19.05.2023 | 10:00

Аанньал

Аанньал
Ааптар: Галина Оконешникова
Бөлөххө киир

Саргы дьиэтигэр олох эстэ сылайан кэллэ, ас астанан аһыыр, чэйдиир да кыаҕа суох. Эргэ тирии суумкатын хоһун ааныгар быраҕан баран, кыычыгырас-хаачыгырас дьыбааныгар оҕунна. Дьиэҕэ соҕотох бэйэтэ эрэ олороро үчүгэйин кэнники дьэ өйдөөн эрэр: дьону кытта олороро буоллар, маннык өлө сылайан үлэлээн бүтэн кэллэҕинэ, ким эрэ тугу эрэ ыйыталаһа, кэпсэтэ сатыа этэ, өссө ыксалынан ас астаан кими эрэ аһатыан, ким эрэ күннээҕи кыһалҕатын быһаарсыан наада буолуо дии, айууу... Кэргэнин кытта арахсыбыттара ыраатта, оттон оҕолоро улаатан, үөрэхтэнэн, дьэ, саҥардыы үлэһит, онтон туспа ыал буолан, олохторун бэйэлэрэ тэринэллэр, оҥостоллор, кини тус олоҕор орооспоттор, кыһаллыбаттар. Бэл, биир куоракка олорботторо эмиэ да үчүгэй курдук: улахан кыыһа соҕуруу куоракка ыал буолан олорор, уола промышленнай оройуон киинигэр үлэлиир, олорор, кыра кыыһа омук сиригэр үөрэнэр Грант сүүйэн, онно сылдьар. Хайдах маннык олоххо тиийэн хаалбытын сонно тута оҕолоругар кырдьыгы баарынан кэпсиэн наада дии. Арыый уоскуйан, өйүн-төйүн, тирэҕин булунан баран быһаарсара ордук буолуох курдук, санаатыгар...

Кинилэр кыра куораттарын атыйахтаах уулуу аймаан ааспыт бөдөҥ үп-харчы пирамидата албына арыллан, онтон эстибит аатыран, уурдарааччылар үптэрин төнүннэрбэккэ, ыйыстыбытынан имниин сүтэн, сабыллан хаалан, бэрт элбэх киһи олоҕун огдолуттаҕа буолуо... Кыра хамнастаах үлэлээх, онтон итээбэтэх кыра биэнсийэлээх, туох да ордор уурумньу үбэ суох көннөрү дьон ордук хоттордохторо, ол иһигэр Саргы эмиэ... Үлэлии сылдьыбыт тэрилтэтин биир салайааччыта Саргыны, өссө атын хас да үлэһитин ол пирамидаҕа аҕытаассыйалаан киллэрэн, онтон сатаммакка дэлби иирсэн, айдаарсан, этиһэн, үлэлэриттэн уурайбыттара. Арай атын үлэҕэ киирээри көрдөммүтэ: арыыйда аҕам саастаах дьону ким да соччо ханнык да үлэҕэ ылыан баҕарбат эбит, эн хас да үрдүк үөрэхтээх, куурустаах, ботуччу да сыл үлэ ыстаастаах буол. Уопсайынан, үлэҕэ киирэргэ киэҥ билсии-көрсүү наадатын, уулуссаттан кими да ылбаттарын Саргы, дьэ, биллэҕэ, өйдөөтөҕө үһү. Урут, туруктаах үлэлээх эрдэҕинэ, онно аахайбат, кыһаллыбат эбит ээ... Пирамидаҕа киирэригэр баантан кырата суох кирэдьиит ыларга күһэллибитэ, билигин үлэтэ суох онтун хайдах төннөрүөй? Биэнсийэтиттэн төлөөн эриэн сөп этэ да, оччоҕо аһыырыгар-таҥнарыгар, дьиэтин-уотун төлөбүрүгэр туох да хаалбат буоллаҕа. Ыксаан, туох түбэһиэх үлэҕэ киирэн испитэ: быстах вахтёрдаан, консьержтаан да ылбыта, подъезд да сууйбута, хамнаһа кыратыттан уурайан, аны чааһынай гостиницаҕа муоста сууйбута, онто сотору сабыллан хаалан, эмиэ тула эргийэн хаалбыта, эмиэ ыксал буолбута, аны ломбард, микрозайм хабалатыгар хаптарар куттал суоһаабыта.

Дьэ, бу аҕыйах хонуктааҕыта биир билэр дьахтара сырдатан, сирдээн, дьоллоох Дьокуускай аатырар улахан ырыынагар кэлии омуктарга атыылааччынан киирэн үлэлээн эрэр. Аатыгар эрэ пааспарын, санитарнай киниискэтин куоппуйалаан ыллаҕа буолбуттара, хамнаһын дуомун, күннээҕи атыылаабытыттан быыкаа бырыһыанын, күн аайы илиитигэр ылар, ханна да дохуот, усунуос отчуота диэн барбат бадахтаах. Көрдөҕүнэ, хаһаайката атыылаабыт харчытын дьоҕус суумкаҕа уктан, санныгар сүгэ сылдьар. Баҕар, ханнык эрэ бааҥҥа хойут илдьэн туттарара, отчуоттуура буолуо, ыйыталаһан билбит суох. Үлэтэ наһаа сылаалаах, ыарахан, эбиитин быыллаах, кирдээх. Кини урут үлэлии сылдьыбыт тэрилтэлэрин ити санэпиднадзор, пожарка, прокуратура, бэл, профсойуус эҥин диэбит курдук араас уорганнар бэрэбиэркэ үөһэ бэрэбиэркэ ыыталлара, сотору-сотору ыстарааптаары ыксаталлара. Оттон бу бэйэлээх улахан ырыынагы ким да, хаһан да бэрэбиэркэлээбэт, хонтуруоллаабат, тугу да ирдээбэт кэриэтэ эбит дуу диэн санааҕа кэлэн эрэр. Ол курдук ким да тугу да тутуспат, ырааска, куттала суох буолууга кыһаллыбат сирэ эбит. Аны урут мааны, үрүҥ үлэһиппин ээ диэн өйүгэр оҕустарбат этэ, чуумпу ыраас хонтуораҕа аргыый кумааҕы бэрийэ, ирдээтэхтэринэ төлөпүөнүнэн субуокка биэрэ, бүппэт уһун мунньахтарга, планеркаларга кистээн дьааһыйа, кэллиэгэлэриниин быыстарыгар буолары-буолбаты сэлэһэ аргыый аҕай сылдьыбытыгар холоотоххо, билигин чыҥха атын олох. Туох да ураты кэрэ көстүүтэ суох, тигиитин да хаачыстыбата мөлтөҕө ырылыччы көстөр таҥастары ааһар, кэлэр-барар дьоҥҥо арахпакка сыҥалыыры бастаан наһаа да ыараханнык ылыммыта, хас да түүн суобаһа муучу гынан аанньа утуйбатаҕа. Билигин кэм үөрэннэ, тула турар атын да атыыһыттар табаардара киниэниттэн туох да ордуктара суоҕуттан, тыын кыһалҕата "харчы, харчы эрэ" буоларыттан, хайыаҕай, син сыҥалыырга саҥата тахсар, көрдөрөргө илиитэ-атаҕа барар буолла. Хата, сороҕор кимнээҕэр да ботуччу суумаҕа атыылаан, хаһаайкатыттан хайҕанар күннэрдээх. Туох да илии суунар, олоро, сынньана, үссэнэ түһэр усулуобуйа суоҕун кэриэтэ. Суунар, атыылаһан аһыыр сир тэйиччи. Хата, кэнники сылларга антибактериальнай салпыакка, дьоҕус пластик бытыылкалаах уу диэн үөдүйэн абыраата. Аччыктаан ыксаатаҕына, хаһаайкатыттан көҥүллэтэн, сүүрүүнэн баран ханна эмэ аһыы охсон кэлэр. Ырыынакка да атыыланар астара үксэ – бу кэлии омуктар бэйэлэрэ эрэ сиир астара, сүрдээх аһыы, туруору туустаах-биэрэстээх, сыа-арыы бөҕөлөөх, киһини эбии утатыннарар, аччыктатар курдук. Сотору-сотору атыылаһан аһаатыннар, харчы киллэрдиннэр диэн туттар ньымалара эбитэ дуу? Сахалыы-махалыы эттээх, лапсалаах миин, көннөрү ууга буспут хортуоппуй, мокоруон манна атыыламмат. Хайыаҕай, арыычча боростуой соҕус лэппиэскэ, ыһаарыламмыт куурусса буута, оҕурсу, помидор салаата эҥин баар буоллаҕына ылан аһыыр. Онтуката да тос курдук сыаналааҕыттан күн аайы ылар кыаҕа суох. Сороҕор дьиэтиттэн кыра астаах кэлэн, ону чаас-чаас өлүүлээн сиир. Урут хонтуораҕа үрдүк хобулуктаах эрэ атах таҥаһынан киэмсийэрэ-үтүөмсүйэрэ, билигин кырдьаҕас эмээхситтэр эрэ кыһаммакка анньынар, холуоһаҕа маарынныыр бачыыҥканы кыбыста-кыбыста кэтэн кэлэр. Күнү быһа хобулугунан тура тэбинэр үлэ буолбатах, хайыаҕай...

Хаһаайката кыралаан хотумсук соҕус да, майгыта үчүгэй эбит. Саргы онон абыранна, атын сорох атыыһыт дьахталлар хаһаайыттарын, хаһаайкаларын кытта киирсэллэрин, "сэриилэһэллэрин" номнуо көрөн турардаах. Табаарынан, харчынан тамнаһыы, "сэттэ этээстээх" маатыра, хаһыы-ыһыы, дайбаһыыга да тиийэ сыһааһын – барыта баара. Хонтуораҕа син кырата суох "хотун" буола сылдьыбыт киһиэхэ бастаан утаа хайа эрэ тастан кэлии омук эргиэмсигэ киниэхэ тойоргуура-хотургуура ыарахан курдуга, онтон улахан кыһалҕаттан бу үлэҕэ көрдөһөн киирбитин, бэйэтин сыыһа туттунуутуттан эрэ маннык олоххо тиийбитин эргитэн өйдөөн, кыанан-кэҥээн син тулуйара, кэнники үлэлии үөрэнэн, судургутук быһаарсар, аахсар, атыылыыр буолбута. Саргы чиэһинэйин, үлэтигэр эппиэттинэстээхтик сыһыаннаһарын, мэлдьи сыыһата суох атыылыырын өйдөөн көрөн хаһаайката сымнаабыта, син тэҥнээҕинии ылыммыта.

"Айыы-айа, туран тугу эрэ астанан аһаабыт киһии. Сарсын эмиэ үлэлии барыан наада дии, үлэ да буолаахтаан... Харчы эрэ туһуттан дьон сирэйин-хараҕын күннээн өрө манаан, оо-дьэ, дьаабы..." – Саргы сүрдээх ыараханнык өрө тыынна, аргыый сыылан туран суунан, чаанньык холбоон, холодильник өҥөҥнөөн ас астанардыы тэриннэ. Эмискэ суотабайа тырылаабытыгар соһуйан, тоҥ эти сууралыы сатыы турбут быһаҕын төлө тутта. Дьүөгэтэ Биэрэ эрийэр эбит:

– Бирибиэт, кыраһаабысса! Как жизнь молодая? – сытыы куолас чаҕаарар.

– Молодая... Киһини элэктээмэ эрэ. Хантан көһүннүҥ бу?

– Хоту улууска командировкаҕа баран өр буолан кэллим, сонун-нуомас баһаам, эбиитин эйиэхэ сыһыаннаах сүрдээх улахан сонуннаахпын. Туох астааххын, кэлэбин да уусуннуу? Кэһиилээхпин ээ өссө, – Биэрэ күлэн саһыгырыыр.

– Ээ диэ... Оттон кэлиий, бу үлэбиттэн дьиэбин саҥа булан, астанаары сылдьабын. Сайсаартан айаннаан кэлиэххэр диэри буһа сыһар ини, – Саргы мунаахсыйбыттыы унаарытар.

... Буспут аһын хоторон, остуолун тардан бүтэ түһэрин кытта көрүдүөргэ звонок тыаһаата. Биэрэ кэһиитэ – хотугу ыыһаммыт уомул сыта уопсай дьиэ секциятын ылан кэбистэ. Аргыый сэһэргэһэ, ортолуу чэйдээн иһэн, Биэрэ эмискэ:

–Ээ, арба, били сонуммун умнан олоробун дии... Отой да аатырбыт олигарх бастакы таптала эбиккин дии, кыраһаабысса? – диэбитигэр Саргы соһуйан чэйигэр чачайда:

– Ха-ханнык? Туох олигарх? Тугу туойаҕын? Бу кыыс хайдах-хайдах буолан кэллиҥ?

– Дьэ, туойбаппын, доҕор... Илэ истибиппин кэпсии сатыыбын. Биир дойдулааҕыҥ, билсэр киһиҥ эбит дии ити аатырдар Вованнара, сахалартан бастакы "ньиэп хоруола", сахалартан биир бастакы миллионер, дьиҥ чахчы олигарх буолбакка. Биир кэмҥэ устудьуоннуу сылдьыбыккыт, эйигин бэркэ өйдүүр, эн тускунан сүрдээх сылаас өйдөбүллээх. "Саргы олох "сулус" этэ оччолорго" диир, – Биэрэ харахтара дьиибэлээхтик кылахачыстылар.

Саргы мичик гынна, илиитинэн сапсыйбахтаата:

– Оо-дьээ, кинини этэҕин дуо? Оттон биир дойдулаахтар түмсүүлэригэр, көрсүһүүлэригэр көрөөччүбүн, кыра куурус, атын факультет этэ, наһаа да билсибэтэрбит, көрөн билэрим, өйдүүбүн, – диэтэ.

– Эн тускунан кэпсээбиппэр наһаа соһуйда, аһынна да быһыылаах. Дьокутаат быһыытынан ол албыннаппыт дьон дьылҕаларын быһаарса сатыы сылдьабыт, буруйдаахтары хайаан да булан эппиэккэ тардан, саатар, албыннаппыт харчыларын сороҕун да төннөрөллөрүн модьуйсуохпут диир киһиҥ, бээ, тохтоо, – Биэрэ тойон эрбэҕин чочоҥнотто.

– Тыый, аата, үчүгэйиин! Оо, кырдьык оннук эрэ буоллар! – диэн Саргы үөрүүтүттэн ытыһын эрэ таһыммата.

– Бээ, тохтоо, үчүгэй сонунум итинэн эрэ бүппэт. Киһиҥ аны манна куорат киинигэр обургу соҕус офистаах үһү. Ол үлэтин тэрийэр-дьаһайар үрдүк үөрэхтээх, дьоһуннаах, саас ортолоох менеджергэ суһаллык наадыйар эбит. Хамнаһа, биллэн турар, кырата суох. Үлэтэ да онтон итэҕэһэ суох үгүс үһү, – диэбитигэр Саргы соһуйан, хараҕын муҥунан көрдө:

– Ол аата?

– Ол аата эйигин онно үлэҕэ ыҥырар, хайаан да сөбүлэстин, аккаастамматын диэн көрдөһөр. Кэлин куоракка командировкаҕа кэллэҕинэ, тус бэйэтэ көрсүө, кэпсэтиэ үһү, – Биэрэ ытыстарын нэлэс гыннарда.

Саргы соһуччу үөрүүлээх сонунтан өмүттэн, хайыан да билбэккэ, бүк түһэн олорбохтоото. Хараҕар устудьуоннаабыт сыллара элэҥнэһэн аастылар. "Оо, эдьиийдэр астаабыт мииннэрин сыта минньигэһиин! Күндүлүүр инигит?" – диэн күлэн мыкыллан, хосторугар киирэн турар Буобук көстөн ааста. Биир дойдулаахтар көрсүһүүлэригэр кини эрэ олох сылайбакка мээчиктиирэ, лапталыыра. Саргы дьүөгэтэ Валялыын икки куолаһынан ыллыылларын сөҕө истэн: "Оо, олох араадьыйа курдук ыллыыгыт дии!" – диэн ытыһын таһына турара. "Тыл үөрэхтээҕэ эдьиийдэрим хайаан да көмөлөһөллөр ини диэн испэр эрэнэн  кэллим", – диэн хонтуруолунайдарыгар көмөлөһүннэрэ тиийэн кэлэрэ... Чаҕылхай, оччоттон да сүрдээх сытыы, бэйэтэ дьиҥнээх "сулус" этэ буоллаҕа Буобук, билигин Владимир Андреевич, "Вован" олигарх...

Саргы хараҕа ууланна:

– Оо, Биэрээ, олох истибиппин итэҕэйбэккэ олоробун, түүл дуу, илэ дуу диэхпин баҕарабын. Туох сырдык аанньал курдук дьон бу сиргэ баар буолалларый? Хаһыын эрэ уруут-урут, былыр билэр киһитин итэҕэйэн-эрэнэн, эппиэттээх хамнастаах үлэҕэ тута ыҥырара... Баҕар, олох да киһи эрэммэт халлаан киһитэ буолуом дии...

– Ээс, Саргы, туох диэн эттэххиний? Оттон миигиттэн барытын  иһиттэҕэ, баар-суох дьүөгэбин хайдах баарынан чиэһинэйдик кэпсээтэҕим дии. Биллиилээх суруналыыс тыла-өһө син ыйааһыннаах ини оттон, – Биэрэ харса суох чаҕаарда.

Куустуһа түспүт дьүөгэлиилэр дьоллоох күлсүүлэрэ эргэ уопсай дьиэ кыра хоһун толордо, инникигэ, сарсыҥҥыга эрэл кыыма, кыһайбыт кыһалҕаттан, олуйбут моһолтон быыһаныы ыллык суола, сырдыкка сирдиир сулус буолан симириктии чаҕылыйда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...