Алҕаска айыллыбыт абыраллаах тэриллэр
Киһи аймах үйэлэр тухары олоҕун тупсарар сыаллаах туох эмит саҥаны, туһалааҕы айар-тутар. Сорох учуонайдар олохторун устата уопут оҥорон, туох эмит улаханы арыйан ааттарын үйэтитэллэр. Оттон билигин күннээҕи олоххо туттар сорох тэриллэрбит олох да алҕаска айыллыбыттар эбит.
1945 сыллаахха Америка учуонайа Перси Спенсер магнетроҥҥа (микроволновой сардаҥалары таһаарар электроннай, электровакуумнай тэрил) үлэлэһэ сылдьан, сиэбигэр илдьэ сылдьыбыт сакалаата итийэн, ууллан хаалбыт. Учуонай магнетрон микроволновой сардаҥалары таһаарбытын өйдөөн, абыраллаах тэрили – бастакы СВЧ-оһоҕу (микроволновканы) айбыт.
1879 сыллаахха Константин Фальберг диэн ньиэмэс химигэ таас чох сымалатын туохха туттуохха сөбүн үөрэтэ сылдьан алҕаска сахарины айбыт. Биирдэ кини лабораторияҕа эбиэттии олорон, аһылыга минньийэн хаалбытыттан соһуйбут. Таас чох сымалатын тутан баран, илиитин умнан суумматаҕын өйдөөбүт. Ити курдук сахарин айыллан тахсыбыт.
1895 сыллаахха физика профессора Вильгельм Конрад Рентген халыҥ хортуоҥканан сабыллыбыт катоднай туруупканан үлэлии олорон, туох эрэ дьикти сырдык тыгарын таба көрбүт. Учуонай сонно тута туруупка иһиттэн биллибэт сардаҥа тахсарын өйдөөн, медицинаҕа киэҥник туттуллар рентген сардаҥата диэни арыйбыт.
1928 сыллаахха бактериолог Говард Флори бырааһынньык кэннэ лабораторияҕа кэлэн онно хаалбыт Петри чааскыларыгар стафилококк холуонньата үөскээбитин көрбүт. Биир чааскыга түүнүк тэллэйин спораларын таһыгар бактериялар чугаһаабаттарын бэлиэтии көрбүт. Кэнники түүнүк тэллэйин штаммыттан Penicillium notatum антибиотик айыллыбыт. Пенициллини арыйыыга бөдөҥ учуонайдар Александр Флеминг уонна Эрнст Борис Чейн ааттара ааттанар. Кинилэр үһүөн Нобелевскай бириэмийэ лауреаттара буолбуттара.
1826 сыллаахха Англияҕа Джон Уокер диэн аптека үлэһитэ маһынан фосфоры булкуйан баран таас истиэнэҕэ соппут. Онто тута умайан тахсыбыт. Ити курдук испиискэ айыллыбыт.