03.02.2023 | 18:00

Аҥаар кынаппыт сарбыллыбатар ханнык

Ааспыт сыл бүтүүтэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыбыт саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II-с өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин кэнниттэн төрөөбүт тылбыт сарсыҥҥытын салайса сылдьар дьон инникигэ эрэллэрэ күүһүрбүтэ.
Аҥаар кынаппыт сарбыллыбатар ханнык
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Концепция өр сылларга үлэлиэхтээх

Соторутааҕыта Ил Түмэн наукаҕа, үөрэҕириигэ, култуураҕа, СМИ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева “Айыы кыһатыгар” Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтэр Концепцияны оҥорууга сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыытта. Манна национальнай гимназия кэлэктиибэ уонна бу үлэни сүрүннүүр тустаах хамыыһыйа чилиэннэрэ кыттыыны ыллылар.

Феодосия Габышева тыын суолталаах докумуон оҥоһулларыгар национальнай оскуолалары кытта ситимнээх үлэ тиһигин быспакка ыытылларын эттэ, ийэ тылы үөрэтиигэ бүгүҥҥү күҥҥэ баар сүрүн кыһалҕалары тумнубата. Ол курдук, Дьокуускай куоракка уонна улуус кииннэригэр тыа сириттэн маассабай көһүү саҕаланыаҕыттан материальнай-техническэй баазаны кэҥэтэр, оҕолору ийэ тылынан иитэр-үөрэтэр кыахпыт кырыымчыгыттан тыл эйгэтигэр кэһиллии тахсыбытын, оҕо уонна ыччат күннээҕи олоҕугар саха тылын эйгэтэ кыараабытын бэлиэтээн ааста.

Мунньах кыттыылаахтара сийиэс резолюциятын пууннарынан ырыттылар. Бу докумуон аҥаардас уопсай үөрэхтээһини эрэ буолбакка, киэҥ эйгэни – оскуола иннинээҕи, эбии үөрэхтээһин, орто анал уонна үрдүк үөрэх, наука уонна култуура кыһалҕаларын хабар. Сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ эппитинэн, резолюция аныгыскы сийиэскэ диэри, оттон Концепция өр сылларга үлэлиэхтээх.

 

Өйөбүл баар буолуо – барыта кыаллыа!

Резолюцияҕа тиһиллибит сүбэ-соргу барыта инники үлэни сүрүннүүр тирэх, хамсатар күүс буолуохтаах. Саха тылын, литературатын учууталлара ханнык кыһалҕалары көрсөллөрүй, үлэлэригэр туохха ордук болҕомтолорун ууралларый? Сийиэс кыттыылаахтара резолюцияҕа киирбит сүбэлэртэн тугу сэргии иһиттилэр? Онтон туох кыаллыай? Бу эйгэҕэ үлэлии сылдьар дьон санааларын истиэххэ.

Людмила Николаевна Павлова, Сунтаар улууһун Элгээйи орто оскуолатын учуутала: 

– Билиҥҥи оҕо сахалыы аахпат, сороҕор судургу да тыллары өйдөөбөт буолла. Сийиэс үлэтигэр учууталлар үрдүкү былааһы, Ил Дарханы кытта атах тэпсэн олорон кэпсэппиппит олус үчүгэй. Саҥардыллыбыт лабораторияларынан хааччыйар, саха тылыгар үөрэтии ис хоһоонун уларытан, тыл саппааһын байытар, ситимнээх саҥаны сайыннарар үлэни күүһүрдэр тосхоллоох үөрэх босуобуйаларын оҥорор, ийэ тылы, төрөөбүт литератураны үөрэтии Концепциятын ырытан бигэргэтэр туһунан этиилэри ордук сэргээн истибитим. Резолюцияҕа киирбит сүбэ-соргу барыта кыаллар. Үлэлиэххэ эрэ наада.

Хас биирдиибит саха омуга буоларын өйдүөхтээх, омугунан киэн туттуохтаах, оччоҕо барыта сатаныа, саха омуга аан дойдуга аатырыа!

Мария Матвеевна Попова, Дьокуускай куорат 17-с №-дээх оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала:

– Саха тылын, литературатын үөрэтиигэ, ханнык баҕарар үлэҕэ көстөрүн курдук, кыһалҕалар бааллар. Холобур, уус-уран литератураны ааҕыы таһыма намтаабытын, төрөөбүт тылынан холкутук саҥарар оҕо ахсаана аҕыйаабытын, нэдиэлэҕэ саха тылын, литературатын үөрэтэр чаас көҕүрээбитин, төрүт култуура предметэ оскуолаҕа үөрэтиллибэтин о. д. а. бэлиэтиэххэ сөп. Ол эрээри, уруккуга холоотоххо, тиэхиньикэ өттүнэн хааччыллыы, билиҥҥи оҕо санаатын аһаҕастык, толлубакка этэрэ, толкуйа тобуллаҕаһа (ааҕыан эрэ наада), саха тылын, литературатын үөрэтиигэ болҕомто үрдээн эрэрэ киһини үөрдүбэт буолуон сатаммат.

Ааспыт сийиэскэ төрөппүттэр кыттыыны ылбыттарын ордук сэргээбитим. Бары бэркэ билэрбит курдук, иитии үлэтэ дьиэ кэргэҥҥэ уйаланан саҕаланар. Тыл – оҕо өйүн, майгытын төрдө. Кини саҥарар саҥата төрөппүт култууратын таһымыттан тутулуктаах. Төрөппүт – оҕону таба саҥарарга, ийэ тылын илгэтин иҥэринэргэ бастакы иитээччи, уһуйааччы.

Резолюцияҕа киирбит сүбэлэр барыта оруннаахтар, үчүгэйдик толкуйдаммыттар, өскөтүн өйөбүл (Үөрэх министиэристибэтиттэн, Бырабыыталыстыбаттан, Ил Түмэнтэн) баар буоллаҕына, кыаллыа дии саныыбын. Барыта биирдэ буолбатах. Холобур,  уһуйааҥҥа сахалыы бөлөҕү элбэтиэххэ диибит да, онно сөптөөх таһымнаах иитээччинэн сибилигин хааччыйар кыахтаахпыт дуо? Куорат ыаллара дьиэлэрин таһыгар оҕолорун сахалыы иитэр-үөрэтэр уһуйаан суоҕуттан нууччалыы бөлөххө биэрэллэрэ кистэл буолбатах. Онон бу оҕо оскуолаҕа нуучча кылааһыгар барарыгар тиийэр. Бу боппуруос күүскэ турбута саамай сөп. Төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии ситимин тиһигэ быстыбакка, салгыы өссө күүскэ сайдыан баҕарабын. Ол үлэ акылаата уһуйааҥҥа оҥоһуллар.

Оскуолаҕа төрүт култуура хайаан да үөрэтиллиэн наада. Бу предмет оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтэрин таһынан оҕону төрөөбүт эйгэҕэ иитэр. Ону ылан кэбиһии көтөртөн аҥаар кынатын суох оҥорууга тэҥнээх...

Биһиги оскуолабытыгар  дириэктэр Л.П. Афонская, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы О.И. Борисова өйөбүллэринэн төрөөбүт эйгэҕэ иитиини төһө кыалларынан тэрийэ сатыыбыт. Ол курдук үөрэх дьыла саҕаланыыта оскуолабытыгар Оһуохай күнүн тэрийэн ыыппыппыт уонтан тахса сыл буолла. Үлэҕэ, үөрэххэ көхтөөх, түгэҕэ көстүбэт төгүрүк ии курдук ситиһиилээх буолуоххайыҥ диэн оһуохайга төгүрүччү туран үҥкүү тылын этэн, алгыс ылан үөрэхпит дьылын саҕалыыбыт. Оттон үөрэх дьыла бүтүүтэ  ыһыах ыспыппыт сүүрбэ сыл буолла. Олоҥхо, Хомус, Төрөөбүт тылбыт күннэрин хайаан да бэлиэтиибит, о.д.а. үлэлэр ыытыллаллар. Холобур,  былырыын сэтинньи ыйга 5-8 кылаас уолаттарын икки ардыгар «Байанай» күрэҕин ыыппыппыт, нуучча, саха кылааһыгар үөрэнэриттэн тутулуга суох бары кыттыбыттара.

Бэйэм тус үлэбэр ийэ тылынан иитиигэ-үөрэтиигэ болҕомтобун уурабын. Ордук ааҕыыга, оҕо айар дьоҕурун сайыннарыыга үлэлиибин. Үөрэнээччи төрөөбүт тылынан санаатын сайа этэр, холкутук ааҕар-суруйар, төрөөбүт тылын, Ийэ дойдутун таптыыр буола улаатыахтаах диэн санаанан салайтарабын.  

Төрөөбүт тылы, литератураны, төрүт култуураны үөрэтии методиката саҥа таhымҥа тахсыахтаах, учууталлар идэлэрин үрдэтиигэ болҕомто ууруллуохтаах. Ону таһынан, сахалыы саҥарыы, ааҕыы, иитии-үөрэтии куйаар нөҥүө киэҥ эйгэҕэ тахсарын күүһүрдүөххэ диэн этиини кытта сөбүлэһэбин. Билиҥҥи олохпут таһыма, сайдыыта ону ирдиир.

Уопсайынан, үгүс кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолбута. Сийиэс диэн кыһалҕаны быһаарар мунньах буолбатах, кыһалҕаны түмэр, санаа  атастаһар, сүбэлэһэр түһүлгэ. Элбэх салайааччы, дьокутаат кыттыбыта, онон өйүөхтэрэ, көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэл кыымын үөскэтэр.

Биһиги бары бүттүүн турунан, олус болҕомтолоохтук уонна эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, сийиэс уураахтарын олоххо киллэрэргэ үлэлэһиэхтээхпит. Хайдах тыллаах, өйдөөх-санаалаах көлүөнэ иитиллэн тахсара биһигиттэн – төрөппүттэртэн, уһуйааннартан, оскуолалартан быһаччы тутулуктаах. Онон барыбытын сыралаах, эппиэтинэстээх  үлэ күүтэр...

Ульяна Васильевна Заболоцкая, Дьокуускай куорат Саха политехническай лицейин саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала:

– Сийиэскэ этиллибит санаалар, резолюцияҕа киирбит сүбэлэр олоххо киириэхтэрэ диэн эрэнэ күүтэбит. Мин санаабар, турбут соруктары олоххо киллэрэргэ дьаныһан туран үлэлээтэххэ, барытын ситиһиэххэ сөп. Онно баҕа уонна дьулуур эрэ наада.

Ийэ тылбыт эйгэтэ кыараабыта биллэр, оҕолор нууччалыы тыллаах буолан эрэллэр. Билигин үгүс үөрэнээччи саха тылын уруогар эрэ сахалыы саҥарар, оттон атын эйгэҕэ нууччалыы эрэ бодоруһар. Ол иһин матырыйаалы ыарырҕаталлар. Литература уруогар айымньы ис хоһоонун эрэ үөрэтиинэн муҥурданаары гынныбыт. Онон, сахалыы эйгэ кэҥээтэҕинэ эрэ төрөөбүт тылбыт тыын ылан сайдан барыа диэн санаалаахпын.

Тус бэйэм учуутал идэтин талбыппыттан үөрэбин, Орто дойду биир саамай кэрэ, дьикти, истиҥ эйгэтигэр үлэлии сылдьабын дэнэбин. Үөрэтэр оҕолорбор чугас, истиҥ сыһыаннаах буола сатыыбын. Хомойуох иһин, аныгы сайдыылаах кэмҥэ Ийэ кукка болҕомто ууруллубат, Салгын уонна Буор куту эрэ сайыннара сатыыр курдукпут. Киһи үс кута барыта чөл туруктаах эрэ буоллаҕына, бөҕө буолар, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сайыннарар, олоҕун суолун сөпкө тобулар кыахтанар. Ол иһин үөрэтэр оҕолорбор Ийэ куккутугар болҕомто уурар буолуҥ диэн өрүү этэбин. Литература уруогар үөрэтэр айымньым дьоруойун ис туругун, олоҕу көрүүтүн арыйарга кыһаллабын. Киһи ис туругуттан бүтүн олоҕун суола тутулуктаах буоларын өйдөтөргө дьулуһабын.

Дьокуускай куорат саха тылын учууталлара «Алгыстаах сахам тыла» диэн ассоциация тэриннибит. Сахалыы эйгэни кэҥэтэр соруктаахпыт. Музейдары, тыйаатырдары, библиотекалары кытта бииргэ үлэлээн, киэҥ эйгэҕэ тахсар баҕалаахпыт.

Оҕолорго, төрөппүттэргэ, кэллиэгэлэрбэр чөл туруктаах, кэтит көҕүстээх, сайдам санаалаах, холку туруктаах буолалларыгар баҕарабын. Куккутун куоттарымаҥ, сүргүтүн сүтэримэҥ! Төрөөбүт тылгытын харыстааҥ, үөрэтэргэ дьулуһуҥ диэн ыҥырабын. Саха буолан сандаарыҥ, киһи буолан килбэйиҥ!

***

Аныгы балысхан сайдыылаах үйэҕэ, бэл диэтэр, сахалыы тыллаах нэһилиэктэргэ оҕолор нууччалыы эрэ саҥарар, оннооҕор бэйэлэрин икки ардыгар төрөөбүт тылларынан кэпсэппэт буолбуттара барыбытын долгутар. Куорат усулуобуйатыгар сахалыы эйгэни тэрийии өссө уустук. Ол эрээри тустаах докумуоннар ийэ тылбыт тыыннаах хааларыгар төһүү күүс буолуохтара диэн бигэ эрэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...