Ааспыт сайын бэлиэ түгэннэрэ
Кылгас күннээх сылаас кэмнэрбит элэс гынан ааһан хааллылар. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да ураты сайын буолан биэрдэ. Сорох сынньанна, сорох дьиэттэн быкпата, ким эрэ букатын даҕаны сайын үтүөтүн билбэтэ...
Быйыл сайын көхтөөх ыччаппыт туох ситиһиилэммитин, кыайбытын-хоппутун инстаграмтан булан сырдатабыт.
АРЫЙААН ТЮТРИН
Алтынньы ыйга Арассыыйа көҥүл тустууга чемпионата буолар. Манна саха сириттэн 21 бастыҥ тустуук кыттыахтаах. Өрөспүүбүлүкэбит сүүмэрдэммит хамаандатын саҥа хапытаанынан Арыйаан Тютрины оҥорбуттара. Тустууну сүгүрүйээччилэртэн иһиттэххэ, бу быһаарыы дойду чемпионатыгар Арыйааҥҥа саамай сөптөөх. Кэскиллээх ыччакка уонна кини хамаандатыгар түмсүүлээх буолууну баҕарабыт, киниэхэ эрэлбит улахан.
КЭРЭЧЭЭНЭ УОННА КЭСКИЛЭЭНЭ ТУПРИНАЛАР
Аҕыйах сыллааҕыта “Туман” диэн ырыаны икки игирэ кыыс толорон ааттара ааттаммыта. Кинилэри билигин өрөспүүбүлүкэбит дьоно-сэргэтэ киэҥник билэр. Ырыаһыт кыргыттарбыт иккиэн Дьокуускайдааҕы өрүс училищетын бүтэрэннэр, “техник-судоводитель” диэн идэни баһылаабыттара. Быйыл иккиэн Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтугар “Управление этно-культурным центром” диэн салааҕа туттарсан киирбиттэр. Ол аата кыргыттар дьиҥ чахчы талааннарын сайыннараары уонна олохторун култуураны кытта ситимнээри, саҥа үөрэх дьылын көрсүбүттэр. Талааннаах, кэрэчээн, мааны куоластаах кыргыттарга ситиһиини уонна бастыҥ үөрэҕи баҕарабыт.
БОТУЕВ ЫТЫК ИЭҺИН ТӨЛҮҮ СЫЛДЬАР
Дыгын оонньууларыгар бастыҥ көрдөрүүлээх ыччат Айсен Ботуев бу сайын аармыйаҕа сулууспалыы барда. Санатан эттэххэ, кини бу спорт тэрээһинигэр 2018 сыллаахха кыттыбыта. Ботуев быйыл Чурапчытааҕы спорт институтун бүтэрбит, 20 саастаах. Айсен, ытык иэскин эрэллээхтик толорон, дойдугар кэлэргин күүтэбит.
КУБАЛЫЫРАП ВАЙНЕР
Быйылгы ураты сайыҥҥа өссө биир вайнерынан элбээн биэрдибит. Дьиэҕэ олоруу кэмигэр тыа олоҕун-дьаһаҕын хайдах баарынан сырдатар, араас мааскалары туһанан бүтүн биир дьиэ кэргэни ойуулуур, Чурапчы ыччата Ярослав Лебедев @kubalyyrap буолар. Кини билиҥҥи буола турар быһыыны-майгыны, урукку 90-с сыллары ойуулаан, дьон сэҥээриитин ылары ситистэ. Аны туран уу сахалыы, баары баарынан кэпсиир, саҥарар буолан көрөөччүлэр өссө сөбүлээтилэр. Саҥа блогер аартыга кэҥээн истин.
САЙСАРЫ КУО
Ырыаһыт Сайсары Куо аатырар Гнесиннэр ааттарынан Арассыыйатааҕы музыка академиятын бүтэрдэ. Бу туһунан кини бэйэтин аккаунугар сырдаппыт. Сайсары Куо тапталлаах куоратыгар анаан, ыллаан дьоҥҥо-сэргэҕэ тахсыбыта ыраатта.
АРАССЫЫЙАҔА БАСТЫҤ ПОЧТАЛЬОН
Арассыыйатааҕы Почта күнүн көрсө, биһиги биир дойдулаахпыт Афанасий Полятинскай инники күөҥҥэ тахсыбыта. Кэбээйи эдэр ыччата “Араассыыйа бастыҥ почтальона” ааты ылары ситиспитэ.
ЭРЭЛБИТ ЕГОРОВКА
Күн бэҕэһээ боксаҕа Арассыыйа Кубогар 5:0 ахсаанынан Василий Егоровпыт кыайыылаах таҕыста. Уолбут билигин дойдутугар кэлбит, киниэхэ ыалдьыбыт, эрэммит, күүс-көмө буолбут биир дойдулаахтарыгар махтанар.
ДАРЬЯ ЛАВРОВА «Миссис мира” КЫТТЫАҔА
Аатын-суолун толору оҥостубут, биһиги хаһыаппыт эрэллээх доҕоро Дарья Лаврова “Миссис мира” куонкуруска кыттар чиэскэ тигистэ. Санатан эттэххэ, бу ый саҥатыгар Москва куоракка “Миссис Россия” куонкурус буолбута, манна Саха сирин үс кэрэ аҥаар билиһиннэрбитэ. Дарья Лаврова чаҕылхай бэлэмнээҕин, бастыҥ буоларын бэлиэтии көрбүт буолуохтааххыт. Аны туран, интэриниэт куоластааһыҥҥа саамай элбэх куолаһы хомуйан, “Народная миссис” диэн ааты ылбыта.
Манна даҕатан эттэххэ, Дарья Лаврова «ТОП 100 успешных людей России» бириэмийэҕэ кыттан, “Народная певица года” ааты ылла.
САҤА КИЛИИП
Быйыл сайын өссө биир ырыаһыт баар буолла. Билсиҥ – Поликарп Сысолятин уонна “Дьөһөгөй” бөлөх “Улахан тапталы умнумуох” диэн ааттаах ырыаны сүрэхтээннэр, саҥа хити таһаардылар. Дьон-сэргэ бу ырыаны олус сэҥээрдэ.
Чэ, ити курдук интэриниэппит сонуннара түмүктэнэллэр. Билигин көрдөххө, дьон барыта оҕуруотун аһын үүнүүтүн хомуйар, хортуоска хостуур уонна тыаҕа тахсан хаалбыт дьон отону хомуйа сылдьаллар эбит. Күһүҥҥү кылгас кэмнэри туһалаахтык атаарыҥ!