АГИКИ каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ федеральнай гырааны сүүйдэ
«Наука уонна университеттар» национальнай бырайыагы РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбитэ.
«Кыайыылаах үрдүк үөрэх кыһаларын бырагыраамалара экономика бары салааларын хабар – тыа хаһаайыстыбатыттан инженернэй уонна медицинскэй хайысхаларга тиийэ. Кинилэр бэрэсидьиэн туруорбут соруктарын толорор сыаллаахтар –технологическэй суверенитеты ситиһии уонна дойдуга экономическэй өттүнэн куттал суоһаабатын хааччыйыы. Сайдыы бырагырааматын олоххо киллэриигэ экономика секторын бэрэстэбиитэллэрэ үлэлэһэллэр», – диэтэ РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Чернышенко.
Кыайыылаах үрдүк үөрэх кыһаларын ортолоругар адмирал Г.И. Невельскай аатынан Муора судаарыстыбаннай университета, Тихоокеанскай судаарыстыбаннай медицинскэй университет, В.Р. Филиппов аатынан Бурятиятааҕы судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академията, Уһук Илиҥҥи судаарыстыбаннай аграрнай университет, Уһук Илиҥҥи судаарыстыбаннай физическэй култуура академията, Витус Беринг аатынан Камчаткатааҕы судаарыстыбаннай университет уонна Благовещенскайдааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университет бааллар.