Алаас ахтылҕана
Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сылыгар дьаһаллар бэрт сэргэхтик ыытылыннылар. Үрүҥ ас, эт атыыта, айар дьоҕурдаахтар быыстапкалара, ол иһигэр тустуу маастара Семен Дорогунов саха быһахтарын, батыйаларын оҥоһуктара, киэҥ бырагыраамалаах ырыа-үҥкүү кэнсиэрэ болҕомтону тартылар. Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуулар көҥүл тустууга чөмпүйүөнэ, аан дойду үс төгүллээх, Европа, ССРС чөмпүйүөнэ, Ил Түмэн дьокутаата Павел Пинигин 70 сааһынан эҕэрдэлэр этилиннилэр. Сааһын тухары хаартыскаҕа дьүһүйэн оройуонун историятын, үлэтин-олоҕун көрдөрөр кинигэлэрдээх, альбомнардаах фотограф Григорий Турантаев улуус Бочуоттаах олохтооҕун аатын бар дьонун ортотугар ылла.
Сахалыы таҥныбыт нэһилиэктэр баһылыктара түһүлгэни киэргэттилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов, култуура миниистирэ Юрий Куприянов, Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, улуус дьокутааттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Афанасий Захаров, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев эҕэрдэ тыллары эттилэр, бастыҥнарга наҕараадалары туттардылар.
Баһылык Степан Саргыдаев улууска биллэриллибит Ытыктабыл сылынан киэҥ өрүттээх үлэ саҕаламмытын, 375 сыллааҕыта Аччаҕар Ньамньах диэн кинээс Аччаҕар диэн сиргэ-уокка түөлбэлээн олоруоҕуттан Чурапчы историята саҕаламмытын, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев илии баттааһыннаах өрөспүүбүлүкэ таһымнаах үбүлүөйдээх улахан тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дмитрий Дмитрий Садовников ананан, бары хайысхаларга, култуура, тутуу, сырдатар-үйэтитэр үлэлэргэ 1 млрд.солк. көрүллэн, Чурапчы нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар үлэ-хамнас бара турарын, Ытык дьоммут, ол иһигэр Улуу тренер Д.П. Коркин, физкултуура уонна спорт төлөннөөх тэрийээччитэ, салайааччыта А.К. Софронов, уһун кэмҥэ партия райкомугар 1-кы сэкирэтээринэн үлэлээбит И.П. Листиков, норуот суруйааччыта В.С. Яковлев-Далан 95 үбүлүөйдээх сылларын, Саха АССР тэриллиитигэр сүҥкэн кылаатын киллэрбит үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын наркома, Москваҕа Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта И.Н. Винокуров 130 сылын, сахалыы суругу-бичиги оҥорсубут Алтан Сарын 125 сылын, сылгыһыт Р.И. Константинов сахалартан бастакынан Социалистическай Үлэ Геройун аатын ылбыта 75 сылын бэлиэтээһиннэр күүтүллэллэрин, норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар туруу үлэһит дьоммутунан киэн туттарбытын санатта.
Дьэ, ити курдук, үлэни өрө тутар тыа сирин улууһугар үүт-эт ас дэлэйдик оҥоһуллар, асфальт суол тиийдэ, ыаллар газтаннылар, биэстии этээстээх таас дьиэлэр дьэндэйэллэр, физкультура института таһаарыылаахтык үлэлиир, култуура уонна спорт өрө тутуллаллар. Чурапчытааҕы агротехническэй колледж дириэктэрэ Василий Гуляев Чурапчы сэлиэнньэтин ортотунан ааһар Куохара үрэҕи туоруур икки тимир муостаны босхо тутан бэлэхтииргэ этиитэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Чурапчы күннэригэр ыытыллыбыт дьаһаллартан киирбит үп-харчы Ийэ дойдубутун көмүскүү сылдьар анал байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарыгар ананна.
Саха сиригэр физкултуурунай хамсааһын төрүттэммитэ 100 сылынан, Улуу тренер Д.П. Коркин аатынан спорка албан аат музейын уонна физкултуурунай хамсааһын уһулуччулаах тэрийээччитэ, салайааччыта А.К. Софроновка анаммыт быыстапкалар дьон болҕомтотун тартылар.
Бөтүрүөбүс биир баттаамалаах иитиллээччитэ, үйэтитиинэн утумнаахтык дьарыктанар Егор Васильевич Пудов Д.П. Коркин тренердээбит үлэтин сиһилии көрдөрөр сэдэх докумуоннары аҕалбыт. Хаһыаттартан кырыйан тустуу туһунан альбомнары оҥорбут. Саамай үөрэрэ диэн, Ил Түмэн дьокутаата Ульяна Алексеевна Винокурова кэлэ сылдьан көрөн, улаханнык биһирээн, Пушкин библиотекатын кытта кэпсэтэн, 29 альбому оцифровкалаппыттар. 1956 сылтан саха тустуутун историята бүтүннүүтэ киллэриллибит. Саха сиригэр буолуталаабыт аҕыс улахан күрэхтэһиилэр, олор истэригэр, 1964 с. РСФСР чемпионата, 1985 с. ССРС чемпионата, ССРС-АХШ матчевай көрсүһүүлэрэ, кэлиҥҥи Арассыыйа чемпионаттара, кимнээх-хайдах тустубуттара бааллар. “Чурапчы – спорт туоната” үс альбом, барылара куйаар ситиминэн дьон-норуот билиитигэр-көрүүтүгэр тиэрдиллэн, Саха сирэ барыта көрөр кыахтаммыттар. Бөтүрүөбүс үлэлэрин көрдөрөр “Тренер суруктара”, оҕолору хайдах дьарыктаабытын туһунан, хапсаҕайы көҥүл тустууга хайдах туһаныахха сөбүгэр, Дмитрий Петрович ыстатыйалара, анал паапкалар бааллар. Куорат оскуолаларын үөрэнээччилэрэ болдьоһон кэлэн көрөллөр.
Чурапчыны “Спорт туоната” дэппит Афанасий Кирикович Софронов быыстапкатын кыргыттара, хаан балта Евдокия Егоровна Окорокова көрдөрөн кэпсииллэр. Афанасий Кирикович Одьулууҥҥа Даркылаах диэн алааска төрөөбүт, улааппыт. Холхуоска суоччутунан үлэтин саҕалаабыт. 1951 сылтан олоҕун спорка анаабыт. Өрөспүүбүлүкэ спордун салайса сылдьыбыт, ыарахан ыарыыттан орто дойдуттан арахсыар диэри оройуонун спордун салайбыт. Бастакы быыстапката 90 сааһыгар туруоруллубут, онтон ыла сыллата байытыллан иһэр, элбэх кинигэлэр таҕыстылар. 100 сылыгар альбом-кинигэ таһаарар баҕа санаа баар. Афанасий Кирикович кыра кыыһа, 42 сыл тутууга крановщиктаабыт, билигин да үлэлиир Лена Афанасьевна быыстапка тэрийээччилэригэр улахан махталын, биир дойдулаахтарын көрсөн үөрэрин биллэрэр. Икки уолаттара анал байыаннай дьайыыларга сулууспалыы сылдьаллар.
Чурапчы түмсүү тэрийэн ыыппыт “Алаас ахтылҕана” дьаһаллара үтүө өйдөбүлү үөскэттилэр.