12.03.2024 | 19:20

«Аҕа күрэҕэ – 2024» быйылгы кыайыылаахтара кимнээҕий?

«Аҕа күрэҕэ – 2024» быйылгы кыайыылаахтара кимнээҕий?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйылгы «Аҕа күрэҕэ» үгэс курдук муус устар ыйга буолбакка, кулун тутарга ыытыллан, кыттааччылар күрэх түһүмэхтэрин таһынан күн-дьыл ураты тургутуутун аастылар. 
Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн «Аҕа күрэҕэ – 2024» муҥутуур кыайыылаахтарынан Октябрьскай уокуруктан Беляевтар ааттаннылар. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Владислав Иванович Өрөспүүбүлүкэтээҕи спорт оскуолатыгар футбол тренеринэн үлэлиир, уола Бувайсар Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия 9-с кылааһын үөрэнээччитэ. 
Иккис миэстэни Киин уокурук бэрэстэбиитэллэрэ Лебедевтэр дьиэ кэргэн ыллылар. Ыал аҕата Александр Игоревич – урбаанньыт, уола Алтан Алексеева ааптарыскай оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ, үһүс миэстэ хаһаайыннара – Хатастан Михаил Спартакович уолун Айуолу кытта.
Икки бастакы кыайыылаах муус устар 6-7 күннэригэр Мэҥэ Хаҥаласка «Ураһалаах» комплекска былааннанар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕэ – 2024» күрэххэ Дьокуускай куорат чиэһин көмүскүөхтэрэ.
Санатар буоллахха, «Аҕа күрэҕэ – 2024» күрэхтэһии сыллата визитка, бэрэбинэни суоруу, эрбээһин, мас хайытыы, ойбон алларыы, остуолбаҕа тахсыы, оллооҥҥо чэй өрүү уонна хайыһардааһын курдук түһүмэхтэртэн турар.
Быйыл VII-с төгүлүн ыытыллар «Аҕа күрэҕэ – 2024» куонкурус сүрүн сыалынан уопсастыбаҕа аҕа оруолун үрдэтии, спорду, чөл олоҕу пропагандалааһын, дьиэ кэргэн сыаннастарын үрдэтии буолар.
«Киин куорат» хаһыат бу чэппиэрдээҕи нүөмэригэр «Аҕа күрэҕэ – 2024» кыайыылааҕа Владислав Беляевы кытта интервьюну ааҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...