13.02.2024 | 19:13

Академиктар куораты сайыннарыыга көрүүлэрин үллэһиннилэр

Академиктар куораты сайыннарыыга көрүүлэрин үллэһиннилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга нэһилиэнньэни уонна үлэ кэлэптииптэрин иннигэр үгэс буолбут отчуотун чэрчитинэн Наукалар академияларын чилиэннэрин иннигэр көрсүһүүгэ учуонайдар куораты сайыннарыыга, чуолаан көҕөрдүү үлэтигэр, питомник тэрийиигэ о.д.а. наука өттүнэн көмөлөһөргө бэлэмнэрин биллэрдилэр.
Евгений Григорьев Наукалар академияларын кэлэктиибин иннигэр 2023 сыл түмүгүнэн отчуотун кэнниттэн учуонайдар наука ситиһиилэрин куораты сайыннарыыга туһанарга этиилэрин киллэрдилэр. Ол курдук, суол өрөмүөнүгэр, ардах, хаар уутун сүүрдүүгэ, куораты көҕөрдүү концепциятыгар, мас питомнигын тэрийиигэ, бүддьүөтү оҥорууга, экономикаҕа, куорат уопсастыбаннай тырааныспарын сайыннарыы эйгэтигэр наука өттүнэн көмөлөһөргө бэлэмнэрин биллэрдилэр. 
Академиктар маны сэргэ Дьокуускай куоракка «Килбиэннээх үлэ куората» аат иҥэриллибитэ тугу эбээһинэстиирин, туох үлэ ыытылларын, Кырдьаҕас куораты тутууну ыйыталастылар, манна барыгытыгар наука, тиэхиньикэ ситиһиилэрин туһанар наадатын ыйдылар итиэннэ маастар-былааны олоххо киллэрии Дьокуускай куораты Уһук Илин биир саамай тупсаҕай уонна хааччыллыылаах куоратыгар кубулутарыгар эрэнэллэрин бэлиэтээтилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...