28.01.2022 | 15:30

Ааспыт сыл түмүктэрэ

Ааспыт сыл түмүктэрэ
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Сылын аайы Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата куорат олохтоохторун олоҕун тупсарар, олох хаачыстыбатын үрдэтэр инниттэн бэйэтин иннигэр сөптөөх сыаллары-соруктары туруоран үлэлиир.

Ааспыт 2021 сыл түмүгүнэн туох ситиһии баар буолла, олохпут таһыма төһө үрдээтэ, уһуйаан уочарата, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү, суол оҥоһуута, көҕөрдүү о.д.а. туһунан бүгүн ааҕааччыларбытыгар отчуоттуохпут. Бу отчуоту ааҕан, олохтоох дьаһалта биһиги туспутугар, куорат нэһилиэнньэтин олоҕо тупсарыгар, ардыгар харахха быраҕыллыбат сүҥкэн үлэтин кытта билсиэххит.

2021 сылга Дьокуускай куоракка үс сыллаах көҕөрдүү уонна тупсаран оҥоруу былаанын олоххо киллэрии саҕаламмыта. Былаан туолуутун иитинэн:

• СӨ Ил Дархана А.С. Николаев өйөбүлүнэн 15 тэлгэһэ тупсарылынна, эбии 15 тэлгэһэни тупсарыыга бырайыактыыр-сметалыыр докумуон оҥоһулунна уонна аадырыстара бигэргэннэ;

• 15 спортивнай (воркаут) балаһаакка туруорулунна уонна Табаҕа сэл. баскетболлуур балаһаакка оҥоһулунна;

• 34 эбийиэккэ уотунан сырдатыы линията оҥоһулунна уонна реконструкция үлэтэ ыытылынна. Барыта 646 саҥа тирэх остуолба уонна 732 лаампа ыйанна, саҥа уот линиятын уопсай уһуна 24,3 км, ол иһигэр куорат кытыытынааҕы бөһүөлэктэргэ – 12,3 км;

• 20 сылаас тохтобул үлэҕэ киирдэ, ол иһигэр Дьокуускай кытыы бөһүөлэктэригэр – 4 тохтобул;

•     “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак иитинэн 31 476,7 кв. м. (12,1 км) тротуар тутулунна уонна өрөмүөннэннэ, 7,1 км уһуннаах сатыы уонна бэлэсипиэтинэн сылдьарга аналлаах суол оҥоһулунна;

• 937 кв.м. иэннээх тротуардарга өрөмүөн үлэтэ ыытылынна; • 128 миэстэҕэ кытаанах коммунальнай бөх-сах мустар сирэ оҥоһулунна;

• Бөҕү наардаан уурар 38 пуун, кытаанах коммунальнай бөҕү мунньарга 19 бункер, 55 бөх тоҕор контейнер туруорулунна;

• Куорат уокуругун көҕөрдүү тэрээһинин былаана бигэргэннэ, быһа холоон 250 130 сибэкки уонна 4 800 устуука элбэх сыллаах үүнээйи олордулунна. Бу уопсай иэнэ 10 035 кв. м.;

• Кыайыы Пааркатын тупсарыы 2-с уочаратын олоххо киллэрии үлэтэ ыытылынна. Эбийиэккэ суолу аспааллааһын, тротуардары тупсарыы, бэлэсипиэт суолун оҥоруу үлэтэ барда, уу сүүрэр лотуоктара, бөх тоҕор контейнердар, ыскаамыйалар о.д.а. оҥоһулунна, ону таһынан лаампалар ыйаннылар. “Солдат Победитель с семьей” скульптурнай композиция туруорулунна;

• 202 түөлбэҕэ “Благоустройство набережной Романа Дмитриева” эбийиэги бырайыактааһыҥҥа техническэй сорудах оҥоһулунна, 2021 сыл ахсынньы ыйга контрагы түһэрсиигэ закупка биллэрилиннэ, бу контрагынан 2022 сылга бырайыактыыр-сметалыыр докумуон оҥоһуллуохтаах;

• Сайсары күөлгэ баар Ийэ скверин тупсаран оҥорууга бырайыактыыр-сметалыыр докумуон үлэтэ ыытыллар, 2022-2023 сылга былааҥҥа киириэхтээх;

• Олохтоох көҕүлээһини өйүүр Бырагыраама иитинэн 5 сквер оҥоһулунна – Ыччат скверэ уонна Выпускниктар сквердэрэ Автодорожнай уокурукка, “Кыайыы Памятнига” сквер, Искусство уонна Билии скверэ Табаҕа сэлиэнньэтигэр;

Суол оҥоһуутугар хаһан да ситиһиллибэтэх улахан үлэ ыытылынна – “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыагы олоххо киллэрии иитинэн 36 эбийиэккэ 48,3 км уһуннаах суолга лаампа ыйанна, бу 2020 сыллааҕы үлэттэн икки төгүл элбэх (2020 сылга – 23,6 км) уонна 2019 сылтан 1,9 улахан көрдөрүүлээх (2019 сылга – 25,9 км).

2021 сылга Олохтоох дьаһалта өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын кытары уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар эбии миэстэлэри тэрийиигэ бырайыагы саҕалаабыта. Онон, Дьокуускай куоракка 2025 сылга диэри 11 542 саҥа үөрэнэр миэстэ баар буолуоҕа.

“Саюри” тэпилииссэ 2-с түһүмэҕин 3-с уочаратын тутуу түмүктэннэ, барыта 1,2 га иэннээх сиргэ оҕурсу, помидор уонна күөх от ыһыллар. 2022 сылтан 3,3 га кыахтаах бырайыакка таҕыстахтарына, куорат олохтоохторун 20%-25 % сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыйыахтара.

Ааспыт сылга дьоһун суолталаах сабыытыйанан Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ көдьүүстээх докумуон бигэргэннэ – өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын Дьокуускай куораты тупсарыыга саҥа Ыйааҕа – 2032 сылга диэри. Өрөспүүбүлүкэ салайааччыта куораты сайыннарыыга улахан соруктары туруорда – Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьоһуннаах киин куората, Арассыыйа региональнай кииннэриттэн биир бөдөҥ куораттара диэн. Маныаха 6 сүрүн хайысха быһаарылынна:

- куорат тупсаҕай уонна бигэ эйгэтэ – уһук хоту дойдуга дьоһуннаах олох;

- уһук хоту дойду куораттарын аан дойду бастыҥ стандартарыгар сөп түбэһиннэрэн куорат инфраструктуратын сайыннарыы;

- тимир көлө систиэмэтигэр куттала суох уонна табыгастаах, айанныырга тоҕоостоох;

- сайдыылаах социальнай инфраструктура;

- куорат олохтоохторун олоҕун-дьаһаҕын таһымын үрдэтии;

- хас биирдии киһиэхэ кыах биэрии – идиэйэни олоххо киллэрии куората.

 

Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии

2021 сылга “Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук Арассыыйа 5 национальнай бырайыагын олоххо киллэриигэ салгыы кытынна, манна 6,2 млрд солк. уопсай үбүлээһин тыырылынна, бу 2020 сыллааҕы үбүлээһини 2,2 төгүл куоһарда (2020 сылга уопсай үбүлээһин 2,8 млрд солк, 2019 сылга 2,2 млрд солк этэ):

1. Демография

“Дьахтар дьарыктаах буолуута – 3-гэр диэри саастаах оҕону иитиигэ усулуобуйа тэрийии” федеральнай бырайыак чэрчитинэн 23 №-дээх уһуйааҥҥа 85 миэстэлээх “Цветик-семицветик” эбии бөлөхтөр арылыннылар. Бу 203 түөлбэҕэ, 32 нүөмэрдээх дьиэ, 203 кыбаарталыгар – 97,2 мөл.солк. атыылаһылынна.

2. Үөрэҕирии

“Современная школа” федеральнай бырайыак чэрчитинэн 12 №-дээх орто оскуолаҕа “Точка роста” цифровой уонна гуманитарнай хайысхалаах үөрэх Киинэ тэрилиннэ, 2,4 мөл. солк суумалаах өрөмүөн үлэтэ ыытылынна.

 “Цифровая образовательная среда” федеральнай бырайыагы олоххо киллэрии иитинэн Дьокуускай куоракка “IT-куб” оҕоҕо аналлаах цифровой киин тэрилиннэ, дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн ыытылларынан, тэрилтэ быстах кэмҥэ куорат айар техническэй Киинигэр түстэнэн олорор – Ломоносов уул., 37/1. Киин дьиэтигэр, Горькай уулусса, 98/1 инженернэй коммуникацияны уларытыыга өрөмүөҥҥэ, ону таһынан тэрилинэн хааччыйан оҥорууга 82,2 мөл.солк барда.

2021 сыл түмүгүнэн “Успех каждого ребенка” бырайыак иитинэн Тулагы сэлиэнньэтигэр П.И. Кочнев аатынан орто оскуолаҕа 2,7 мөл.солк. суумалаах спортивнай балаһаакка (хоккейнай корт) аһылынна.

3. Олох-дьаһах уонна куорат эйгэтэ

“Формирование комфортной городской среды” региональнай бырайыак иитинэн 2021 сылга 14,4 мөл. солк. суумаҕа  Поярков уулуссатын 17/2, 19, 19/1, 21/1 аадырыстарыгар тэлгэһэни тупсаран оҥоруу үлэтэ ыытылынна.

“Обеспечение устойчивого сокращения непригодного для проживания жилищного фонда на территории Республики Саха (Якутия)” региональнай бырайыагынан уонна “Переселение граждан из аварийного жилищного фонда на 2019 – 2025 годы” өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагыраама чэрчитинэн 2021 сылга 10 245,1 кв.м. уопсай иэннээх 285 олорор дьиэттэн 867 киһи көһөрүлүннэ. Гражданнар олорор дьиэ атыылаһалларыгар, ону таһынан көтүрүллүбүт дьиэ оннугар харчынан компенсация ылалларыгар уопсайа 513,8 мөл.солк. суумаҕа судаарыстыбаннай контрактар оҥоһулуннулар.

4. Куттала суох хаачыстыбалаах айан суоллара

“Дорожная сеть Республики Саха (Якутия) и городской агломерации “город Якутск” региональнай бырайыагы олоххо киллэрии иитинэн СӨ Ил Дарханын “О социально-экономическом развитии города Якутска – столицы Республики Саха (Якутия) на период 2017-2022 годов” 2017 сыл атырдьах ыйын 14 күнүнээҕи Ыйааҕар олоҕуран, 2019-2022 сылларга куорат сиригэр-уотугар суоллары тутуу, тупсаран оҥоруу, өрөмүөннээһин, хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. 2021 сылга өрөмүөннэммит уулусса уопсай уһуна 48,3 км, манна 2,3 млрд солк. ыытылынна.

5. Култуура

“Культурная среда” региональнай бырайыак иитинэн маннык култуурунай эбийиэктэр саҥардылыннылар: 19 №-дээх МБУ “Централизованная библиотечная система” “Три-Д: для дела, души и досуга” муниципальнай модельнай анал библиотека-филиала, “Биир ньыгыл Арассыыйа” ВПП “Культура малой Родины” федеральнай партийнай бырайыак “Местный дом культуры”. Маныаха 18 мөл. солк. кээмэйдээх суума тыырылынна.

“Творческие люди” региональнай бырайыак олоххо киириитин түмүгүнэн куонкурус быһыытынан тыа сирин модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйигэр бириэмийэ олохтонно – “Библиополе” 13 №-дээх филиалыгар 50 тыһ. солк. кээмэйдээх.

Быйылгы сылга куораттааҕы уокурук муниципалитет кыттыахтаах 7 национальнай бырайыагыттан 5-гэр кыттар. Бүгүҥҥү күҥҥэ СӨ экология, айылҕаны сөптөөхтүк туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын Министиэристибэтин кытта Дьокуускай куоракка кытаанах коммунальнай тобохтору рекультивациялыыр полигону киллэриигэ бииргэ үлэлэһиини ыытар.

Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбата

2019 сылтан Дьокуускай куорат “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ кыттыыны ылар.

Бу бырайыак чэрчитинэн 36 эбийиэккэ тутуу, саҥардыы, тупсарыы, өрөмүөн үлэлэрэ ыытылыннылар:

1) Окружной суолга хапытаалынай өрөмүөн – 4,2 км;

2) куорат уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ 33 уулусса өрөмүөннэннэ (Тулагы сэл., Николаев уул. – 4,04 км, Сэбиэскэй мкрн, Мархаҕа – 0,8 км, Халтурин уул. – 0,5 км, Иван Кульбертинов уул. – 2,2 км, Жуковскай – 0,4 км, Авиатордар – 1,3 км, Олег Кошевой Марха мкрн, Мархаҕа – 3,0 км, Эргэ Покровскайдыыр суол – 3,9 км, Луговой – 0,6 км, Пилоттар – 0,2 км, Покрышкин – 1,8 км, Тэкки Одулок – 0,5 км, 26 Партсъезда мкр., Кангалаас – 0,7 км, Молодежнай мкрн, Кангалаас – 0,7 км, Студенческай мкр., Птицефабрика – 1,1 км, Нагорнай – 1,3 км, Клара Цеткин – 1 км, Кутузов – 0,4 км, Рыдзинскай – 0,5 км, Христофор Максимов – 1,9 км, Широких- Полянскай – 0,2 км, Шевченко – 0,3 км, Заводской мкрн, Марха – 0,5 км, Интернациональнай мкрн, Марха – 1,5 км, Кыайыы 40 сыла, Маҕан сэл. – 1,4 км, Каландаришвили, Хатас сэл. – 1,4 км, Пляжнай, Пригороднай сэл. – 0,7 км, Набережнай, Пригороднай сэл. – 0,2 км, Совхознай, Пригороднай сэл. – 0,4 км, Объездной мкрн, Кангалаас – 1,7 км, Ойуунускай, Хатас сэл. – 1,3 км, С. Алексеев, Хатас сэл. – 1,5 км, Иосиф Николаев, мкрн Тускул – 1,2 км);

• куорат таһынааҕы сэлиэнньэлэргэ 2 айан суолун тутуу (Тулагы сэл. – айан суола (Элбэх оҕолоохтор кыбаарталлара) – 2,4 км, Табаҕа сэл. – айан суола (Элбэх оҕолоохтор кыбаарталлара) – 2,6 км).

Маны таһынан бырайыак иитинэн 31 476,7 кв. м. (12,1 км) уопсай иэннээх тротуар тутулунна уонна өрөмүөннэннэ, сатыы уонна бэлэсэпиэтинэн сылдьар дьоҥҥо анаан 7,1 км уһуннаах суол оҥоһулунна.

2022 сылга 35,82 км уопсай уһуннаах 31 эбийиэккэ суол үлэтэ салгыы ыытыллыа.

Быйыл куорат уокуругар 20 сылаас тохтобул туруорулунна, ол иһигэр 4 куорат кытыы нэһилиэктэригэр. Ол туһунан биһиги хаһыаппыт аадырыстарын ыйан туран суруйбута. Онон хатылыы барбаппыт.

“ЯПАК” МУТ күннэтэ 35 диэри оптуобуһунан линияны хааччыйар, манна күн аайы 8-9 тыһыынча пассажиры тиэйэр. “Союз Авто” НО күн аайы 300 оптуобуһу рейскэ таһаарар, олорго биир күҥҥэ быһа холоон 88 тыһыынча киһи олорсон айанныыр.

Маныаха олохтоох бүддьүөттэн “ЯПАК” МУТ ситэ ылбатах дохуотун толуйарга 2021 сылга 105,2 мөл. солк. ыытыллыбыт.

Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир бырааһынньык чэрчитинэн “ЯПАК” МУТ дьону таһар састаабын саҥардар былаан баар. Куорат администрацията 2021 сылга судаарыстыбаннай өйөбүл көмөтүнэн 686,0 мөл. солк. 55 оптуобус ылыллыбыта. Маны таһынан, “Общесистемные меры развития дорожного хозяйства” “Куттала суох хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак федеральнай бырайыагар 2023 сылга 44 оптуобус ыларга сайаапка оҥоһуллар.

Кыаммат ыаллар оҕолоругар, 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр оптуобуска босхо айанынан хааччыйыы үлэтэ салгыы ыытыллар. Ааспыт сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан 8 010 оҕо (10-18 саастаах) баар, бу ааспыт сыллааҕар 142 оҕонон элбэх. Куорат бүддьүөтүгэр бу ыстатыйаҕа 24,7 мөл. солк. көрүллүбүт.

 

Тупсарыы уонна олох-дьаһах

Быйылгы сылга Дьокуускай куорат маастар-былаанын оҥоруу бырайыага саҕаланна, бу Бүтүн Арассыыйатааҕы аһаҕас куонкурус нөҥүө олоххо киириэ. Куонкуруһу үбүлээһин ДОМ.РФ фонда уонна Саха сирин инники көлүөнэ Фондатыттан бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн үбүлэниэ. Кыайыылааҕы быһаарыы 2022 сыл от ыйыгар былааннанар.

Бырайыак түмүгүнэн ылыллыбыт маастар-былаан сыалынан-соругунан Дьокуускай уонна өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын стратегическай соруктарын быһаарыы буолар.

Куорат маастар-былаана куорат уокуругун генеральнай былааныгар уларытыылары киллэриигэ тирэх буолуо – территориальнай былааннааһын сүрүн докумуона, бу инники 15-20 сылга сайдыы концепциятын быһаарар, маныаха билигин уларыйыылар киллэриллэллэр. Генеральнай былааны бигэргэтии Дьокуускай куорат маастар-былаанын оҥоруу куонкуруһа түмүктэммитин кэннэ кылгас болдьох иһигэр оҥоһуллара былааннанар.

Социальнай эйгэ

Үөрэхтээһин

2021-2022 үөрэх дьылыгар куорат уокуругун 53 оскуолатыгар, “Центр образования” МОБУ уонна үөрэтэр-консультациялыыр пууннар оҕолорун кытта 50 625 оҕо үөрэнэр – бу 2020-2021 үөрэх дьылынааҕар 2 147 оҕонон элбэх (48 478 үөрэнээччи). Үөрэнээччи ахсаана нуорманы 2 төгүл куоһарар. Бастакы кылаас оҕолорун ахсаана – 5 973, ааспыт сыллааҕы үөрэх дьылыттан 337 оҕонон элбэх.

Дьокуускай куоракка 63 муниципальнай оҕо саада, 43 чааһынай уһуйаан баар. 2021 сыл саҥатыгар оҕо саадыгар 22 956 оҕо сылдьар, онтон 19 534 оҕо муниципальнай, 3 422 оҕо – чааһынай уһуйааннарга. Бу былырыыҥҥыттан 1 625 оҕонон элбэх.

Отчуоттуур сылга барыта 472 эбии миэстэ маннык мунициапльнай уһуйааннарга тэриллибит: №1 «Звездочка» - 145 миэстэ, №15 «Северные звездочки» - 123 миэстэ, №18 «Прометейчик» - 119 миэстэ, №23 эбии бөлөх «Мамонтенок» - 85 миэстэ.

Оҕону үс сааһыттан сайыннарыыга психолого-педагогическай, методическай уонна сүбэ-ама быһыытынан төрөппүттэргэ көмө оҥорууга усулуобуйа тэриллэр. 2021 сылга кыра саастаах оҕолор бөлөхтөрүгэр 1 200 оҕо атаарыллыбыт. Ол курдук куорат үрдүнэн барыта 61 сүбэ-ама биэрэр киин үлэлиир.

2021 сылга оскуоланы 2 291 оҕо бүтэрбит, онтон 10 үөрэнээччи БКЭ эксээмэнин туттарыыга 100 баалы ылбыт. “За особые успехи в учении” мэдээли 2020-2021 үөрэх дьылыгар 205 оскуоланы бүтэрээччи ылбыт. 

2021 сылга үрдүк үөрэххэ киирии көрдөрүүтэ үрдээн, 57,5% тиийбит (2020 сылга тэҥнээтэххэ, 4,5%-нан), орто үөрэх систиэмэтин тэрилтэтэ –  1% түспүт, 2020 сылга 31% этэ).

Нэһилиэнньэ социальнай өйөбүлэ

Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх бэтэрээн олорор, 2021 сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара – 23 киһи, Аҕа дойду Улуу сэриитин огдооболоро – 185 киһи, Ленинград блокадатын олохтоохторо – 15 киһи, тыыл бэтэрээннэрэ – 1 190, сэрии сылын оҕолоро – 7 766 киһи.

Хас да сыл тухары Олохтоох дьаһалта бэтэрээннэргэ анаан чэпчэтиилээх сурутууну ыытар. 2021 сылга бу чэпчэтиинэн 500 тахса бэтэрээн уопсайа 350,0 тыһыынча солкуобай сууманан туһаммыт.

Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн кырата суох матырыйаалынай көмө Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар уонна тыыл бэтэрээннэригэр өрөмүөн ыыталларыгар анаан көрүллэр. 2019-2021 сылларга маннык көмөнү 257 бэтэрээн уопсайа 7,7 мөл. солк. суумаҕа ылбыт. 2021 сылга 2,2 мөл. солк. көмө 75 бэтэрээҥҥэ оҥоһуллубут (2020 сылга – 2,5 мөл. солк. суумалаах көмө 82 бэтэрээҥҥэ, 2019 сылга – 3,0 мөл. солк. көмө 100 бэтэрээҥҥэ). Көмө саамай улахан суумата 30 тыһ. солк диэри оҥоһуллар.

2017 сылтан тыыл бэтэрээннэригэр уонна 70 саастарын ааспыт үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ олорор дьиэлэрин өрөмүөннэнэргэ биир кэмнээх харчынан көмөнү оҥорор бырагыраама ситиһиилээхтик үлэлиир. Бу көмө дьиэлэрин өрөмүөннүүллэригэр уонна (эбэтэр) олорор дьиэлэрин тупсаран оҥороллоругар көрүллэр. Маннык өйөбүл 15, мөл. солк. суумаҕа барыта 240 граждаҥҥа оҥоһуллубут. 2021 сылга көмөнү 60 киһи ылбыт, онтон Дьокуускай куоракка – 49 киһи, Тулагы Киллэм сэлиэнньэтигэр – 1 киһи, Хатаска – 6 киһи, Марха микрооройуоҥҥа – 1 киһи уонна Пригороднайга – 3 киһи. 2020 сылга көмө 60 киһиэхэ оҥоһуллубут, 2018-2019 сылларга – сылын аайы 50 киһиэхэ.

Дьокуускай куоракка уонна кытыы сэлиэнньэлэргэ олорор тыыл бэтэрээннэриттэн уонна инбэлииттэртэн, олорор дьиэлэригэр толору хааччыллыыны киллэттэрэргэ элбэх сайаапка киирэринэн, 2021 сылга бу хайысхаҕа биир кэмнээх аадырыстаах көмөнү оҥоруу салҕаммыт.

2021 сылга маннык көмө 6 тыыл бэтэрээнигэр, 1, 2 группалаах 14 инбэлииккэ уопсайа 3,5 мөл. солк. суумаҕа оҥоһуллубут. 2020 сылга харчынан көмөнү 20 тыыл бэтэрээнэ уонна 1, 2 группалаах инбэлиит ылбыттар.

Маны таһынан, Олохтоох дьаһалта сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр көтөр уонна комбикорм ылалларыгар үп көрөр. 2021 сылга 2 760 сымыыттыыр кууруссаны 250 бэтэрээн атыыласпыт, маныаха 490,0 тыһ. солк. көрүллүбүт.

Пандемия кэмигэр 65 саастарыттан үөһээ кырдьаҕастарга дьиэҕэ олоруу эрэсиимин тутуһууга 2 000 солкуобай суумалаах бастакы биир кэмнээх аадырыстаах көмө оҥоһуллубута. Иккис төлөбүр дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ түмүктэммитин кэннэ 12 670 киһиэхэ ыытыллыбыта. 

Куорат уокуругар 13 292 инбэлиит учуокка турар, онтон 1 группалааҕа – 2 203 киһи, 2 группалаах инбэлиит – 3 939 киһи, 3 группалаах – 5 686, ол иһигэр инбэлиит-оҕо – 1 464.

2020 сылга 3 сааһыттан 7 сааһыгар диэри оҕо босуобуйатын саҥа көрүҥэ киирбитэ. 2021 сылтан оҕо босуобуйатын кээмэйэ тиийинэн олоруу кээмэйин  50% (9 417,0 солк.) бигэргэммитэ уонна 100% (18 834,0 солк.). Быйылгы сылга бу төлөбүргэ 25 000 сайабылыанньа киирбит. 

2019 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн Дьокуускайга сытар ыарыһахтарга уонна кириэһилэнэн сылдьар, 1 уонна 2 группалаах кэлээскэлээх дьоҥҥо бастакы анал такси сулууспата үлэтин саҕалаабыта. 2021 сылга манна 2, 6 мөл. солк. көрүллүбүтэ. 2021 сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан 600 айан оҥоһуллубут. Айаны “Яковлев” ИП уонна “Готовцев” ИП оҥороллор. 2020 сылга быһа холоон 2 100 айан, 2019 сылга быһа холоон – 2 000 айан оҥоһуллубут.

2021 сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан кыаммат дьиэ кэргэҥҥэ уонна кыаммат соҕотоҕун олорор гражданнарга судаарыстыбаннай социальнай көмө оҥоһуллубут. Ол курдук социальнай контракка олоҕуран 84,7 мөл. солк. кээмэйдээх көмөнү 1 022 дьиэ кэргэн ылбыт, ол иһигэр: бэйэ дьыалатын сайыннарыыга – 118 дьиэ кэргэн, кэтэх хаһаайыстыбаны тэриниигэ – 14 дьиэ кэргэн, олох ыарахан быһылааныгар түбэспиттэр – 842 дьиэ кэргэн, ону таһынан үлэ көрдүүр – 48 дьиэ кэргэн.

Кыаммат дьоҥҥо уонна туһунан категориялаах гражданнарга чааһынай дьиэлэрин гаастааһыҥҥа биир кэмнээх харчынан аадырыстаах көмө 2021 сыл ахсынньы 2 күнүнээҕи туругунан 4,6 мөл. солк. суумаҕа 47 дьиэ кэргэҥҥэ оҥоһуллубут. 2020 сылга аадырыстаах көмөнү 6,5 мөл. солк. суумаҕа 71 дьиэ кэргэн ылбыт, 2019 сылга – 4,4 мөл. солк. кээмэйдээх көмө 46 дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит.

Култуурунай тэрээһиннэр

Отчуоттуур сылга ураты суолталаах уопсастыбаннай-политическай, култуурунай-маассабай тэрээһиннэр дистанционнай форманан үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар.

2021 сылга барыта култуура тэрилтэлэрэ 7 797 уопсастыбаннай суолталаах тэрээһини ыыттылар – онно 490 261 киһи хабыллыбыт. 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, култуурунай-маассабай тэрээһиннэр ахсааннара 3%, нэһилиэнньэни хабыы 14% үрдээбит.

Ол курдук олус үрдүк таһымҥа, дистанционнай эрэсиимҥэ “Якутянин года” – 2020” уопсастыбаннай бириэмийэ туттарыыта, М.П. Максимова аатынан “Мы дети Севера” хаар уонна муус оҥоһуктарга куорат Аһаҕас V күрэһэ, “Праздник Терпсихоры” үҥкүү кэлэктииптэрин куораттааҕы бэстибээл-куонкуруһа, “Свеча памяти” өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат патриотическай аахсыйата, Кыайыы Знамятын туруоруу үөрүүлээх сиэрэ-туома, “Поем двором” бэтэрээннэри эҕэрдэлиир бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа, “Бессмертный полк” онлайн-аахсыйа, “Туймаада Ыһыаҕа” Национальнай бырааһынньык, биктэриинэлэр, куонкурустар, бэстибээллэр уо.д.а. буолан ааспыттар. Куорат күнэ, “Бриллианты Якутии” муус оҥоһуктар бэстибээллэрэ, “Вкус Якутии” гастрономическай уонна “Строганина-2021” бэстибээллэр тэрээһиннээхтик ыытылыннылар.

 Норуот бүддьүөтэ

2021 сыл устата барыта 20 норуот көҕүлээһинэ “Норуот бүддьүөтэ” бырайыак чэрчитинэн 8,0 мөл. солк. суумаҕа, ол иһигэр 8 бырайыак – 2021 сылга, 12 бырайыак 2020 сылтан көһөн олоххо киирдэ, 2 бырайыак 2020 сылтан 2022 сылга пандемиянан сибээстээн көстө. Бырайыактар сүрүн хайысхалара: «Благоустройство» - 11, «Город добра» хайысханан (социальнай уонна волонтерскай аахсыйалар) - 7, «Наша столица» хайысханан (уопсастыбаннай бырайыактары тутуу уонна тупсаран оҥоруу) – 3 уонна «Славим Якутск» бырайыак (тэлгэһэни, нэһилиэнньэ сөбүлээн мустар, сынньанар сирин тупсарыы).

Олохтоох көҕүлээһини өйүүр сыаллаах бырагыраама иитинэн 2021 сылга 31,2 мөл. солк. уопсай суумаҕа 10 бырайыак олоххо киирдэ, сквердэр тустарынан үөһээ суруйан турабыт.

 

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү

Куоракка баар мас дьиэлэр дьон олорор усулуобуйатыгар бары кэриэтэ эппиэттээбэттэр, онон бу бүппэт кыһалҕа буолар.

2012 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбах дьиэнэн билиниллибит дьиэлэр:

• көтүрүллэр кыбартыыралар иэннэрэ – 59 612,85 кв. м.;

• көһөрүллэр кыбартыыралар ахсааннара – 1 708;

• көһөрүллэр киһи ахсаана – 5 076.

Бүгүҥҥү күҥҥэ бырагыраама 1, 2 уонна 3 түһүмэҕин олоххо киллэриигэ үлэ ыытыллар.

2021 сылга көһөрүллүбүт кыбартыыралар уопсай иэннэрэ – 1 262 кв. м. (2020 сылга – 831 кв. м., 2019 сылга – 3 109,08 кв. м.), көһөрүллүбүт кыбартыыра ахсаана – 35 (2020 – 24, 2019 – 74), көһөрүллүбүт дьон ахсаана – 92 киһи (2020 сылга – 57 киһи, 2019 сылга – 216) бу дьиэлэртэн: Автодорожнай уул., 8/4, Жорницкай, 19,  Жорницкай, 21 уонна Пионерскай, 13.

2021 сылга 15 дьиэ көтүрүлүннэ (2020 сылга - 16 дьиэ, 2019 сылга – 8 дьиэ): Рыдзинскай, 7/2, Притузов, 5, Сэргэлээх шоссета, 4/6, Кочнев, 10/1 (умайбыт), Автодорожнай, 8/4, 1-кы Пристанскай, 47,  Космонавтар, 5, Парковай, 36, Дзержинскэй, 80/1, Челюскин, 37/5,  Якутскай, 39, Бекетов, 25/1, Семилетка, 22, Марха, Октябрьскай уул., 5 уонна Каландаришвили, 6/1.

Дьиэнэн уонна социальнай эбийиэктэринэн хааччыйыы

Дьиэнэн хааччыйыы

2021 сылга эдэр ыалы дьиэнэн хааччыйыы бырагыраама чэрчитинэн 30 эдэр ыал (2020 сылга – 53, 2019 – 87 дьиэ кэргэн) 60,9 мөл. солк. суумалаах социальнай төлөбүр ылбыттар (2020 сылга – 87,9 мөл. солк.). Социальнай төлөбүр ылааччылар ахсааннара аҕыйаабыта олохтоох хааһынаттан үбүлээһин аччаабытынан буолар.

Тулаайах оҕолорго 151 дьиэ бэрилиннэ (2020 сылга – 65), онтон 91 дьиэ иккис ырыынакка уонна 60 олорор дьиэ Птицефабрика мкр., 16 дьиэтигэр “Оптима-Строй” тутуу хампаанньаттан (23 кыбартыыра) уонна Чернышевскай уул., 110 дьиэтигэр (37 кыбартыыра) “Феррис” ХЭТ атыылаһыллыбыт.

2021 сылга куорат дьаһалтатын нөҥүө тутууга бэриллибит көҥүл ахсаана – 176, ол иһигэр 19 көҥүл элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутууга, 2020 сылга 143 тутууга көҥүл бэриллибитэ, 2019 – 126.

Социальнай эбийиэктэринэн хааччыйыы

Дьокуускайга РФ Бэрэсидьиэнэ оскуолаларга иккис симиэнэлэри уонна уһуйааннарга уочараты суох оҥортуур сорудаҕын толорууга үлэ барар.

Онуоха маннык тэрээһиннэр ыытылыннылар:

Кангалааска 220/100 миэстэлээх оскуола-уһуйаан тутуута түмүктэнэн үлэҕэ киирдэ;

Новопортовской кыбаарталга 240 миэстэлээх уһуйаан тутуута түмүктэннэ, аакта ыларга үлэ ыытыллар; 

203 түөлбэҕэ элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ 85 миэстэлээх уһуйаан оҥоһуллуохтаах;

ЯТЭК дьиэтигэр 584 миэстэлээх 1 №-дээх оскуола хапытаалынай өрөмүөн кэннэ түстэниэхтээх. Эбийиэк 2022 сыл олунньу ыйга киирэрэ былааннанар;

Маны таһынан олохтоох бүддьүөттэн 12 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтаах.

 

Урбааны өйөөһүн уонна Агропромышленнай комплекс

Дьокуускайга тэрилтэлэр уонна түмсүүлэр ахсааннара 2021 сыл алтынньы ый көрдөрүүтүнэн 837-нэн кыччаабыт, сыл саҥатыгар 11 049 этэ, 19 968 аччыгый уонна орто урбаанньыт регистрациялааҕа. Онтон юридическай сирэйэ – 7 199, бэйэ бас билэр дьыалатын тэринээччи – 12 769 (2020 сылга – 13 237 ед.).

Дьокуускай куорат сайдыытын Фондата МСП субъектарыгар чэпчэтиилээх 18 займ биэрбит, 01.04.2021 сылтан сыллааҕы бырыһыана 5 тэҥнэһэр. 2021 сылга харчынан ыытыллыбыт өйөбүл уопсай суумата 45,4 мөл. солк., бу 2020 сыллааҕыттан 23,2 мөл. солк. элбэх.

Маны таһынан 2021 сылга 19 субъекка сүрүн иэстэрин болдьоҕун уһатан биэрбиттэр – 9,3 мөл. солк. 2020 сылга сүрүн иэс болдьоҕун уһатыы суумата 32,6 мөл. солк этэ, маныаха иэскэ 50 дуогабар оҥоһуллубут.

Куорат уокуруктарын сиригэр-уотугар сааскы-сайыҥҥы атыыга-эргиэҥҥэ 26 эбийиэк бэриллибит, нолуога суох дохуот киириитэ маныаха 1,6 мөл. солк. 2019 сылга 30 эбийиэк үлэлээбит, нолуога суох дохуот 2,5 мөл. солк. буолбут. 2020 сылга эпидемиологическай быһыы-майгы атахтаан, сааскы-сайыҥҥы эбийиэктэр үлэлээбэтэхтэр.

2021 сылга олохтоох оҥорон таһаарааччылар табаардарын атыылыылларыгар 133 көҥүл бэриллибит, бырааһынньыктарга кэрийэ сылдьан атыылыырга – 67, онтон атыҥҥа – 28.

Пандемиянан сибээстээн “Ралли-рейд “Полюс Холода” тэрээһин көһөрүлүннэ. “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл иитинэн 2021 сыл сэтинньи 26 – ахсынньы 5 күннэригэр “Вкус Якутии” бэстибээл ыытыллыбыта.

 

Тыа хаһаайыстыбата

Куорат уокуругун сиригэр-уотугар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар 119 тэрилтэ баар, ол иһигэр 29 тыа хаһаайыстыбатын түмсүүтэ, 12 тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кооператива уонна 74 бааһынай фермерскэй хаһаайыстыба уонна кэтэх урбаанньыт, ону таһынан 4 бааһынай фермерскэй хаһааайыстыба уонна урбаанньыт уонна 4 оҥорон таһаарар тэрилтэ. Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ 27-нэн аччаабыт. Бу – ааспыт сылга Федеральнай нолуок сулууспата ыыппыт үлэтин түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар учуокка турбатах, суох тэрилтэлэр, ону таһынан чахчыта биллибэт тэрилтэлэр нолуок уорганыттан уһуллубуттарынан ахсааннара аччаабыта быһаарыллар.

2021 сылга туорахтаах култуураны хомуйуу 102,5 туоннаҕа тэҥнэспит, оҕуруот аһа – 5 562,0 туонна, бу 2020 сыл көрдөрүүтүттэн  намыһах, ол кураантан, күн-дьыл туругуттан тутулуктаммыт.

2021 сыл тохсунньу-алтынньы ыйдарга сүөһү ахсаана ааспыт сыллааҕар 290 төбөнөн элбээбит уонна 3 698 буолбут (01.11.2020 с. – 3 408 төбө), ынах сүөһү – 27 төбөнөн аччаабыт уонна 1 388 буолбут (01.11.2020 с. – 1 415 төбө). Үүтү туттарыы 2021 сыл тохсунньу-алтынньы ыйдарыгар 205,7 туонна кыччаабыт, о.э. 6,9% уонна 2 775,3 туонна буолбут (01.11.2020 с. – 2 981,0 туонна).

2021 сылга “Баҕарах” ХЭТ 2020 сыл көрдөрүүтүнэн хаалбыт. Үүт ыаһына 865 туонна, соҕотуопкалыыр тэрилтэлэргэ үүт туттарыыта сыалааҕынан – 850 туонна.

2021 сылга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларга куорат бүддьүөтүттэн 4,7 мөл. солкуобайдаах өйөбүл оҥоһуллубут. Бу суума күрүө-хаһаа, аһы-үөлү соҕотуопкалыырга, тиэхиникэ атыылаһыытыгар, ыһыы сиэмэҕэ туттуллубут. Маныаха 98,0 туонна сиэмэ, аһы-үөлү соҕотуопкалыыр 5 тиэхиникэ, 14,9 км бүтэй, күрүө-хаһаа тутуллубут.

“Саюри” тэпилииссэтин бородууксуйата куорат атыы-эргиэн ситимнэригэр 245 туочукаҕа уонна 57 чугастыы сытар улуустарга, ону таһынан уһуйааннарга тарҕанар.

2021 сыл бүтэһигэр “Саюри” 1 399 туонна бородууксуйаны үүннэрбитэ, бу 2020 сылга тэҥнээтэххэ 2,2 төгүл элбэх. Оҕурсу 2,6 төгүл үрдээбит уонна 1 138 туонна, томат – 1,5 (241 туонна), күөх үүнээйи 2020 сылы кытта оннунан хаалбыт – 20 туонна.

3,3 гаҕа таҕыстаҕына, 2022 сылга куорат олохтоохторун сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыйыы 20%-25% буолуохтаах.

2021 сылга агропромышленнай комплекстар субъектарын материальнай-техническэй сыалга сайыннарыыга 24,4 мөл. солк. суумалаах 9 займ бэриллибит, бу өйөбүл 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ 6,5 мөл. солк үрдээбит.

Инвестиционнай бырайыактар

Дьокуускай куоракка 5 инвестиционнай бырайыак үлэлиир: аныгы гостиничнай комплекс тутуута, сүөһүнү өлөрөр пууннаах агропромышленнай комплекс, крематорий тутуута, баанньык тутуута, “Якутск деревянный. Залог” бырайыагы олоххо киллэрии.

Аныгы гостиничнай комплекс тутуута

Сотору кэминэн Чернышевскай уулусса, 8/3 нүөмэригэр 150 нүөмэрдээх 4* гостиничнай комплекс тутуута саҕаланыахтаах. Бырайыак суумата 1,4 млрд солк тэҥнэһэр. Инвесторынан “Космос Отель Групп” хампаанньа буолар. Бырайыагы олоххо киллэрии былаана – 2023 сыл.

Сүөһүнү өлөрөр пууннаах агропромышленнай комплекс

“Якутия” ТОСЭР сиригэр-уотугар “Капитоновка” балаһааккаҕа куорат уокуруга бырайыак көҕүлээччитигэр сири арендаҕа биэрэргэ докумуон бэлэмниир. Манна сүөһүнү өлөрөр уонна эттэн бородууксуйа оҥорор оборудованиелаах комплекс тутуллуо. Бырайыак көҕүлээччитэ – “Түмэн” СХПК.

Эттэн бородууксуйа оҥоруу былаана, ол иһигэр полуфабрикаттар, бизнес-былаан быһыытынан сылга ортотунан 436 туонна оҥоһуллар. Оттон бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ, куорат олохтоохторун бэйэ этинэн уонна эттэн оҥоһуллубут аһынан-үөлүнэн хааччыйыа, куорат уһуйааннарыгар тиэрдэр кыахтаныа. 2021 сыл көрдөрүүтүнэн оҕо уһуйааннарыгар эти атыылаһыы (ынах, убаһа) 182,4 туонна буолар.

Крематорий тутуута

2021 сыл от ыйын 16 күнүгэр Маҕан кылабыыһатын сиригэр-уотугар куорат крематорийын тутуу концессионнай сөбүлэҥэр илии баттаммыта. Усулуобуйа быһыытынан кремация сыаната нэһилиэнньэҕэ 27 тыһыынчаттан тахса буолуоҕа. Эбийиэги олоххо киллэрии – 2022 сыл 3 кыбаартала.

Баанньык-чэбдигирдэр комплекс тутуута

Нэһилиэнньэ социальнай-бытовой ирдэбилинэн саҥа баанньыктары тутууга уонна эргэлэри тупсарыыга быһаарыы ылыллыбыта. 2020 сылга “БизнесИнфо” ХЭТ кытта “Факел” атыы-эргиэн киинин уларытан, тупсаран, анал медицинскэй үлэһиттэрдээх дьиэ кэргэнинэн сынньанар, баанньыктанар, чэбдигирдэр киини оҥорон таһаарарга сөбүлэҥ түһэрсиллибитэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ тутар-монтажтыыр үлэлэр 90% түмүктэннилэр. 2022 сыл ыам ыйыгар үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

“Якутск деревянный. Залог”

Историяҕа киирбит архитектурнай нэһилиэстибэни реставрациялыыр сыалтан 2019 сылга Олохтоох дьаһалта куорат 55 кыбаарталыгар Залог оройуонугар “Старый город – 2” концепцияны бэлэмнээбитэ.

Култуурунай нэһилиэстибэ дьиэлэригэр 35 эбийиэк киирбитэ. 2021 сыл алтынньы 20 күнүгэр 1-кы гильдиялаах атыыһыт Никифоров дьиэтин малын-салын бырайыактааһыҥҥа, көһөрүүгэ, тупсарыыга, ону таһынан Васильев худуоһунньук Дьиэтин көһөрүүгэ, реконструкциялааһыҥҥа сөбүлэҥҥэ илии баттаммыта. 2022 сылга хаалбыт эбийиэктэри биэрэргэ былаанныыллар.

 “Якутия” “Индустриальнай парка” ТОСЭР

“Якутия” “Индустриальнай парка” ТОСЭР салгыы тэтимнээхтик сайдар. 2021 сыл бүтэһигэр “Якутия” ТОР үлэлииргэ 30 сөбүлэҥ оҥоһуллубута. Резиденнэринэн 515 үлэлиир миэстэ тэриллибитэ, 1 558 үлэһиккэ миэстэ былааннанар (онтон 2022 былааныгар – 120 миэстэ), бу туруоруллубут сыалтан 4,5 төгүл элбэх. Үлэ дуогабарынан уонна быстах кэмнээх үлэлэргэ “Якутия” ТОСЭР Кангалаастан уонна Капитоновкаттан 86 олохтоох үлэлээбитэ.

Транспортнай-логистическай киин

Илии баттаммыт биир саамай бөдөҥ концессионнай сөбүлэҥинэн Өлүөнэ өрүс нөҥүө муоста бырайыактааһына, тутуллуута уонна өрүһү туоратыыта буолар. Маныаха Олохтоох дьаһалта тутуллуохтаах муостаҕа айан суолун схематын бырайыакка көрөр.

 

2022 сыл сүрүн соруктара

2022 сылга историческай сабыытыйа – Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сыла, ону бэлиэтээһин биир бөдөҥ национальнай, духуобунай уонна политическай сабыытыйанан буолар. Ону таһынан Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылын туолар.

Саҥа үүммүт сыл дьаһалта иннигэр маннык сүрүн соруктары туруорар:

1. 35,8 км усталаах уулусса-суол ситимин реконструкциялааһын уонна хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы;

2.  75 дьиэ тэлгэһэтин тупсаран оҥоруу, ол иһигэр 45 олбуору “Мой двор” бырайыагынан уонна 30 олбуору “1000 дворов на Дальнем Востоке” бырайыагынан маннык аадырыстарга: Крупская уул., 23, Крупская, 21, Чкалов, 1, Птицефабрика, 7, Птицефабрика, 6, Сэргэлээх шоссета, 1, Автодорожнай, 40/5, Автодорожнай, 40/6, Кузьмин, 26/3, Кузьмин, 28/3, Кузьмин, 29, Кузьмин, 29/1, Кузьмин, 29/2, Кузьмин, 30/2, Кузьмин, 30/3, Кузьмин, 34, Кузьмин, 34/1,  Можайскай, 19, Можайскай, 19/1, Можайскай, 21, Можайскай, 21/1, Можайскай, 17/5, Можайскай, 17/6, Богатырев, 4/1, Каландаришвили, 1, Ленин пр., 46, Каландаришвили, 23/1, Ф. Попов, 16/3,  Дзержинскэй, 40/3, Кальвица, 5, Кальвица, 5/1, Кальвица, 5/2, Бестужев-Марлинскай, 9/2, СА 50 сыла, 23, Лермонтов, 156/2, Лермонтов, 138/2, Лермонтов, 138/3, Лермонтов, 138/4, Жорницкай, 7/4, Жорницкай, 7/5, Жорницкай, 7/6, Жорницкай, 7/6А, Жорницкай, 7/9, Жорницкай, 7/10, Жорницкай, 7/11, Жорницкай, 7/12, Жорницкай, 7/18, Жорницкай, 7/19, Жорницкай, 7/20, Жорницкай,  7/31, Рыдзинскай, 18/1, Рыдзинскай, 18/3, Рыдзинскай, 18/4, Рыдзинскай, 18/6, Рыдзинскай, 18/7, Рыдзинскай, 18/8, Рыдзинскай,  18/9, Рыдзинскай, 18/10, Рыдзинскай, 18/11, Рыдзинскай, 18/12, Халтурин, 14/3, Курашов, 27, Курашов, 27/1, Курашов, 27/2, Курашов, 29, Курашов, 29/1, Курашов, 29/2, Ломоносов, 27, Ломоносов, 29, Короленко, 21, Короленко, 21/1, Лермонтов, 58/2,  Хатас сэл., Ленин уул., 67, Хатас сэл., Ленин уул., 67/1, Хатас сэл., Ленин уул., 67/2, 15 воркаут-балаһааккалары тутуу уонна туруоруу;

3.  28,4 км усталаах 38 таһырдьааҥҥы сырдатыы линиятын реконструкциялааһын уонна туруоруу, ол иһигэр куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэргэ – 15,0 км усталаах 18 эбийиэк. Онон, 2020 сыл түмүгүнэн сырдатыы таһымын 71% үрдэтии былааннанар.

Дьону хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү муниципальнай уонна өрөспүүбүлэкэтээҕи бырагырааманы олоххо киллэрии. 2021 сыл ахсынньы саҥатыгар хаарбах дьиэлэр ахсааннара 175-нэн элбээбитэ уонна 995 буолбута. Өрөспүүбүлүкэ аадырыстаах бырагырааматынан 33 186 кв. м. иэннээх сиртэн 919 дьиэттэн 2 727 гражданы көһөрүү былааҥҥа турар. Муниципальнай бырагырааманан 1 147,3 кв.м. иэннээх сиртэн 35 дьиэттэн 81 гражданин көһөрүллүөхтээх.  

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ быһа холоон 200 сир учаастага бэриллиэхтээх. 2021 сыл сэтинньи бүтэһигэр Дьокуускайга сир учаастагын ыларга 7 146 элбэх оҕолоох гражданнар уочаракка турбуттар, бу ааспыт сыллааҕа 554 гражданынан элбэх (2020 сыл сэтинньи бүтэһигэр уочаракка – 6 592 элбэх оҕолоох ыал турбут).

Птицефабрика мкр. 106 элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн сирин учаастагын гаастааһын.

Үлэлии турар үөрэх тэрилтэлэригэр хапытаалынай өрөмүөн ыытыы. 2022 сылга бу сыалга  56,7 мөл. солк. көрүллүбүт, чэбдигирдэр лааҕырдарга – 2,5 мөл. солк., 38 №-дээх орто оскуолаҕа бөҕөргөтөр-чөлүгэр түһэрэр үлэлэри ыытыыга – 23,0 мөл.солк.

2022 сылга ВЭБ.РФ кыттыгастаах бырайыагы олоххо киллэрии бастакы түһүмэҕэр 720 саҥа үөрэнэр миэстэ тэриллиэ, онно 3 самалык тутууну атыылаһыахтара: 12 №-дээх оскуолаҕа (326 миэстэ) Пригороднай сэлиэнньэҕэ, Хатас орто оскуолатыгар (120 миэстэ), 5 №-дээх оскуолаҕа (274 миэстэ). Бу сыалга куорат хааһынатыттан 1,1 млрд солк. көрүлүннэ. Маны таһынан “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак иитинэн куорат 68 кыбаарталыгар 990 миэстэлээх оскуолаҕа дьиэ атыылаһарга 484,2 мөл. солк. көрүлүннэ.

ВЭБ.РФ иккис түһүмэҕин олоххо киллэриигэ 2024 сылга диэри 2 055 миэстэҕэ өссө 5 саҥа эбийиэги тутуу уонна атыылаһыы былааннанар. 180 миэстэлээх 4 №-дээх анал (коррекционнай) оскуола, ДСК мкр. 990 миэстэҕэ оскуола, 29 №-дээх оскуолаҕа 350 миэстэҕэ самалык тутуу, 26 №-дээх оскуолаҕа 315 миэстэҕэ самалык тутуу, 220 миэстэҕэ «Якутская кадетская школа-интернат» интэринээттээх үөрэнэр корпус. Бу сыалга куорат хааһынатыттан 2022 сылга 10,6 мөл. солк. көрүлүннэ.  

Кангалаас мкр. “Шахтер” спортивнай саала дьиэтин реконструкциялаан оҥорорго бырайыактыыр-сметалыыр докумуон оҥоһулунна. Бу сыалга 2022 сылга 3,7 мөл. солк. көрүлүннэ.

Хатаска спортивнай комплекс көҥдөйүн таһаарыы уонна былааннааһын тутар-монтажтыыр үлэтэ оҥоһулунна. Маныаха куорат 2022 сылга 122,5 мөл. солк үбүлүөҕэ.

143,8 мөл. солк. суумаҕа физкультурнай-чэбдигирдэр комплексы тутууга учаастак сирин-уотун былааннааһын ыытыллар.

“Дьокуускай 400 сыллаах үбүлүөйүгэр ирбэт тоҥ буорга биир саамай бастыҥ олохтоох куорат буолуохтаах!” - диэн сыалы-соругу Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев Ил Түмэн иннигэр туһаайыытыгар туруорбута. 2022 сыл биир дьоһун, суолталаах сабыытыйатынан “Квартал труда” креативнай кластер арыллыыта буолар, манна 1 250 үлэ миэстэтэ тахсыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар куорат гааһынан айанныыр 100 оптуобуһу атыылаһыаҕа. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэбит салайааччыта үс сыл иһигэр Дьокуускайга дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго аналлаах социальнай көмө Киинин арыйарга сорудахтаабыта, бырайыагын саҕалыылларыгар эппитэ.

2022 сылга 2032 сылга диэри куорат сайдыытын Стратегията Ил Дархан «О развитии города Якутска – столицы Республики Саха (Якутия) на период до 2032 года» ылыммыт Ыйааҕар олоҕуран үлэлиэхтээх. Былааннаммыт кэмҥэ Олохтоох дьаһалта олорор куораппытын киһи кэрэхсиир, сэргиир куората, олорорго уонна үлэлииргэ сөптөөх, тупсаҕай, киһи сайдыытыгар усулуобуйа барыта оҥоһуллар, инвестицияны тардар, саҥа үлэ миэстэлэрин тэрийэр, ону таһынан аччыгый бизнеһи өйүүр куорат буоларыгар бары күүһүн, кыаҕын уурар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...