26.08.2023 | 12:00

Ааһан эрэр сайын бэлиэ түгэннэрэ

Кылгас түүннээх сылаас кэмнэрбит элэс гынан ааһан хааллылар. Биллэр ыччаттар быйылгы сайыны туох ситиһиилээх атааран эрэллэрин сырдатабыт.
Ааһан эрэр сайын бэлиэ түгэннэрэ
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Дыгын оонньууларыгар Дьяконов уола кыайда

Туймаада Ыһыаҕар икки күн устата «Дыгын оонньуулара – 2023» тыҥааһыннаах күрэх буолан ааста. Күрэххэ уопсайа 12 спортсмен күөн көрүстэ. Уопсай түмүккэ Нам улууһун бөҕөһө Вячеслав Дьяконов 30 очкону ылан чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктэ. Санатан эттэххэ, кини «Дыгын оонньууларын» алта төгүллээх чөмпүйүөнэ Николай Дьяконов төрөппүт уола.

Ponsash уонна Fiesta саҥа ырыалара

Быйыл сайын «Оо, кырдьык, астык кыыс оҕо, тохтоо, уурдум болҕомто» диэн тыллары элбэхтэ истибит буолуохтааххыт. Ponsash уонна Fiesta «Кыыс оҕо» диэн саҥа ырыалара ааһан эрэр сайын хита буолла. 

Сүүрүүк кыыс ыал буолла

Бэс ыйыгар Саха сирин аатырбыт сүүрүүгэ Сардаана Трофимова ыал буолла. Кэргэнэ Евгений хайа инженеринэн үлэлиир, Нам оройуонун олохтооҕо. Эдэрдэр оруобуна биир сыл анараа өттүгэр сыбаайбаҕа билсибиттэр.

Дмитрий Коркиҥҥа аналлаах киинэ

Аатырбыт тренер Дмитрий Коркин сырдык кэриэһигэр «Триумф» диэн ааттаах спортивнай драма уһуллуута түмүктэннэ.

Кинематографистар олимпиецтары иитэн таһаарбыт Улуу тренер аатын үйэтитиигэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр. Санатан эттэххэ, быйыл Саха сиригэр Дмитрий Коркин төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтиэхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...