Алдаҥҥа V-ис Кыһыҥҥы спартакиада түмүктэннэ!
СӨ V-ис Кыһыҥҥы спартакиадата көмүстээх Алдаҥҥа спорт сэттэ көрүҥэр уонна үс көрүҥҥэ таас чохтоох Нерюнгригэ биэс күн тилэри үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.
29 улуустан, оройуонтан 600-чэкэ кыттааччы кубулҕаттаах кулун тутар хаардаах тыалын тургутуутун ааста. Онон кыайыы үөрүүтүн үчүгэй бэлэмнээхтэр, утумнаах дьарыктаахтар биллилэр.
Хайыһар
Алданнар киэн туттуулара, спорт маастардара Михаил Соснин уонна Инна Рыбкина “классическай ньыманан” сүүрүүгэ, “сприҥҥэ” уонна 4х5 км эстафетаҕа, ону таһынан Инна Рыбкина биатлоҥҥа кыһыл көмүс мэтээллэри аҕалтааннар, Спартакиада дьоруойдара буоллулар!
1,4 км уһуҥҥа старт аайы алталыы кыттааччы салгыы кыттар быраабы, онтон хаалбыттар туораан иһэр “сприҥҥэ” кытаанах куоталаһыылар буоллулар. Олус түргэн тэтимнээх күлүмэх сүүрүүлэргэ 1-2-лии сөкүүндэнэн быысаһан эр дьоҥҥо Михаил Соснин (Алдан), Никита Шестаков (Амма), Александр Филиппов (Нерюнгри); уолаттарга Алексей Распутин (Нерюнгри), Алдантан Александр Процук, Вадим Ширяев үс бастакынан кэллилэр; дьахталларга Анастасия Дубова (Алдан), Екатерина Соснина (Алдан), Евгения Сергеева (Дьокуускай); кыргыттарга Инна Рыбкина (Алдан), Людмила Бронникова (Нерюнгри), Регина Петрова (Нерюнгри) эмиэ биэтэккэ утуу-субуу бастакынан, иккиһинэн, үсүһүнэн кэлитэлээтилэр.
I-кы бөлөххө – Алдан, Нерюнгри, Дьокуускай; II-кэ – Нам, Амма, Уус Алдан; III-кэ Кэбээйи, Өймөкөөн, Дьааҥы инники күөҥҥэ сырыттылар.
Биатлон
Мүччүргэннээх, сытыы түгэннэр түһүлгэни киэргэттилэр. Алдантан Михаил Соснин уонна биатлон маастара, Сахалиннааҕы кыһыҥҥы “Азия оҕолорун” дьоруойа, Амма ыччата Николай Максимов хатыһыылаах киирсиилэрэ күрэхтэһиини күүркэттилэр. Үсүһүнэн стартаабыт Михаил Соснин бинтиэпкэнэн уон ытыыттан алтатыгар сыыста, сэрэбиэйин быһыытынан уон биириһинэн стартаабыт Николай Максимов үстэ алҕаһаата. Хастыыта сыыспыттарынан 150 м уһуннаах “ыстарааптыыр эргиирдэри” оҥортоотулар. Төһө да биир тэҥҥэ сүүрбэтэллэр, хамаандаларын бэрэстэбиитэллэрэ аара ким хайдах иһэрин “ыйа-кэрдэ” турар буоланнар, маастардар кымньыылананнар, абытай сүүрүүлэри көрдөрдүлэр. Николай Максимов “эккирэтэр” балаһыанньатын мүччү туппата, биэтэккэ кэлиигэ 1 сөк. ордук бириэмэни көрдөрөн, күүстээх утарсааччытын баһыйан, Спартакиада чөмпүйүөнэ буолла!
Николай Максимов: “Ааспыт спартакиадаҕа эмиэ хаардаах, тыаллаах күн-дьыл этэ. Куһаҕан халлааны сөбүлүүбүн“, ордук табыллабын диэххэ сөп. Бүтэһик эргиири ыарырҕаттым. Киһим атаҕынан күүстээх. “Рубежтан” тахсарбар 43 сөк. кыайан иһэр этим. 3 км үлэлээммин, биир сөкүүндэнэн кыайдым. Инникитин тэтимҥэ уонна күүс өттүгэр болҕомтону туһаайыахха наада. Ыксаабакка, табар туһугар наҕылыччы ытыалаатым. Дьиҥинэн, түргэнник ытыахтааххын. Хамаандам бэрэстэбиитэллэрэ “ыйа-кэрдэ” сырыттылар. Дьон ыһыытын-хаһыытын, “ыалдьарын” истэ иһэр олус үчүгэй, туһалаата. Спартакиадаҕа кыттыыбын “4” сыаналыыбын. Иккиһинэн кэлбитим буоллар, “3” диэм этэ”. Тренерим Альберт Талгатович Сафаров ”.
I-кы бөлөххө – Нерюнгри, Алдан, Мэҥэ Хаҥалас; II-кэ – Нам, Горнай, Чурапчы; III-кэ – Өймөкөөн, Дьааҥы, Орто Халыма.
Спортивнай ориентирование
Хайыһардаах сүүрүү биир эмиэ интэриэһинэй көрүҥэ. Тыаҕа кистэммит “бэлиэлэри” булууга үс күн күрэхтэстилэр. Эстафетаҕа мэҥэ хаҥаластар бастаатылар. Бүтүн Арассыыйатааҕы категориялаах сүрүн судьуйа Юрий Иванов быһаарарынан, ориентировщик үчүгэйдик толкуйдуур, тэтимнээхтик сүүрэр, хайыһардыыр, ол эбэтэр өйдөөх, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолуохтаах.
Ориентирование үс көрүҥэр эр дьоҥҥо Виктор Алексеев (Дьокуускай), дьахталларга Анастасия Войделовская (Алдан), уолаттарга Николай Копырин (Уус Алдан), кыргыттарга Майя Софронова (Мэҥэ Хаҥалас) кыайыылары ситистилэр.
I-кы бөлөххө – Дьокуускай, Мэҥэ Хаҥалас, Алдан; II-кэ – Амма, Горнай, Чурапчы, III-кэ Дьааҥы, Орто Халыма, IV-кэ Аллайыаха бастаатылар.
Шорт-трек
Спорт бу саҥа көрүҥэ быйыл биэс спартакиада бырагырааматыгар барытыгар баара. Шорт-трек оскуолата биһиэхэ 2014 сыллаахха аан бастаан арыллыбыта. Сочитааҕы Кыһыҥҥы Олимпийскай оонньууларга Корея спортсмена Виктор Ан 14 кыһыл көмүс мэтээли ылыаҕыттан көҕүлэммитэ. Билигин Дьокуускайга уонна Мииринэйгэ оскуолалардаахпыт. Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан устудьуоннара «Эллэй Боотурга» дьарыктаналлар. Спартакиадаҕа ленскэйдэр, нерюнгрилар кэлэн күрэхтэстилэр.
«Эллэй Боотур» Муус дыбарыаһыгар шорт-треккэ тренердиир Прокопий Павлов сүрүн судьуйанан үлэлээтэ: «Күһүҥҥү, кыһыҥҥы, сааскы сезоннарга өрөспүүбүлүкэ таһынааҕы күрэхтэһиилэргэ сылдьабыт. Уһук Илиҥҥэ кыайабыт, миэстэлэһэбит. Бүтэһик күрэхтэһиибититтэн аҕыс мэтээли аҕалбыппыт. Ситиһиилэр бааллар, оҕолор разрядтары толороллор. Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирдарга кыттабыт. Спорт бу көрүҥэр ситиһии 70%-на хаҥкы барарыттан тутулуктаах, ускуорас быһаарар, онтон атына спортсментан бэйэтиттэн тутулуктаах. Шорт-треккэ азиаттар үчүгэйдэринэн, сахалар эмиэ барсыахпытын сөп диэн өйдөбүлгэ олоҕураммыт дьарыктанабыт. Кытайы кытта хардарыта сылдьыһан үлэлэһэбит”.
Быйылгы Спартакиада Алдан куорат «Ледовая Арена» спорткомлексыгар ыытылынна. Аҕыс хамаандаттан 27 кыттааччы илин-кэлин түһүстэ. 1000 м эр дьоҥҥо Роман Филиппов (Дьокуускай), Алексей Тарасов (Мииринэй), Иван Дьячковскай (Чурапчы); уолаттарга Семен Павлов (Дьокуускай), Аскалон Павлов (Дьокуускай), Андрей Жамбалов (Мииринэй); дьахталларга Алена Архипова (Дьокуускай), Вероника Сологуб (Мииринэй), Айталина Кугдарова (Чурапчы); кыргыттарга Ярослава Федорова (Чурапчы), Виктория Хромова (Алдан), Сайаана Андреева (Мэҥэ Хаҥалас) туһааннааҕынан бастакы, иккис, үһүс миэстэлэннилэр. 500 м улахан дьоҥҥо Дьокуускайтан Алена Архипова (Дьокуускай), Роман Филиппов; ыччаттарга Ярослава Федорова (Дьокуускай), Аскалон Павлов (Чурапчы) бастаатылар. 1500 м эмиэ ити курдук куоталастылар. Инньэ гынан, хамаанданан түмүккэ Дьокуускай бастаата, чурапчылар – иккис, мэҥэ хаҥаластар үһүс миэстэлэри ылаттаатылар. География кэҥиир.
Кыһыҥҥы многоборье
Улахан дьоҥҥо буулдьанан ытыыга, тардыныыга, хайыһар эстафетатыгар эр дьон, уолаттар 5 км уонна дьахталлар, кыргыттар 3 км сүүрдүлэр. Хардарыта хотуһуулардаах, эрбии тииһинии, эрийсиилээх куоталаһыы түмүгүн хайыһарынан сүүрүү быһаарда. Эр дьоҥҥо Николай Зыков (Мэҥэ Хаҥалас) дистанциятын бастакынан түмүктээтэ уонна 6 очколаах чөмпүйүөннээтэ. Иван Ховров (Уус Алдан) биэтэккэ бэсиһинэн кэлэн, 8 очколаах иккис үчүгэй көрдөрүүлэннэ, Илья Алексеев (Горнай) алтыһынан кэлэн, 11 очколаах үһүс буолла. Дьахталларга Екатерина Соснина (Алдан), Ирина Тамбовская (Ленскэй), Мира Павлова (Мэҥэ Хаҥалас); ыччаттарга Даниэль Окороков (Дьокуускай), Александр Саввин (Алдан), Эрхан Никифоров (Горнай), Ксения Стебловская (Алдан), Нелли Захарова (Ньурба), Екатерина Петрова (Мэҥэ Хаҥалас) бастакы, иккис, үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.
I-кы бөлөххө – Алдан, Дьокуускай, Мэҥэ Хаҥалас; II-кэ – Горнай, Чурапчы. Амма; III-кэ Орто Халыма, Дьааҥы, Кэбээйи; IV-кэ Муома бастаатылар.
Хотугу троеборье. Фигурнай хаҥкылааһын. Хоккей.
Нерюнгригэ ыытыллыбыт көрүҥнэргэ хотугу многоборьеҕа абсолютнай чөмпүйүөнүнэн 888 наартаны ойбут Георгий Софронов буолла. Үстэ “куобахтааһыҥҥа” 11 м 41 см түһэн өрөспүүбүлүкэ рекордун хатылаабыт Егор Терентьев (Мэҥэ Хаҥалас) – иккис, Булуҥтан Николай Бубнов үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр. Фигурнай хаҥкылааһыҥҥа Дьокуускай, Мииринэй, Нам; хоккейга Нерюнгри, Дьокуускай, Мииринэй хамаандалара үс бастыҥҥа киирдилэр.
Түмүк
СӨ V-ис Кыһыҥҥы Спартакиадата биирдиилээн көрүҥнэргэ хамсааһын баарын, сайдыы бара турара көрдөрдө.
I-кы бөлөххө Дьокуускай, Нерюнгри, Алдан бастаатылар; II-ис бөлөххө – Чурапчы, Нам, Горнай; III-үс бөлөххө – Өймөкөөн, Дьааҥы, Орто Халыма; IV-үс бөлөххө – Муома, Аллайыаха, Анаабыр.
Түмүктэр үөрдэллэр, спорт кыһыҥҥы көрүҥнэрэ кэскиллээхтэр. VI-ыс Спартакиаданы эҥкилэ суох үчүгэй базалаах Алдан сиригэр ыытарга быһаардылар.