02.10.2022 | 08:28

Аҕам саастаах дьоммут астына алтыстылар, үөрэ-көтө көрүстүлэр

Аҕам саастаах дьоммут астына алтыстылар, үөрэ-көтө көрүстүлэр
Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ, Аҕам саастаах дьон күннэригэр, Хатаска алтынньыны быһа быстыбакка барыахтаах кэккэ тэрээһиннэр саҕаланнылар. Ол курдук, күнүс 11 чааска "Тускул" КК икки массыына тобус-толору бэтэрээннэр тиэллэн, Хатаспыт устун экскурсияҕа туруннулар. Бу тэрээһин "Узнай свою улицу" бырайыак чэрчитинэн оҥоһулунна. Сымнаҕас олбохтоох, сылаас Газель оптуобуска уонна биир омук микрооптуобуһунан Хатаспыт дьонун-сэргэтин аатынан ааттаммыт уулуссаларынан бардыбыт. Нэһилиэккэ киирии бэлиэ сириттэн саҕалаатыбыт. Түөлбэ-түөлбэ тус-туспа, тэлгэһэ-тэлгэһэ атын-атын көстүү. Киһи үөрэрэ диэн, олох салҕанарын бэлиэтэ - дьиэ акылаатын түһүүтэ, олбуор остуолбатын дьааматын хаһааччы, ханаапыкалааччы уо.д.а. Уулуссаҕа оскуолаттан иһэр оҕолор, син абына-   табына да буоллар сүөһүлэр, кыбыылары, олбуордары толору тиэйиллибит урулуоннаах, кэбиһиилээх оттор бааллара сүрэҕи-быары ортотунан киирэр. Нэһилиэк кэҥээбитин, тэнийбитин, дьон - сэргэ олоҕун хаачыстыбата үчүгэйин көрөннөр бэтэрээннэрбит сэргэхсийэ түстүлэр.


''Киэҥ хочо'' түөлбэҕэ Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера, ССРС Эргиэн туйгуна, атыы-тутуу эйгэтигэр кэккэ сонун хамсааһыннары киллэрбит  Константинов Ф.Е быстах туора уулуссатыгар анал информационнай аншлаг ыйанна. Тус анал бырайыак киэнэ буоларын бэлиэтэ буолан аншлаг өҥө ураты. Бу түгэҥҥэ, бу күҥҥэ дьоһун киһибит ыччат дьоно - оҕото ХИФУ бэтэрээн преподавателэ Константинов А.Ф, сиэннэрэ Макаров Ф.Г, Чабыева Н.Г уонна аймах - билэ дьонноро Громовтар, Баишевтар, Жирковтар оҕолорун, сиэннэрин кытта бааллар. 
Эскурсия дьоно салгыы атын уулуссаларынан оҥоһулла сылдьар суолунан айаннаан, нэһилиэкпит историятын музейыгар тиийдилэр. Манна П.П.Федороваҕа аналлаах хаартыска,видео, живопись быыстапкатын көрдүлэр-иһиттилэр, ол кэннэ сахалыы итии үүттээх чэй иһэ-иһэ ирэ - хоро кэпсэттилэр. Ытык дьоммутугар анаан элбэх оҕолоох улахан дьиэ кэргэн ийэтэ Баишева Л. оҥорбут минньигэс тордун кытта олохтоох дьаһалта аатыттан фрукта арааһын сиэтилэр.   

Дьэ ити курдук бэтэрээннэрбит, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ытыктанар дьоммут күһүҥҥү сиппэрэҥ сииктээх, былыттаах, курус тыыннаах күнү алтыһыы аламаҕай тыынынан сымнаттылар, көрсүһүү үөрүүтүнэн киэргэттилэр, сэһэн-сэппэн сэргэх эйгэтигэр бигэннилэр.

Тэрээһини Хатас нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата (сал.Пермяков Е.П.), "Тускул" КК (дириэктэр Чепалов В.А.), музей сал. Баишев П.А. тэрийдилэр. 
Эскурсия тырааныспарын хааччыйбыт Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан ХОО (дир.Слепцов Н.В) уонна элбэх оҕолоох дьиэ  кэргэн аҕа баһылыга Колосов Д. барҕа махталбытын тиэрдэбит. Онтон дьиэлэригэр Хатастааҕы таксомоторнай сулууспалар  ( "Эрэл", "Техас", "Алмаз", 103, "Метеор") босхо тириэртилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...