11.04.2023 | 10:26

“Аҕа күрэҕэ-2023” бастыҥнары түмтэ

“Аҕа күрэҕэ-2023” бастыҥнары түмтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Муус устар 6-7 күннэригэр Таатта улууһун Туора Күөл сэлиэнньэтигэр XXIII-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕэ - 2023» ыытылынна. Онно барыта 18 хамаанда кытынна. 
Быйылгы куорат күрэҕин кыайыылаахтара Александр Ильич, Арсений Винокуровтар (Сайсары уокуруга) уонна 2-с миэстэни ылбыт Андрей Александрович, Артур Сивцевтэр (Пригороднай сэл.) Дьокуускай куорат чиэһин көмүскээтилэр.  
Төһө да тыаллаах, тымныы күн-дьыл турдар, биһиги аҕаларбыт уонна уолаттарбыт күрэх бары түһүмэхтэригэр бэркэ кытыннылар. Винокуровтар дьиэ кэргэн хайыһарга I миэстэни ылла, ону тэҥэ бэрэбинэни суорууга уонна баҕанаҕа ыттыыга III миэстэҕэ тигистэ. Сивцевтэр баҕанаҕа ыттыы түһүмэҕэр тэҥнээхтэрин булбатылар, бастаатылар. Ол курдук, Артур тииҥ курдук хатаастан, остуолбаҕа 8 сөкүүндэнэн тахсан, өрөспүүбүлүкэҕэ рекорд олохтоото! 
Илистиилээх, эрийсиилээх күрэх түмүгүнэн Мэҥэ Хаҥаластан Окороковтар дьиэ кэргэн кыайыылаах аатын сүктэ, II миэстэни Амматтан Федоровтар ыллылар, Чурапчыттан Кривошапкиннар хамаандалара бочуоттаах үһүс миэстэҕэ таҕыста. 
Дьокуускай куорат хамаандалара Винокуровтар дьиэ кэргэн – V, Сивцевтэр XIII миэстэлэргэ тигистилэр. 
Дьокуускай куорат “Аҕа күрэҕин” муниципальнай түһүмэҕин үрдүк таһымнаахтык ыыппытын иһин бастакы миэстэни ылла.   
“Саамай элбэх киһилээх тэрээһини ыыппыппытын көрөн, видеонан отчуоппутун үрдүктүк сыаналаатылар, 100 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланныбыт”, – диэн үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ Дьокуускай куорат Аҕаларын сэбиэтин чилиэнэ Егор Жерготов.  
Бэлиэтээн эттэххэ, эһиилгиттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аҕа күрэҕэ” Дьокуускай куоракка ыытыллар буолуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...