25.07.2024 | 10:00

Афанасий Бырдакаров: Тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта — мелиорацияҕа

Афанасий Бырдакаров:  Тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта — мелиорацияҕа
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Саха сиригэр мелиорация эйгэтигэр уонна тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйыыга судаарыстыбаннай управление тэриллибитэ быйыл 75 сылын туолла. Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга аналлаах стратегическай ыйааҕар 2030 сылга диэри туһаныллар бааһына иэнин, ол иһигэр мелиорация суотугар, 70 тыһ. гектарга диэри улаатыннарар соругу туруорбута.

Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар бэйэтин бөдөҥ кылаатын киллэрэр мелиорация управлениетын Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын салайааччыта, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Афанасий Валерьевич Бырдакаров.

– Афанасий Валерьевич, мелиоратор идэтин туһунан сырдат эрэ.

– Мин С.М. Киров аатынан Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн, инженер-гидротехник идэтин баһылаабытым. Билигин төрөөбүт улууспар Үөһээ Бүлүүгэ мелиорация тэрилтэтин салайааччытынан үлэлиибин, онон мелиоратор буолабын. Мелиоратордар биир сүрүн сорукпут – ходуһаттан күөх оту өлгөмнүк оттооһуну, бааһынаттан оҕуруот аһын үрдүк үүнүүтүн ылыыны хааччыйыы.

– Саха сиригэр мелиорация тэриллибитэ 75 сылын бэлиэтээһин буолла. Салаа хайдах тэриллибитигэр тохтоон ааһыахха.

– САССР Миниистирдэрин сэбиэтин 1949 сыл кулун тутар 26 күнүнээҕи уурааҕынан сири тупсарыыга уонна уунан хааччыйыыга анаан судаарыстыба уоргана – уу хаһаайыстыбатын салалтата тэриллибитэ. Сыыйа сири оҥоруунан дьарыктанар, иһэр-туттар уунан хааччыллыы боппуруостарыгар анал бырайыактыыр, тутар-таҥар, сири таҥастыыр тэрилтэлэр баар буолбуттара. Саха сиригэр 1950-1960 сс. саҕалаан тыа хаһаайыстыбата, ону сэргэ бырамыысыланнас сайдыбыта. Оччолорго өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 35 мелиориация ПМК-та баар эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 7 эрэ маннык филиал үлэлии олорор – Киин оройуоннар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Илин Эҥэр, Мүрү, Чурапчы.

1990 сылга ССРС Мелиорацияҕа уонна уу хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ эстиэҕиттэн, бу салааҕа уустук балаһыанньа үөскүүр, урукку үлэлии турбут систиэмэлэр бары быраҕыллаллар. Бу түгэн экономика сайдыытыгар суолтата өйдөнөн, сөргүтүү, чөлүгэр түһэрии үлэтэ 1998 сылтан эрэ Мелиорация уонна тыа сирин уунан хааччыйыы управлениета тэриллиэҕиттэн саҕаламмыта.

Бүгүҥҥү туругунан Саха сиригэр 20 тыһ. гектар иэннээх 40 халытан нүөлсүтэр систиэмэ, 64 тыһ. гектар иэннээх 126 куурдар систиэмэ, 190 тыа сирин нэһилиэктэрин уунан хааччыйар тутуулар, 3 локальнай уу ситимэ судаарыстыба бас билиитигэр бааллар. Бу эбийиэктэр СӨ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан 2004 с. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин мелиорацияҕа уонна тыа сирин уунан хааччыйыыга управлениетын көрүүтүгэр-истиитигэр сыһыарыллан тураллар. Тыһыынчанан гектар иэннээх мелиоративнай систиэмэлэри көрүү-истии элбэх үлэни, үгүс түбүгү, ону таһынан анал билиини эрэйэр.

 

Афанасий Валерьевич салайааччы быһыытынан үлэ усулуобуйатын тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар. Ол курдук, саас сир харатыттан хаар түһүөр диэри сиргэ үлэлээн, салгын сиэн тиистэрэ эрэ килбэчийэр уолаттарын хонтуора үлэһиттэр бука бары тахсан көрсөллөрө умнуллубат түгэн. Онтон куухунаҕа алаадьы астаан, итии миин, үүттээх чэй тардан, остуол тула олорон үлэ-хамнас  туһунан күө-дьаа кэпсэтии саҕаланар. Тэрилтэ территориятын сабыс-саҥа олбуорун иһигэр сайын сибэкки тэтэрэр. Кыһын кичэллээхтик күрдьүллүбүт тиэргэҥҥэ киирбит эрэ кута-сүрэ тохтуур. Вахтаны ааһаргар кимҥэ, туох наадаҕа кэлбиккин суруттаран киирииттэн саҕалаан, барыта бэрээдэк. Гараас туһунан этэ да барыллыбат. Сэлээркэ, ньоҕуруол, кир-хах аргыстаах баччалаах улахан тиэхиньикэ гарааһа диэтэххэ, барыта орун-оннугар. Аныгылыы тупсаҕай тутуулаах хонтуора, киэҥ-куоҥ, сылаас, уурбут-туппут курдук гараас – бу барыта тэрилтэ үлэһиттэрин үлэлиир усулуобуйаларыгар болҕомтотун туоһута.
Афанасий Валерьевич, чахчы даҕаны, үлэни сатаан дьаһайар, тэрийэр салайааччы. Тыйаатыр таҥас ыйыыр сиртэн саҕаланар дииллэринии, барыта тэрилтэ тиэргэниттэн көстөр.

 

 

– Өбүгэлэрбит урукку өттүгэр сири нүөлсүтэр мындыр ньымалары туттан кэллэхтэрэ. Эн үлэлиир оройуонуҥ историятын сэгэттэххэ, хайдаҕый?

– Оннук. Былыр-былыргыттан ханна даҕаны өбүгэлэрбит мындыр өйдөрүнэн, хара илиилэринэн сирдэрин-уоттарын көрүнэн, ынах, сылгы ииттэн кэллэхтэрэ. Мин биир нэһилиэк холобуругар тохтоон аастахпына, маннык баар.

Ороһу алаас сирдэрдээх, биир да үрэх кини ходуһаларын нүөлсүппэт эбит. 50-с сыллардааҕы уот курааҥҥа Ороһу күөлэ уолан, уута сытыйан, киһи испэт буолбут.

Хоруу үлэтэ ыытыллара наадалааҕын уонна булгуччулааҕын өйдөөн, оччотооҕу холкуос бэрэссэдээтэлэ Василий Поликарпович Егоров бу боппуруоска олохтоохтук үлэлэспит.

Уопсай мунньаҕынан илиинэн хоруу оҥорорго уураахтаабыттар. Онно нэһилиэккэ баар киһиэхэ иккилии-үстүү усталаах хоруу былаана тиэрдиллибит. Уонна үлэни саас сир тоҥугар саҕалыырга быһаарынан, 170 миэтэрэ усталаах, 7 миэтэрэ дириҥнээх хоруу хаһыллыбыт. Салайааччынан А.В. Мексяров, көмөлөһөөччүлэринэн Е.Е. Васильев, У.В. Васильев, П.С. Насыров анаммыттар.

Хоруу үлэтэ кулун тутар 25 күнүгэр саҕаламмыт уонна муус устар 8 күнүгэр түмүктэммит.

Бу түгэни Ороһу нэһилиэгин дьоруойдуу быһыытыттан атыннык ааттыыр сатаммат.

Онон былыргы үйэттэн күн бүгүнүгэр диэри кураан сылларга ходуһаҕа ууну киллэрэн, угут сылларга ходуһалар ууларын түһэрэн, уолба сирдэри таһааран, сылгыларыгар-ынахтарыгар оттууллара. Өбүгэлэрбит барахсаттар хаспыт хорууларын омоонноро нэһилиэктэр ходуһаларын аайы баар, сорохтор билигин да туһалыы тураллар.

– Ол аата нүөлсүтүү, сири оҥоруу үлэтэ өбүгэ үгэһин кэриэтэ былыргыттан баар диэн.

– Оннук. Үөһээ Бүлүү улууһугар сири оҥорууга массыына-мелиоративнай ыстаансыйа 1967 сыллаахха тэриллибит. Бу тэриллиэҕиттэн сопхуостар ходуһаларын оҥорууга, нүөлсүтэр-куурдар систиэмэлэри тутууга күүстээх үлэ ыытыллыбыт. Тэрилтэ үс бастакы сылыгар 1471 гектар сир дулҕатын астаран, ходуһа сири таһаарбыт, 860 гектар нүөлсүтүллэр, 500 гектарга куурдуллубут ходуһалары оҥорбут.

Үөһээ Бүлүү улууһун мелиорациятын эйгэтигэр элбэх талааннаах салайааччы үлэлээн ааспыта. Ол курдук, мелиорацияны атаҕар туруорбут, оройуон тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга биллэр-көстөр суолу хаалларбыт киһинэн Алексей Максимович Петров буолар. Оттон ыһыллыы-тоҕуллуу үлүгэрдээх сылларыгар тэрилтэни ыспат туһугар өйүн-санаатын ууран үлэлэспит салайааччыбыт Иван Захарович Алексеев. Кини өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн мелиорацияны үбүлээһин тохтотуллубут кэмигэр, 1994-2004 сылларга, үлэлээбитэ. Иван Захарович дойду үрдүнэн бүрүүкээбит инфляция сылларыгар тэрилтэ материальнай-тэхиньиичэскэй баазатын оннугар хаалларыыга, кэлэктииби ыспакка салгыы үлэлэтиигэ сүрүн болҕомтотун уурбута. Үлэлии турбут нүөлсүтэр систиэмэлэри кыра үпкэ-харчыга көрөн-истэн, өрөмүөннээн, сааскы ууну кэмигэр халытан, олохтоохтор өлгөмнүк оттуулларын хааччыйбыта.

Сопхуостар ыһыллар, хамнас диэн сылы-сылынан көстүбэт кэмнэригэр Иннокентий Адамов, Георгий Михайлов, Герасим Егоров, Роман Воронин, Василий Ченохов, Андрей Дяриков уо.д.а. уһуннук үлэлээбит исписэлиистэр тэрилтэлэрин хаалларбатахтара.

Онон тэрилтэбит бүгүҥҥү күҥҥэ диэри эппиэттээх үлэтинэн дьарыктана олороругар урукку салайааччылар уонна идэлэригэр бэриниилээх тыа сирин боростуой, бүгүрү үлэһит дьонун өҥөлөрө сүҥкэн.

 

Көлүөнэлэр алтыһыылара бу тэрилтэҕэ сонун буолбатах. Герасим Тимофеевич Егоров 1968 сыллаахха саҥа тэриллибит массыына-мелиоративнай ыстаансыйаҕа тырахтарыыһынан үлэҕэ киирэн баран, 1996 сылга биэнсийэҕэ тахсыбыт. Аҕаларын туйаҕын билигин уолаттара хатараллар. Ол курдук, Герасим Герасимович 27 сыл үлэ ыстаастаах мелиорация бэтэрээнэ, Родислав Герасимович мелиорация тиэхиньикэлэрин лаппа баһылаабыт мэхэньисээтэр, уолаттар иккиэн Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуннара.
Дьиэ кэргэнинэн үлэлээбиттэр ортолоругар Ворониннары ахтан ааһар тоҕоостоох. Ийэтэ, аҕата үлэлээбит тэрилтэтигэр билигин кыыстара Пелагея Петровна ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык үлэлиир. Бу эмиэ үлэҕэ, өбүгэ ситимигэр ураты сыһыан көстүүтэ.

 

– Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ буолбут Ороһу-Ньэгэдьээк систиэмэтэ хайдах бастаан тутуллубутун туһунан кэпсээ эрэ.

– Ороһу-Ньэгэдьээк систиэмэтэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ити кэмҥэ иккис бөдөҥ тутуу эбит. Маҥнайгы систиэмэ Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар оҥоһуллубут. Бу Исидор Бараахап аатынан бөдөҥсүтүллүбүт холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон Ороһу-Ньэгэдьээк нүөлсүтэр систиэмэтин тутуутун саҕалаабыт, 1963 сыллаахха бырайыак оҥоһулларын, дьаһал ылылларын ситиспит салайааччынан Степан Николаевич Платонов буолар.

70-с сылларга тутуллубут Ороһу-Ньэгэдьээк нүөлсүтэр систиэмэ кэнники үбүлээһин кырыымчыгыттан улаханнык айгыраан, чахчы да, аварийнай туруктаах буолбут этэ.

– Афанасий Валерьевич, бэйэҥ салайааччы буолан баран, үлэҕин туохтан саҕалаабыккыный?

– Мин 2003 сыл алтынньытыгар бастаан «Сельхозводмелиорация» судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэҕэ (ГУТ) прораб быһыытынан үлэҕэ киирбитим. Онтон 2004 сыл тохсунньутугар тэрилтэ  дириэктэринэн анаммытым.

Элбэх баараҕай мелиоративнай тутууну ыыппыт уонна ситиһиилээхтик үлэлэппит өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр, баай историялаах тэрилтэ буоларын истэрим-билэрим. Устудьуоннуур кэммэр өссө Исидор Барахов сопхуоска икки сыл практикаламмытым. Онон мелиоративнай систиэмэлэр үлэлэрин билэр этим.

Тэрилтэҕэ уһун кэмҥэ үлэлиир уопуттаах биригэдьиир Василий Ченоховтуун бары систиэмэлэр үлэлэрин сиһилии билсибиппит. Ол түмүгүнэн 7 шлюз-регулятор баарыттан 2 тимир-бетон уонна 1 мас тутуулар үлэлииллэрин быһаарбыппыт. Атыттар оҥоһуллубаттыы алдьанан туралларын, сорох быһыттар хастыы эмит сиринэн тоҕу көтүллүбүттэрин түмүгэр хайдах да нүөлсүтүү үлэтэ кыаллыбат буолбут этэ.

Онон, тэрилтэ салайааччыта буоларым быһыытынан, систиэмэни чөлүгэр түһэрии, бастатан туран, бырайыактааһын соруктара турбуттара. Анал хамыыһыйа тэриллэн, элбэх аах оҥоһуллан, араас таһымнаах туруорсуулар саҕаланаллар.

Үөһээ Бүлүү улууһун дьокутааттара сайыҥҥы сессияларыгар 125 тыһыынча солкуобайы бырайыак үбүлээһинигэр көрбүттэрин түмүгэр инженернэй-геологическай чинчийии оҥоһуллан, бырайыактааһын сүрүн үлэтэ баар буолбута.

 

Мелиорация үлэтэ ити курдук кыһыннары-сайыннары хотоҕостуу субуллар. Ол үрдүнэн түмсүүлээх кэлэктиип үлэни уонна сынньалаҥы ситиһиилээхтик дьүөрэлиир. Улуус тэрилтэлэрин, ону ааһан мелиорация филиалларын икки ардыгар ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Улуус тэрилтэлэрин ортотугар тиэргэни көрүү күрэҕэр бириистээх миэстэттэн түспэттэр. Бу аҕыйах хонуктааҕыта СӨ мелиорация уобалаһыгар уонна тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйыыга судаарыстыбаннай управление тэриллибитэ 75 сылынан ыытыллыбыт спортивнай күрэхтэһиигэ Үөһээ Бүлүүтээҕи филиал бастакы миэстэни ылбыта даҕаны кэлэктиип түмсүүлээҕин, көхтөөҕүн туоһута.

 

– Өрөспүүбүлүкэттэн туох өйөбүлү ылбыккытый?

– 2004 сыл сайын тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ А.И. Степанов, мелиорация управлениетын начаалынньыга А.А. Гуляев  Ороһу-Ньэгэдьээк систиэмэтин туругун сиһилии билсибиттэрэ. Бырайыактааһын үлэтин саҕалыыр туһунан быһаарыылар ылыллыбыттара. Айаал Иванович миниистирдиир кэмигэр балаһыанньаны таба өйдөөн, бу систиэмэ өрөмүөнүн  боппуруоһугар өйөбүл оҥорбута. Салгыы мелиорация управлениета бырайыактатан, үп кырыымчыгын аахсыбакка үбүлээн, 2005 сыл – Бөргөмдөҕө, 2006-2007 сылларга – Орто Күөлгэ, 2007-2009 сылларга – Кустукка, 2010-2011 сылларга – Ньэгэдьээккэ, 2014-2015 сылларга Остоолбоҕо шлюз-регулятордар саҥардыллан, тимир-бетон варианынан тутуу ыытыллыбыта.

Уопсайа 50 мөлүйүөн суумалаах, хоруулары, ыраастааһынын киллэрэн, үлэни иилээбит-саҕалаабыт, күүс-көмө буолбут дьонунан мелиорация управлениетын салалтатыттан А.А. Гуляев, В.И. Николаев, А.П. Протопопов, С.И. Сидорова, В.Н. Лящук, Бүлүүтээҕи РЭУ салайааччыта Т.Т. Тоскин, кылаабынай исписэлиис, технадзор М.И. Гаврильев, Үөһээ Бүлүүтээҕи УСХ начаалынньыга С.И. Дмитриев буолаллар.

– Бу сыллар усталарыгар араас ыарахаттары туораан кэллэххит.

– Бу шлюз-регулятордар тутуллан бүтэр сылларын тэрилтэ барыыһа суох түмүктүүрэ. Үлэ барыта аукцион нөҥүө ыытыллан, сыана түһэрсиитигэр, тиэхиньикэнэн хааччыллыыга, барытын саҥаттан тэрийиигэ элбэх ороскуот тахсыбыта. Үөскүүр араас сытыы балаһыанньаларга сүбэлэһэн, биир санаанан салайтаран үлэлээн кэллибит.

Шлюз-регулятордар бетоннай үлэлэрин толорорго аналлаах тиэхиньикэнэн, оборудованиенан хааччыллыыга кэлэктиип элбэх тэрээһин үлэтин ыыппыта.

2005 сылтан механиктаабыт М.М. Максимов механизатордары кытта баар тиэхиньикэни өрөмүөннүүргэ, саҥаны булууга-талыыга ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ордук В. Ченоховтуун МАЗ автокраны, Р. Егоровтыын К-701 погрузчигы, И. Корякинныын Зил-131 массыынаны, ЛБУ-50 баровой установканы таҥаннар, тэрилтэ бетон үлэтин толорор, гравийы бэйэбит бэлэмниир кыахтаммыппыт.

В. Ченохов салалтатынан тутар-монтажтыыр биригээдэҕэ Е. Прокопьев, Т. Тумусов, Ф. Адамов, Р. Воронин, И. Ильин, В. Акимов, В. Егоров, С. Таныков, М. Лепчиков уо.д.а. бетон үлэтин үчүгэйдик баһылаабыттара. Тутууга бэйэм прораб быһыытынан ылсыһан, ааҕан-суоттаан үлэлиирбэр прорабынан Н. Иванов, А. Готовцев, П. Максимов, С. Семенов, Д. Ефремов тэҥҥэ үлэлэспиттэрэ. Уопсай дьыала туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллар дьонноох буолан, ыарахаттары тэҥҥэ туораан, үлэ түмүгэ көстөрүн саҕа үрдүк үөрүү суох.

 

«Кырдьаҕастан – сүбэтин, эдэртэн – эрчимин» диэн өбүгэ өһүн хоһооно бу тэрилтэҕэ быһаччы сыһыаннаах. Мелиоратор күнэ, Саҥа дьыл курдук бөдөҥ бырааһынньыктар күндү ыалдьыттарынан үгэс курдук бэтэрээннэр буолаллар.
Бары, эдэрдиин эмэнниин, урукку, билиҥҥи үлэһиттиин, кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ, сүбэлэһэр сүбэлэрэ – уопуту үллэстии, саҥа саҕахтары ырытыһыы, сүбэ-соргу тула кэпсэтии. Оттон урукку-хойукку үлэ-хамнас тэрилтэ таһаартарар кинигэлэригэр түмүллэн иһэрэ хайҕаллаах. Үлэһиттэр ортотугар мелиорация бэтэрээннэрэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуннара бааллара – бу эмиэ салалта үлэ дьонугар болҕомтотун бэлиэтэ.

 

– Кэнники үлэлэргэ тохтоотохпутуна...

– Бу сылларга Бүлүү улууһугар бастакы 140 га иэннээх «Чинэкэ» нүөлсүтэр систиэмэни уонна ууну аһардар шлюз-регулятордары үлэҕэ киллэрдибит. Харбалаах күөлүн уунан хааччыйар аналлаах ууну аһардар турба тутуутун оҥоруу, Балаҕаннаах Остоолботугар Ороһу-Ньэгэдьээк систиэмэтин 6 №-дээх шлюз-регуляторын тутуу  курдук сүҥкэн үлэлэр ыытылыннылар.

Ону таһынан культуртэхиньиичэскэй үлэ чэрчитинэн кыһын дулҕа, талах анньыытыгар, сайын сири таҥастааһыҥҥа үлэлиибит. Оһорбо бааһыналарын таҥастаан, үлэ саҥа көрүҥнэринэн дьарыктанабыт.

Үлэбит иккис хайысхатын – ууну түһэриини эмиэ 2004 сылтан саҕалаабыппыт.

– Сүҥкэн да үлэлэр ыытыллар буолар эбиттэр. Сүрүн соруктаргытыгар тохтуохха.

– Үлэ сүрүн соругунан улууска баар мелиоративнай систиэмэлэри толору көдьүүстээхтик үлэлэтии буолар. Мелиорацияламмыт сирдэртэн үрдүк үүнүү ылылларын хааччыйыыга кыһаллабыт. Онон тыа хаһаайыстыбата тирэҕирэр биир сүрүн салаатынан мелиорация буолара саарбаҕа суох.

 

Мин иннибэр хаһыат саһарбыт страницата сытар. «1972 сыл ыам ыйын 26 күнүгэр киэһэ 6 чаас ааһыыта Ороһу-Ньэгэдьээк ууну халытар систиэмэтэ аһылынна. Төрдүс нүөмэрдээх регулятор тимир аанын Украина уола, тутуу кылаабынай инженера Виталий Перепеленко уонна экскаваторщик, сварщик, бульдозерист уустук идэлэрин баһылаабыт нуучча уола Леонид Обухов өрө көтөхтөрөллөр. Эбэ күөлү хара маһыттан ылбыт уу көҥүлгэ тахсан, айаас сылгы курдук өрө мөҕө түһэр. Тыал үүрэн аҕалбыт муустара күүстээх эрилгэҥҥэ оҕустаран, эргичийэ-эргичийэ, шлюз аанынан тимис гыналлар»,– диэн «Коммунизм сардаҥата» хаһыат 1972 сыл бэс ыйын 2 күнүнээҕи нүөмэригэр Р. Кривошапкин ааптардаах ыстатыйаны ааҕабыт. «Бу буоллаҕа, уйгу-быйаҥ уута!» диэн санаа көтөн түһэр.

 

– Афанасий Валерьевич, үлэҕитин салгыыр каадырдары иитиигэ туох болҕомто уурулларый?

– Дьоҥҥо-норуокка, тыа сирин олохтоохторугар сири, ходуһаны кытта үлэ ситимэ быстыбакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн истэр диэн баҕа санаа баар. Аҕа көлүөнэ дьоммут саҕалаабыт дьыалатын бүгүҥҥү көлүөнэ эрдээх илиитигэр туттаран, үгэһи салгыахтаахпыт. Биһиги тэрилтэҕэ мелиоратор идэтин баһылаабыт эдэр исписэлиистэр тэҥҥэ үлэлии сылдьалларыттан үөрэбит.

– Афанасий Валерьевич, мелиорация диэн эйгэ хайдаҕын-тугун, урукку историятын, бүгүҥҥү үлэтин сырдаппыккар махтанабыт. Уонна мелиорация үлэтигэр болҕомто күүһүрэн, Сахабыт сирин тыатын хаһаайыстыбата эрэ буолбакка, экономика бары салаата туруктаах буоларыгар баҕарабыт.

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....