктанар, биһиэхэ баар үөрэхтээһин бырагыраамаларыгар салҕыы үөрэнэр.
Бу сайын хаста да бөлөхтөрү хомуйуохпут. Оҕо икки нэдиэлэ иһигэр 6 араас айти эйгэтин диссипилиинэтин үөрэтэр: бырагырааманы оҥоруу, Roblox Studio-ҕа оонньуулары оҥоруу, саайтары оҥоруу, графическай планшекка уруһуй, анимация уо.д.а.
– Оҕолор айтига, цифровой эйгэҕэ түргэнник киирэр буоллахтарына, улахан дьон төһө түргэнник бу идэлэри баһылыахтарын сөбүй?
– Улахан дьон да, оҕолор да оннук ойуччу уратылара суох. Саастаах да дьон саҥаны арыйарга, билэргэ талаһаллар, олохтон хаалыахтарын баҕарбаттар. Баҕа санаа уонна киһи бэйэтин талаана, сүрэҕэ-бэлэһэ, кыһамньыта эрэ наада.
– Улахан дьону туохха үөрэтэҕит?
– ALTAN ACADEMY диэн салаабытыгар улахан дьону үөрэтэр анал куурустардаахпыт. Холобур, бэйэбитигэр үөрэммит оҕолорбут төрөппүттэрэ интэриэһиргииллэр, оҕолорун кэнниттэн батыһан үөрэниэхтэрин сөп. Оттон эдэр дьон айти-идэ билиҥҥи кэмҥэ ордук наада буолбутун өйдөөн, сүрүн идэлэригэр эбии саҥа идэни баһылаары үөрэнэ кэлэллэр.
Улахан дьону билигин маннык хайысхаларга үөрэххэ ыҥырабыт:
Графическай дизайнер;
PYTHON бырагыраамалааһын, дааннайдары ырытыы уонна веб-разработка;
Графическай планшекка цифровой уруһуйдааһын.
– Эһиэхэ дьиэттэн олорон онлайн үөрэниэххэ сөп. Оннукка билии төһө үчүгэйдик иҥэрий?
– Онлайн ньыманан дьону үөрэтиигэ баай уопуттаахпыт. Үөрэнээччилэрбит билиини ылыылара үчүгэй, бэйэлэрэ сорудахтары толорон, билиилэрин тута чиҥэтэн иһэллэр. Онон ыраахтан олорон үөрэнии айти эйгэҕэ туох да кыһалҕата суох барар. Онлайн үөрэнээччилэрбит олимпиадаларга, араас куонкурустарга бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэр.
– Билиҥҥи үйэ исписэлииһэ хас да идэни баһылыахтаах диэн өйдөбүл баар буолла, айти эйгэтиттэн ханныгы бастаан баһылыырга, үөрэнэргэ судургунуй?
– Маныаха чуолаан биир хайысханы ыйан биэрэр кыаҕым суох. Барыта киһи туохха дьоҕурдааҕыттан, тугунан дьарыктаныан баҕарарыттан сиэттэрэн тахсар. Бырагыраамалааһынтан саҕалаан баран дизайн эйгэтигэр салҕыы үөрэниэххэ сөп. Онтон сүрэххит тугу этэринэн чопчу биир хайысханы тутуһаҕыт.
– Аҕам саастаах (биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар дьон, биэнсийэлээхтэр) үөрэниэхтэрин сөп дуо?
– Altan Academy улахан дьону үөрэтэр. Идэлэрин тосту уларытан айти-эйгэҕэ барар дьону ылабыт. Персональнай көмпүүтэри сатаан туттар буолуохтарын эрэ наада.
Биһиги оскуолабытыгар 50-60 саастаах дьон үөрэммитэ. Кинилэр бырагыраамалааһыҥҥа уонна графическай дизайыҥҥа уһуйуллубуттара.
Дьулустаан Осипов - “ALTAN” IT-оскуоланы төрүттэ-эччилэртэн биирдэстэрэ:
- IT-оскуола бырайыага бастаан 2017 сыллаахха үөскээбитэ, биһиги оччолорго магистратураҕа үөрэнэ сылдьар устудьуоннар, мин уонна Иван Ноговицын, көҕүлээһиммитинэн тэриллибитэ.
Бастаан утаа 10-ча үөрэнээччилээх саҕалаабыппыт. Алта сылынан үөрэнээччибит ахсаана номнуо тыһыынчаны куоһарда.
Билигин оҕону эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ буолан, туспа сайынна, ону ааһан өрөспүүбүлүкэбитигэр инники күөҥҥэ сылдьар айти-оскуола буола улааттыбыт.
Кэлэктииппит барыта эдэрдэртэн турар, атын көрүүлээх, талааннаах педагогтардаахпыт. Билиҥҥи кэмҥэ биһиги аан дойду таһымыгар тахсан, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах филиалбытын Казахстан өрөспүүбүлүкэтин Алматы куоратыгар арыйан үлэлэтэн эрэбит.
Аныгы үйэ идэлэрин баһылыан баҕалаах дьону бырагыраамалааһын уонна компьютернай графика 10 араас хайысхатыгар уһуйабыт:
- Блочнай бырагыраамалааһын;
- Roblox Studio көмөтүнэн 3D-оонньуулары айыы;
- Python бырагыраамалааһын;
- Unity уонна Unreal Engine оонньуулары оҥоруу;
- Саайтары оҥоруу;
- Цифровой уруһуйдааһын;
- Цифровой худуоһунньуктары үөрэтии;
- Компьютернай анимация;
- Графическай дизайнердары бэлэмнээһин;
- Blender-га 3D-графика.