28.09.2022 | 18:00

Аан дойдутааҕы Сүрэх күнүн көрсө декада ыытыллар

Саха сиригэр аан дойдутааҕы Сүрэх күнүн көрсө декада ыытыллар, сүрүн сыала – нэһилиэнньэ доруобуйатын бөҕөргөтүү, сүрэх-тымыр ыарыыларын сэрэтии диэн иһитиннэрдэ Доруобуйа харыстабалын министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Аан дойдутааҕы Сүрэх күнүн көрсө декада ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйын 29 күнүгэр аан дойдутааҕы Сүрэх күнэ бэлиэтэнэр.  Бу күн, куорат олохтоохторугар сүрэх ыарыыларын эрдэттэн сэрэтэр уонна эмтэтэр наадалааҕын санатан, Дьокуускайдааҕы телевизионнай башня кыһыл өҥүнэн умайыаҕа.

Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Доруобуйа харыстабалын министиэристибэтэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай доруобуйа уонна медицинскэй сэрэтии киинэ, «Медик волонтердар» хамсааһын Дьокуускай куорат уопсастыбаннай миэстэлэригэр: «Туймаада» ТРК, «Проспект» АК, автовокзалга, аэропортка уо.д.а. сирдэргэ «Артериальнай хаан баттааһынын кээмэйдиир биир кэлим күн» аахсыйаны тэрийэллэр. Аахсыйа чэрчитинэн хаан баттааһынын кээмэйдииргэ үөрэтии, ВИЧ-инфекцияны бэрэбиэркэлээһин, туһааннаах буклеттары тарҕатыы, видеороликтары көрдөрүү ыытыллыаҕа.  

Медицинскэй тэрилтэлэргэ  сүрэх-тымыр ыарыыларын сэрэтиигэ туһуламмыт семинардар, ыксаллаах түбэлтэҕэ бастакы  көмөнү оҥорууга үөрэтэр маастар-кылаастар ыытыллыахтара.

Тэрээһин чэрчитинэн «Здоровое сердце семьи» Аһаҕас аан күннэрэ, үлэ кэлэктииптэригэр, үөрэх кыһаларыгар сылдьыы тэриллиэҕэ. «Здоровое Сердце» аахсыйанан медиктэр хаан баттааһынын кээмэйдиэхтэрэ, терапевт-быраас көрүөҕэ, саахар, холестерин таһымнарын бэрэбиэркэлиир экспресс-тест ыытыллыаҕа, ЭКГ оҥоһуллуоҕа, кардиолог сүбэ-ама биэриэҕэ.

Медиктэр Саха сирин олохтоохторун тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥыраллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...