25.05.2023 | 14:00

Аан дойдуга урут суох энциклопедия тахсан эрэр

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет иһинэн үлэлиир Олоҥхо института “Олоҥхо энциклопедиятын” бастакы туомун бэлэмнээн эрэр.
Аан дойдуга урут  суох энциклопедия тахсан эрэр
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Энциклопедия бастакы таһаарыыта «Энциклопедия Олонхо: Олонхосуты» диэн ааттанан быйыл тахсыаҕа. 2027 сылга диэри биэс туом тахсара былааннанар. Бу таһаарыы биир сүрүн уратыта – аан дойдуга бастакытын норуот эпоһын систиэмэлээһин буолар.

Бастакы туом кэнниттэн кэлэр таһаарыылар олоҥхо сюжеттарыгар, персонажтарыгар, эпос уонна уопсастыба, эпос универсалията уонна уникалията диэн тиэмэлэргэ ананыахтара.

Олоҥхо институтун дириэктэрэ Руслан Анисимов кэпсээбитинэн, бастакы туомҥа бүттүүн норуот түмсэн үлэлэһэ сылдьар: “Энциклопедияҕа 700 олоҥхоһут туһунан сэдэх чахчылар киириэхтэрэ. Өрөспүүбүлүкэ кыраайы үөрэтэр исписэлиистэрэ  бары үлэлэһэн, улуустар култуураҕа управлениелара, библиотекалара көхтөөхтүк көмөлөһөн эрэллэр. 140-ча олоҥхоһут аймах-билэ дьонноро информацияны хомуйаллар, ситэрэн-хоторон, сыыһаны көннөрөн, эбии матырыйаалы булан биэрэллэр”.

“Олоҥхо энциклопедията” дьэрэкээнник киэргэтиллэн, иллюстрацията элбэх уонна эриэккэс буолара күүтүллэр. Научнай-популярнай таһаарыы быһыытынан ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананыаҕа.

“Бу энциклопедия биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ буолбакка, дойду тас өттүгэр да ирдэнэр, атын норуоттарга туһалаах таһаарыы буолуохтаах. Маннык хабааннаах үлэ Арассыыйа үрдүнэн суох. Холобур, Кыргызстаҥҥа, Манас Национальнай академията баар сиригэр, быйыл «Эр Тёштюк» эпос энциклопедиятын оҥорон таһаардылар”, - диир Олоҥхо институтун дириэктэрэ.

Олоҥхо энциклопедиятын таһаарыы идеята ХИФУ-га бастаан 2011 сыллаахха үөскээбит. Олоҥхону чинчийэр научнай институт бастакы дириэктэрэ Василий Иванов салалтатынан үлэ 2014 сыллаахтан саҕаланан барбыт, 2017 сыллааха энциклопедия хара барыйаана бэлэм буолбут. Ол иннинэ 2016 сыллаахха ХИФУ учуонайдара Башкортостан Наукаҕа академиятыгар “Башкир энциклопедията” научнай-издательскай кииҥҥэ анаан-минээн баран үөрэнэн кэлбиттэр. Биһиги энциклопедиябыт тахсыытыгар башкирдар консультант быһыытынан үлэлэһэн эрэллэр эбит.

Энциклопедияны таһаарар эрэдээксийэ хамыыһыйатыгар, Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, министиэристибэлэр салайааччылара, туһааннаах биэдэмистибэлэр, учуонайдар, Олоҥхо Ассоциациятын салалтата, Олоҥхо тыйаатыра, Национальнай архыып үлэһиттэрэ киирбиттэр.

Руслан Анисимов тоһоҕолоон бэлиэтииринэн, энциклопедия наука, ол аата саха эпосоведениетын, сайдыытын биир туспа таһымҥа таһаарар. Олоҥхону үөрэтии, чинчийии биир сиргэ турбат, кэми кытта тэҥҥэ сайдар. Ону Олоҥхо институтун учуонайдара 400-тэн тахса научнай үлэни таһаарбыттара да бигэргэтэр. Онон энциклопедия курдук улахан үлэ олоххо киириитэ кэм-кэрдии ирдэбилигэр, сайдыы таһымыгар хоруйдуур улахан историческай соругу толорууга тэҥнэһэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...