28.06.2024 | 12:00

Алгыстаах Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа үөрүүнү, дьолу түстээтэ

2006 сылтан үтүө үгэскэ кубулуйан ыытыллар XVII-с Олоҥхо ыһыаҕа быйыл алгыстаах Аммаҕа Дьөһөгөй Айыы ыйыгар ананан ыытылынна.
Алгыстаах Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа үөрүүнү, дьолу түстээтэ
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Баай култуурабытынан киэн туттабыт

Муона чараҥын чээлэй күөх хонуулаах ырааһыйата араас тутуунан киэркэйбит. Сахалар төрөөбүт-үөскээбит баай култуурабыт, историябыт, тылбыт-өспүт, олохпут-дьаһахпыт сиһилии көрдөрүлүннэ. Күүтүүлээх-кэтэһиилээх ыһыах күндү-мааны ыалдьыттара киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин хоту-соҕуруу, илин-арҕаа улуустарыттан, Арассыыйа киин регионнарыттан, Дьэһиэй сахаларыгар, Улуу Кытай дойдутуттан тиийэ ыҥырыллан сырыттылар, сөхтүлэр-махтайдылар.

Түүннэри-күннэри ырыа-тойук дьиэрэйдэ, оһуохай-олоҥхо дуорайда, кырыымпа лыҥкынаата, күпсүүр күпсүйдэ. “Амма-Олимп” стадиоҥҥа  Олоҥхо ыһыаҕын сиэдэрэй уонна үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ Аҕа Баһылыга Айсен Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков эҕэрдэлэрэ дьон-сэргэ санаатын өрө көтөхтүлэр. Күүстээхтэр-быһыйдар күөн күрэстэрэ, “Амма-Олимп” стадиоҥҥа буолбут  атах оонньуутуттан ураты, Муона чараҥар ыытылыннылар.

 

Илии-атах оонньуулара

“Амма-Олимп” стадион тартановай сүүрэр суолугар кылыыга, ыстаҥаҕа, куобахха буолбут “Бөҕө Тоҥус” күрэхтэһии Саха сирин Бастакы Спартакиадаларын атах оонньууларыгар элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ Василий Васильевич Расторгуев 105 сылыгар ананна. Аатырбыт кылыыһыт төрөппүт уола биллиилээх жонглер, Саха сирин уонна Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, Саха циркэтин дириэктэрэ Сергей Расторгуев муҥутуур кыайыылаахха 105 тыһ. солк. бирииһи туруорда.

Өрөспүүбүлүкэ аҕыс улууһун тарбахха баттанар маастардара түмсэн, сэттэ ойууга илин-кэлин түһүстүлэр. Уус Алдан кэскиллээх кылыыһыта Ньургун Сокольников, Чурапчыттан-Горнайтан ыстаҥа рекордсмена Кай Адамов уонна Тааттаттан куобах рекордсмена Андрей Васильев, Мэҥэ Хаҥалас маастара Сергей Захаров түөртүү миэтэрэ арыттаах туостары холонуу аайы эр-биир куоһарталаан истилэр. 29-30-туу миэтэрэни кылыыга-ыстаҥаҕа ылаттаатылар. Ити олус үрдүк көрдөрүүлэр. Икки көрүҥ түмүгүнэн кылыыга уонна ыстаҥаҕа Сокольников 30 м 09 см, 29 м 80 см, Адамов 29 м 62 см, 29 м 21 см түһүтэлээннэр, утарсааччыларын Васильевы 2-3 м кэриҥэ быраҕаттаан, бастаан испиттэрэ. Кыайыылааҕы “куобах” быһаарда. Андрей Васильев сөбүлүүр көрүҥэр 28 м 02 см түстэ уонна үс көрүҥ түмүгүнэн 84 м 96 см көрдөрүүлээх абсолютнай кыайыылаах буолан, сүрүн бирииһи – 105 тыһ. солк. сертификаты – Сергей Расторгуев илиититтэн тутта! Ньургун Сокольников – иккис (84 м 89 см), Кай Адамов (83 м 60 см) үһүс миэстэлэнэннэр, туһааннааҕынан 50 тыһ. солк., 30 тыһ. солк. наҕараадаланнылар, кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэр хаһаайыннара буоллулар.

Дьахталларга Анна Лыткина (Мэҥэ Хаҥалас) бастаата, Юня Маркова (Мииринэй) – иккис, Илона Никитина (Эбээн Бытантай) үһүс миэстэлэнэннэр, 50, 30, 20 тыһ.солк. биһирэннилэр. 

 

Мас тардыһыытын абсолютнай кыайыылаахтарыгар Амманы соргулаахтык ааттаппыт мадьыны Оокко Бухатыыр аатынан 150 тыһ. солк. уонна убаһа бириистэр туруорулуннулар.

21 кыттааччылаах 75 кг ыйааһыҥҥа Амматтан Арассыыйа уонна Европа чөмпүйүөнэ Василий Захаров финалга Тааттаттан аан дойду чөмпүйүөнэ Константин Жиркову 2:0 хотон, муҥутуур кыайыылаах аатын  ылла! Намтан Анатолий Гладков үһүс буолла.

75 кг  үөһэ ыйааһыннаахтарга быйылгы Арассыыйа чөмпүйүөнэ, 167 кг үктүүр Өлүөхүмэ бухатыыра Евгений Попов финалга Дьокуускай Тулагытын бухатыыра Артем Ветровы баһыйа тутан, 50 тыһ. солк. уонна убаһа бириистэри тутта! Ленскэйтэн Арассыыйа чөмпүйүөнэ Иннокентий Федоров үһүс миэстэлэннэ.

Дьахталларга Амматтан аатырбыт мадьыны Анатолий Баишев төрөппүт кыыһа, аан дойду чөмпүйүөнэ Татьяна Баишева финалга Ньурбаттан Анна Саморцеваны уһуннук тутуһуннарбакка, кыайа-хото тутта.

Бэтэрээн эр дьоҥҥо Азия чөмпүйүөнэ, Арассыыйа абсолютнай кыайыылааҕа Бүлүү күүстээҕэ Юрий Протопопов финалга Мэҥэ Хаҥалас маастара Максим Марковы баһыйда. Абыйтан төрүттээх дэгиттэр маастар Максим Шкулев Ленскэйтэн киирсэн, үһүс көрдөрүүлэннэ.

Ыһыылаах-хаһыылаах, кыраһыабай бырахсыылардаах “Өбүгэ хапсаҕайыгар” 75 кг Кэбээйиттэн Иван Семенов финалга Мэҥэ Хаҥалас маастара Николай Сивцеви бүдүрүттэ. Бүлүүттэн Андрей Захаров үһүс буолла. 75 кг үөһэ ыйааһыннаахтарга Леонид Попов (Таатта), Данил Иванов (Хаҥалас), Владимир Федоров (Ньурба) үс бастыҥнарга киирдилэр.

“Кус быһыйдар” күлүмэх сырсыыларыгар дьахталлар уонна эр дьон, хардарыта, уончалыы буолан тэҥҥэ түһүнэн кэбистилэр. Эр дьоҥҥо 400 м өрөспүүбүлүкэ рекордсмена, Олимпийскай чөмпүйүөн Мария Пинигина иитиллээччитэ, Арассыыйа устудьуоннарын кыайыылааҕа, маастарга хандьыдаат Михаил Руфов биэтэккэ бастакынан куугунатан кэллэ. Доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнарга 100 м Арассыыйа чөмпүйүөнэ, маастарга хандьыдаат, Уус Алдан быһыйа Саргылан Семенов – иккиһинэн, Ньурбаттан Артем Иванов үсүһүнэн түмүктээтилэр.

Дьахталларга 800 м Бүтүн Арассыыйатааҕы Владимир Куц мемориалын чөмпүйүөнэ, Саха сирин рекордсмена, Үөһээ Бүлүү быһыйа Пелагея Дьячковская-Григорьева бастаата, Мииринэйтэн Юня Маркова – иккис, Ленскэйтэн Саха сирин чөмпүйүөнэ Татьяна Белова үһүс буоллулар.

“Байанай бэлэҕэ” оҕунан ытыы күрэҕэр Чурапчыттан Павел Попов бастаан, бу иннинээҕи Олоҥхо ыһыаҕар ситиһиилэрин хатылаата. Сунтаартан Кирилл Петров – иккис, Тааттаттан Леонид Васильев иккис-үһүс миэстэлэннилэр. Сыалы таба ытыыга Павел Охлопков (Уус Алдан) кыайда, Кирилл Петров (Сунтаар) иккис-үһүс буоллулар. “Далла мэндэйии” ырааҕы ытыыга Сунтаар бэргэнэ Кирилл Петров оноҕоһун 193 м 50 см ыраахха тиэрдэн бастаата, Павел Охлопков (Уус Алдан) – 186 м, Леонид Васильев (Таатта) 177 м көрдөрүүлэннилэр. Түмүккэ абсолютнай кыайыылаах аатын Сунтаартан Кирилл Петров ылла, Уус Алдантан Павел Охлопков, Чурапчыттан Павел Попов иккис-үһүс миэстэлэннилэр.

Кыраҕы харахтаахтар, кытаанах тарбахтаахтар ааттарын эр дьоҥҥо Иннокентий Гоголев (Уус Алдан), Афанасий Дьячковскай (Нам), Николай Васильев (Бүлүү), дьахталларга Мария Сыромятникова (Томпо), Марияна Кусатова (Дьааҥы), Клара Спиридонова (Бүлүү) ситистилэр. Абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын Орто Халыматтан Алена Акахиева ылан, убаһа бирииһинэн наҕараадаланна.

Хабылык-хаамыска көрүҥнэригэр 18-35 саастаах дьахталларга Надежда Павлова (Үөһээ Бүлүү), Ая Давыдова (Бүлүү), Татьяна Николаева (Амма); 36-59 саастаахтарга Мария Захарова (Мииринэй), Оксана Рожина (Мэҥэ Хаҥалас), Галина Николаева (Бүлүү), 60 үөһэ саастаахтарга Антонина Федорова (Мэҥэ Хаҥалас), Таисия Ксенофонтова (Сунтаар), Екатерина Попова (Мэҥэ Хаҥалас); 18-35 саастаах эр дьоҥҥо Андрей Захаров (Бүлүү), Олег Андреев (Дьааҥы), Николай Васильев (Мэҥэ Хаҥалас), 36-59 саастаахтарга Анатолий Иванов (Мэҥэ Хаҥалас), Айаал Дмитриев (Бүлүү), Гаврил Слепцов (Дьааҥы); 60 үөһэ саастаахтарга Гаврил Аргунов (Мэҥэ Хаҥалас), Анатолий Васильев (Ньурба), Павел Христофоров (Амма) кыайыылары ситистилэр.

Муона ипподромугар сүргэни көтөҕөр, уйулҕаны уһугуннарар ат сүүрүүтэ  1969 сыллаахха Лээги олохтоохторун Амма уонна Хаҥалас оройуоннарыгар көһөрүү 55 сылыгар ананна. Бастакынан саха боруодатын 18 ата 1600 м түһүммүттэригэр, Амматтан Омоллоон бастаата. Сүүрдүү сүрүн көрүҥэр Лээги Кубогар 2400 м уһуҥҥа Амма баайааччыта Анатолий Баишев ата Гольфстрим Ван кыайыыны ситиһэн – Улахан Кубогынан уонна 1,2 мөл. солк., иккиһинэн түмүктээбит Сунтаартан Байсар Барс – 800 тыһ.солк., үһүс көрдөрүүлээх Үөһээ Бүлүүттэн Квит 600 тыһ. солк., өйдөбүнньүк мэтээллэринэн наҕараадаланнылар.

Олоҥхо ыһыаҕар аан бастаан атынан сүүрдэн иһэн оҕунан сыалы ытыыны “Импульс” ат-спорт кулуубун эдэр иитиллээччилэрэ Айна Иванова, Нелли Жеребцова, Ярослав Некортович көрдөрөннөр, сэҥээриини ыллылар. 90 м уһуннаах сиргэ 45+100 см кээмэйдээх үс сыалы табыталаатылар. Манта ыла бу көрүҥҥэ Олоҥхо ыһыахтарыгар улахан дьон күрэхтэһиэхтэрэ.

Эмиэ аан бастаан төрүт тустуу хапсаҕайа буолла. Уратыта – түһүлгэҕэ былыргылыы тириини бүрүммүт уонна эттэрин-сииннэрин ынах арыытынан ньалҕаарыччы сотуммут бөҕөстөр киллэрилиннилэр. Халтарыйа сылдьар буоланнар, таба тутуспаттар. Уустуктардаах. Сыра-сылба баранар. Оҕус тириититтэн тигиллибит бөҕө туруусуктарыттан тутуһан бырахса сатыыллар. Финалга өрөспүүбүлүкэ модьу-таҕа бөҕөстөрө – Аан Дархан Эдуард Максимов уонна Чурапчыттан Буучугурас турнирын үрүҥ көмүс призера Дьулустаан Калачев утарыта тахсыбыттарыгар, Максимов кыайыыны ситиһэн, убаһа бирииһи тутта. Ньурбаттан Монголияҕа быйылгы улахан турнир кыайыылааҕа Алексей Николаев үһүс буолла.

 

Эр бэрдэ

Күүстээх-күдэхтээх, киһи хараҕа туолар көрүҥнээх 15 модьу-таҕа бухатыыр киирсиилэрэ көрөөччү болҕомтотун тарта. Кумаҕынан толору кутуллубут алта куул ууруллубут “Сыарҕа соһуутугар” Өлүөхүмэ Олоҥхотун ыһыаҕын кыайыылааҕа Уус Алдантан Михаил Гоголев; 50, 70, 80, 100, 130 кг “Амма таастарын” үрдэллэргэ ууран иһиигэ Өймөкөөннөөҕү Олоҥхо ыһыаҕын кыайыылааҕа Тааттаттан Владимир Михайлов; “Балаҕан нөҥүө” 16 кг гиирэни быраҕыыга армлифтиҥҥэ аан дойду чөмпүйүөнэ Тулагыттан Артем Ветров; 80 кг “Бэрэмэдэйдээх сүүрүүгэ” хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ Аан Дархана Бүлүүттэн Николай Николаев; 130 кг ыйааһыннаах “Тааһы ыраах илдьиигэ” Амма 22 саастаах ыччата Гарри Сдвижков 138 м ыраахха тиэрдэн бастаатылар.

Айылҕаттан туруору күүстээх, 181 см үрдүктээх, 125 кг үктүүр Бүлүү бухатыыра, Таатта күтүөтэ Владимир Михайлов иккис Олоҥхотун ыһыаҕар абсолютнай кыайыылааҕынан таҕыста уонна модьу илиитигэр 400 тыһ. солк. сүрүн бирииһи тутта. Николай Николаев (Бүлүү) – иккис, Артем Ветров (Тулагы) үһүс миэстэлэннилэр.

Аммаҕа буолан ааспыт XVII-с Олоҥхо ыһыаҕа өтөр-наар умнуллубат үтүө өйдөбүлү хаалларда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...