“АҔАМ ИННИГЭР ЫТЫК ИЭСПИН ТӨЛӨӨТҮМ”
Биһиги хаһыаппыт 2018 сыл олунньу 22 күнүнээҕи нүөмэригэр “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат...” диэн хос сиэнэ эһэтин 75 сыл буолан баран булла” диэн ыстатыйаны таһаарбыта.
Кылгастык билиһиннэрдэххэ: “Аҕа дойду Улуу сэриитэ түмүктэммитэ быйыл 73-с сыла буолар. Хас биирдии ыал аанын сэрии алдьархайа тоҥсуйан, ыар сүтүктэри, харах уутун аҕалбыта. Ол курдук биһиги дьиэ кэргэммитигэр эмиэ оннук сүтүктээхпит. Мин хос эһэм Курбуһах нэһилиэгин олохтооҕо Николай Данилович Кычкин (Тэкэй Ньукулай), 1897 сыллааҕы төрүөх, 1942 сыллаахха 45 сааһыгар бэйэтэ тылланан, түөрт оҕотун ытаппытынан хаалларан, Суотту биэрэгиттэн сэриигэ аттаммыта.
Фроҥҥа 247 стрелковай дивизияҕа сулууспалыы сылдьан 1943 сыл олунньу 24 күнүгэр өлбүтэ. Бу кэмҥэ кини чааһа Жиздринскай кимэн киирии эпэрээссийэтигэр Конев уонна Баграмян генераллар салалталарынан кыттыыны ылбыта. Хаһан, хайдах өлбүтүн биһиги сиэннэрэ былырыын эрэ, эһэбит 120 сааһын туолар сылыгар, билбиппит. Бу курдук биһиги эһэбит Орловскай уобалас Жиздра диэн оройуонугар 1943 сыллаахха олунньу 24 күнүгэр өлбүтүн булбуппут”.
Ити курдук хос сиэнэ эһэтин булбутун кэннэ кини көмүллүбүт бырааттыы иинигэр баран ытык иэһи төлөөһүн, төрөөбүт дойдутун ийэ буорун баран ууруу туһунан аймахтарга кэпсэтии барбыта. Үөрүөх иһин, Николай Данилович төрөппүт уола, билигин 88 сааһын санныгар түһэрбит Леонид Николаевич Кычкин бэйэтинэн баран аҕатыгар сүгүрүйэр санаалааҕын туһунан эппитэ.
КУРБУҺАХХА АЙАН
Мин бэйэбин билиһиннэрэр буоллахпына, бу ыалга кийиит буолабын. Онон кэргэммин өйөөн, бу сайын эһэбит төрөөбүт-үөскээбит, олорбут сиригэр Уус Алдан Курбуһаҕар айанныырга быһаарыммыппыт. Ол нэһилиэк суола-ииһэ куһаҕанын, ардах түстэ да айан уустугурарын истэрим. Күнү-дьылы кэтээн, курааҥҥа айанныахха диэн кэргэмминээн быһаарыммыппыт. Онтон биир күнү былааннаан, от ыйын 11 күнүгэр Курбуһахха айаннаабыппыт. Дойдубутугар кураан этэ. Барыахпыт иннинэ эрдэттэн нэһилиэк баһылыгар кимнээхпитин, туох сыалга барарбытын, онон эһэбит алааһыгар, өтөҕөр сирдьит булалларыгар көрдөспүппүт. Баһылык Владимир Николаевич Петров тута өйдөөн, бэйэм суох буолабын, онон көрсөр дьону, сирдьити булуохпут диэн эрэннэрбитэ. Дьэ, онон уһун айаҥҥа туруммуппут. Бороҕоҥҥо тиийэн сырыыны сылдьар, бадарааны, куһаҕан суолу билиммэт, анаан оннук айаҥҥа оҥоһуллубут УАЗ массыынаны кэргэним табаарыһыттан уларсан барбыппыт. Трассаҕа тахсан Курбуһахха эрийбиппитигэр, бөөлүүн түүнү быһа ардаата, онон суолбут үчүгэйэ суох диэн сэрэттилэр. “Үчүгэйэ суох” диэн ханарытан этии буолан таҕыста. Дьэ, XXI-с үйэҕэ маннык суол-иис баарын саҥа көрдүм. Халтарыйыы, суолтан туорааһын, иҥнэл-таҥнал түһүү туһунан этэ да барбаккын. Ахсааннаах массыынаны көрүстүбүт, сорохторо батыллан туралларын ороотубут. Бу үлүгэр Курбуһахпыт кэлэн биэрбэтий, бу үлүгэр сылайдахпытый. Айаммытыгар диэн алаадьы, кымыс ылбыппытын тохтобул аайы көрдөһөн, сири-уоту аһатан ааһабыт.
Кэмниэ-кэнэҕэс Курбуһах диэн аартыгы көрөн наһаа да үөрдүбүт. Дэриэбинэҕэ киирбиппит суолга биир киһи хаамыталыы сылдьар, биһигини күүтэр эбит. Тута тохтотон, билсэн баран, хонтуоратыгар илдьэн итии чэйинэн, аһынан-үөлүнэн күндүлээтэ. Туох эрэ улахан дэлэгээссийэ кэлбитин курдук үөрэ-көтө көрүстэ. Бу сүрдээх аламаҕай, элбэх кэпсээннээх, үтүө санаалаах Семен Иванович Протопопов олохтоох ОДьКХ салайааччыта эбит. Онтон бу үлүгэр от үлэтин кэмигэр тыа дьоно биир да күн өрөөн турбат буоллахтара, биир киһини сирдьит быһыытынан тылбар нэһиилэ киллэрдим диэн Копырин Валерий Ивановичка илдьэн туттарда. Эһэбит олорбут кыстык сиригэр айанныыр буоллубут. Аны туран, Курбуһах үрэх сир буолан, дулҕалардаах сирдэринэн эмиэ күөрэ-лаҥкы айаннааһын саҕаланна. Айаммыт былаһын тухары Валерийбыт айаҕа хам буолбакка, алаастары, кимнээх олорбуттарын биэс тарбаҕын курдук билэр эбит, кэпсии истэ. Аара Баал Хабырыыс олорбут өтөҕүн, киниэхэ анаан туруорбут пааматынньыктарын көрөн, тохтоон аастыбыт. Дьэ ол курдук икки чаас айаннаан эһэбит кыстык өтөҕөр тиийэн сири-уоту алҕаан, көрдөһөн, ийэ буорун ылан кэллибит.
Түгэнинэн туһанан, Курбуһах ыалдьытымсах дьонугар, баһылык Владимир Николаевич Петровка, истиҥник көрсүбүт Семен Ивановичка, сирдьиппит Валерий Копыриҥҥа уонна биһигини көрсүбүт, чэйдэппит сүрдээх аламаҕай дьоҥҥо истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
ЭҺЭҔИТИН КӨРБӨТӨҔҮМ ДА БУОЛЛАР, ИСТЭР ЭТИМ
Бачча кэлэн баран Курбуһах биир ытык кырдьаҕаһын, уруккуну-хойуккуну билэр, кэпсиир, олохтоохтор “сир түннүгэ” диир киһилэригэр хайаан да сылдьан ааһарга быһаарынныбыт. Василий Николаевич Копырин 1931 сыллааҕы төрүөх, биһиги эһэбит туһунан элбэҕи истибит, билэр эбит.
“Харалаайы диэн сайылыктарын куулатыгар былыргы балаҕаннара баар этэ, хас да хостоох улахан саха балаҕана. Элбэх дьукаахтардаахтар этэ. Манна улахан аҕа уустара олорбуттара. Кыстык сирдэрэ Кииллигин диэн.
Эһиги эһэҕит тылланан барбыт буолуон сөп, 45 саастаах эбит оччолорго. Эһэҕитин Тэкэй Ньукулай диэн ааттыыллар этэ, күүстээх, кыанар киһи дииллэрэ. Ат сүүрүүтүн эккирэтэ сылдьан көрөрө үһү. Субу диэн көрбүппүн өйдөөбөппүн. Ньукулай аҕатын Таттык Тайыла диэн ааттыыллар эбит. Уҥуоҕунан кырата үһү, тэттик диэни таттык диэбиттэрэ дуу. Мэҥэ Хаҥалас Харатыттан төрүттээх эбит. Хайдах бу дойдуга кэлбитин билбэппин, эдьиийин батыһан кэлбит быһыылаах. Эдьиийэ манна кэргэн тахсан. Онтон манна ыал буолан олохсуйдахтара.
Ньукулай Хабырыыс диэн убайдаах этэ. Кини Тааттаттан баай Оруоһуттар кыыстарын ылбыта. Хомуньуустар оччолорго абытайдаах дьон буоллахтара дии. Баай киһи кыыһын ойох ылла диэн эккирэтэннэр, онтон күрээн Мэҥэ Хаҥаласка Хара диэн нэһилиэккэ, дойдутугар баран, хата, Саха АССР үтүөлээх учуутала буолан Ленин уордьанын ылбыт.
Эһэҕит уҥуоҕун булбуккутун хаһыаттан ааҕан олус үөрбүтүм. Хата, суолгут туран биэрэн, эһэҕит барытын үөһэттэн көрөн арыаллаан, алааһыгар этэҥҥэ сылдьан кэлбиккит олус үчүгэй”.
ИЙЭ БУОРА ЭҺЭБИТ СЭРИИЛЭСПИТ СИРИГЭР ТИИЙДЭ
Бу кэннэ эһэбит өтөҕүн ийэ буорун уолугар Леонид Николаевичка ыыттыбыт. Леонид Николаевич кэргэнэ Аэлита Георгиевналыын атырдьах ыйыгар Москва куоракка бараннар, ол кэннэ Орловскай уобаласка Жиздра оройуонугар тиийэн, бырааттыы ииҥҥэ эһэлэригэр сибэкки дьөрбөтө, төрөөбүт ийэ буорун уурдулар.
Аэлита Георгиевна, Леонид Николаевич айаннарын туһунан маннык кэпсээтилэр: “1943 сыллаахха бу улахан кыргыһыыга 50 тыһыынча киһи өлбүт эбит. Бу улахан эпэрээссийэ Баграмян уонна Конев генераллар салалталарынан барбыт. Кинилэр өстөөхтөр Москваҕа киириилэрин тохтотуохтаахтар эбит. Бу “Жиздринскай операция” диэн историяҕа биллэр. Манна барыта саҥа сэптэрин – тааҥкалары, сөмөлүөттэри, сэрии сэбин туттубуттар. Туох да улахан кыргыһыы буолбут.
Биһигини уобалас военкомун солбуйааччыта, олохтоох Ослинка сельсэбиэт, оройуон баһылыктарын солбуйааччылара, суруналыыс, барыта уонтан тахса киһи кэлэн көрсүбүтэ. Маннааҕы вонкомакка уолаттарбыт сылдьан анараа барарбытын биллэрбиттэрэ. Онуоха военком Аркадий Михайлов бу биһи тиийиэхтээх Орловскай уобаласпыт военкомун кытта бииргэ үөрэммиттэр эбит, онон ол киһи үөрэ-көтө көмөлөһүөм, кэллиннэр диэбит. Кини көрсүһүүгэ суох этэ, онтон төннөн иһэн хайаан да сырыттыннар диэн илдьиттээбитин иһин Калугаҕа сылдьан ааспыппыт. Эмиэ наһаа үчүгэйдик көрсүбүтэ, кэтэһэн аҕай олорор эбит, олус истиҥник кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдээбиппит. Барарбытыгар алҕаан, махтана хаалбыттара уонна Кыайыы күнүгэр кэлэргит буоллар диэбиттэрэ, ону тэҥэ “Бессмертный полк” параадка тутан хаамыахпыт диэн эһэбит портретын илдьэ хаалбыттара”.
Леонид Николаевич аҕатын сэриигэ атаарбытын субу баардыы өйдүүр. Аҕатын кууһан туран: “Аҕаа, миигин илдьэ бар”,- диэн көрдөспүтүгэр, “Тоойуом сатаммат, абаҕаҕар куоракка тиийээр” диэбит уонна халыҥ баппаҕайынан төбөтүн имэрийээхтээбит. Оччолорго аҕа барахсан иһигэр тугу-тугу санаабыта, төһөлөөх аймаммыта буолуой? Кырачаан уолун сылааһа, аҕатын сайыспыт санньыар харахтара өлүөр диэри өйүттэн тахсыбатах буолуохтаах. Ол курдук Николай Данилович Кычкин бүтэһиктээх, төннүбэт айаныгар төрөөбүт сириттэн-уотуттан, Хоноҕор сириттэн букатыннаахтык айаннаабыт.
Онон билигин бойобуой саллаат Николай Данилович Кычкин көмүллүбүт сирэ көстөн, уола Леонид Николаевич ийэ буорун илдьэн ууран, барыбыт суолун арыйан, ардах кэннэ айаммытыгар, Курбуһахха да, Калугаҕа да, барыыга күн бөҕөтө тыган чахчы барыбытын кэтэһэ сытаахтаабыт эбит диэн бука бары бүөм саныыбыт...