7 киһи эбии ыарыйда, 1 киһи олохтон туораата
Саха сиригэр бүгүҥҥү, муус устар 26 күнүнээҕи, туругунан өссө 7 киһи коронавирустаабытын туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова бирифинигэр иһитиннэрдэ.
65 саастаах коронавирустаабыт дьахтар суох буолла. Бу туһунан бэйэтин инстаграмыгар Ил Дархан Айсен Николаев суруйда. «Балыыһаҕа ыарахан туруктаах киирбитэ. Быраастар кыах баарынан быыһыы сатаатылар даҕаны, хомойуох иһин, ыарыы күүстээх буолан биэрдэ. Сааһа уонна хроническай ыарыылара оруолу оонньоотулар», — диэбит Айсен Николаев. Кини чугас дьонугар кутурҕанын биллэрдэ.
Бар дьонун изоляцияны тутуһарга Дьокуускай баһылыга Сардаана Авксентьева ыҥырда.
Суһал штаб иһитиннэрбитинэн, дьахтар муус устар 12 күнүгэр ойоҕостотон, ыарахан туруктаах балыыһаҕа киирбит. Муус устар 15 күнүттэн ИВЛ аппаракка холбонон сыппыт.
Билигин Дьокуускайга икки коронавирустаабыт ыарыһах ыарахан туруктаах балыыһаҕа сытар. Барыта холбоон 159 киһи ыалдьыбытыттан 18 киһи үтүөрдэ.