18.12.2019 | 12:20

Александр ТАРАСОВ: «Эһиил Саха сирин гражданскай авиацията 95 сылын бэлиэтиэҕэ»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Александр Тарасов 2018 с. алтынньы 2 күнүгэр 26 №-дээх бирикээһинэн СӨ Транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын миниистиринэн ананыаҕыттан биир төгүрүк сыл ааста.

Бүгүн «Киин куорат» хаһыакка миниистири кытта паром кыһалҕатын, Мархаттан ураты ханнык улуустарга өрүһү туоруур муоста тутулла турарын, улуустарга дирижабль көтүүтүн, кэлиҥҥи сылларга өрүс суола тоҕо хойуутаан аһыллар буолбутун, онтон да атын боппуруостары сиһилии ырытыахпыт.

Александр Евгеньевич, кэпсэтиибитин өрөспүүбүлүкэбитигэр авиация сайдыытын таһымыттан саҕалыахха дуу.

– Сэбиэскэй кэмҥэ саҥа сөмөлүөттэри оҥорон таһаарар, саҥардар авиационнай промышленнас, гражданскай авиация министиэристибэлэрэ бааллара. Идэтийбит авиационнай собуоттар дойду куораттарынан бэлэм сөмөлүөттэри босхо тарҕаталлара. Үрдүк квалификациялаах авиатордары, тиэхиньиктэри, лүөччүктэри бэлэмнээн таһаарар гражданскай авиация институттара бааллара. Кременчужскай, Криворожскай, Славянскай летно-техническэй училищелар хайдахтаах курдук исписэлиистэри бэлэмнээн таһааралларай! Антонов аатынан конструкторскай бюро историяҕа эрэ киирбитэ. Гражданскай авиация Рижскэйдээҕи института – Латвияҕа, Киевтээҕи авиационнай институт Украинаҕа хаалбыттара. Ити курдук киһи ааҕа туруон сөп. Хомойуох иһин, билигин оннук собуоттар, каадыры бэлэмниир үөрэх кыһалара биллэ аҕыйаатылар. Сөмөлүөтү саҥардыы боппуруоһа уустук. Билиҥҥи туругунан, Саха сиригэр 2024-2025 сылларга АН-24 сөмөлүөтү Ил-114-300, L-610, АН-2 сөмөлүөтү «Байкал» аныгы оҥоһуулаах көтөр ааллар солбуйуохтаахтар. Омук сөмөлүөттэрэ үчүгэйдэр эрээри, саппаас чаастарын булуу олус уустук.

– Ыраах улуустарга көтүүгэ дирижаабылы туһаныы кэпсэтиитэ тахсан эрэр.  Ити боппуруоһунан анаан дьарыктанар дьон баар эбит. Маныаха эн тус санааҥ?

– Дьиктитэ баара, тоҕо эрэ бу дирижаабыллары уопут быһыытынан Саха сиригэр эрэ көтүтээри гыналлар. Холобура, Уралга, Московскай уобаласка, тымныы сири көрдөөтөхтөрүнэ, Тюмеҥҥа көтүттүннэр ээ. Тоҕо чуолаан Саха сирин тала сатыылларын сатаан өйдөөбөппүн. Арааһа, ол диэки ити дирижаабылларга эрэммэттэр быһыылаах. Авиацияҕа бары барыта сертификацияланар. Биһиги боломуочуйалаах уорган сертификата суох агрегаты дуу, дирижаабылы дуу ылан туһанар бырааппыт суох. Тугу эрэ атыылаһыахпыт иннинэ Гражданскай авиация государственнай научнай чинчийэр институтугар докумуоннары ыытан анаан үөрэттэрэбит. Бүтэһиктээх түмүгү кинилэр оҥорон, туочука туруораллар.

Чэ, холобура, ити дирижаабылларыгар сүүрбэ туонналаах контейнердарга бородууктаны хаалаан хоту ыыттыннар. Төһө үрдүккэ көтөрүн ким быһаарарый? Ким ол дирижаабыллары хана туруорарый, көрөрүй-истэрий? Дирижабль пилоттарын хана үөрэтэллэрий? Көтөн кэлбит дирижаабылы хайдах сиргэ түһэрэллэрий? Хайалаах сиргэ дирижаабылы көтүтүү кыаллыа дуо? Ыйытыы олус элбэх…

– Сөмөлүөт билиэтин сыаната тоҕо олус ыараханый?

– Маннык икки холобуру ылан көрүөх. Бастакы хартыына – билиэт ылааччы кассирга кэлэн, көтөр сирин, күнүн ыйаат, тута билиэтин атыылаһар. Иккис хартыына – билиэт атыылаһар киһи көтүөхтээх сиригэр хаһыс чыыһылаҕа билиэт сыаната чэпчэкитин чопчулуур. Ол кэнниттэн эрэ чэпчэки сыаналаах билиэти талан ылар. Ыраата барбакка, өссө биир холобур. Соторутааҕыта Мииринэйгэ баран кэллибит. Улус баһылыга: «Мин билиэппин 14 тыһ. 500 солк.  атыыласпытым, оттон Александр Евгеньевич билиэтим сыаната эйиэниттэн чэпчэки диир. Тоҕ оараастаһарый?»  – диэн ыйыппытыгар, билиэппин хостоон таһааран: «Мин 13 тыһ. 500 солк. атыыласпытым». Арааһа, миигин миниистир, ол иһин чэпчэкигэ атыыласпыт дии санаабыттар быһыылаах. Дьиҥэр, эппиэтэ судургу. Мин билиэппин тус бэйэм тиийэн атыыласпытым, оттон киниэхэ көмөлөһөөччүтэ ылбыт. Биллэн турар, мин кассиртан хаһыс чыыһылаҕа чэпчэки сыаналаах билиэт баарын иҥэн-тоҥон ыйыталаспытым, оттон баһылык көмөлөһөөччүтэ: «Билиэт атыылаһыахтаахпын», –дии санаата да, ыйыллыбыт сыанаҕа киирэн атыыласпыт. Итинэн тугу этээри гынабыный? Кассир хайаан да эһиги көрдөһүүгүтүнэн чэпчэки сыаналаах билиэти көрдүөхтээх.  Билигин урукку курдук үөһэттэн биир чопчу сыана ыйыллыбат. Күн аайы тариф хамныы турар. Ол онно түбэһиннэрэн, айанныыр киһи эрдэттэн суоттанан, чэпчэки билиэккэ холкутук түбэһэр. Биллэн турар, күнүттэн күнүгэр атыыластаххына, билиэт сыаната ыарыыра чахчы. Манна эмиэ ырыынак сокуона үлэлиир буоллаҕа.

– Чэ, сөп. Билиэти атыылаһыыга сыана халбаҥнаатын даҕаны. Оттон төрдүттэн быһыллыбыт билиэт сыаната ол аата бэйэтин сыанатыгар сөп түбэһэр диигин дуо?

– Бары, үөрэнэн хаалбычча, эһигини тиэйэр-таһар авиатордары эрэ көрөҕүт. Гражданскай авиацияҕа кинилэртэн ордук ким да суоҕун курдук толкуй баар. Оттон ити көтүөхтээх сөмөлүөккүтүн сыалай хамаанда бэлэмниир ээ. Диспетчердэр үлэлэрэ, уматыгы бэлэмниир, дьон аһааһынын тэрийэр, лүөччүктэри көтүүгэ бэлэмниир эмчиттэр, сөмөлүөттэри портка баазалаан туруоруу, электроэнергияны туһаныы, сөмөлүөтү кэтэһэ киирбит пассажир аэровокзалга көтүөн иннинэ олорор чааһа, таһаҕаһы регистрациялааһын, куруустааһын өҥөтө, «Дьокуускай-Ньурба» (улус кииннэригэр) авиатрассанан көтүү – бу оҥоһуллар өҥө барытын төлөбүрэ эһиги көтөр билиэккит сыанатыттан ылыллар харчы. Мин өссө ити элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдаатым. Бу холобурдаммыт сулууспалар өҥөлөрүн сыанатын кыччатахтарына эрэ, билиэт сыаната чэпчиэн сөп. 

– Паром кыһалҕата хаһан быһаарыллыай? Альтернатива быһыытынан туох толкуй баарый?

– Боппуруос муоста тутулуннаҕына эрэ быһаарыллар кыахтаах. Атын туох альтернативата кэлиэй? Паром эрэ сырыыта өрүс биир биэрэгиттэн иккиһигэр тиэрдэр кыахтаах. Мин санаабар, муоста тутулуннаҕына да, паром үлэтэ син биир тохтуо суоҕа. Чааһынай биисинэстээх дьон бу дьарыктарын быраҕыахтара суоҕа. Дьон да кинилэр өҥөлөрүнэн туһана туруохтара. Биһиэхэ өрүс үгүс, барытыгар муоста тутуллар кыаҕа суох. Онно туһаҕа барыахтара. Былырыын 11 паром үлэлээбит буоллаҕына, быйыл 13 паром үлэлээтэ.

– Ньурбаҕа Марха өрүһү туоруур муоста тутулунна. Анны ханнык улуустарга улахан уйуктаах муосталар үлэҕэ киириэхтэрэй?

– «Бүлүү» федеральнай суолга 4 муостаны тутан киллэрээри сылдьабыт. Сорох муосталар Марха муостатынааҕар уһун буолуохтара. Холобура, Күндээдэ диэки тутулла турар муостаны ааттыахха сөп. Уонна «Халыма» федеральнай суолга Алдан өрүскэ 4 муоста тутуллуохтаах. «Росавтодор» өйөөн, билигин Алданы туоруур муоста бырайыага оҥоһулла сылдьар. 2020 сыл устата бырайыага оҥоһуллан бүттэҕинэ, 2021 сылга тутуута саҕаланыаҕа. Москваҕа «Росавтодорга» транспорт салайааччыларын мунньаҕар сылдьан, Магадан уобалаһын губернатора Сергей Носов бу боппуруоһу эмиэ көтөхпүтэ. Онон икки субъект холбоһон туруорустахпытына,муус оннуттан биллэрдик хамсыаҕа.

– Өлүөнэ өрүһүнэн кыһыҥҥы суол тоҕо хойуутаан аһыллар буолла?

–   Ол, биллэн турар, күнү-дьылы кытта ыкса сибээстээх. Сэтинньи бүтэһигэр эрэ тымныйда дии. Ааспыт ый 25 күнүгэр 3 туонналаах таһаҕаһы тиэйэр массыына эрэ сырыыта көҥүллэммитэ. 10 туоннаҕа диэри тохсунньу 5күнүттэн көҥүллэниэҕэ.  Арктикаҕа кыһыҥҥы суол аһыллыбыта.

– Суол-иис куһаҕанын туһунан киһи барыта этэр. Суол хаачыстыбатын тупсарыыга туох үлэ барарый?

– Суол хаачыстыбатын ситиһэр инниттэн суолу көрүөххэ-истиэххэ наада. Оттон ол үбүлээһинтэн тутулуктаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэ бюджетын таһынан, федеральнай үбүлээһини буларга эмиэ үлэлэһэбит. Национальнай бырайыак чэрчитинэн региональнай уонна федеральнай үбүлээһини холбоон өрөспүүбүлүкэҕэ 34 млрд солк. көрүллүөхтээх.

– Кэпсэппиччэ, санавиация сыты кыһалҕаларын тумнарбыт сатаммат.

– «Санавицияны сайыннарыы» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн биһиги 2017-2018 сылларга медицинскэй ирдэбилинэн толору хааччыллылаах 5 вертолету атыыласпыппыт. Билигин салгын ити көлөлөрө Маҕаҥҥа, Ньурбаҕа. Баатаҕайга, Тиксиигэ уонна ОртоХалымаҕа тураллар. Биир көтүү чааһа – 264 тыһ. солк. Бу сыанаҕа, этэн аһарбытым курдук, лизинг, уматык, техническэй хааччыйыы о.д.а. өҥөлөр ороскуоттара киирэллэр. Өскө санавиацияҕа сыл аайы 600-700 мөл. Солк. көрүллэр эбит буоллаҕына, авиатордар ороскуоттарыгар онтон 20% эрэ тыырыллар.

Анны вертолетчиктар тиийбэттэр. Арассыыйаҕа ити идэҕэ бэлэмниир Омскайдааҕы училище эрэ хаалла.

– Евгений Александрович, авиатор буолуоххун оҕо эрдэххиттэн баҕарар этиҥ буолуо?

– Билигин санаатахха, ахсыс кылааска үс бииргэ үөрэнэр доҕордуулар кытаанах да санааныылыммыт эбиппит. Оскуолабытын бүтэрдэхпитинэ, авиационнай-техническэй училищеҕа туттарсыахпыт диэн сүбэлэспиппит. Баҕа санаабыт лүөччүк буолуу буолбакка, сөмөлүөттэри хааччыйар техниктэр этэ. Онус кылааска диэри ол санаабытын уларыппатахпыт. Оскуолабытын бүтэрээт, бары тутуспутунан баҕалаах Троицкайдааҕы авиационнай училищеҕа киирбиппит. Үөрэхпитин бүтэрэн баран, үһүөн Саха сиринээҕи холбоһуктаах авиационнай базаҕа авиатор-технигинэн үлэлии кэлбиппит.

– Дьиэ кэргэҥҥиттэн туйах хатарааччылааххын дуо?

– Биһиги дьиэ кэргэн авиацияҕа династиянан үлэлиибит диэхпин сөп. Кэргэним гражданскай авиация салаатыгар олоҕун 40-тан сылын анаата. Уолум авиация инженерэ, кыыһым авиакассирынан үлэлээбитэ.

Александр Тарасов авиация салаатыгар 43-c сылын үлэлиир. Транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ: «Саха сиригэр 4 авиахампаанньа: «Якутия», «Полярные авиалинии», «АЛРОСА», «Дельта-К» үлэлииллэр. Ыаллыы регионнар биһиги курдук маннык киэн тута ааттыыр бөдөҥ хампаанньалара суох. Төһө да уустуктары көрүстэрбит, биһиги Саха сирин авиациятын сайыннарарга дьулуһабыт. Эһиил алтынньы 8 күнүгэр Саха сирин гражданскай авиацията 95 сылын бэлиэтиэҕэ. Уһук Илиҥҥи уокурукка маннык үбүлүөйдээх даатаны бэлиэтиир гражданскай авиация тэрилтэтэ суох», – диэн кэпсэтиибитин киэн тута түмүктээтэ.

Людмила СМИРНОВА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....