30.06.2020 | 14:41

Абытыый-абытай!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сарсын уонна өйүүн Дьокуускайга муҥутуур өҥүрүк куйаас күннэр тураллара сабаҕаланар. Куйаастан быыһанар норуот ньымаларын уонна быраастар сүбэлэрин сыымайдаан көрүөххэ:

1. Абыраллаах массаас.

Куйааска, күн сыралҕаныгар, бастатан туран, биһиги мэйиибит, вегетативнай ньиэрбинэй систиэмэбит эмсэҕэлиир диэн физиолог быраас Светлана Смирнова суруйар. Итиигэ киһи туох баар уорганнарыттан сигналлар мэйиигэ тиийэллэр. Уорганнар үлэлэрин мэйии сааһылаан биэриэхтээҕин сороҕор кыайбат. Онуоха 3 эрэ мүнүүтэлээх бэйэни массаастаныы абырыан сөп.

  • Тойон эрбэхпитинэн уонна ыйар тарбахпытынан кулгаахпыт эминньэҕин күүскэ кымаахтыы тутабыт (1 мүнүүтэ устата).
  • Тойон эрбэхпитинэн аллараа уоспут аннынан сыҥаахпыт уҥуоҕун күүскэ баттыыбыт (1 мүнүүтэ устата).
  • Тойон эрбэхпитин уонна ыйар тарбахпытын бэйэ-бэйэлэригэр күүскэ баттаан тутабыт (1 мүнүүтэ устата).

2. Күөх өҥ итииттэн быыһыыр.

Медиктэр сүбэлииллэринэн, куйааска киһи тулалыыр эйгэтигэр баар күөх өҥү көрүөхтээх. Күнтэн хаххалыыр ачыкыбыт күөх өстүөкүлэлээх буоллаҕына киһи итиини тулуйара чэпчиир.

Күөх өҥ ньиэрбэҕэ үчүгэй дьайыылаах. Психотерапевт Татьяна Клименко суруйарынан, бу өҥ, харах ньиэрбэтин үлэтин тупсарар буолан, организм температуратын уларытарыгар көмөлөһөр.

Күөх өҥнөөх ас-үөл эмиэ киһини сөрүүкэтэр күүстээх. Ол иһин сайын оҕурсу, кабачок, күөх от арааһын, цуккини, салаат сэбирдэҕин аһылыкка туттар үчүгэй.

3. Таҥас-сап арааһа наада.

Итиигэ киһи төһө кыалларынан чаҕылхай таҥаһы-сабы кэтиэхтээх. Киһи ньиэрбэтин күүрдэр кыһыл өҥнөрү буолбакка, сырдык күөх, араҕас, оруосабай, сиреневай өҥнөрү кэтэр туһалаах.

4. Элеутерококк үүнээйи.

Бу үүнээйи организм стресстэри аһарынарыгар көмөлөһөр. Итиини, тымныыны, кислород аҕыйааһынын тулуйарга барытыгар көмөлөһөр кыахтаах. Күҥҥэ 25-30 хааппыланы ханнык баҕарар утахха, чэйгэ куттан иһиэххэ сөп.

5. Мелисса уонна розмарин.

Фитотерапевт Елена Корсун бу икки оту айылҕа саамай туһалаах энергетиктэрэ диэн суруйар. Чэй оҥоһуннахха ордук туһалаах эбит: 1 ч.нь. мелиссаҕа уонна 1 ч.нь. розмариҥҥа  оргуйбут ууну кутабыт. Сойбутун кэннэ лимон сүмэһинин, мята сэбирдэҕин эбэн биэриэххэ сөп.

6. Муус туһата.

Итии күҥҥэ мууһунан массаастаныы абыраллаах буолуоҕа. Холодильникка мууһу кубиктыы тоҥорон бэлэмнэнэбит.

Бастаан мууһунан сүүскүтүн, моойгутун, кэтэххитин массаастаныҥ. Онтон тобуккутугар, тоҥолоххутугар уонна илиигит бэгэччэгэр мууһу ууран ылыҥ.

7. Сэрээккэлээмэҥ!

Быраастар сүбэлииллэринэн, итиигэ элбэҕи хамсанар-имсэнэр, спордунан дьарыктанар, эрчиллэр наадата суох. Куйаас күҥҥэ сүүрэр, футболлуур, волейболлуур да сөбө суох.

Физиолог Светлана Смирнова чэпчэки хамсаныылардаах аэробиканан дьарыктаммыт ордук диэн суруйар. Маны тэҥэ итиигэ хаамыынан сарсыарда эрдэ эбэтэр киэһэ олох хойут, харбааһынынан, йоганан, ушунан дьарыктаныахха сөп.

***

Итиигэ бырастыынаны тоҥорор, таҥаһы илитэн баран саптар сыыһа. Цистит, сэбиргэхтэтии маннык ньымалартан тута үөскүүр кыахтаах. Саамай куттала суох ньыма – вентилятор. Вентилятор киһи атаҕар үрэр гына туруохтаах, оччоҕо сөрүүкүүргэ ордук көмөлөөх буолар.

Куйааска аһыы, туустаах, тумалаах уонна минньигэс аһы сиир табыллыбат. Бу аһылык киһини өссө тиритиннэрэр.

Элбэх клетчаткалаах уонна белоктаах аһылык ордук. Холобур, куурусса этин кытта салаат сэбирдэхтэрин сиир туһалаах. Утаҕы ханнарарга ыраас уу ордук барсар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...