09.05.2020 | 10:31

Аһайдар астара

Аһайдар астара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уһук Уйбаан

 Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр Маайа эһэлэрин аахха уһун өрөбүллэргэ ыалдьыттаан кэлэрэ. Хос эһэлээх эбэтигэр күн курдук көрбүт сиэннэрэ Саасыкка кыысчаана Маайа сүрэхтэрин ымыыта этэ. Оттон эһэтэ Ньыыл хайа даҕаны сиэниттэн ордук Маайаны албадытара. Күн аайы алтыспат, тэйиччи олорор сиэнин ахта-саныы сылдьара киксэрэрэ буолуон сөп.

Биирдэ күһүҥҥү өрөбүлгэ, ахсыска үөрэн сылдьан быһыылааҕа, Маайа эһэтин аахха ыалдьыттыы сылдьан кулууп оонньуутугар сылдьыбыта. Эһэтэ Ньыыл сүрүн тэрийээччи, кэнсиэркэ булгу икки  ырыаны ыллааччы. Үсүһүн көрөөччүлэр көрдөстөхтөрүнэ, бэйэтин  туругутан көрөн толорооччу.

Сэрии өлүүтүн-сүтүүтүн ортотун ааспыт киһи, омугуттан тутулуга суох, билэр уонна ыллаабыт ырыатын “Катюшаны” сырыы аайы булгуччу ыллыыр. Истээччилэр хал буолбаттар. Бастакынан, ыллаабатаҕына, умунна дуу диэбиттии, дьиэ иһэ:

- “Катюшаҕын”.  Ньыыл, “Катюшаҕын”, - ньиргийэ түһээччи. Оннук ис иһиттэн иэйиилээхтик ыллыыр.

Умнулларын ааһан, истиҥэ, иһирэҕэ кыратык даҕаны өлбөөдүйбэт,  билиҥҥэ дылы утумтан утумҥа бэриллэн тэтимирэн иһэр. Оннук дьикти дьылҕалаах ырыа. Киһи барахсан олоҕун суорума суоллуур соруктаах бирдиргиир-баһырҕыыр сэрии ынчыгын тыаһыттан быыс булан, уһун, кылгас сынньалаҥнарыгар саллааттар ыллаабыт ырыалара.

Эдэркээн сүрэхтэр төрөөбүт ийэ сирдэрин ханнык эрэ муннугар атаара хаалбыт тапталлаахтарын санатар, туох туһугар сытар хаххаларыттан туран өлүүнү утары сүүрэллэригэр инникигэ эрэллэрин өҕүллүбэт сүрүннээбит буолан өлбөт-сүппэт дьылҕалаах, сэриини кыайсыбыт  ис сүр (дууһа)  ырыата “Катюша”, “Расцветали яблони и груши ...” барахсан көстүбэт, санаа күүһүн саллаата. 

Эһэтэ “Катюшатын” ыллаан бүппүтүгэр, Маайа кинилэр кэннилэригэр олорор сааһыра барбыт кэргэнниилэр кэпсэтиилэрин истибитэ. Дьахтара сибигинэйэн кэриэтэ:

-Ньыыл үтүө киһи. Ыраатыаҕын абааһы аһа атахтаабыт киһитэ.

-Айбыт Таҥарабыт барахсан биһигини дуоһутарга анаан ыыттаҕа дии, ол куһаҕан дуо? – киһитэ Маайа истэригэр дьиктитик ыйытан хоруйдуур.

-Бу да киһи. Киин куоракка ыллаан өссө элбэх саха киһитин үөрдүө-көтүтүө этэ. Түбэбитин аатырдыа этэ. Эн, бастакынан биһиги киһибит дии-дии, түөскүн охсунуохтааҕыҥ.

Киһитэ өһүгэммиттии:

-Бүт эрэ. Хата, “Манчаарытын” көрдөһөргө кыттыс, - сөҥүдүйэн кэбиспитэ.

Ити кэмҥэ көрөөччүлэр:

  • “Манчаары”, “Манчаары”, “Манчаары”, - көрдөһүүлэринэн саала ньиргийэн олордо.

Маайа сарсыныгар эһэтинээн дьиэҕэ иккиэйэҕин хаалбыттарыгар:

-Эһээ, бэҕэһээ кулуупка эмээхсиннээх оҕонньор кэпсэтэрин иһиттим.

-Ол туох диэн кэпсэппиттэрин дьиктиргээтиҥ?

 -Эйигин хайҕыыллар эрээри, “абааһы аһа атахтаабыт киһитэ”, - дииллэр. Эһээ, эн  абааһы аһын аһыыгын дуо? – сиэнэ билбэтин  ыйыппыта.

 -Абааһы аһа диэн арыгыны этэллэр. Иһэбин быһыылаах, - олорбохтуу түһэн баран, чиҥэтэрдии, - иһэбин, - билиннэ.

- Абааһы аһа дииллэрин иһиэ суоххун, эһээ, - Маайа оччолорго арыгы, адьынат аҕата буолан  олоҕун батыһа сылдьыан хантан билээхтиэй?!

-Абааһы аһа буолара дуу?... Аһайдар астара буолара баҕас чахчы.

-Эһээ, аһайдар диэн кимнээҕий?

-Аһайдар диэн куһаҕан киһиттэн өссө куһаҕан кэмэлдьилээх дьон, - Ньыыл сиэнигэр судургутук быһаарбыта.

-Эһээ, оттон эн тоҕо куһаҕан дьоннуун кыттыһаҕын? – Маайа тапталлаах эһэтин атын дьонунан атахтатааһына суох үчүгэй эрэ дэтиэҕин баҕарара токкоолоһуннарар.

-Доҕоор, Маайа, эн улахан киһигин дии?! Арыгы уодаһыннаах утах, утах буолуо дуо. Сүлүһүннээх уу. Ыллыҥ эрэ бырахтарбат адьынаттаах. Икки сыллааҕыта биһиэхэ уйулҕа эмчитэ, улахан учуонай киһи кэлэ сылдьан кэпсээбитин истибиппит. Онтон ыла  миэхэ   ааргы аһайдар “астарыттан”     уйулҕа эмчиттэрэ эрэ дьону-сэргэни быыһыыр кыахтаахтар эбит диэн бигэ санаа олохсуйбута. Чэ, туох диэн кэпсээбитин иһит. Ньыыл сиэниттэн атыны, үөһэни, ырааҕы көрөн олорон, кэпсээнин саҕалаабыта:

 - Ол киһи ыйытык туруорбута, арыгы киһи толкуйун туманнырдарын, үчүгэйтэн куһаҕаны араарар кыаҕын намтатарын, ону ааһан киһи этин-хаанын тута өрүкүнэппитин иһин, түмүгэ охсуулааҕын билэн туран, тоҕо оннук дьайыылаах гынар испиири айан таһаарбыттарай? – диэн. Бэйэтэ быһаарбыта. Чопчу хоруйун булан быһаарар ыарахан. Арыгы үчүгэй даҕаны, куһаҕан даҕаны өрүттэрин туһунан суруйуу элбэх. Тус  бэйэм биир түмүккэ кэлэбин, киһи аймах арыгыны ис сүрэ, этин-сиинин туруга кэми таһынан тыҥааһынын (стресс) уоскутар “эмп” быһыытынан туттарга анаан айбыт. Өй-санаа өрүкүйүүтүн киһи уйулҕата (психология) сүгэр. Оттон уйулҕа киһи мэйиитинэн быһа салалларын болҕомтоҕо ыллахха, мэйии үлэтин сатаан саланар киһи арыгы көмөтө суох сүргэтин күүрүүтүттэн уоскутунар кыахтаах диэн  быһаарбыта.

Уйулҕа эмчитин кэпсээнин кэнниттэн Маайаҕа иһэр буруйун алы гыннарардыы:

-Олоруохпун олорбут киһибин. Биһиги, сэрии уотун ааспыттар,  дьонтон уратыбыт диэн орто дойдуга куһаҕантан куһаҕаны, киһи өлүүтүн, доҕоруҥ, үөлээннээҕиҥ сэргэ иһэн буулдьаҕа табыллан өлөн түһэрин икки харахпытынан көрбүт, икки илиибитинэн көтөҕөн ньилбэкпитигэр ууран олоххо төнүннэрэ сатаабыт дьоммут. Ол киһи кутугар-сүрүгэр арахсыбаттыы, сотуллубаттыы иҥэн хаалан, олохпут устата илдьэ сылдьыллар эбит. Түгэнтэн түгэҥҥэ аһыллан кэлэр үчүгэйдик чэрдийбэтэх баас курдук. Арыгы  санаатыҥ эрэ ылан быраҕыллыбат сыстаҥ ыас курдук. Оҕом, эн оскуолаҕын бүтэрэн салҕыы булгуччу уйулҕаны эмтиир үөрэххэ үөрэнээр, -     сиэнигэр олоҕор сорук туруорардыы түмүктээбитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...