19.10.2022 | 12:00

Альберт Семенов байыаннай дьайыы зонатыгар көмө оҥоро тиийдэ

Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутааттара уонна аппараата, куорат Хонтуруоллуур-суоттуур палаатата, СӨ Муниципальнай тэриллиилэрин ассоциацията байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүнэн барбыт дьоҥҥо көмө оҥорорго сириэстибэ хомуйдулар диэн Дуума пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Альберт Семенов байыаннай дьайыы зонатыгар көмө оҥоро тиийдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Хомуллубут сириэстибэнэн анал байыаннай эпэрээссийэ чэрчитинэн судаарыстыба интириэһин көмүскүүр биир дойдулаахтарбытыгар УАЗ „Патриот“ массыынаны атыыластыбыт. Итиэннэ баҕа өттүнэн барбыт дьоҥҥо амуниция уонна сылаас таҥас аҕаллыбыт», - диэн иһитиннэрдэ уоппускатын кэмигэр байыаннай дьайыы зонатыгар тиийбит Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ, «Биир Ньыгыл Арассыыйа» регионнааҕы политсэбиэтин чилиэнэ Альберт Семенов.

Итини таһынан, 1 мөлүйүөн солкуобайдаах спонсордар  хомуйбут сириэстибэлэригэр квадрокоптердары атыыластылар.

Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ быһаарбытынан, көмө Саха сириттэн баҕа өттүнэн барбыт байыаннай сулууспалаахтар чопчу сайаапкаларын учуоттаан оҥоһулунна. Кини баһыылкалары, тиэхиньикэни уонна амуницияны «Боотур» этэрээт хамандыыра, «Барс-2» этэрээт хамандыырын солбуйааччыта Александр Колесовка туттарда.

«Инники кирбиигэ дойдубутун көмүскүүр дьоммут хаһаайыстыбаннай боппуруостарга аралдьыйбаттарын, болҕомтолорун сүрүн соруктарыгар ууралларын курдук, салгыы бары өттүнэн көмөлөһүөхтээхпит. Итиэннэ байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүөххэ наада», - диэн бэлиэтээтэ Альберт Семенов.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...