10.02.2024 | 18:00

«Алаас оонньуулара» — кырачаан быһыйдар түһүлгэлэрэ

Уһуйаан саастаах оҕолор ох саанан ыталларын, куобахтыы сылдьалларын, «ойбонтон уулуулларын» күн аайы көрбөккүн. Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр сыл аайы оскуола иннинээҕи саастаах уолаттарга ураты түһүлгэ ыытыллар.
«Алаас оонньуулара» —  кырачаан быһыйдар түһүлгэлэрэ
Ааптар: Айыына Ксенофонтова, Дьокуускай – Хатырык – Дьокуускай
Бөлөххө киир

Аҕыйах хонуктааҕыта «Кэрэчээнэ» уһуйааҥҥа «Дыгын оонньуулара-2015» кыайыылааҕа, хапсаҕайга, мас тардыһыыга, многоборьеҕа спорт маастара Алексей Кутуков бирииһигэр III-с улуустааҕы «Алаас оонньуулара-2024» күөн күрэс үрдүк таһымнаахтык ааста.

Уол оҕону эт-хаан, өй-санаа өттүнэн тургутар «Мин алаас уолабын» – бэйэни билиһиннэрии, «Тииҥ мэйии» – ыйытыктарга хоруйдааһын, «Алаас оонньуулара» – спортивнай киирсиилээх үс  түһүмэхтээх күрэххэ кырачааннар кытталлар. Бүтэһик түһүмэх ордук тыҥааһыннаах, өрө күүрүүлээх: манна ким быһыйа, сымсата, күүстээҕэ биллэр. Ол курдук, уолаттар сүүрүүгэ, ыстаныыга, ох саанан ытыыга, кууллаах сүүрүүгэ, «Ойбонтон уулааһыҥҥа», «Хомуур күрэххэ» илин-кэлин түһүстүлэр. Бууттарын этэ бустаҕына, холлорун этэ хойуннаҕына, охтоохтон охтубат, саалаахтан самныбат эр бэртэрэ кииллийэн тахсыыһылар!

Мария Степановна Соловьева, «Кэрэчээнэ» оҕо сайдар киинин сэбиэдиссэйэ, бырайыак ааптара:

– Күрэхпит «Мин саха уолабын» диэн өйдөбүлү иҥэрэр, тулуурдаах, дьулуурдаах, сымса, түргэн, күүстээх буоларга иитэр, өбүгэ оонньууларыгар интэриэһи күөдьүтэр соруктаах. Бастаан улуус хоту өттүгэр сытар нэһилиэктэр оҕолоругар ыыппыппыт. Иккис сылбытыгар улуус таһымыгар таһаарбыппыт. Быйыл уопсайа 17 уһуйаан кыттыыны ылла.

«Бэргэн ытааччы» түһүмэҕи бары да олус сэргииллэр. Бастакы сылларбытыгар үгүстэр маҕаһыынтан ылыллыбыт, пластмаассаттан оҥоһуллубут ох саалаах буолаллара. Билигин хас биирдии кыттар уһуйаан традиционнай ох саалаах.

Сыл аайы саҥа, сонун түһүмэҕи киллэрэ сатыыбыт. Оҕолор күрэххэ бэлэмнэнэн, оҥостон кэлэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Аҕалар уолаттарын арыаллыыллара, тэбис-тэҥҥэ сылдьыһаллара ордук хайҕаллаах.

Алексей Владимировиһы кытта олорон кэпсэттибит, санаатын иһиттибит уонна күрэхпитин бэһис сылбытыгар өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһаарарга былааннанныбыт.

Екатерина Семеновна Заровняева өр сылларга уһуйааҥҥа сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, билигин тьютор:

– Биир дойдулаахпыт, иитиллээччибит Алексей Кутуков «Дыгын оонньууларыгар» муҥутуур кыайыылаах буолбутугар олус үөрбүппүт. Кини бирииһигэр «Алаас оонньуулара» күрэх сыл аайы ыытыллар, бэйэтэ кэлэн Дьүүллүүр сүбэ быһыытынан үлэлиир, бириис туруорар.

Алеша олус симик, элбэх саҥата суох, бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьар оҕо этэ. Ол саҕана сылы түмүктүүр тэрээһиммит паарка хонуутугар буолара, ыһыахпытыгар өбүгэ оонньууларын ыытарбыт. Онно Алеша хапсаҕайга тэҥнээҕин булбата. Биһиги уолбутунан киэн туттабыт.

«Алаас оонньуулара» сыл аайы далааһына кэҥээн, кыттааччыта элбээн иһэр. Кэтээн көрбүппүт, аҕалар арыаллаан кэлбит уолаттара ордук эрэллээхтик кытыннылар, ситиһии көтөллөннүлэр.

Борис Михайлович Сивцев – үс уоллаах дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, «Дыгын оонньуулара» 2008, 2009 сс. призера:

–  Маннык күрэх ыытыллара олус наадалаах дии саныыбын. Бэйэни билиһиннэрии баара үчүгэй, ыйытыыларга хоруйдааһын түһүмэҕэ арыый ыарахан соҕус дии санаатым.

Бэйэм Көбөкөн нэһилиэгиттэн, кэргэним Модуттан төрүттээхпит. Намҥа олоробут. Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сынньанарбытын ордоробут: сайын аайы балыктыыбыт, сир астыыбыт, оттуубут. Улахан уолаттарбыт – игирэлэр, иккис кылааска үөрэнэллэр, былырыыҥҥыттан тустууга сылдьаллар. Кырабыт Айтал – уһуйаан иитиллээччитэ. Бу кинини арыаллаан кэллим.Төһө кыалларынан дьарыктыы сатаатым.

Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан Намнааҕы 1 №-дээх «Солнышко» уһуйаан иитиллээччитэ Айтал Сивцев кыайыылаах аатын сүгэн, Алексей Кутуков анал бирииһин тутта. Амир Тимофеев («Сандаара» оҕо сайдар киинэ) иккис үрдэлгэ таҕыста, оттон Айсан Иванов («Солнышко» оҕо сайдар киинэ) үһүс бочуоттаах миэстэни ылла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...