02.10.2023 | 15:30 | Просмотров: 464

Ааспыт нэдиэлэҕэ 19 аһыы утаҕынан эргинэр эбийиэк сабылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хонтуруолуур уорганнар дааннайдарынан, ааспыт нэдиэлэҕэ киин куоракка 19 сымыйа кафе уонна «наливайкалар» үлэлэрэ тохтотулунна диэн  «Дьокуускай» телеграм-ханаал иһитиннэрдэ.

17 эбийиэк уларытан оҥоһулла сылдьар, кинилэр тэрилтэлэрин иэнин, эбэтэр үлэлэрин эйгэтин уларыталлар. Бу туһунан алтынньы 2 күнүгэр куорат уопсай планеркатыгар Урбаан уонна туризм департаменын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Кирилл Лазарев иһитиннэрдэ.

«17 эбийиэк билиҥҥи туругунан хайдах буолаллара чуолкай биллибэт, баҕар иэннэрин улаатыннарыахтара, эбэтэр атын хайысханан үлэлиэхтэрэ», - диэтэ Лазарев.

Санатар буоллахха, балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҥа хааччахтааһыннарга түбэһэр уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэлэрин испииһэктэригэр 60-ча эбийиэк баар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.