Аччыгый Марха улахан кыһалҕалара
Дьокуускай куораппыт кэлиҥҥи кэмҥэ киэркэйдэ, тубуста диибит. Ол эрэн куорат кытыы олохтоохторун кыһалҕата син биир күөрэйэ турар.
Холобура, Аччыгый Марха олохтоохторо кыһалҕаларын бэйэлэрэ туруорса сатыыллар. Бу күннэргэ олохтоох телевидение уонна хаһыат нөҥүө бүгүҥҥү тирээн турар кыһалҕаларын көрдөрөргө уонна суруйтарарга сананнылар.
Бүгүҥҥү нүөмэргэ тахсыбыт хаартыскалар ааспыт нэдиэлэҕэ түһэриллибиттэрэ.
Студенческай, Учур, Охотников уулуссалар олохтоохторун аатыттан В. Васильева:
- Биһиги, Аччыгый Марха олохтоохторо, чуолаан бу уулуссаларга бэрт кыһалҕалаах балаһыанньаҕа олорорбутун хаһыат нөҥүө быһаарсан көрөргө быһаарынныбыт. Манна эмиэ куорат дьаһалтата кыттар буолла быһыылаах. Мин өйдөбүлбэр, тустаах территорияҕа дьаһалта баар буоллаҕына, бэйэлэрин үлэлии олорор сирдэринэн анал исписэлиистэр баар буоллахтарына, тустаах үлэлэрин толорорго дьулуһуохтаахтар этэ дии саныыбын.
Сайдыы барбат
– Мархаҕа дьиэ тутуута кэлиҥҥи уон сылга балысханнык барар. Биһиги дьиэбитин хойутуу туттан киирбиппит, номнуо алтыс сылбытыгар барда. Ол тухары улахан сайдыы барбыта көстүбэт, “былыргынан” тураахтыыр. Дьиэ туттар дьон ороскуотурара элбэх, билиҥҥи үйэҕэ хас хамсаныы барыта харчыны эрэйэр. Ол үрдүнэн дьиэ туттааччылар, кыһалҕаттан, суол куһаҕан сирдэригэр буор атыылаһан куттараллар, оччоҕо эрэ маскын-оккун тиэрдэҕин. Аны туран, тутууҥ матырыйаалын эмиэ суол куһаҕаныттан икки бүк төлөөн аҕалтарарга күһэллэҕин. Марха дьаһалтатыгар сырыттахха, харчы көрүллүбэтэҕин бэлиэтииллэр. Ханнык уулусса олохтоохторо элбэх илии баттааһыннаах суругу аҕалаллар да, ол суол урут оҥоһуллар эбит.
Суол оҥоһуута икки сылынан былааҥҥа баарын истэн дьаһалтаҕа тиийэ сылдьыбыппын, “хойутаабыт” аатырдыбыт. Оччоҕо куорат дьаһалтатыттан эбии харчы көрдөөн, бу үс уулуссаны оҥорторуохха наада буолбут курдук. Маннык кыһалҕаны уокурук дьаһалтата туруорсуохтааҕа буолуо. Тоҕо биһиги сүүрэ, туруорса сатыахтаахпытый? Кэккэ нэһилиэктэргэ бары өттүнэн хааччыллыы тэриллэр, олохтоох дьаһалта кыһаллар, сүүрэр-көтөр, дьаһайар, туруорсар. Салалтата хайдаҕый да, түөлбэ сайдыыта оннук. Биһиги куораттан чугас буоламмыт сэлээннээһиҥҥэ олоробут дуу? Ол эбэтэр Аччыгый Марха улахан кыһалҕатын куорат дьаһалтата быһаарарыгар тиийэр дуу?
“Былыргылыы” олоробут
– Ханнык баҕарар дойдуга кэллэххэ, маҥнай суол хайдаҕа, оптуобус туруга бу куорат хайдаҕын быһаарар дии саныыбын. Биһиги Дьокуускайы кытта силбэһэ олоробут эрээри, “былыргылыы” олоробут. 5-с №-дээх оптуобус сылдьар суолунан дьаһалтабыт диэки биир лаампа турар. Онтон тэйиччи кадетскай оскуола тиэргэнин уота кылайар уонна им балай. Кыһын атаҕыҥ иминэн тымныыга өр хаамаҕын, сэрээтэ бүппэтэҕинэ, төлөпүөнүҥ абырыыр. Марха диэки айанныыр оптуобустар кыһын түннүктэрэ кырыаран, хараҥаҕа тохтобулгун ааһа барар түбэлтэлэр тахсаллар. Аны туран, суоппартан ыйытан мөҕүллэҕин. Сайыҥҥы өҥүрүк куйааска түннүк сабыылаах оптуобус суоҕун кэриэтэ. Сарсыардаттан эрдэ айанныырга оптуобустар кирдээх, быыл “оргуйан” олорор буолааччы. Кондуктор суох. Дьэ манна суоппардарбыт оптуобустарын ыытан иһэн, биир илиилэринэн харчы ааҕан бэлэмнииллэр, бэйэлэрин тылларынан төлөпүөнүнэн кэпсэтэ иһэллэр, өссө билиэт атыылыыллар. Билигин сыстыганнаах дьаҥ туран, айанныырга өссө кутталланна. Бүгүҥҥү күҥҥэ оптуобустар сарсыарда үлэҕэ тахсалларыгар анал дезинфекцияны ааһаллара дуу, суоҕа дуу? Билбит суох. Куораттан аһылыккын атыылаһан баран, такси сакаастаатаххына, суол куһаҕаныттан буолумматтар. Чааһы быһа, алталыы-уоннуу мүнүүтэнэн дии-дии мэтэйдээн баран, аккаастаан кэбиһэллэр.
Суол – олох хорук тымыра
– Ол эрэ буолуо дуо, саамай наадалаах “Суһал көмө”, “Баһаарынай” массыыналар тиийэн кэлэр кыахтара суох. Уубутун таһар “Водовоз” массыына кыайан сүүрбэт, эгэ, иһэр ууну таһар “Чистая вода” массыына кэлиэ дуо?! Бу кыһалҕаны уонтан тахса сылы быһа быһаарбат дьаһалта үлэһиттэригэр хаһыат нөҥүө, баҕар, болҕомтоҕо ылыахтара диэн суруйдубут. Төһөтүн да иһин, куорат хаһыата буоллаҕа. Тустаах салалта үлэһиттэрэ биир эмит киһи ааҕан, Аччыгый Марха кыһалҕатын чугастык ылынан, туох эмит хамсааһын тахсаарай диэн эрэниэҕи баҕарыллар. Суол куһаҕаныттан оҕолорбут, сиэннэрбит оскуолаҕа сылдьалларыгар, олохтоохтор поликлиникаҕа сылдьарбытыгар эмиэ эрэйи көрөбүт. Сылын аайы, саатар, биирдии уулуссаны оҥорторбуттара буоллар, элбэх суол көммүт буолуо этэ. Аны, күһүн буолан, сир тоҥноҕуна, гаас тардыыта саҕаланар. Манна оҥкучах хастаран, оҥорон баран, буорун көмүүтүгэр улахан көрдөһүүнэн, ону да тоҥ буорунан сабыта бырахпыттара саас буора ирэн, уу мустар сирэ буолар. Интэриниэппит сүгүн үлэлээбэт, “Саха” НКИХ ханаала көстүбэт.
Дьокутааттартан өйөбүл көрдүүбүт
– Оптуобус тохтобулугар бөх тоҕор сир оҥорбуттара дьулаан хартыына. Онно дьыл кэмиттэн тутулуга суох сылгы, ыт үөрэ барыта мустар. Суол оҥорон, массыына эргийэн тахсар гына, суолтан тэйиччи соҕус оҥоруохтарын тоҕо сатамматый? Оптуобуһунан айаннаан иһэн, “достопримечательность” курдук бөхтөрү көрөн ааһаҕын. Иванов диэн киһи дьаһалтаҕа баһылыктаан олорон ити боппуруоһу быһаарбатаҕа. Ол эрэн үлэлиир кэмигэр ыттары бэрээдэктээбит үтүөлээх, билигин олорбут бэйдиэ бардылар, нэһилиэнньэҕэ кутталланнылар. Аны туран, түөлбэбитигэр хастыы да сыл хаһаайына суох турар уһаайба элбэх. Убаастабыллаах куорат дууматын дьокутааттара маннык кыһалҕаларга эмиэ кыратык даҕаны кыттыһаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Быыбар иннинэ эрэннэрии элбиир. Быыбар ааста да, олохпут уу ньуурунуу уу чуумпу. Мин санаабар, бу Марха дьаһалтатын уонна убаастабыллаах дьокутааттарбыт истэринэн быһаарыллар “кыра” боппуруостар кыһалҕаҕа кубулуйбуттара ыраатта. Онон, баҕар, дьэ “уһун ууларыттан уһуктуохтара” диэн, телевидение, хаһыат нөҥүө тахсарга күһэлиннибит.