17.12.2023 | 10:00

Аан дойду шедеврдэрэ — оҕо хараҕынан

Аан дойду шедеврдэрэ —  оҕо хараҕынан
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Натюрморт живопись туспа жанрын быһыытынан Арассыыйаҕа XVIII-с үйэҕэ үөдүйбүтэ уонна XIX-с үйэ бүтүүтүгэр диэри аанньа ахтыллыбатаҕа, улахаҥҥа ууруллубатаҕа. Ол эрээри XX-с үйэҕэ натюрморт нуучча живопиһыгар биир сүрүн миэстэни ылбыта, силигилии сайдыбыта. Онтон ыла ойуулуур-дьүһүннүүр искусство саҥа саҕахтары арыйбыта.

Соторутааҕыта Хатастааҕы Оҕо искусствотын оскуолатын «Живопись» салаата тэрийэн ыыппыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Картины великих художников глазами детей» күрэҕэ түмүктэннэ.  Төрдүс төгүлүн ыытыллыбыт куонкурус тиэмэтэ «Натюрморт» диэн буолла.

Худуоһунньук норуоттар икки ардыларынааҕы күнүгэр анаммыт күрэх сыл аайы кыттааччыта элбээн, далааһына кэҥээн иһэр. Ол курдук, быйыл Алдан, Амма, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мииринэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Усуйаана, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан, Дьокуускайтан уонна киин куорат нэһилиэктэриттэн барыта 307 оҕо кытынна. Бу сырыыга оҕолор арҕаа дойду, нуучча уонна саха худуоһунньуктарын үлэлэрин хатылыырга холоннулар.

Кыттааччылар үлэлэрин ааттаах-суоллаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата: Федот Гаврильевич Макаров – СӨ искусстволарын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһа» айар уопсастыбаннай тэрилтэ «Духовность. Традиции. Мастерство» кыһыл көмүс мэтээлин хаһаайына, живописец худуоһунньук;  Мария Николаевна Иннокентьева – СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, В. Васильев аатынан бириэмийэ лауреата, П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище живописька салаатын сэбиэдиссэйэ, живописец худуоһунньук;  Нюргустана Владимировна Филиппова – СӨ култууратын туйгуна, ДьХУ декоративнай-прикладной искусствоҕа уонна норуот оҥоһуктарыгар салаатын сэбиэдиссэйэ, преподаватель, скульптор худуоһунньук.

Кинилэр кыттааччылар таһымнара үрдүгүн бэлиэтээтилэр, эдэркээн худуоһунньуктарга айар үлэнэн салгыы дьарыктаналларыгар, айар күрэхтэргэ инникитин да кытта туралларыгар баҕа санааларын тиэртилэр.

Тэрийээччилэр куонкуруска оҕолору көҕүлээн кытыннарбыт преподавателлэргэ, салайааччыларга махталларын биллэрдилэр. Кырдьык даҕаны, оҕолор маннык күрэхтэргэ кыттан, аан дойду шедеврдэрин билсэн, элбэххэ үөрэнэллэр, маастарыстыбаларын  үрдэтэллэр.

Оҕо кыраҕы хараҕынан, ураты көрүүтүнэн оннооҕор аан дойду чулуу айымньылара саҥалыы тыыннаналлар. Ону быйылгы күрэххэ киирбит бастыҥ үлэлэри көрдөххүтүнэ, илэ хараххытынан итэҕэйиэххит.

ГРАН-ПРИ – Дарья Миняйлова, 14 саастаах
В.Ф. Стожаров «Натюрморт с рябиной» (1967 с.) хартыынатын куоппуйата, акварель
Депутатскайдааҕы Оҕо искусствотын оскуолата, Усуйаана улууһа.
Преподаватель: Сивцева А.А.
1-кы истиэпэннээх лауреат – Оля Находкина, 9 саастаах
Эдуард Васильев «Натюрморт с букетом клевера» (2013 с.) үлэтин куоппуйата 
З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы Оҕо искусствотын оскуолата
Преподаватель: Захарова А.А.
1-кы истиэпэннээх лауреат –Кюннэй Дьячковская, 12 саастаах 
Энн Уилсон «Завтрак» хартыынатын куоппуйата, гуашь 
Хатастааҕы Оҕо искусствотын оскуолата 
Преподаватель: Егорова Е.П.
1-кы истиэпэннээх лауреат – Анастасия Слепцова, 13 саастаах
И.Ф. Хруцкий «Цветы и плоды» (1839 с.) үлэтин куоппуйата, гуашь
Депутатскайдааҕы Оҕо искусствотын оскуолата, Усуйаана улууһа.
Преподаватель: Фролова И.Г.
1-кы истиэпэннээх лауреат – Саргылана Попова, 16 саастаах
К.Петров-Водкин «Виноград» (1938 с.) хартыынатын куоппуйата 
Ф.С. Аргунов аатынан Ытык Күөллээҕи Оҕо искусствотын оскуолата, Таатта улууһа
Преподаватель: Билюкина С.К.
2-с истиэпэннээх лауреат – Дарина Петухова, 12 саастаах 
Дмитрий Анненков «Яблоки» натюрмортун куоппуйата (акварель) 
Бороҕоннооҕу Оҕо искусствотын оскуолата, Уус Алдан улууһа 
Преподаватель: Мухина С.Ф.
2-с истиэпэннээх лауреат – Люда Слепцова, 12 саастаах 
Анри Матисс «Натюрморт с кувшином и фруктами» (1898 с.) хартыынатын куоппуйата 
А.П. Гоголев аатынан Чурапчытааҕы Оҕо искусствотын оскуолата
Преподаватель: Захарова К.К.
2-с истиэпэннээх лауреат – Валерия Николаева, 13 саастаах
Шайю Роберт «Натюрморт с яблоками и зеленым кувшином» үлэтин куоппуйата (гуашь)
Сангаардааҕы Оҕо искусствотын оскуолата, Кэбээйи улууһа
Преподаватель: Оконешникова Н.С.
2-с истиэпэннээх лауреат –Лилия Иванова, 14 саастаах
К.С. Петров-Водкин «Утренний натюрмот» (1918 с.) хартыынатын куоппуйата, (гуашь)
Хатастааҕы Оҕо искусствотын оскуолата 
Преподаватель: Макарова С.М.
2-с истиэпэннээх лауреат – Виктория Медюк, 15 саастаах
П.П. Кончаловскай «Натюрморт с бегонией» хартыынатын куоппуйата
Уус Куйга бөһүөлэгин Оҕо искусствотын оскуолата, Усуйаана улууһа
Преподаватель: Тучинова Н.Ц.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...