Аана Зверева: «Миэхэ туох да чэпчэкитик кэлбэтэҕэ...»
Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, кэрэни кэрэхсээччилэр, маастар айар үлэтин сүгүрүйээччилэрэ муһуннулар.
“Билиҥҥи тиэхиньикэ балысханнык сайдыбыт үйэтигэр, илии үлэтин үгүс сатабыла сүтэн-симэлийэн эрэр кэмигэр төрүт ииспит Анна Николаевна курдук норуот маастардарын айар үлэлэригэр тыыннаах”, – диэтэ быыстапка куратора Ася Габышева. Кини кыбытыктаах тигии сөргүтүллэригэр Аана Зверева үтүөтэ, өҥөтө улаханын, иис, тыл, сурук курдук үс сатабылы тэҥҥэ баһылаабыт дэгиттэр дьоҕурдааҕын бэлиэтээтэ. Итиэннэ Анна Николаевна айар үлэтигэр оһуор, ойуу-мандар, өҥ-дьүһүн дьүөрэлэһиилэрэ ситимнэһэллэрин, төрүт иис уонна саҥа сүүрээн бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэллэрин, толорсоллорун эттэ. Ася Львовна биир быыстапкаҕа омук кэллиэгэтэ Аана Зверева айар үлэтин көрөн баран эмискэ: «Эһиги, сахалар, маннык норуот маастардаах дьоллоох дьон эбиккит», – диэн саҥа аллайбытын кэпсээтэ.
СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев: “Саха норуота Анна Николаевна курдук дириҥ көрүүлээх уонна киэҥ билиилээх, муударай, норуот ис туругун тута сылдьар дьонноох буолан, култуурабыт, искусствобыт бары өттүнэн сайдар”, – диэн маастар талаанын биһириирин биллэрдэ.
Бу дьоро күн Анна Николаевнаны СӨ Национальнай художественнай музейын генеральнай дириэктэрэ Влада Тимофеева, СӨ Худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Ольга Скорикова эҕэрдэлээтилэр, биир дойдулаахтара – намнар, ааптарыскай оскуолатыгар уһуйуллубут үөрэнээччилэрэ кэлэн махтал мааны тылларын анаатылар.
Людмила Ефимова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ преподавателэ:
– Анна Николаевна айымньылара дириҥ ис хоһоонноохтор, саха былыргы өйүн-санаатын тута сылдьар күүстээхтэр. 2017 сыллаахха Англияҕа кыттыбыт быыстапкатыгар омук дьоно сарсыҥҥы күнүгэр эмиэ кэлбиттэрэ уонна: “Хаһан да хоту сылдьыбатах эрээри, Анна Николаевна үлэтиттэн дьүкээбили илэ көрдүбүт”, – диэн сөхпүттэрин-махтайбыттарын биллэрбиттэрэ. Ити, мин санаабар, олус үрдүк сыанабыл.
Анна Николаевна өссө биир уратыта – саха хараҕынан, саха сүрэҕинэн өҥү наһаа үчүгэйдик көрөрө. Кини Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола кийиитэ буоларын туох баар үлэтинэн-хамнаһынан, өйүнэн-санаатынан, улуу киһи нэһилиэстибэтин үйэтитэринэн бигэргэттэ.
Тарбаҕар сүүтүктээх төрөөбүт
Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар улахан экраҥҥа биир-биир элэҥниир хаартыскалар маастар олоҕун кэрэ-бэлиэ күннэрин, айар үлэтин кэрдиис кэмнэрин, чулуу дьоннуун алтыһан ааспыт сылларын кэпсии турдулар. Анна Николаевна ахтыыта мустубут дьону долгутта, бэйэтэ да кыл түгэнигэр уйадыйан ылла.
Аана Зверева оҕо сааһа Өлүөнэ эбэ орто тардыытыгар, Ньирээйик диэн аччыгый арыыга, буор муосталаах, муус түннүктээх балаҕаҥҥа ааспыта. Кыра эрдэҕиттэн билиигэ-көрүүгэ баҕалаах кыыс 9 км ыраах турар оскуолаҕа күн аайы кэлэ-бара 18 км сатыы сылдьан үөрэммитэ.
Кини айылҕаттан дьоҕурдааҕын биир бастакынан эбэтэ таба көрбүт. Биэс саастаах сиэнэ иннэлээх сүүтүгүнэн сатабыллаахтык туттарын: «Оо, оҕом барахсан, бадаҕа, тарбаххар сүүтүктээх төрөөбүккүн. Олоххун иискэ аныыр дьылҕалаах эбиккин», – диэн аһыммыттыы эппит.
Норуот билиниитин ылбыт уран тарбахтаах, талба талааннаах Аана Зверева бастыҥ үлэлэрэ СӨ Национальнай художественнай музейыгар, Ем. Ярославскай аатынан Саха музейыгар уонна өрөспүүбүлүкэ атын түмэллэригэр хараллан тураллар. Ону сэргэ, Арассыыйатааҕы этнография музейын (Санкт-Петербург), Декоративнай-прикладной искусство уонна норуот искусствотын Бүтүн Арассыыйатааҕы музейын (Москва), Естественнэй история Америкатааҕы музейын (Нью-Йорк) баай пуондаларын хаҥаталлар.
Аана Зверева, норуот маастара, саха норуодунай худуоһунньуга, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ:
– Прикладной искусство иккис суордунан ааҕыллар диэн куруук аһаҕастык этэбин. Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство, живопись син биир үрдүктүк турара, ордук сыаналанара кистэл буолбатах.
Суорун Омоллоон быыстапкабын икки чаас көрбүтэ уонна инникибин өтө көрөрдүү эппитэ: «Кыбытыктаах тигиини сайыннаран эрэр эбиккин. Бу дьыалаҕын уопсастыбаннас уонна туһааннаах тэрилтэлэр өйүөхтэрин наада...» Кырдьык, кыбытыктаах тигии аан дойду билиниитин ылла, онуоха иистэнньэҥнэргэ махтанабын.
Бачча сааспар диэри үөрэ-көтө үлэлиибин, ким да күһэйиитэ суох айабын-тутабын. Миэхэ туох даҕаны чэпчэкитик кэлбэтэҕэ, барытын сыралаах үлэбинэн ситиспитим. Буор муосталаах, муус түннүктээх балаҕаҥҥа олорбут дьон олох ыарахаттарыттан чаҕыйбаттар, ханнык да үлэттэн куттамматтар. Үлэни сыаналааҥ уонна таптааҥ.