09.04.2020 | 12:17

ААННЬАЛ ЫЫППЫТ СИБЭККИТЭ

ААННЬАЛ ЫЫППЫТ СИБЭККИТЭ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дмитрий Филиппов

Дьаакып биһиэхэ биир икки сыл буола-буола сайын бэс ыйыгар кэлэн барара. Кини мин эһэбиниин олох чугастык билсэллэр быһыылааҕа. Дьаакып кэллэҕин күнүттэн саҕалаан күн ахсын түүн хойукка диэри уруккуну-хойуккуну, үгүһү түөрэн кэпсэтэллэрэ. Эһэм миэхэ Даакып туһунан "сэриигэ кыттыбыт киһи" диирэ. Оччолорго 70-с сыллардаахха Бүтэйдээххэ сэрии кыттыылаахтара элбэх этилэрэ. Барыларыгар кэриэтэ мэтээл, уордьан баара. Онтукаларын кинилэр күн аайы да буолбатар, улахан мунньахтарга, ыһыахтарга куруутун иилинэр буолаллара. Дьаакып кинилэртэн уратыта диэн туоҕа да суоҕа. Кини олох үөрэҕэ суоҕа, нууччалыы биир да тылы билбэтэ. Эһэм Дьаакыбы олус көнө, судургу киһи диирэ. Кини биһиэхэ үс, уһаатаҕына биэс-алта хоноро.

Дьэ, бу Дьаакып биир маннык кэлиитигэр сэриигэ хайдах сылдьыбытын, билиэҥҥэ хайдах түбэспитин, онтон хайдах быыһаммытын туһунан кэпсээбитэ мин өйбөр-сүрэхпэр сүппэттии хатанан хаалбыттара. Дьэ, ол маннык:

Дьаакыбы сэрии буоллаҕын бастакы кыһыныгар ыкса саас ыҥырбыттара. Ыйтан ордук айаннаатылар быһыылааҕа. Биир күн кыра да ойуура суох сир ортотугар турар сиргэ тимирчи тутуллубут булуус моһуоннаах тутууларга аҕалан сүөккээбиттэрэ. Кинилэр олохсуйбут сирдэрэ тула боробулуоха эргитиилээҕэ,балачча киэҥ сири хабара. Саллаат эрэ кыйма курдук үгүс дойдута этэ. Дьаакыбы бу сиргэ кэллэҕин эрэ күн кэпсэтэн көрө сылдьыбыттара. Кинини сонно бэйэтин дьонуттан арааран атын бөлөххө илдьибиттэрэ. Кинини манна туохха да үөрэппэтэхтэрэ. Олорор сирдэриттэн түөрт биэрэстэлээх сиргэ баар үрүйэттэн тэлиэгэлээх атынан уу тастараллара. Киниэхэ анал орон да суоҕун да кэриэтэ этэ. Баар да эбит буоллаҕына,кини ону хантан быһаарсан билиэй... Онон дьиэҕэ киирбэккэ от быыһыгар,үксүгэр тэлиэгэ үрдүгэр утуйан турара. Киниэхэ ким да кыһаммата. Онтон атын саллааттары сүүрдэн - көтүтэн биэрэр быһыылаахтара,сорох ардыгар түүннэри утуппакка үөрэтэллэрэ. Саа-сэп да үгүс этэ. Онон киниэхэ кыһамматтара Дьаакыпка ордук этэ.

Манна олорбуттара биир ыйын туолуута, сарсыарда эрдэ туруоран барыларын кэккэлээн араадьыйа саҥатын иһитиннэрбиттэрэ, хаста да «Ураа!» хаһыытаппыттара. Сулустаах хортуустаах, өттүктэригэр биэтэҥнии сылдьар биригэдьиир суумкалаах, бэстилиэттээх хас да киһи тыл эппитэ. Бу күн Дьаакыбы тоҕо эрэ дьону кытта бииргэ туруорбуттара, ботуоҥка биэрбиттэрэ. Тыл этиитэ бүтээтин кытта, кэккэлэччи туруорбутунан үргүлдьү ханна эрэ илдьэ барбыттара. Күн аҕара хаамтылар быһыылааҕа. Аҕыйах дьиэлээх сиргэ кэлбиттэригэр, тэлиэгэ үрдүгэр дьоҥҥо барытыгар аһылык түҥэппиттэрэ да, Дьаакыпка биэрбэтэхтэрэ. Сонно барыларын сып-сап соҕустук күүтэн турар вагоннарга олордон, арҕаа диэки илдьэ барбыттара. Онтон түөртүүргэ дылы тохтоло суох сатыылаан, ыраах-ыраах туочука буолан көстөр дэриэбинэҕэ диэри нэлэһийэр ырааһыйаҕа кэлэн тохтообуттара.

Киэһэ идэмэрдээх иэдээн саҕаламмыта. Ыкса киэһээҥҥэ диэри мөхсөн, киһи курдары сылдьар куоллараанын дьэ бүтэрэн сынньаныахча буолан эрдэхтэринэ, сири аннынан бүтэҥитик ньиргийэн, улам-улам улаатан киэҥ халлаан улаҕатыттан саҕалаан бүтүннүү ньип-ньирилэс тыас буола түспүтэ. Алдьархайдаах дэлби тэбиилэртэн, бэл, сир түллэҥнээн ыларга дылыта. Дьаакыптаах бары куолларааннарын түгэҕэр түспүттэрэ. Өстөөх самолеттара эргийэн кэлэ-кэлэ буомбалаатылар быһыылааҕа. Дьаакыптаах өттүлэриттэн өлүү-сүтүү үгүс этэ.

Буомбалааһын кэнниттэн саҥа өйдөрүн-төйдөрүн булунан эрдэхтэринэ, ыраах көстөр иннилэринээҕи дэриэбинэлэриттэн өстөөхтөр хара тордох курдук ыһыллан тахсан, тохтоло суох Дьаакыптаах диэки дьулуспуттара. Саа тэбэр сиригэр киирдилэр диэтэхтэрэ буолуо. Дьаакып икки өттүттэн дьоно ытыалаан түптэлээн барбыттара. Онно даҕаһыннаран Дьаакып эмиэ биэстэ хаста ытта быһыылааҕа. Өстөөх кинилэргэ чугаһаабыта эрээри, ахсаан өттүнэн убаабыта. Ол иһин сиргэ хаптайан баран төттөрү сыыллыбыта. Ити кэмҥэ куоллараан устун хортуустаах, бэстилиэттээх, биригэдьиир суумкалаах тойоно Дьаакыбы санныга таптайан, тугу эрэ саҥаран ааспыта. Дьаакып кулгааҕар “Бей их!” диэн курдук иһиллибитэ да, ону кини билиэ дуо? Бука, "үгүстүк ытыалаа, чугаһатыма" диэтэҕэ буолуо дии санаабыта. Тыын ыла таарыйа ойоҕоһугар биир нууччатыгар барбыта. Хараҥаҕа көрдөҕүнэ, киһитэ төбөтө бэрэбээскилэммит, аллара сытара. Дьаакыпка бу ыар охсуу этэ. Түлэй-балай курдук буолбута, бөтө бэрдэрбитэ. Манна кэлэн баран чугастан өлбүт киһини көрүүтэ бу этэ.

Өстөөх иккис кимэн киириитигэр өссө элбээбит курдуга. Дьаакып элбэхтэ ыппыта. Ол эрэн, хараҥа буолан, табарын-таппатын билбэт этэ. Бу сырыыга өстөөх, дьоно өлөрүгэр кыһаллыбакка, дэриэбинэттэн сүүрэн кэлэр дьонунан ситэринэ-ситэринэ, ахсаан өттүнэн баһыйан, Дьаакыптаах куолларааннарыгар ыга анньан кэлбитэ. Онно-манна илииннэн киирсии, хабырҕалаһыы, төкүнүһэ сылдьан охсуһуу саҕаламмыта. Дьаакып иннигэр биригилдьиһэн кэлбит сүүнэ улахан ньиэмэстэр, тугу да гыннарар бокуой биэрбэккэ, бинтиэпкэтин мүччү охсон ылбыттара, бэйэтин аптамаат луоһунан төбөҕө биэрэн түһэрэн баран,тэбиэлээн биллиргэппиттэрэ. Кини ханна да барбытын билбэккэ хаалбыта. Арай өйдөнөн кэлбитэ халлаан сырдаан эрэрэ,кини хонуу ортотугар бэйэтин дьонун быыһыгар сытара. Тула өстөөхтөр төгүрүктээн олороллоро.

Дьаакыптаах итинник олус хобдохтук,хомолтолоохтук өстөөх илиитигэр түбэспиттэрэ. Отучча этилэр. Кини билиэҥҥэ түбэһии диэни үчүгэйдик өйдөөбөт этэ. Бастаан кимэн киириилэригэр өлөртөөбүт дьоннорун иэстэһэн,барыбытын өлөртүүллэрэ буолуо диэн куттана санаабыта. Халлаан сырдаабытыгар кинилэри атах сыгынньах арҕаа үүрэн илдьэ барбыттара. Кырбаабатахтара. Хайа эрэ дьоҕус куоракка киллэрбиттэрэ.

Билиэннэйдэринэн урусхал буолбут дьиэлэри көтүртэрэн ыраастаппыттара. Хойгуоннан тоҕута сынньан,киһи көтөҕөрүгэр сөп гына үлтүрүтүллүбүт таастары лааҕыр таһыгар таһаараллара. Көтөҕөн илдьэн иһэн кыайбакка тохтоон ылар эбэтэр сиргэ уурар көҥүллэммэт этэ. Оннукка түбэһэн хас да киһи ытыллыбыта. Күнүс хортуоппуй хагын ууга буһаран аһаппыта буолбуттара. Оннук түүн хойукка диэри үлэлээбиттэрэ,сэниэлэрэ эстибитэ.

Ити үлэҕэ хас да күн сылдьыбыттара. Бытархай таастары наһыылкаҕа киһи кыайбат ыарахан гына тиэйтэрэн илтэрэллэрэ. Илдьэн иһэн кыайбакка ыһыктан кэбиһии үгүстүк тахсара. Ол аайы ытан иһэллэрэ. Ньиэмэстэр ортолоругар биир эдэр дьахтар баара олустаабыта. Атын саллааттар бу дьахтартан куттанар курдук тутталлара.

Дьаакып күнтэн - күн күүһэ эстэн иһэрин билэрэ. Онон айахха ытыллан өлөр куттала субу тиийэн кэлбитэ саарбаҕа суоҕа. Үлэлээбиттэрэ алтыс күнэ үүнүүтүн кини бэйэтин бүтэһик күнүнэн ааҕыммыта.

Күн ортотугар кини олох эстэн,нэһиилэ тиийбитэ. Аһаталларыгар кинилэри утуйар хонууларын ортотугар мунньаллара. Ытыллан - ытыллан биэс уонча буолан хааллылар быһыылааҕа. Аһыылларыгар олороллорун көҥүллүүллэрэ. Дьаакып аһаан дуомнаабыта буола олорон,киниттэн бэрт чугас,ууннаҕына тиийиэх сиригэр,саха ньээм сибэккитигэр майгынныыр соҕотох сибэкки үүнэн турарын таба көрбүтэ. Дьаакыбы олус санньыар санаа ыга кууһан ылбыта. Бачча эдэр сааһыгар өстөөх илиитигэр түбэһэн өлөн эрэрэ кини хараҕын уутун ыган таһаарбыта. Хайдах турбутун,сибэккини баран ылбытын билбэккэ да хаалбыта. Биирдэ өйдөммүтэ,сибэккитин муннугар даҕайан сыллыы турара. Иэдэстэригэр саба халыйан түспүт хараҕын уутун,туора - маары ньухханаат,тулатын көрүммүтэ,ньиэмэстэрдиин бэйэтин дьонунуун бары кинини көрөн тураллара.

Дьиҥэр, көҥүлэ суох туруу, сиргэ сытары ылыы отой бобуллара. Маны Дьаакыпка ким даҕаны тылынан быһааран биэрбэтэҕин да иһин, өйүнэн-сүрэҕинэн билэрэ.

Онон ытыллан өлөр субу тиийэн кэлбитэ. Кылгас да кэмҥэ тыынын уһата түһээри уонна сибэккини бэйэтигэр ылаары туура тардыбатаҕын көрдөрөн,кини сибэккини ньиэмэстэргэ илдьэн биэрэргэ быһаарыммыта. Хантан маннык өй киниэхэ көтөн түспүтүн быһаарар түгэн да суоҕа.

Дьаакып сибэккитин утары ууммутунан, атахтарын аат эрэ харата сыҕарытан, ньиэмэс дьахтарыгар тиийбитэ уонна биэрэрдии утары ууммута. Дьахтара ылбатаҕа. Урукку өттүгэр Дьаакып кимиэхэ даҕаны сибэкки биэрбитэ суоҕа. Оннук өй киниэхэ киирбэт да этэ. Сибэкки уонна кини бэйэ-бэйэлэригэр туох да сыһыана суох, кини куһаҕан саха уола, сибэккиннэн далбардыыра сатаммат курдуга. Сибэккини адьас атын олохтоох, дьылҕалаах, туспа анаан төрүүр эр дьон дьахтарга бэлэхтиэхтэрин курдук саныыра. Онон ньиэмэс дьахтара сибэккини ылбатаҕар улаханнык суолта биэрбэтэҕэ, сиргэ төттөрү ууруон кэрэйэн, дьахтар түөһүгэр дьаҕыл кыылга маарынныыр тимир сыста сылдьарыгар кыбыта аспыта. Итиэннэ, хайыыр эбиккин, миэхэ синэ биир дии санаат, миэстэтигэр тиийэн олорунан кэбиспитэ. Дьахтара кини иннигэр субу суугунаан кэлбитэ. Ньиэмэстэрдиин, билиэннэйдэрдиин харахтара бары кинилэр диэки буолбута. Дьаакып дьахтар иннигэр сири көрөн турбута. Дьахтар сибэккини туппутунан аргыый аҕай кини тула эргийээт, Дьаакып сирэйин одуулаабытынан тохтуу түстэ, Дьаакып тугу эрэ гынар дии санаан, халтаһалара ыалдьыахтарыгар диэри хараҕын быһа симэн, тыҥыаҕынан-тыҥаан турбута. Өйүгэр төрөөбүт алааһа, дьоно-сэргэтэ уонна, тоҕо эрэ ата көстөн ааспыттара.

Ньиэмэс дьахтара кини илиилэрин өрө ууннарбатаҕа, айаҕын атыппатаҕа. Ким, туох киһигиний диэн муодарбахтаабыттыы одуулаан турбахтаат, тэйэ хаампыта. Дьаакып уҥуоҕунан дьахтарга түөһүн тылыгар эрэ тиийэр быһыылааҕа.

Билиэннэйдэр салгыы үлэлээн барбыттара. Кинилэри харабыллыы атын ньиэмэстэр кэлбиттэрэ.

Түөртүүр ыам саҕана бадахтаах, Дьаакып биир бөдөҥ тааһы көтөҕөн мадьыктаһан, ыһыктан кэбиһэ сыһа-сыһа лааҕыр таһыгар таһаарбыта. Тиийэн таастары мунньар сирдэригэр быраҕаат, эргиллэн барыахча буолан эрдэҕинэ, ким эрэ кинини эҥил баһыттан эргилиннэри тарпыта. Көрбүтэ, ньиэмэс дьахтара турара. Кинини, өйдөнөр-төйдөнөр бокуой биэрбэккэ, көхсүттэн анньыалаан чугас ааннара аһыллан, собуоттанан турар массыынаҕа аҕалбыта. Кылгастык тугу эрэ саҥарбыта да, нууччалыы биир да тылы билбэт Дьаакып, эгэ, ньиэмэстии билиэ дуо... Дьахтар, арааһа, массыынаҕа киир, олор диир быһыылааҕа. Дьаакып олорбутун кэнниттэн дьахтара киирбитэ уонна инники олорооччу ньиэмэскэ бэрт аҕыйах тылы эппитэ. Массыына хоҥнон сыыйа түргэтээн, ыраах көстөр ойуурга тиийэн,тыа саҕатынан барар суолунан тус илин түспүтэ. Дьаакып барыллааһынынан хас да биэрэстэни бардылар быһыылааҕа.

Массыына айан суолуттан туораан, суон тииттэр күлүктэригэр киирэн тохтообута. Дьахтар Дьаакыбы иннигэр уктан ойуур иһин диэки киирбитэ. Кинилэр балачча сири хаампыттара. Биир суон тиит анныгар кэлэн дьахтар Дьаакыбы тохтоппута,көхсүгэр ботуоҥка сүктэрбитэ, итиэннэ киниэхэ ойуур иһин диэки ыйа-ыйа тугу эрэ саҥаран куллугураппыта. Дьахтар кини сирэйин көрөн турбахтаат, кэлбит сирин диэки барбыта. Батыс диэтэ быһыылаах, хаалан хааллахпына кыыһыран өлөрүөҕэ диэн, Дьаакып дьахтары батыһан сабыаххайдаабыта. Ситэ уонча хардыыны оҥоро илигинэ, дьахтар тохтоон эргиллибитэ, Дьаакыбы сиэтэн дэллэритэн илдьэн урукку сиригэр төттөрү туруоран кэбиһээт, бэрт үгүһү тугу эрэ саҥарбыта. Ити кэнниттэн төттөрү эргиллэн бара турбута. Арааһа күүт, сотору кэлиэхпит диэтэ быһыылаах дии санаан, Дьаакып турбут сиригэр туран хаалбыта. Сотору ыраах массыына эстэн барар тыаһа иһиллээт,мастар быыстарынан тарҕанан сүппүтэ. Эмиэ да саа тыаһа иһиллэргэ дылы гыммыта.

Дьаакып өр күүппүтэ. Ыар үлэттэн, өлөр кутталтан этэ-сиинэ сылайбыта таайан, утуйбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Ол сытан бэрт дьикти түүлү түһээбитэ. Кини сытар суон тиитин күлүгүттэн кырдьаҕас эмээхсин тахсан кэлбитэ, Дьаакыпка туһаайан: “Ити илиэһэй кыыһын тылын иһит, мантан түргэнник бар!” – диэт, тиитин күлүгэр киирэн көстүбэт буолан хаалбыта.

Дьаакып туохха эрэ дьоло кэйдэрбиттии, уһукта биэрбитэ. Бастаан ханна баарын, тоҕо сытарын өйдүү охсубатаҕа. Сыыйа өйүн-төйүн булан, туран онно-манна өҥүөлээн көрбүтэ да, кураанах тыаттан ураты ким да суоҕа. Ким да кэлэ сылдьыбыт сибикитэ биллибэт этэ. Төһө өр утуйбутун кыайан быһаарбатаҕа. Дьаакып бу туран көхсүгэр ботуоҥка сүгэ сылдьарын дьэ өйдөөн көрбүтэ. Ботуоҥкатын устан илиитигэр ылаат, иһин көрүөн туттуммута. Немецтэр кинини ыла сибилигин тиийэн кэлиэхтэрин сөптөөҕө. Күүтэн олорбохтуу түһээт,массыынаннан кэлэн тохтообут сирдэригэр бара сылдьыбыта. Массыына тохтообут сириттэн хас да хаамыылаах сиргэ туох эрэ харааран сытарын көрөн онно тиийээт,кутталыттан кэннинэн чинэрийтэлээбитэ. От быыһыгар били кинини уонна ньиэмэс дьахтарын тиэйн аҕалбыт саллаат өлөн сытара.

Дьаакып сүүрэр-хаамар икки ардынан урукку сиригэр кэлбитэ. Билигин бу сиргэ хаалара киниэхэ кутталламмыта. Ньиэмэстэр кинини ыла кэлэр күннээх буоллахтарына,өлбүт саллаат иһин балыллыан сөп.

Ньиэмэс дьахтара тоҕо бэйэтин аргыһын өлөрбүтүн, оттон кинини тоҕо манна соҕотохтуу хаалларбытын, тоҕо баччааҥҥа диэри ким да биллибэтин Дьаакып кыайан өйдөөбөтөҕө. Бара сатаан, ботуоҥкатын хаһан көрөбүн диэн бэрт дьикти булумньуламмыта. Ботуоҥкаттан аан бастаан онньуускалаах нуучча саллаатын саппыкытын ороон таһаарбыта. Саппыкы аҥаар оһугар сыгынньах бэстилиэт угулла сылдьара. Бу сэбинэн тутта үөрүйэҕэ суоҕа. Ботуоҥка саамай түгэҕэр балачча элбэх суухара,испиискэ баара.

Дьаакып саппыкытын кэтэн кэбиспитэ. Итиэннэ бэстилиэтин илиитигэр туппутунан ойуур иһигэр киирэн бара турбута...

Ый кэриҥэннэн кини бартыһааннары булбута. Дьаакып онно кыһыны быһа сылдьыбыта. Сайыныгар бартыһааннар Сэбиэскэй аармыйа чаастарыгар холбоспуттара.

Дьаакып олоҕун устатын тухары биири кыайан өйдөөбөтөҕө: билиэннэйдэри айахтарын атыта - атыта бэлэстэригэр ытыалаан өлөртүүр ньиэмэс байыаннай дьахтара,бэйэтин аргыһын өлөрө-өлөрө,кинини өйүөлээн-тайаалаан, сэптээн-сэбиргэллээн тоҕо босхо ыыппытын. Ол иһин бэрт судургутук: “Миигин билиэнтэн абааһы дьахтара уонна аанньал ыыппыт сибэккитэ босхолообуттара”, - эрэ диирэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...