14.02.2021 | 11:09

96 сааһыгар дуобакка спорт маастарыгар кандидат

96 сааһыгар дуобакка спорт маастарыгар кандидат
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр улуу дуобатчыт, РФ спордун бэтэрээнэ Наум Слепцов аата киэҥник биллэр. Кини 96 сааһыгар дуобакка спорт маастарыгар кандидат буолуута аҕа көлүөнэ чөл туруктаах буолуутун туоһулуур. Ытык кырдьаҕас Наум Трифонович олоҕун биир үтүө түгэнин, 10 саастааҕар (1934 сыллаахха) аан бастакытын саахымат күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттан, тэтэрээт бириис ылбытын үйэтин тухары умнубат. Бу мантан саҕыллан таҕыстаҕа, кини дуобакка ситиһиитэ.

Ааспыт нэдиэлэҕэ “Якутянин года-2020. Якутск” уопсастыбаннай бириэмийэ түмүктэннэ. Манна Наум Трифонович Слепцов алта бастыҥнар ахсааннарыгар киирэн, лауреат үрдүк аатын сүктэ. Онон хаһыаппыт ааҕааччыларыгар кини туһунан “Килбиэн” балаһабытыгар билиһиннэрэбит.

Ыччакка тус холобурбунан

Наум Трифонович Слепцов – Таатта, Томпо улуустарын, Горнай улууһун Маалтааны нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Таатта улууһун ытык кырдьаҕаһа, сэрии, үлэ, спорт бэтэрээнэ, «Якутянин года-2020. Якутск»  уопсастыбаннай бириэмийэ лауреата. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах дуобат турнирдарын тэрийээччи. Үүнэр көлүөнэ дуобатчыттарыгар киэҥ суолу тэлбит спорт бэтэрээнэ буолар.

-Наум Трифонович, үтүө күнүнэн! Бэйэҥ тускунан хаһыаппыт ааҕааччыларыгар билиһиннэр эрэ.

– Мин 1924 сыллаахха кулун тутар 8 күнүгэр Таатта оройуонун Күнээйи нэһилиэгэр орто бааһынай кэргэҥҥэ үһүс оҕонон төрөөбүтүм. Ийэлээх аҕам сэрии иннигэр сэллик ыарыыттан өлбүттэрэ. Миигин аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Трофим Наумовичтаах иитэ ылбыттара. 1941 сыллаахха Чөркөөх 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, ол сыл Чурапчытааҕы педучилищеҕа үөрэнэ киирбитим. Онтон аармыйаттан кэлэн баран, 1951 сыллаахха бүтэрэн учуутал идэтин баһылаабытым.

-Оччотооҕу кэрдиис кэмиҥ быыһын сэгэтиэх.

– 1945 сыл атырдьах ыйын 9-17 күннэригэр Хайлар куораты ылыыга 94 дивизия 152-с полкатын састаабыгар пулеметчигынан сэриилэспитим. Араас чаастарга сулууспалаан баран, 1950 сыллаахха демобилизацияланан, дойдубар этэҥҥэ эргиллэн кэлбитим. Аллайыаха, Горнай оройуоннарыгар  учууталынан үлэлээн баран, 1955 – 1959 сыллардаахха СГУ үөрэнэн бүтэрбитим. Онтон ыла Таатта, Горнай, Чурапчы, Томпо оройуоннарын оскуолаларыгар учуутал, завуч уонна дириэктэр дуоһунастарыгар  үлэлээбитим. 1998 сылтан бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.

-Ааспыт нэдиэлэҕэ сыл бастакы улахан тэрээһинэ “Якутянин года-2020. Якутск” ситиһиилээхтик буолан ааста.  Алта бастыҥнар ахсааннарыгар киирэҥҥин, лауреат буоллуҥ. Тус санааҕын үллэстиэҥ буолаарай...

–“Якутянин года-2020. Якутск” куонкурус кыттыылааҕа буолбуппун кыыспыттан улаханнык соһуйа истибитим. Кырдьаҕас киһиэхэ эдэрдэр куоластарын биэрэллэрэ саарбах. Ол да буоллар, куоластааһыҥҥа киллэрбиттэриттэн ис сүрэхпиттэн үөрбүтүм. Оттон алта бастыҥнар истэригэр киирбиппиттэн сүргэм өссө көтөҕүллүбүтэ. Тэрийээччилэргэ уонна миэхэ куоластарын биэрбит бар дьоммор барыларыгар улахан махталбын биллэрэбин. Бэйэм “Якутянин года” ааты биэрбиттэрин сөптөөҕүнэн ааҕабын.

–96 сааска  дуобакка спорка улахан ситиһиилэнии ыччакка үтүө холобур буоллаҕа.

– 96 сааспар дуобакка маастарга кандидат нуорматын толордум.  Саха өрөспүүбүлүкэтин 13 төгүлээх чемпиона Н.Н. Саввинов сүбэтинэн 2005 сылтан дьиҥнээхтик дьарыктаммытым. Уонна күрэхтэһиилэргэ кыттан барбытым. Эһиилигэр 1-кы разряды толорбутум.  Кыайыы 65-с сылын чиэһигэр (2010 сыллаахха) 25-гэр диэри саастаах эдэрдэр уонна 55-тэн үөһэ саастаах бэтэрээннэр хамаандаларын икки ардыларыгар саахымакка уонна дуобакка күрэхтэһиини бэйэм харчыбынан бириис туруоран ыыппытым. Бу “уникальнай” күрэхтэһии онтон ыла  сылын аайы ыытыллар. Арай ааспыт 2020 сыл Кыайыы 75 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах турнир 10-с төгүлүн ыытыллыахтааҕын көһөрүлүннэ. Пандемия  бүттэҕинэ салҕаныа. Бу турнирга 75 эдэр көлүөнэни кытта 75 бэтэрээн кыттыыны ылыахтаах.

Чөл, чэгиэн олохтонуу - үйэни уһатар

-Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын үйэтитэн, төрөөбүт дойдубар Тааттаҕа Кыайыы үбүлүөйдээх сылларыгар  обелиск-сэргэ туруорабын. Куоракка, дойдубар да буоллун, оскуола оҕолоругар анаан көрсүһүүнү тэрийээччибин. Сүрүн сыала-соруга –  ыччаты патриотическай өйгө-санааҕа иитии. Кыайыы күннэригэр аналлаах бары тэрээһиннэргэ көтүппэккэ кыттабын, көрдөһүүлэри аккаастаабаппын. Аны биир ыйынан 97 сааспын туолаары сылдьар киһи ити дьарыгым сыала биир – бэйэм тус холобурбунан чөл, чэгиэн олоҕу тутуһан, уһун спортивнай үйэлэниини эдэрдэргэ көрдөрүү, батыһыннарыы буолар.

-Наум Трифонович, Дьокуускай куоракка хаһааҥҥыттан олохсуйан олороҕунуй? Ханнык мээр үлэтин сыаналыаҥ этэй? Куораппыт кэлиҥҥи сылларга төһө тубуста?

– Дьокуускай куоракка 2010 сылтан олоробун. Куораппыт баһылыга Сардаана Владимировна Авксентьева үлэтин наһаа үчүгэйдик саҕалаан баран, ыалдьар буолан тохтоон хаалбыта хомолтолоох. Кини үлэлиир кэмигэр куорат биллэ тубуста, үгүс уулуссалар аспаалланнылар. Аччыгый Марханы  туоруур саҥа муоста тутулунна. Онтон да атын ыыппыт үлэлэрэ үтүө түмүктээхтэр.

-Дуобакка сэмэй ситиһиилэриҥ?

– Мин оскуолаларга үлэлиир эрдэхпинэ, саахымат куруһуогун салайан ыытар буоларым. Иитиллээччилэрим  өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кытталлара. Холобур, 1960-1964 сылларга Чөркөөх оскуолатын оҕолоро  түөрт сыл субуруччу  кубок хаһаайынынан ааттанан, улахан ситиһиилэммиттэрэ. Олортон сорохторо  өрөспүүбүлүкэ чемпионнарынан  буолбуттара (Анна Протодьяконова, Мария Бырдыннырова-Кычкина, о д.а.). Чөркөөххө хас да саахыматчыт династиялара баар буолла.

-Аныгы эдэр ыал оҕо иитиитигэр сыһыана.

– Билиҥҥи кэмҥэ оҕо иитиитигэр ордук улахан болҕомто төрөппүт өттүттэн ууруллуохтаах. Манна ийэ, аҕа оруоллара улахан. Кинилэр оскуоланы кытта ыкса сибээстээх буолуохтарын наада.

-Тыа хаһаайыстыбатыгар тус көрүүҥ.

– Мин тыаҕа үөскээбит, үлэлээбит буолан, хаһыакка тахсар тыа хаһаайыстыбатын туһунан  ыстатыйалары олус кэрэхсээн ааҕабын. Ордук Чурапчы олохтооҕо Уйбаан Пономарев  сөптөөх этиилэри киллэртиир. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ону болҕомтоҕо ылара буоллар бэрт буолуо этэ.

Аҕа көлүөнэ аныгы ыччакка баҕа санаата

–Билиҥҥи ыччакка Улуу Кыайыыны ситиспит, уһун, эйэлээх олоҕу аҕалбыт  дьоруой көлүөнэ  туһунан сөптөөх өйдөбүллээх уонна кинилэри хаһан да умнубакка өйдүү, киэн тутта сылдьалларыгар ыҥырабын.

Саха сирин салайааччыларыттан кими ордук бэйэҕэр чугастык ылынаҕыный? Үлэтин-хамнаһын сыаналаан.

– Саха сирин салайааччыларыттан бастакы бэрэсидьиэммитин Михаил Ефимович Николаевы үгүс үтүөлээх киһинэн ааҕабын. Билиҥҥи Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев үлэтин куһаҕана суохтук саҕалаата. Инникитин өрөспүүбүлүкэбитигэр үгүс ситиһиилэри аҕалыа диэн бигэ эрэллээхпин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...